Тема:Сурук уескээьинэ
Сыала:1. Сурук уескээьинин историятын билиьиннэрии.
2. О5о айар, толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы.
3. Бэйэ- бэйэ5э до5ордуу сыьыаны, кемелеьууну иитии.
Уруок хаамыыта:
I.Тэрээьин чааьа
II.О5олор суруктарын аа5ыы. ( слайд)
«Дорооболорун! Эьиэхэ Мэлдьэхси орто оскуолатын 4-с кылааьын уерэнээччил\эрэ суруйабыт. Биьиги эьигини кытта до5ордоьуохпутун ба5арабыт. Кылааспытыгар 7-бит: 3 кыыс, 4 уол. Себулуур дьарыкпыт – дуобат, саахымат, уолаттарбыт тустуунан дьарыктаналлар. Эьигиттэн харда сурук куутэ хааллыбыт 4 кылаас коллектива.
Аадырыспыт: 678094, Мэнэ- Ханалас улууьа, Мэлдьэхси беьуелэгэ, Птицын уул. 3 №.».
- Сурук ханнык тылтан са5аланарый?
- Дорообо диэн тыл биьиги планетабытыгар араас омук тылынан биир секуундэ5э молуйкон тогул этилэр эбит. Санаран керуе5ун (слайды кердеруу).
Нууччалыы- здравствуйте.
Английскайдыы- хелло!
Французтуу- бонжур!
Индия (хинди) – намастэ
Голландия- ясоо!
Эвенкийскэйдии - Дорово! Мэнду!
Юкагирски - Амучемут!
Бу тыл суруллуута англичаннарга уонна французтарга латинскай алфавит букваларынан, онтон здравствуй- кириллица, Китай- иероглиф суруллар.
- Сурук туохха наада буолуон себуй? ( дьон бэйэ- бэйэтин кытта сибээстэьэригэр , буолбут тугэннэри умнубакка ейдеен хааларыгар).
- Суруйуу хантан уескээбитэ буолуой? (о5олор санаалара)
III Теманы этии.
Бу уруокка сурук хайдах уескээбитин билиэхпит.
Слайд, ДВД кердеруу.
- Аан маннайгы дьон таска уруьуйдууллар эбит. Олохторун – дьаьахтарын, айыл5аны, бултарын кытта сибээстээх. Уруьуйдууларагар известнягы, чо5у, охраны тутталлар эбит. Тарбахтарынан , тириинэн уруьуйдууллара.
(о5олорго таас арааьын кердеруу, свойстватын быьаарсыы).
- Дьон сайдан истэ5ин аайы уруьуй бэлиэлэргэ кубулуйбут. Суруйууга бастакы холонууну Месапотамия5а биьиги эрабыт ииннинэ 6 тыь. Сыл анараа еттугэр шумердар диэн норуот са5алаабыт. (слайд кердеруу)
Кинилэр товардарын, суеьулэрин, бурдуктарын аа5аары- суоттаары черточкалары, точкалары, геом. фигуралары бэлиэ оностон суруйар буолбуттар. Атын – атын омуктар, дойдулар суруйуулара уратылаах эбит.
(слайдалары кердеруу).
Египет – папируска хара эбэтэр кыьыл черниланан тростник палочкатынан суруйаллара.
Азия5а – аан маннайгы Китай текстэ черепаха панцирыгар суруллубут. Онтон кэнники солко танаска киистэнэн, хара черниланан суруйар буолбуттар. ( шелкопряд коконун, солко танаьы кердеруу)
Европа – черниланан, хаас куорсунунан суруйааллара.
Славяннара – туоска чо5унан суруйаллар эбит. ( туоьу кердеруу)
IV Практическай улэ.
1. Уруьуй онорон холонон керуу. Белехтерунэн тус- туспа уруьуйдааьын. Белехтерге биир предмет аата суруллубут карточка биэрии.
1 белех- солко танаска (кисточка, хара гуашь, уу, солко танас). Тыла- мас.
2 белех- таска тааьынан, таска мелынан . Тыла- чыычаах.
3 белех- тиэстэ5э масс палочканан. Тыла - ынах
4 белех- туоска чо5унан. Тыла – кун.
О5олортон ыйытыы:
- маннык суруйар хайдах эбитий? ( о5олор эппиэттэрэ).
2. Билигин биьиги тугунан суруйабытый? (ручка, харандаас, илиис, кумаа5ы).
Ручканан илиискэ бэйэ- бэйэбитигэр знактар кемелерунэн текст суруйан боруобалыахпыт. ( барыларыгар биир ис хоьоонноох текст бэриллэр).
Текст: Миигин кунус ус часка дьиэ муннугун аттыгар, уунэн турар тиит таьыгар кэтэс. Балыктыы барыахпыт. ( о5олор улэлииллэригэр 5 мунуутэ бэриллэр).
V. Бэрэбиэркэ.
Белехтер уруьуйдаабыт текстарын ис хоьоонун таайыы.
Учуутал бэйэтин варианын кердерер.
- То5о ис хоьооно атын- атын буолла? (Ким хайдах ейдеебутунэн уруьуйдуур).
- То5о бэлиэлэринэн суруйар табыгаьа суо5уй? ( ейдеспет буолуу)
- Ол тугу айбыттарый? (алфавит).
VI. Тумук. Сорудах биэрии.
- Алфавиты уерэппит дьон быьыытынан буквалар кемелерунэн о5олорго харда сурукта суруйан ыытаарын.
План конспект урока по окружающему миру на якутском языке в 4 классах. Тема урока "Рождение письменности".