kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Сборник бесед для родителей

Нажмите, чтобы узнать подробности

В сборнике бесед для родителей первоклассников вошли четыре беседы.Первая беседа о том, как обучить ребенка чтению, вторая о том, как ребенок психологичеки готов поступить в первый класс, третья о том, как помочь ребенку учиться и четвертая о том, какую роль  в жизни ребенка играет современная техника.

Беседы даны на якутском языке.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Сборник бесед для родителей»

Дюпсюнская средняя школа им.И.Н.Жиркова













Т³р³ппµттэргэ аналлаах бэсиэдэлэр

(Учууталга к³м³ хомуурунньук)








Сивцева Варвара Матвеевна,

учитель начальных классов


























2012


Т³р³ппµттэргэ аналлаах бэсиэдэлэр

(Учууталга к³м³ хомуурунньук)


Сивцева Варвара Матвеевна,

И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын

алын сүһүөх учуутала

Уус-Алдан улууһа, Дүпсүн сэл.


О±ону аахтара µ³рэтиигэ сүбэлэр. (1 кылаас)


Олохпут сайдан, иннин диэки сы±арыйан истэ±ин аайы, µ³рэххэ-билиигэ тарды´ыы кµµ´µрэн и´эр. Онно оло±уран µ³рэтии-иитии ньымалара эмиэ уларыйан, уустугуран и´эллэр. Сорох т³р³ппµттэр билигин о±олорун оскуола±а киириэхтэрин иннинэ аахтарар буоллулар. Аа±арга µ³рэтии - сүрдээх ыарахан, уустук, дьаныардаах µлэ тµмµгэ буолар. Кыра о±о барыны бары интэриэ´иргиир, билиэн-к³рµ³н ба±арар, ки´иэхэ олус чугас, кэпсиэн, санаатын µллэстиэн ба±арар. Бу кэми таба ту´анан о±ону аа±арга µ³рэтиэххэ с³п. Биллэн туран, хас биирдии о±о т³´³ түргэнник ылынан аа±ара бэйэтин кыа±ыттан, дьо±уруттан тутулуктаах.

Ха´ан аахтара µ³рэтиэххэ с³бүй? О±ону аахтара µ³рэтиигэ, кини тус уратыта, сайдыыта учуоттаныллыахтаах. Сорох о±о олус эрдэ сайдар, сорох хойутаан ситэр. ¥гµс специалистар о±ону 5 саа´ыттан аахтарар то±оостоох диэн этэллэр. Онтон американскай врач Глен Доман этэринэн, о±ону аа±арга µ³рэтэри са²арар буолуо±уттан са±алыахха с³п диир. Кини ыары´ах о±олору эмтиирин та´ынан, аа±арга µ³рэппит уонна маннык тµмµккэ кэлбит: «Кыра о±олор аа±ыахтарын ба±араллар, аа±ыахтарын сөп, аа±а µ³рэнэллэр, аа±ыахтаахтар». Кини этэринэн, о±ону бµтµн тылынан аа±арга µ³рэтиэххэ с³п. Ол курдук, о±о хара±ар тутар дьо±урун сайыннаран, карточка±а суруллубут тыллары хаста да к³рд³р³н, о±о аа±ар буоларын сити´эр эбит

О±ону аахтара µ³рэтиигэ о±о 3-4 саа´ыгар бэлэмнэнии, билси´ии курдук ыытыллар. Бэлэмнэнии µлэ курдук, т³р³ппүт о±отугар кыра саа´ыттан к³рд³³х хо´оону, остуоруйаны аа±ан и´итиннэрэ сылдьыахтаах. Аа±ыллар текст ис хо´ооно о±о±о чугас, ³йд³нµмтµ³, µ³рдэр-к³тµтэр буолла±ына, о±о тута ылынар. Аа±аргы µ³рэтиини ма²най са±алыырга 5 мµнµµтэттэн, кэлин 15 мµнµµтэ±э тиийиэн с³п. Бу µлэ күн аайы эбэтэр күн ³рµµ-³рµµ буолара, ыытыллара то±оостоох. Оччо±о о±о бу иннинэ тугу билбитин умнубат.

Хайдах аахтарыахха с³бµй?

О±о кыра саа´ыттан, ол эбэтэр 2-3 саа´ыгар остуоруйаны, хо´оону истэ µ³рэннэ±инэ, о±о билиигэ-к³рµµгэ тардыҺыыта күүҺүрэн иҺэр. Бу о±о 5-6 сааҺыттан сылдьан эрэ аны бэйэтэ аа±арга холонор. Бу кэми мүлчү туппакка, иилэ хабан салгыы сайыннарар то±оостоох.

Аа±а үөрэтиигэ, бэйэ да аа±ан и´итиннэрэригэр бириэмэни тутуҺар наада. Сорох төрөппүт «төҺөнөн уҺуннук аа±абын, аахтарабын да о±обор туҺалаах буолуо», диэн сыыҺа өйдөбүллээх. Са±алыырга аа±ыллар тыллар ө²нөөх ойууларын көрдөрөн о±ону интэриэҺиргэтиэххэ наада.

Ма²най 1, салгыы 2-3 сүҺүөхтээх тылы аахтарыллар, түргэнник ылынар буолла±ына 2-3 тыллаах этиини аахтарыллар. ТөҺө уҺуннук аахтарабыт диэн ыйытыы үөскүүр. О±о тус сайдыытын учуоттаан, аахтарыыны 5 мүнүүтэттэн са±алаан, сыыйа уҺатан и´эр то±оостоох. Биирдэ олорон аахтарыыга ма²найгы кэм²э 10-15 мµнµµтэ дьарыктыахха с³п. О±о хара ма²найгыттан ба±арбат, тµргэнник сылайар буолла±ына, «тугу эрэ сыыстыбыт» диэн тута µ³рэтиини тохтотор наада. О±ону кµ´эйбэккэ, сыыйа µ³рэттэххэ эрэ ылынар. Аа±а да, аахтара да олорон сынньатар, оонньотор табыгастаах.

Оонньуу к³м³тµнэн о±о±о наадалаах билиини уонна сатабылы и²эриэххэ с³п. Ол барыта о±о бэйэтэ да билбэтинэн о²о´уллар. Оонньуу µлэ±э тэ²нээх. Онон, аа±а µ³рэтэргэ о±ону кэрэхсэтэр, сэргэхситэр эрэ ту´уттан буолбакка, µ³рэтэр-биллэрэр соруктаах ыытыллыахтаах. Оонньуу курдук барыахтаах. Оччо±о µ³рэх но±орууската улахааннык биллибэт, о±о салгыбат.

Тугу аа±ыахха, аахтарыахха с³бµй? Кыра о±о±о аа±ыыга тэттик хо´ооннор, нуучча норуотун остуоруйалара ордук табыгастаахтар. Бу айымньылар тыллара-³ст³р³ сµрдээх чэпчэки, кэрэ ³²н³³х ойуулара о±ону кэрэхсэтэр. Сыыйа оонньуурдар, кыыллар-к³т³рд³р тустарынан к³рд³³х хо´ооннор киириэхтэрин с³п. Онтон салгыы о±олорго аналлаах кинигэлэртэн талан ылан аахтарыахха с³п.

Тµмµктээн эттэххэ, о±ону кыра саа´ыттан аа±арга, кинигэни таптыырга µ³рэттэхпитинэ о±о оскуола±а киирэн тыла-³´³ ³сс³ сайдыа±а, билиигэ-к³рµµгэ тарды´ыыта ордук кµµсттэх буолуо±а.



Оскуола±а киирэр о±о психологическай бэлэмэ


Оскуола±а киирэргэ психологическай ³ттµнэн бэлэм диэн, ол аата о±о саа´ыгар с³пт³³х билии-к³рµµ ³ттµнэн кыа±а, тус бэйэтин ки´и бы´ыытынан хаачыстыбалара, интэриэ´э, матыыптара, характерын ³рµттэрэ киирэллэр.

¥гµс о±о психологическай бэлэмэ ситэтэ суох буолан, µ³рэнэллэригэр ыарахаттары к³рс³р. Т³р³ппµттэр оскуола±а бэлэмниир буоллахтарына да, µксµн уопсай билиигэ эрэ µ³рэтэллэр. Билиини эрэ сайыннарыы кыра, билии-к³рµµ дьо±урдарын сайыннарыахха наада. Ол аата уопсай билиитин кытта о±о билиигэ-к³рµµгэ дьулу´уута, билиитин бэйэтэ кэ²этинэр кыа±а, ба±ата, толкуйдуур дьо±ура буолар. Туохха бол±омто ууруохха с³бµй, диэн кэккэ боппуруостары таарыйан аа´ыахпыт.

£й-санаа ³ттµнэн бэлэмнээ´ин.

О±ону ³й-санаа ³ттµнэн бэлэмнээ´ин биллэн турар улахан оруолу ылар. Онно туох киирэрий?

- О±о уопсай билиитэ-к³рµµтэ, тулалыыр эйгэ±э ³йд³бµлэ.

- Билиини-к³рµµнµ и²эринэр дьо±урдара (бол±омтото, ³йµгэр тутар дьо±ура, тылын сайдыыта, ³йдµµр дьо±ура).

- Соруда±ы, инструкцияны т³´³ ³йдµµрэ уонна онон сирдэтэн бэйэтэ µлэлиир дьо±ура.

О±о оскуола±а хайдах µ³рэнэрэ кини характерыттан олус тутулуктаах.

Уопсай интэриэ´и аахсыбат, наар бэйэтин эрэ интэриэ´ин µрдµктµк тута µ³рэммит о±олор хаппырыыс, ³´³с, бэйэмсэх, табаарыстарыгар µтµ³ санаата суох буолаллар. Дьиэтигэр кини эрэ буола µ³рэммит о±о оскуола±а эмиэ ойуччу тутуллуон ба±арар. Маннык о±о ойуччу тутуллубата±ына санаата табыллыбат, µ³рэнэригэр ыарахан, кыа±ын толору кыайан ту´аммакка хаалыан с³п. Кыра кылаастарга программа чэпчэкитигэр µчµгэйдик µ³рэниэ, онтон улам м³лт³³н и´иэ. О±олору кытта уопсай тылы була µ³рэммит о±о, улахан ки´и тылын истимтиэ, толоругас, тулуурдаах, боччумнаах о±о µ³рэнэригэр быдан чэпчэки буолар.

Кµчµмэ±эйдэртэн толлубат буолууга µ³рэтии.

Оскуола±а µ³рэнэ киирдэ±инэ о±о режимэ тосту уларыйар. О±о бириэмэни сыаналыы уонна бириэмэтин сатаан аттара µ³рэниэхтээх. Бириэмэтин µ³рэнэригэр, уруогун аа±арыгар, оонньууругар, сынньанарыгар – барытыгар тиийэр гына аттарыахтаах. Оскуола±а киирбит ма²найгы кµнµттэн µ³рэх диэн саамай сµрµн µлэтэ буоларын ³йдµ³хтээх. Уруокпун толорон бµтэрэн эрэ баран оонньуохтаахпын, уруокпун билэн эрэ баран, сынньаныахтаахпын диэн ³йдµ³хтээх уонна ону туту´а µ³рэниэхтээх. Уруогун умнара табыллыбат, кэннэкигэ к³´³р³р³, о²ороруттан аккаастанара сатаммат – диэн бигэтик билиэхтээх. Кыра эрдэ±иттэн «наада» уонна «мин ба±арабын» диэнтэн «наадатын» талар буолуохтаах. Холобур, оонньуурун хомуйуон ба±арбат, и´ит сууйуон сµрэ±элдьиир да буоллар, «наада» буоларын бы´ыытынан о²ороругар тиийэрин хайаан туту´уннара µ³рэтиллэр. О±ону ыарахантан к³мµскµµр, кини оннугар дьоно о²орон биэрэр буоллахтарына, о±о бэйэтэ тугу да гыныан ба±арбат, волята суох буолар. Волята суох о±о биллэн турар µ³рэнэригэр ыарахан. О±о кыра эрдэ±иттэн киниэхэ туох к³²µллэнэрин-к³²µллэммэтин арааран билэр буолла±ына, бэйэтин ба±атын туттуна µ³рэнэр. Итиннэ т³р³ппµт ирдэбилэ адьас уларыйыа суохтаах. Холобур, 1-2 саастаах о±о дьоно тута олорор кумаа±ыларын былдьа´ар. Наадалаах кумаа±ыны биллэн турар биэрбэттэр. О±о ытыыр, ха´ан биэриэхтэригэр диэри ытаа да ытаа буолар. Ытыырын тохтотоору атын кумаа±ыны биэрэллэр. Аныгыскы сырыыга кыптыый былдьа´ар. Сээкэйин ³л³рµ³ диэн эмиэ биэрбэттэр. О±обут эмиэ дьоно ха´ан биэриэхтэригэр диэри ытыыр. Ыксаан кыптыыйдарын биэрэллэр уонна тута сылдьан оонньтоллор. Ол курдук, ытаан туран тугу ба±арбытын ыла µ³рэнэр. Толорумаары гыннахтарына ытыыр, истерикалыыр, то±о диэтэххинэ, оннук гынна±ына, тугу ба±арбытын ыларын билэр. Маннык о±о ба±атын туттуна µ³рэммэт. Оттон син биир биэриэхтэрэ суо±а диэн билэр о±о, бэйэтин туттунар буолар. Аны на´аа бобор-хаайар буоллаххына, о±о албын-к³лдьµн буолар, т³р³ппµттэрэ к³рб³тт³рµгэр тугу ба±арар о²оруон с³п. Тугу эмэ бобор буоллаххына, то±о боборгун, ол киниэхэ ха´аа²²ыттан к³²µллэниэхтээ±ин хайаан да ³йд³тµ³хтээххин. Ол эппиккин хайаан да толоруохтааххын. Маннык µ³рэммит о±о оскуола±а киирдэ±инэ улаханнык эрэйдэммэт, оскуола быраабылатын эрэйэ суох туту´ар. Онтон о±о урут талбытынан сылдьыбыт буолла±ына, оскуола ирдэбиллэригэр бытааннык µ³рэнэр. Киниэхэ барыта бобуу курдук буолуон с³п:

- уруокка атынынан дьарыктанара табыллыбат;

- бол±омтото суох олороро сатаммат;

- бэйэтигэр о´уобай бол±омтону эрэйэрэ табыллыбат;

- учууталтан к³²µлэ суох мээнэ ону-маны са²арара сатаммат;

- ыарахана бэрт, маны о²орбоппун диирэ сатаммат;

- сэрэтии ылла±ына, ³´µргэнэрэ, кыы´ырара табыллыбат, о.д.а. элбэх сатаммат, к³²µллэммэт.

О±о то±о µ³рэнэрин, бу µ³рэхтэн тугу сити´иэхтээ±ин чуолкайдык ³йдµ³хтээх. Сыалын ³йдµµр эрэ буолла±ына кини µ³рэнэргэ дьулу´ар, µ³рэ±эр кы´аллар. Билигин дьон µ³рэххэ дьулуурдара кµµ´µрэн эрэр. ¥³рэхтээх ки´и µлэлээх буолар, µчµгэйдик олорор. ¥³рэхтээх буолла±ына ³йд³³х, бэрээдэктээх, µчµгэй ки´и буолар, дьон убаастабылын ылар диэн ³йдµµллэр. Онон уруккуга тэ²нээтэххэ билигин µ³рэххэ тарды´ыы баар. Ол гынан баран сорох т³р³ппµттэр о±о дьаалатынан сылдьан µ³рэниэ диэх курдук саныыллар. Эрдэттэн ханнык идэлээх µлэ´ит буолан тахсыан ту´унан толкуйдуу барбаттар. Оскуоланы бµтэрбиттэрин эрэ кэнниттэн ыксыыллар. Ол кэм²э о±олоро ба±алаах идэлэрин ылалларыгар сорох предметтэргэ билиилэрэ ситэ тиийбэт буолан, атын µ³рэххэ анньы´арга кµ´эллэллэр. Оскуола±а µ³рэнэр кэмнэригэр ол предмети аахайан µ³рэппэтэх буолан, итинник хартыына тахсар. Онон учууталы кытта эрдэттэн сµбэлэ´эн, идэни эрдэттэн талан, кы´аллан µ³рэнэллэрэ ордук буолуо этэ. Кыра кылаастан са±алаан кы´аллан µ³рэнэ-µлэлии µ³рэммит о±о, улаатан баран улахан эрэйи к³рсµбэтин куруук ³йдµµ сылдьыахтаахпыт. Т³р³ппµт о±отун хара±ын далыттан мµччµ туппакка, оскуоланы, учууталы кытта ыкса сибээстээх буолуохтаах.

О±о бэйэтин бэйэтэ сыаналана µ³рэниэхтээх.

Оскуола±а µ³рэнэ киирди² да хайаан да «4» уонна «5» сыананы ылыахтаахын, ку´а±ан сыананы ыллаххына ку´а±ан о±о буола±ын диэн ³йд³бµл ба´ыйар. Т³р³ппµт ³ттµттэн о±оттон µксµгэр кыа±ар тиийбэтин ирдииллэр. Ку´а±ан сыананы ылла±ына дьиэтигэр м³±³лл³р, эбэтэр кµлэллэр. Ким да к³м³л³сп³т. К³м³л³´³³рµ гыннахтарына да, сэмэлээ да сэмэлээ буолаллар. Онон µ³рэниэн ба±аран а±ай киирбит о±о санаата тµ´эр. М³лт³х сыана эн ку´а±а²²ын диэн буолбатах, маны билбэтэххин, сатаабатаххын диэн туруорулларын, µ³рэттэххэ к³нн³рµллэрин ³йдµ³хтээхпит. ¥чµгэй сыана м³лт³х сыанатаа±ар ³сс³ уустук. Аа±арга µ³рэнэн киирбит о±о «5» сыананы ылбыт буолла±ына, киниэхэ бу эрэйинэн µлэлээн ылбыт сыаната буолбатах, чэпчэкитик ылбыт сыаната буолар. Онно на´аа µ³рэр, хайгыыр табыллыбат. Туохха эмэ сыратын биэрэн, са²аны билэн ылбыт сыанатыгар µ³рµ³ххэ, хайгыахха с³п.

О±ону на´аа хайгыыртан уонна на´аа тµ´эрэртэн туттунуохха наада.

Адьас тугу да билбэккин, тугу да сатаабаккын дии сырыттахха, о±о билэрин да билиэ суо±а, сатыырын да сатыа суо±а. Тугу с³пк³ о²орбутун, ³йд³³бµтµн бэлиэтээн, тирэх-³й³бµл буолан и´иэххэ наада. О±ом аа±ар буолан эрэр, быдан тµргэтээбиккин, чэ, кытаат, ³сс³ аах - диэн. Сыы´ата а±ыйаан и´эр эбит ээ, ³сс³ дьарыктаныахха, аныгыскы сырыыга ³сс³ а±ыйах сыы´аланыа², ха´ан эмэ сыы´ата суох суруйуо² буолла±а дии – диэн м³лт³´µ³р о±ону санаатын к³т³±³н и´иэххэ.

Кыайар суолун ки´иттэн к³м³т³ суох бэйэтэ толорор буоларыгар µ³рэтии.

Оскуола±а киирэригэр о±о т³´³н³н бэйэтин к³рµнэр, тугу кыайарын бэйэтэ о²орор, улахан ки´иэхэ олус сигэммэт буолар да, соччонон µ³рэ±эр эрэйдэммэт. Ханнык ба±арар соруда±ы бэйэтэ толоро, ханнык ба±арар µлэни бэйэтэ с³пт³³х тэтиминэн о²оро µ³рэниэхтээх.

Предметтэр суолталара.

Кыра кылаастарга µ³рэнэр кэмигэр бары предметтэргэ барытыгар тэ²ник кы´аныахха наада. Оччо±о эрэ кыра о±о уопсай психическэй сайдыыта с³пк³ барар, бытаарбат. Холобур, математика±а µчµгэй, тылга м³лт³х диэн тылга аахайымтыата суох сы´ыаннастахха, о±о сайдыыта улам бытааран, математикатыгар да сыыйа м³лт³³н барыан с³п. Уру´уй, µлэ, ырыа, физкультура предметтэригэр µгµс т³р³ппµттэр соччо кы´амматтар. Ол и´ин сорох о±олор ити предметтэри олус с³бµлµµр эрээри, улаханнык аахайбаттар. Онтон сылтаан о±о сайдыыта эмиэ бытаарар. Улахан кылаастарга дьи²нээх дьо±урдара чуолкайданнахтарына, дьэ ту´улаан µ³рэтиэххэ с³п.



О±о µ³рэнэригэр хайдах к³м³л³´µ³ххэ с³бµй


Ханнык ба±арар т³р³ппµт о±ото оскуола±а аан бастаан киирэригэр, биллэн турар, о±ото µчµгэйдик µ³рэниэн, тугу µ³рэтэрин тута ³йд³³н и´иэн, соруда±ы барытын µчµгэйдик толоруон ба±арар. ¥³рэнэ киирэр о±олор санаалара эмиэ оннук буолар. Хайа да о±о ку´а±аннык µ³рэниэн ба±арбат. Дьэ ити ба±абыт сорохпут киэнэ туолар, хомойуох и´ин, сорохпут киэнэ тиэрэ эргийэн тахсар. Сорох о±о суруйуутун кыайбат, сорохтор аа±ыыга ыарыр±аталлар, сорохтор ахсаа²²а. Онтон сорох о±олор барытыгар улам хаалан и´эллэр.

Ити туохтан тутулуктаа±ый уонна онно туох к³м³ о²о´уллуон с³бµй?

О±о сайдыыта барыта тэ² буолбатах. Ол µксµгэр би´иги бэйэбит кинини кыра эрдэ±иттэн хайдах туохха µ³рэппиппититтэн, бэлэмнээбиппититтэн тутулуктаах. Оскуола±а с³пт³³х бэлэмэ суох киирбит о±о биллэн турар ыарыр±атара элбэх. Ону сонно тута биллэрэ, сатыыр о²оро охсоору ыксаа да, ыксаа буолабыт. Уруок аа±аары гыннахпытына айдаан б³±³, ыта´ыы, со²о´уу са±аланар. Ол соро±ор ку´а±ан ³рµттэнэн тахсар. О±о уруок аа±ыан ба±арбат, кинигэни, кумаа±ыны тутуон куттанар буолан хаалар.

¥³рэххэ ситиспэт биричиинэлэринэн сµнньµнэн манныктар буолуохтарын с³п:

1. О±о доруобуйата. Оскуола±а киирэр о±о доруобуйатын µчµгэйдик бэрэбиэркэлэниллиэхтээх. Кистэлэ² инфекция, тымныйыы бара сылдьар, кµ³мэйэ ыалдьар буолуон с³п. Били²²²и о±олор µксµлэрэ тиистэрэ ку´а±ан буолар. Ордук тыа сиригэр, кытыы дэриэбинэлэргэ тии´и эмтэнэр усулуобуйа суох. Алдьаммыт тиис хайаан да тутатына эмтэниллиэхтээх. Би´иги ыарыйда±ына эрэ ыксыыбыт. £й µлэтигэр Б битэмииннэр араастара к³м³л³´³р, ити битэмииннэр тиийбэт буоллахтарына о±о сылайымтыа, сэниэтэ суох буолар.

2. О±о т³рµµрµгэр травмаламмыт, ийэтин и´игэр инфекция ылбыт, бытааннык о±олонон тумнаста сыспыт буолла±ына, о±о сорох нервнэй клеткалара ³л³лл³р эбит. Ол µксµгэр улаханнык биллибэт. Оннук о±о оскуола±а µ³рэнэ киирдэ±инэ, µ³рэ±эр м³лт³х буолар. Ордук суруйууга дьиибэ сыы´алары о²орор, холобур: корова – ковара, ковоар. Куруук итинник сыы´алар хатыланар буоллахтарына, невропатологка, психиатрга, логопекка к³рд³рµллµ³хтээх.

3. Дьонноро дьиэлэригэр µ³рэтэллэригэр сыы´а µ³рэтэллэр. Улахан ки´ини µ³рэтэр курдук, биирдэ эттибит да ³йдµ³хтээх диэн, эбэтэр хатылыыр да буоллахтарына, µµт-µкчµ маа±ы²²ы курдук хос-хос лэбэйэллэр. Биирдэ ³йд³³б³т³±µнэ икки´ин бы´аарыллыахтаах, ³сс³ ³йд³³б³т³±µнэ, маа±ыын бы´аарбыккытынаа±ар атыннык бы´аары².

4. О±о дьиэ±э бэриллибит соруда±ын толороругар µлэтин сатаан дьµ³рэлээбэккэ тµргэнник сылайар: бастаан наар суруйуутун толорор, онтон наар аа±ыытын, эбэтэр соннук т³тт³рµ бэрээдэгинэн. Суруйууну уонна аа±ыыны хардары-таары толорор ордук. Холобур: ахсаан суоттаа´ына, аа±ыы, буквалары суруйуу, аа±ыы...

5. ¥лэлииргэ µ³рэммэтэх о±олор у´уннук тулуйан олорботтор, бол±омтолоро суох буолар.

6. Олус кытаанах сы´ыанна´ыы, куттаа´ын, м³±µµ-этии улахан мэ´эйдэри µ³скэтэр. С³бµгэр хай±аан и´ии, санаатын к³т³±µµ о±о±о олус к³м³л³³х.

7. Дьиэ и´инээ±и дьон биир тэ² сы´ыаннара, ирдэбиллэрэ суох буолла±ына.


О±о µ³рэ±эр ситиспэт биричиинэтин бы´аарарга у´ун кэмнээх кэтээн к³рµµ ыытыллыахтаах, ол эрэ кэнниттэн тµмµк о²о´уллуохтаах.

О±о µ³рэниэн ба±арбат буолуута тахсыбатын наадатыгар тугу гынабыт?

¥³рэнии диэн оскуола±а са²а киирбит о±о±о адьас са²а µлэ, дьарык к³рµ²э буолар. Онон киниэхэ бастаан утаа сµбэ-ама, к³м³ эрэйиллэр. А±ыйах холобуру а±алар буоллахха:

1. ¥³рэнээччи µгµс ³тт³ суруйууга ыарыр±атар. Учуутал суруйбутун µтµктэригэр бастакы буукубалара син майгынныыр, µчµгэйдик суруллубут буолар, онтон образецтан т³´³н³н ыраатан истэ±ин ахсын буукубабыт дьµ´µнэ буорайан барар. Ол туохтан буоларый? Т³р³ппµт да±аны, са²а µлэлээн эрэр учуутал санаатыгар о±о сылайан и´эр буолуон с³п курдук. Дьи²эр кини бастаан образе´ы к³р³н суруйар, онтон кэлин бэйэтэ суруйбутун µтµктэр. Хас суруйарын аайы образе´ы к³р³р гына µ³рэтиэхтээх эбиппит.

2. Туохха эмэ сыыспытын к³рд³ххµтµнэ тута к³нн³рт³р³н и´и². Бэйэтэ µлэтин бэрэбиэркэлэнэ µ³рэниэхтээх. Сыы´аларыгар бол±омто уурбатахха µ³рµйэх буолан хаалар. Саа´ын тухары сыыспытын сыы´а турар буолуон с³п.

3. Сорох т³р³ппµттэр иллэ²э суохтарыгар тэптэрэн уруогу аа±ыыга бол±омтолорун уурбаттар. Уруоккун аахты² дуо? – диэн боппуруо´унан му²урданаллар. Аахпытым диэтэхтэринэ, уоскуйан, к³р³ да барбаттар, аахпата±ым диэтэхтэринэ, м³±µллэллэр. Тугу толорбуттарын бастаан утаа хайаан да ылан бэрэбиэркэлиир, сыы´аларын к³нн³рт³р³р буоллахха о±о бастакыттан кичэйэн толоро µ³рэнэр.

4. Онтон а´ара кы´амньылаах т³р³ппµттэр о±олоро хас уруок аа±ыытын аайы тэ²²э олорон, хас биирдии хардыыларын кичэйтэрэ сатаан а´ара барыы эмиэ баар буолааччы. О±олорун а´ара хонтуруоллаан, ки´итэ суох толорбот, эбэтэр бэйэлэрин кµµстэригэр эрэммэт о²орон кэби´эллэр. Маннык о±олор улааттахтарына уруок аахпат буолаллар.

О±о±о µ³рэнэригэр к³м³л³´µµ сµрµн хайысхалара.

1. О±о уруогун кµн аайы туохтан да тутулуга суох аа±арын сити´иллиэхтээх. Та´ырдьа на´аа µчµгэй кµн, телевизорга µчµгэй передача, ким эрэ т³р³³бµт кµнэ – ханнык да событие буоллун, уруоккун хайаан да аа±ыахтааххын, µчµгэйдик кичэйэн толоруохтааххын диэн ирдэбил туруохтаах. Кэлин чааска к³´³р³ µ³рэниэ суохтаах, бастаан уруок толоруллуохтаах.

2. Уруок аа±ыыта на´аа улахан суолталаах дьыала курдук к³рµллµ³хтээх. Ону а±ал, итини илт – диэн ханнык да биричиинэнэн уруок аа±а олорор о±ону аралдьытыа суохтааххын. Улахан ки´ини µлэлии олордо±уна мэ´эйдээмэ диэн µ³рэтэбит. Оонньуу сылдьар о±ону ха´ан ба±арар тохтотуохпутун, аралдьытыахпытын с³п. Онтон µ³рэх диэн син биир улахан ки´и µлэтин курдук, онон аралдьытарбыт сатаммат диэн ³йдµ³хтээхпит. Оччо±о о±о да µ³рэххэ сы´ыана убаастабыллаах буолуо.

3. Кµн аайы о±о уруогун т³´³ кыалларынан биир чааска аа±а µ³рэниэхтээх. Бу мээнэ ылыныллыбыт быраабыла буолбатах. Улахан ки´и с³бµлээбэт µлэтин т³´³ кыалларынан у´ата-кэ²этэ сатыыр, ол гынан баран хайаан да о²оруохтаа±ын билэр буолан о²орорго, са±алыырга кµ´эллэр. Бастаан бытааннык, онтон улам тартаран о²орор. О±о уруогун аа±арыгар эмиэ оннук. Бастаан аа±а олороот да ³й³-санаата тµмµллэ тардыбат, мээнэ механически о²орор, тугу аа±арын ³йд³³б³т. Онтон сыыйа ³й³ тµмµллэн дьэ дьи²нээхтик µлэлиир. Наар биир бириэмэ±э уруок аа±ар о±о тµргэнник µлэ±э киирэр эбит, онтон ха´ан ба±арар аа±ар буолла±ына, µлэтин са±алыыр бириэмэтэ у´ун буолар.

4. ¥³рэнээччи наар биир сиргэ олорор уруок аа±ар миэстэлээх буолуохтаах. Ол миэстэтэ бэрээдэктээх, кумаа±ыта, кинигэтэ, уруучуката барыта бэлэм миэстэлээх буолуохтаах. Ити эмиэ тµргэнник ³й³ тµмµллэригэр ту´алыыр. Са²а олорон и´эн уруучука к³рдµµ, харандаас у´уктана барда±ына, о±о ы´ыллар, уруок аа±ыы тэтимэ бытаарар.




БиҺиги олохпутугар аныгы техника оруола


Олохпут сайдан, иннин диэки сыыйа баран иҺэр. Ону тэ²э биҺиги олоххо сыҺыаммыт, ирдэбилбит эмиэ уларыйан иҺэр. А±ыйах сыллаахха диэри боростуой телевизоры көрбүт буоллахпытына, билигин ө²нөөх телевизоры көрөбүт. Компьютер, ДВД диэни истибэт да, билбэт да эбит буоллахпытына, билигин хас ыал аайы кэриэтэ баар. Бу олох сайдыбытын бэлиэтэ.

Са²а техниканы күннээ±и олохпутугар киэ²ник туҺанабыт. О±олорбут үксүн иллэ² кэмнэрин телевизор, компьютер иннигэр атаарар буоллулар. Бу биллэн турар, доруобуйа±а улахан буортулаа±ын киҺи барыта билэр. Телевизор, компьютер улаатан эрэр о±о өйүгэр-санаатыгар, майгытыгар улаханнык сабыдыаллыыр. Өссө сыыйа интернет ыал аайы баар буолла±ына, олохпут тосту уларыйыа, ону кытта тэ²²э о±о өйө-санаата, олоххо сыҺыана улаханнык уларыйыа дии саныыбын.

Дьиэ иҺигэр олорон телевизор нө²үө сир шар хайа ба±арар муннугар сип-сибилигин туох буола турарын билэбит. Бу санаан көрдөххө олус дьикти, интэриэҺинэй. О±олорбут күнү быҺа да көрө олоруохтарын сөп, өскөтө көрөн бопсубатахпытына. Телевизор о±ону иитиигэ суолтата улахан. Телевизоры сатаан туҺаннахха, о±о сайдыытыгар, ииттиллиитигэр улахан сабыдыаллаах. 0±о телевизоры төҺөнөн элбэхтик көрөр да, соччонон билиилээх, өйдөөх буолар дии саныыр төрөппүттэр бааллар. Ити сыыҺа өйдөбүл. Кыра о±о кырдьык элбэ±и билиэн-көрүөн ба±арар, интэриэҺиргиир. Дьэ ол иҺин, кини телевизор иннигэр күнү да быҺа олоруон сөп.

О±ону интэриэҺиргэтэр передачалар, сонуннар, концертар, спортивнай күрэхтэҺиилэр бэриллэллэр. О±о ону көрөн үтүктэн ыллыырга, ү²күүлүүргэ, ону таҺынан бары үчүгэйгэ үөрэнэр. Телевизортан үөрэнэн, ырыанан, хоҺоонунан, ү²күүнэн дьарыктаммыт о±о элбэх. О±о±о са²а үчүгэй интэриэстэр үөскүүллэригэр, патриотическай уонна интернациональнай иитиллиигэ телевизор эмиэ дьоҺун көмөлөөх.

Ону таҺынан телевизор, компьютер о±ону иитиигэ бэрт улахан хоромньуну о²оруон сөп. Ол барыта сыыҺа туҺанартан, сыыҺа сыҺыаннаҺартан үөскүүр. Кыра о±о телевизоры олус итэ±эйэр, онно көрдөрөр рекламалары, киинэлэри, араас передачалары олус түргэнник ылынар. Өссө ордук кутталлаах киинэлэри, передачалары көрдөрөллөр. Манна охсуҺуу, киҺини кырбааҺын, өлөрүү элбэхтик көстөр буолла. Бу барыта улаатан эрэр о±о уйул±атыгар улаханнык сабыдыаллыыр, «киҺини кырбыахха, өлөрүөххэ сөп», туох да буолбаттар эбит диэн өйдөбүллээх улаатыан сөп. Ол иҺин о±олорбут кыра саастарыттан агрессивнай, ки²нээх, куруубай буолуохтарын с³п. Маны барытын хас биирдии төрөппүт дьиэтигэр хонтуруоллуон наада. Телевизоры уҺуннук көрөр, олус үлүҺүйэр, компьютерынан уҺуннук туҺанар о±олор уруоктарын аахпат, үөрэхтэригэр мөлтөх буолаллар. Ол дьи²инэн үөрэхтэн сүрэ±элдьээҺин биир көстүүтэ. Оннук о±олор бэриллибит соруда±ы хайдах эмэ түргэнник бүтэрэ охсо сатыыллар, ыксыыллар, ол иҺин сыыҺа-халты толороллор. Сорох о±олор телевизоры көрө охсоору бүтэҺик уруоктартан күрүүллэр. Бу маннык быҺыы-майгы ордук үрдүкү кылаас о±олоругар тахсар. Били²²и о±олор аны оскуола±а ДВ дискэтин а±алан бэйэ-бэйэлэриттэн атастаҺаллар. Дискэлэрэ үксэ ужас, өлөрсүүлээх, сэриилээх буолар. Бу эмиэ үчүгэйэ суох быҺыы.

Телевизорга убаммыт о±о хаҺыаты, кинигэни, сурунаалы сэ²ээрбэт, аахпат, билиини ылбат. Ол түмүгэр суруйар дьо±урдара, тыллара үчүгэйдик сайдыбат.

Психологтар, социологтар бигэргэтэллэринэн телевизоры кэмэ суох көрөр о±олор общественнай үлэнэн дьарыктамматтар, дьиэлэригэр да±аны үлэлииртэн сүрэ±элдьииллэр.

Үөрэнээччи кылааска 5-6 чаас дьарыктанар. Ону таҺынан дьиэтигэр 2-3 чаас уруок үөрэтиэхтээх. Оскуола устаабын ирдэбилэ оннук. Итинтэн о±о улаханнык сылайар. Ону илии үлэтинэн, спордунан, сибиэҺэй салгы²²а сылдьыынан аҺарынарын оннугар 2-3, сорохтор 3-4 чаас телевизорга олороллор. Оччо±о бу о±о кү²²э 10-13 чаас олорон эрэ төбөтүнэн үлэлиир. Ити физиологтар этэллэринэн, о±о нервнэй систематын айгыратыан сөп. Өссө «телевизионная эпилепсия» диэн ааттаах ньиэрбэ ыарыыта баар буолбут. Телевизорга наҺаа уҺуннук сы²аах баттанан олорууттан сы²аахтара уонна тиистэрэ сөбө суохтук сайдар. Онтон компьютерынан ооньуурга тирээн олорон көрүү харах араас ыарыытыгар тиэрдэр.

Өссө «сынньала² сынньала²²а өстөөх» диэн Н.Крупская эппитэ. Оттон Ушинскай «киҺи сатаан сынньамматыттан төбөтө, сүрэ±э, майгыта буомтуйар» диэбиттээх.

Онон, телевизор, компьютер о±о уйул±атын түргэнник уонна дири²ник аймыыр күүстээх средство. Ол иҺин сэрэхтээхтик туттуохтаахпыт. Ол аата сөптөөх педагогическай, медицинскэй ирдэбиллэри тутуҺар наада.

Телевизор үөдүйбүтүнэн сибээстээн оскуолалар, библиотекалар о.д.а о±ону кытары үлэлиир тэрилтэлэр үлэлэрин ис хоҺоонун байытан, тупсаран, кэ²этэн, сэргэхситэр эрэ буоллахтарына о±ону интэриэҺиргэтиэхтэрэ. Оннук гымматахтарына, күн аайы са²аттан са²аны көрө сылдьар о±олор интэриэстэрин табар ыарахан буолуо. Төрөппүттэр телевизоры көрүүнү үлэни, үөрэ±и, туҺалаах дьарыктары кытта дьүөрэлээн көрөргө үөрэтиэхтээхтэр.







Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Прочее

Целевая аудитория: 1 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Сборник бесед для родителей

Автор: Сивцева Варвара Матвеевна

Дата: 20.03.2019

Номер свидетельства: 503936

Похожие файлы

object(ArrayObject)#851 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(84) "Сборник рекомендаций и памяток для родителей "
    ["seo_title"] => string(51) "sbornik-riekomiendatsii-i-pamiatok-dlia-roditieliei"
    ["file_id"] => string(6) "229246"
    ["category_seo"] => string(22) "klassnomuRukovoditeliu"
    ["subcategory_seo"] => string(7) "prochee"
    ["date"] => string(10) "1441648992"
  }
}
object(ArrayObject)#873 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(284) "«Работа с родителями детей с ограниченными возможностями здоровья и с родителями «здоровых» детей. (клубное занятие, круглый стол, компетентностная игра) "
    ["seo_title"] => string(168) "rabota-s-roditieliami-dietiei-s-oghranichiennymi-vozmozhnostiami-zdorov-ia-i-s-roditieliami-zdorovykh-dietiei-klubnoie-zaniatiie-krughlyi-stol-kompietientnostnaia-ighra"
    ["file_id"] => string(6) "134744"
    ["category_seo"] => string(7) "prochee"
    ["subcategory_seo"] => string(7) "prochee"
    ["date"] => string(10) "1416799608"
  }
}
object(ArrayObject)#851 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(126) "Консультация для родителей на тему: «Обогащаем словарь дошкольника»"
    ["seo_title"] => string(68) "konsultatsiia_dlia_roditelei_na_temu_obogashchaem_slovar_doshkolnika"
    ["file_id"] => string(6) "576165"
    ["category_seo"] => string(21) "doshkolnoeObrazovanie"
    ["subcategory_seo"] => string(7) "prochee"
    ["date"] => string(10) "1616350214"
  }
}
object(ArrayObject)#873 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(79) "презентация проекта "В школу весело шагая!" "
    ["seo_title"] => string(51) "priezientatsiia-proiekta-v-shkolu-viesielo-shaghaia"
    ["file_id"] => string(6) "246972"
    ["category_seo"] => string(21) "doshkolnoeObrazovanie"
    ["subcategory_seo"] => string(11) "presentacii"
    ["date"] => string(10) "1446480032"
  }
}
object(ArrayObject)#851 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(112) "Педагогический проект «Обитатели водоемов» в средней группе"
    ["seo_title"] => string(69) "piedaghoghichieskii_proiekt_obitatieli_vodoiemov_v_sriedniei_ghruppie"
    ["file_id"] => string(6) "423594"
    ["category_seo"] => string(21) "doshkolnoeObrazovanie"
    ["subcategory_seo"] => string(7) "prochee"
    ["date"] => string(10) "1498973873"
  }
}


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

Распродажа видеоуроков!
1270 руб.
2110 руб.
1520 руб.
2530 руб.
1270 руб.
2110 руб.
ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства