Билии күнэ. «Маңнайгы кылааска аан маңнай»
Буолар күнэ: 01.09.2014.
Сыала: оскуола туһунан уопсай өйдөбүлү биэрии, оскуола5а сылдьыы быраабылатын кытта билсиһиннэрии, оскуоал5а үөрэнэр ба5аны үөскэтии.
Соруга:
- о5о5о үөрүүлээх түгэни бэлэхтээһин, Билии дойдутугар сиэтэн киллэрии;
- коллективпыт, биһиги бары биирбит диэн чувствоны үөскэтии;
Бэйэ икки ардыгар бодоруһууну тэрийии.
Кылаас киэргэтиллибит.
–Үтүө күнүнэн! Күндү о5олор, убаастабыллаах төрөппүттэр. Бүгүн бу манна кэлбикититтэн мин олус үөрдүм.бүгүңңүттэн бу кылаас анны эһиги кылааскыт буолар. Манна эһиги түөрт сыл үчрэниэххит. Онтон мин эһиги маңнайгы учууталгыт буолабын. Аатым Зинаида Николаевна. Эһигини кытта детсадка көрсүбүтүм, кыратык билсибиппит дии.
– Бүгүн эһиги наһаа кыраһыайбайгыт! Хана кэллигит?
/О5олор эппиэттэрэ/
- Сөпкө эттигит, оскуола5а кэлэн олоро5ут. Оскуола5а тугунан дьарыктаныахпытый? Оонньуу кэллибит буолуо дии? ☺
/О5олор эппиэттэрэ/
- Кырдьык да5аны үөрэнэ кэлбиккит, билии ылаарыгыт. Бүгүн эһиэхэ олус үөрүүлээх күн – бүгүн эһиги Билии дойдутун аанын сэгэтэн киирдигит. Били дойдутун устун айаннааңңыт элбэх интириэһинэйи, сонуну билиэххит. Барыбытыгар бүгүн бырааһынньык. Бырааһынньыкпыт аатын билэ5ит дуо? Саңа дьыл дуо?
3. - Бала5ан ыйын 1 күнэ – Билии күнэ.
- О5олоор, онтон эһиги үөрэнэргэ бэлэмңит дуо? Оскуола5а ханнык уруоктар баалларый?
а) - Билигин оонньуохпут. Мин уруоктар аатарын ааттаталаан иһиэм эһиги мин сөпкө ааттаталаатахпына илиигитин таһына5ыт, онтон сыса эттэхпинэ кутуйах курдук кирийэн уу-чуумпутук олоро5ут. Сөбүлэһэ5ит дуо? Дьэ са5алаатыбыт.
Математика, мармеладика, русский язык, английский язык, саңарар тыл, литература, история, кукловедение, машинология, музыка, сүүрүү, клавиатура, физкультура, тулалыыр эйгэ.
- Маладьыастар!
- ханнык урока үөрэнэргитин биллигит. Онтон үөрэнэ кэлэрбитигэр тугу илдьэ кэлэбит? Мин эһиэхэ таабырын таайтарыам, онтон эһиги айдаана суох таабырын таайыытын суумка5ытыттан ылан көрдөрөн иһэ5ит.
1. Саңа дьиэни мин
Үөрэ-көтө сүгэбин.
Дьиэбэр олороллор
Кинигэ уонна тэтэрээт. /Суумка/
2. Уруучуканы, харандааһы,
Хараардары, точилканы
Уга5ын эн миэхэ күннэтэ.
Биллин дуо миигин?
3. Сытыылаатаргын эрэ эн,
Уруһуйдуоң тугу ба5ар.
Күнү, муораны, хайаны,
Онноо5ор сибэкки кэрэтин.
Ол тугуй?
- Маладьыастар! Пеналы парта үрдүгэр хаалларың, уруокпутугар туттуохпут.
- Ханнык уруокка үөрэнэрбитин, тугу а5аларбытын биллибит. Үөрэнэ кэлэргэ бэлэммит.
- Үөрэнэр чэпчэки буолуо дуо?
- Үөрэнэргитигэр туох ыарахаттары көрсүөххүтүн сөбүй? /Проблемнай ыйытыы/
/О5олор санааларын этэллэр/
- О5олоор, онтон Галя, Женя, Вася /Ойууну көрдөрөр/ туох диэн эппиэттээбиттэрин билиэххитин ба5ара5ыт дуо?
Галяттан ыйыппыттарыгар маннык эппиэттээбит: Тэтэрээккэ палочкалары суруйар олус ыарахан.
Онтон Женя уол маннык диэбит: Төгүл, түңэтии, туохтаа5ар да уустук. Онтон Васяттан ыйыппыттар: Сир үрдүгэр туохтаа5ар да ыарахан туох баарый? Кини маннык эппиэттээбит: Барытыттан ыарахан маңанайгы кылааска үөрэнэр.
- Үөрэнэр диэн ыарахан диэн куттанымаң, о5олоор, эһиэхэ үчрэнэрэгитигэр көмөлөһүөхтэрэ учууталлар уонна төрөппүттэр.ким сүрэ5элдьээбэт, ким кыһаллар, ким аа5арын сөбүлүүр ол о5о үчүгэйдик үөрэнэр.
4. - Галя, Женя, Вася эһиэхэ сүбэлэрин суругунан ыыппыттар. Туох диэн сүбэлииллэр эбитий?
/Учуутал суругу аһан аа5ар оскуола5а сылдьыы быраабылалара/
- О5олор оскуола быраабылатын эһиэхэ анаан ыыппыттар эбит! Ити быраабылалары тутуһарга сөбүлэһэ5ит дуо?
- Оччо5о дуоска иинигэр баһаалыста тахсын.
- Бүгүммүттэн оскуола үөрэнээччилэрэ буола5ыт. Эһигини уонна төрөппүттэргитин үөрэнээччи буолбукутуттан үөрэн туран бырааһынньыгынан э5эрдэлиибин.
5. /Учуутал мэтээллэри уонна букубаардары туттартыыр/
- Бары үчүгэйдик үөрэниң, элбэх кыайыыны ситиһиң, саңаттан саңаны күн аайы билиң, ханнык да ыарахантан толлубакка иннигит дтэки дьулуһуң, эйэ5эс майгыланың, эйэлээх буолуң диэн ал5аан туран эһиэхэ харысхал бэлиэтин бэлэхтиэхпин ба5арабын.
6. /Талисманы о5о аан үрдүгэр ыйыыр/
7. – Маңнайгы уруокпутугар коллективнай үлэни оңорторуохпун ба5арабын. Эһиги паарта5а иккилии буолан олоро5ут. Бу сүрэх аңарыгар бииргит илиитин ууран баран илиитин лиискэ уруһуйдаан ылар. Иккис киһи иккис аңарыгар илиитин уруһуйдаан ылар. Ол кэннэ илиигитин ба5арар өңңүтүнэн кырааскалыыгыт уонна ааккытын суруйа5ыт.
/Бүппүт үлэ дуоска5а ыйанан иһэр, сибэкки быһыытынан/
8. - О5олоор, үлэбитин көрүө5үң эрэ, туохха майгынныырый?
- Сүрэхтэрбитин холбооммут сибэкки оңордубут. Сибэкки эминньэхтэрэ бары ыга тутуһан сылдьалларын курдук биһиги биир иллээх дьиэ кэргэн буоллубут – 1 кылаастар диэн буолабыт. Бэйэ бэйэ5э эйэ5эстик сыһыаннаһыа5ың, көмөлөсүһүө5үң диэн ыңырабын. Иллээх коллектив буолуо5уң диэн «Дружная семейка» диэн ааттаах сибэккини бэлэхтиибин.
9. Түмүкпэр ба5а санааларбын эһиэхэ аныыбын. Ба5а санааларбын бу маска – эһигини үүнэ-сайда турдуннар диэн ыйаан бэлэмнээтим. Ба5а санааларбын бэйэ5ит кэлэн талан ыларгытыгар көрдөһөбүн. Дьиэ5итигэр илдьэн төрөппүттэргитин кытта аа5аарын.