Сценарий новогоднего циркового представления
«Цирк зажигает огни»
(Бим уонна Бом сүүрэн киирэллэр)
Бим: Боом, ураа, мин эйиигин кыайдым, эн иннигинэ кэллим, харыйаны аан бастаан мин көрдүм.
Бом: Мин охтубата5ым буоллар, эн быдан иннигинэ кэлиэм этэ. Чэ, буоллун даҕаны, хата оҕолордуун билсиэххэ.
Бим: Оҕолоор, мин көрдөөх клоун Бим диэммин.
Бом: Оттон мин дьээбэлээх клоун Бом буолабын. Бим быраатабын.
Бим: Биһигини доҕотторбут циркэ артыыстара биллэриитэ этиҥ диэн ыыппыттара. Оҕолоор, эһиги циркэ көрүөххүтүн баҕараҕыт дуо?
Бом: Тиит-Арыы оскуолатыгар көрдөрөн бүтэн айаннаан иһэллэр. Бим, билиэт сыаната төһө этэй?
Бим: Хайдах буоллуҥ, Бом, бырааһынньыгынан оҕолору үөрдээри босхо көрдөрөбүт диэбиттэрэ дии.
Бом: Туй-сиэ, умнан кэбиспиппин, кырдьык инньэ диэбиттэрэ дии. Хата доҕотторбут кэлиэхтэригэр диэри оҕолортон циркэ туһунан ыйытыахха. Бим, бириистэргин аҕалбытыҥ дуо? Кыайбыт оҕолорго биэриэхпит этэ.
Бим: Баар-баар, харыйа анныгар уурбутум. Бом, мин ыйытыым, эн таайбыт оҕолорго бириистэ биэрээр. Чэ эрэ, оҕолоор, болҕойон истиҥ эрэ:
Циркэ төрүттэммитэ быйыл хас сылай?
Аан бастакы цирковой нүөмэр туох этэй?
Саха сиригэр циркэни ким төрүттээбитэй?
Кыыллары, көтөрдөрү циркэҕэ үөрэтэр артыыс ким диэн ааттанарый?
Биһиги оскуолаттан Кытайга циркэ оскуолатыгар ким үөрэнэрий?
Бом: Бим, аны оҕолору оонньотуохха. Билигин манна кыһыл сулус жетону ылбыт оҕолор тахсаллар. Эһиги билигин «Конная скачка» диэн күрэххэ кыттыаххыт. Бим, аттарбыт бааллар дуо?
Бим: Бааллар-бааллар. Күрэх быраабылатын истиҥ. Бу аттары миинэн баран Бом биһигини тула сүүрдэҕит. Мин бырахпыт мээчикпин атынан сүүрдэн иһэн хаппыт всадник кыайыылаах тахсар. Атын суулларбыт, мээчиги хаппатах сүүрдээччи туораан иһэр.
Бом: Раз, два, три!
(Кыайыылаахха бириис туттарыллар)
Бим: Кыыллары-көтөрдөрү үөрэтэр артыыс дрессировщик диэн ааттанарын билэбит. Билигин дьэ таайыҥ эрэ:
Среди двора стоит копна: спереди - вилы, сзади – метла.
Днем молчит, ночью кричит.
Белы хоромы, красны подпорки.
(Таайбыттарга бириис)
Бом: Биим, истэҕин дуо, доҕотторбут иһэллэр быһыылаах. Чэйиҥ, доҕоттор, циркэни көрсөргө бары бэлэмнэннибит.
Бим: Внимание, начинается представление юных цирковых артистов “Цирк зажигает огни!!!”
Цыганка ыллыы-ыллыы, былаатынан эриллэҥнээн үҥкуулуу-үҥкүүлүү киирэр, хаартытынан оонньуур:
Ты жэ мэнэ подвэнула,
Ты жэ мэнэ подвэла,
Ты жэ мэнэ абманула,
Уму-разуму свэла эух!
(Роликтаах оҕолор каретаны киллэрэллэр, хаһыытыыллар: «Мы - бродячие артисты, встречайте нас!». Карета залы эргийэр. Трюктар карета фонугар оҥоһуллаллар.)
Бим: Внимание! Перед вами великий маг-чудотворец, самый талантливый фокусник мира Ваноо ЧернГрад. Смотрите и наслаждайтесь. Итак, абркадабра, тишина!
(Ваня харчы уматар, шляпатыттан лента таһаарар, ыраас кумааҕыга сурук или уруһуй таһаарар – музыка фонугар бэйэтэ комментарийдыыр)
Бом: Цирк, цирк, цирк!
Здесь звенит веселый смех!
Акробаты и жонглеры,
Дрессировщики и танцоры
Зажигают разноцветные
Огни радости и веселья!
(Выступление девочек-акробаток. В это время цыганка танцует)
Бим: Бом, оттон эн биһиги тугу көрдөрөбүт? Мин эмиэ ымсыырдым аҕай дии.
Бом: Ээ, мин билигин тугу эрэ көрдөрүөм, хата биллэр эрэ.
Бим: Бом хайыыр диибин?
Бом: Оттон биллиилээх жонглер эҥин диэ ээ. Миигин кытта тэҥҥэ Долгунаш номерын эмиэ биллэр.
Бим: На арену выходят юные звезды цирка Мишман СофрНик и Долгунаш ГотаПет..
(Жонглирование мячами и кубиками)
Бим: Хата мин маннык гыныым. Мин киһи тугу санаабытын курдаттыы таайабын. Залга саамай ахсаанньыппын дэнэр киһи ким баарый? Төрөппүт, учуутал да буолуон сөп. Бом, уруучуката, илиистэ киниэхэ биэр эрэ. Мин кэннибинэн туран кини суруйбутун таайыам.
(Кэннинэн эргиллэн турар)
Бим: Ханнык баҕарар биир бэлиэлээх чыыһыланы суруй. Мин көрбөппүн бары итэҕэйэр инигит?
(Салгыытын карточкаҕыттан көрөн толоттороҕун)
Бом: Күндү, доҕоттор, циркэбит занавеһа сабыллар кэмэ кэллэ, аныгыс көрсүөххэ дылы. (Бары араас трюктары оҥоро-оҥоро, ыллыы-ыллыы музыканан тахсаллар)
Мы – бродячие артисты,
Прощаемся с вами,
До скорой встречи!