МИНИСТЕРСТВО ПРОСВЕЩЕНИЯ РОССИЙСКОЙ ФЕДЕРАЦИИ
Министерство образования и науки РС (Я)
МР «Кобяйский улус (район)» РС (Я)
МКОУ "Люксюгунская ООШ"
РАБОЧАЯ ПРОГРАММА
(ID 12257979)
учебного предмета «Литературное чтение на родном языке»
для обучающихся 4 класса
Люксюгюн 2026
ПОЯСНИТЕЛЬНАЯ ЗАПИСКА
Үөрэх биридимиэтин өйдөбүлэ
Үлэ бырагыраамата Федеральнай государственнай үөрэх стандардыгар, "Россия гражданинын лиичинэһин сиэрин- майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ кэнсиэпсийэтигэр", үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүктэригэр олоҕуран сурулунна.
Бастакы сүһүөх оскуолаҕа литература ааҕыыта - уус-уран айымньыны үөрэтии уонна тылы сайыннарыы курдук икки хайысханы тутуһар сүрүн биридимиэттэртэн биирдэстэрэ. Биридимиэт оҕо ааҕар үөрүйэҕин, тылынан уонна суругунан саҥатын сайыннарар сүрүн оруоллаах. Оҕоҕо ааҕар уонна тиэкиһи кытта үлэлиир үөрүйэх иҥмит эрэ буоллаҕына, кини атын биридимиэттэргэ ситиһиилээхтик үөрэнэр кыаҕы ылар.
Биридимиэт оҕо сааһыгар сөптөөх өйү-санааны иҥэрэр, айар, толкуйдуур дьоҕурун, майгытын- сигилитин, тылын-өһүн сайыннарар, ааҕыы эйгэтигэр киллэрэр, кинигэҕэ интэриэһи үөскэтэр, ааҕар баҕаны олохсутар, уус-уран айымньы тыл искусствота буоларын өйдөтөр, оҕо бэйэтэ сайдар, дьону кытта бодоруһар кыаҕын олохсутар. Ааҕыы оҕо лиичинэс быһыытынан сайдарыгар, тулалыыр эйгэтин өйүнэн-сүрэҕинэн, дууһатынан ылынарыгар суолтата улахан. Бу этиллэр санаа биридимиэт сүрүн сыалын быһаарар:
- ааҕыы араас көрүҥүн олохсутуу;
- уус-уран айымньы тиэкиһи кытта үлэҕэ оҕо тылын-өһүн сайыннарыы;
- араас көрүҥнээх информациянан үлэлиир үөрүйэхтэри иҥэрии;
-оҕону уус-уран айымньыга сыһыарыы, айымньыны истэргэ, тылга болҕомтолоох буолууга иитии;
- оҕо тус олоҕун айымньы нөҥүө сиэр-майгы сыаннастарынан байытыы;
- оҕо литературатын эйгэтигэр киллэрии; кинигэҕэ интэриэһи, ситимнээхтик, тиһиктээхтик ааҕар баҕаны үөскэтии;
- тиэкиһи уонна кинигэни кытта үлэлиир үөрүйэҕи иҥэрии, үөрэх уонна научнай- биллэрэр тиэкиһинэн үлэ бастакы үөрүйэхтэрин олохсутуу.
Сыалы ситиһэргэ маннык соруктар тураллар:
• ааӄыы араас ньымаларын баһылааһын;
• тиэкиһи кытта үлэ сүрүн сатабылларын иңэрии;
• наадалаах литератураны булан туһаныы;
• аа5ыыга интэриэһи үөскэтэн, кинигэӄэ тапталы иңэрии;
• айан кэпсиир уонна суруйар үөрүйэхтэри сайыннарыы;
• норуот тылынан уонна уус-уран айымньытын духуобунай ис номоӄун нөҥүө иэйиини уһугуннаран, олох араас көстүүтүгэр сиэрдээх сыһыаны үөскэтии;
• уус – уран айымньы тылыгар болӄомтолоох буолууну ситиһии;
төрөөбүт уонна араас омук литературатын араара өйдөөн, ол нөҥүө норуоттар доӄордуу сыһыаннарын олохсутуу.с-уран айымньы тыл искусствота буоларын ааҕыы уруогар ааҕан, тыл уруогар ырытан, айымньыны ырытар үлэҕэ тылы тэҥнээн, ааптар этэр санаатын, иэйиитин өйдүүр. Үөрэнээччи айымньы дьоруойдарыгар бэйэтин сыһыанын быһаарар, суруйааччы уонна айымньы туһунан санаатын этэн, сыһыанын көрдөрөр.
Биридимиэт сүрүн ис хоһоонун араас оҕо литературата (Саха, Саха сирин хотугу, Россия, тас дойду араас омуктарын суруйааччыларын айымньылара), научно-популярнай айымньылар арыйаллар. Уус-уран уонна научнай-биллэрэр айымньылары тэҥнээн көрүү тыл искусствотын дириҥник өйдүүргэ көмөлөһөр. "Литература ааҕыыта" биридимиэти атын биридимиэттэри кытта ситимнээхтик үөрэтии-ырытыы көдьүүстээх, олоххо туох барыта ситимнээх биир кэлим диэн өйдөбүлү үөскэтэр.
«Литература ааҕыыта» биридимиэт ис хоһооно:
- "Саҥа үлэтин көрүҥнэрэ. Бодоруһуу култуурата";
- "Тиэкиһи кытта үлэ көрүҥнэрэ. Саҥа-иҥэ үлэтэ";
- "Уус-уран айымньыга кэрэ уонна сиэр-майгы иитиллиитигэр үлэ";
- "Оҕо ааҕар эйгэтэ. Ааҕыы култуурата".
Бастакы салаа - "Саҥа үлэтин көрүҥнэрэ. Бодоруһуу култуурата". Манна оҕо ааҕар уонна суруйар, ситэр уонна саҥарар дьоҕурун, араас түгэҥҥэ үлэтин саҥа көрүҥүн сайыннарыыта көрүллэр. Бырагыраама таска сүһүөхтээн ааҕыыттан сыыйа бүтүн тылынан, онтон интонацияҕа, ааҕыы тэтимигэр, ис хоһоонноохтук ааҕыыга, сыыйа искэ ааҕыыга болҕомто уурар, бастакы сүһүөх саха оскуолатын үөрэнээччитэ мүнүүтэҕэ ааҕар нуорматын быһа холоон биэрэр. Начаалынай оскуоланы бүтэрэр үөрэнээччи быһа холоон мүнүүтэҕэ 80-100 тылы ааҕар. Маннык нуорма оҕо бэйэтигэр эрэллээх буолуутун, аахпыт тиэкиһи ис хоһоонун өйдүүрүн үөрэх тиэкистэрин кытта үлэҕэ көҕүлүүр.
Биридимиэт ис хоһоонугар истии диэн салаа оҕо тылга, дьон саҥатыгар болҕомтолоох буоларын, этиллибит кэрчик сүрүн санаатын араарарын, өйдүүрүн, ырытарын, өйдөммөт түгэҥҥэ туоһулаһар ыйытыылары биэрэрин ирдиир.
Саҥаны сайыннарыы (бэйэ санаатын этии, ыйытыы биэрии, ыйытыыга эппиэт, кэпсэтиһии, кэпсээһин) саҥа этикетин кытта тугу этиэн баҕарарын толкуйдаан, ырытан, хонтуруоллаан, атын киһини болҕойон истэн, кэпсэтэр киһитигэр убаастабыллаахтык сыһыаннаһан иитиллэрэ эрэйиллэр.
Улахан болҕомто сурук үлэтигэр ууруллар. Ааҕыы уруогар үөрэнээччи аахпыт тиэкиһигэр олоҕуран бэриллэр тиэмэҕэ бэйэ санаатын, аахпыттан, өйтөн (ойуулаан, ырытан, кэпсээн) суруйа үөрэнэр. Бастакы сүһүөх оскуола5а о5о истэр, саҥарар, аа5ар уонна суруйар дьоҕурун сайыннарар.
Иккис салаа - "Тиэкиһи кытта үлэ көрүҥнэрэ. Саҥа-иҥэ үлэтэ".
Уус-уран айымньыны кытта үлэҕэ үөрэнээччи тиэкиһи чаастарга үллэрэ, чаастарга аат биэрэ, былаан оҥоро, аахпыт тиэкиһин кылгатан уонна сиһилии кэпсии, сүрүн санаатын араара уонна ону бэйэ тылынан этэргэ үөрэнэр. Бу салаа тиэкис араас көрүҥүн өйдүү (ойуулуур, ырытар, кэпсиир), тиэкис аатын ис хоһоонун кытта ситимнии, үөрэх, научнай-биллэрэр уонна усс-уран тиэкиһи араара, суолтатын быһаара үөрэтэр. Үөрэнээччи бодоруһуу арааһын, сыалын- соругун өйдүү үөрэнэр, учуутал көмөтүнэн кэтээн көрөр.
Үһүс салаа - "Уус-уран айымньыга кэрэ уонна сиэр-майгы иитиллиитигэр үлэ".
Оҕо уус-уран айымньы нөҥүө сиэр-майгы туһунан өйдөбүлэ кэҥииригэр, эстетическэй уонна айар дьоҕура сайдыытыгар туһуланар. Оҕо уус-уран айымньыга да, биллэрэр да тиэкискэ тулалыыр эйгэ ойууланар ньыматын араара, уратылаһар өрүтүн өйдүү, бэйэ тиэкиһин оҥоро үөрэнэр. Бырагыраама оҕо эрэ уус-уран литературатын кытта буолбакка, искусство атын көрүҥнэрин тиэкистэрин (айымньыларын) кытта билиһиннэрэр.
Үөрэнээччи уус-уран айымньыны научнай-биллэрэр ис хоһоонноох тиэкистэн араара үөрэнэр. Уус-уран айымньы - ааптар айымньыта, кини баай тыл-өс көмөтүнэн ааҕааччыга тулалыыр эйгэ уонна дьон араас сыһыанын, ытык өйдөбүллэри, майгыны-сигилини иҥэрэр, кэрэҕэ угуйар искусство ураты көрүҥэ диэн өйдүүр. "Литература ааҕыыта" ис хоһоонугар уус-уран айымньыны судургу ырытыы: ол эбэтэр тиэкиһи бастаан сабаҕалаан, истэн, онтон ааҕан, ырытан, хат-хат төннөн, ис хоһоонун, саҕаланыытын, бүтүүтүн ырытан, айымньы аатын, сүрүн санаатын, ис хоһоонун кытта тэҥнээн көрүү ыытыллар. Айымньыны ырытыыга тиэрмин бобуллубат. Айымньы уус-уран тыла ааҕыы бары түһүмэҕэр болҕомтоҕо ылыллар. Тиэкиһи ырытыыга тыл (эпитет, тэҥнэбил) туспа тутан ырытыллыбат, айымньыга сыһыаран, туох суолталаахтык туттуллубутун тоһоҕолоон бэлиэтэнэр, көрүллэр.
Ааҕыы ис хоһоонугар оҕо сааһыгар өйдөнөр тиэмэ уонна уус-уран айымньы проблемата, онно этиллэр майгы-сигили сыаннастара, тыла-өһө көрүллэллэр. Айымньыны ырытыы араас таһымнаах: сюжет таһымыгар (дьоруойдары кытта билсиһии, кэпсэнэр түгэни ырытыы); дьоруой таһымыгар (дьоруой тугу эмэ гынар сүрүн ис хоһооно, киниэхэ ааҕааччы сыһыана); ааптар таһымыгар (ааптар дьоруойугар сыһыана, ааптар этэр санаата уонна айымньы уопсай ис хоһооно). Маннык ырытыы айымньыны кэлимник көрөргө сүрүн хайысха буолар. Айымньыны араастаан ырытыы оҕо айымньы ис хоһоонун өйдүүрүгэр, тылга болҕомто уурарыгар, өйө-санаата байарыгар, майгыта-сигилитэ тупсарыгар көдьүүстээх. Оҕо айар дьоҕура сайдарыгар айымньыны оонньоон көрдөрөрө, онно кыттара улахан оруоллааҕын бырагыраама учуоттуур.
Төрдүс салаа - "Оҕо ааҕар эйгэтэ. Ааҕыы култуурата".
Ис хоһоонун уонна ааҕыллыан сөптөөх айымньы аатын ыйар. Манна саха, Саха сирин хотугу омуктарын, Россия араас омуктарын, тас дойду суруйааччыларын уус-уран айымньылара, научнай-биллэрэр, аныгы кэм суруйааччыларын айымньылара, ону таһынан норуот тылынан уус-уран айымньыта (остуоруйа, үһүйээн, ырыа, өс хоһооно, таабырын о.д.а.) киирэллэр. Бырагыраама кыра оҕо интэриэһин учуоттаан, олох араас өттүн хабар айымньыларга болҕомто уурар: бэйэ саастыылааҕын уонна улахан дьону кытта сыһыан, мүччүргэннээх сырыы о.д.а. Оҕо ааҕар үөрүйэҕэ сайдыытын көрөн, тулалыыр эйгэтин туһунан билиитэ дириҥээн истэҕин аайы, ааҕар эйгэтэ кылаастан кылааска кэҥээн, эбиллэн, байытыллан иһэр. Сыыйа оҕо библиографическай култуурата олохсуйар.
III. Үөрэх былааныгар үөрэх биридимиэтин миэстэтэ
Үөрэх федеральнай базиснай былаанын үһүс барыйааныгар олоҕуран, литературнай ааҕыыны үөрэтиигэ 4 кылааска – нэдиэлэҕэ 1 чаас, сылга барыта 34 чаас бэриллэр.
IV. Үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ
Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ
1. Төрөөбүт дойдунан, дойду историятынан уонна норуоттарынан киэн туттуу санаатын олохсутар.
2. Атын омук историятыгар уонна култууратыгар убаастабыллаахтык сыһыаннаһар.
3. Үөрэнэр баҕаны, бэйэни сайыннарар.
4. Бодоруһууга майгы- сигили нуорматын, бэйэ эппиэтинэһин сайыннарар, салайынар.
5. Эстетическай сыһыаны олохсутар.
6. Сиэрдээх быһыыны, атын дьоҥҥо амарах сыһыаны сайыннарар.
7. Бииргэ үлэлиир сатабылы сайыннарар.
8. Үтүө сыһыаннаах бодоруһууну иҥэрэр.
9. Мөккүөрдээх түгэнтэн сатаан тахсар үөрүйэҕи үөскэтэр.
10. Айымньылаах үлэҕэ баҕаны үөскэтэр, сэрэхтээх, чөл олох туһунан өйдөбүлү, сыһыаны олохсутар.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ
1. Араас тиэкиһи ис хоһоонноохтук ааҕар, үчүгэйдик толкуйдаан саҥарар, тылынан уонна суругунан тиэкиһи оҥорор.
2. Сорудаҕы толорорго саҥа араас көрүҥнэрин, ньымаларын баһылыыр.
3. Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.
4. Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөту булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтэһиигэ кыттар.
5. Атын биридимиэттэри үөрэтэргэ "Литература ааҕыыта" төрүт буоларын уонна биридимиэттэр алтыһыыларыгар; гуманитарно-эстетическэй хайысхалаах биридимиэттэр икки ардыларынааҕы сибээстэри өйдүүр.
6. Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун өйдүүр, сөптөөх ньымалары булан туттар, туһанар.
7. Үөрэх дьарыгын туруоруллубут соруктарга олоҕуран былаанныыр, хонтуруолланар уонна сыаналанар, ситиһиигэ тиэрдэр ордук көдьүүстээх ньымалары быһаарар.
Тустаах үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ
1. Уус-уран айымньы омук уонна аан дойду култуурата, сиэр-майгы сыаннастара буоларын уонна баар үгэстэр харыстаныахтаахтарын, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдиллиэхтээхтэрин өйдүүр.
2. Кинигэ - киһи аймах култууратын ураты сыаннаһа буоларын өйдөөн, сиэрдээх сыһыаны олохсутар.
3. Уус-уран айымньы тыл искусствота диэн өйдүүр, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар.
4. Саха сирин уонна Россия элбэх ахсааннаах норуоттарын уус-уран литератураларын духуобунай уонна сиэргэ-майгыга сыаннастарын өйдүүр.
5. Сайдыылаах, үөрэх бары биридимиэтигэр ситиһиилээх буоларга тиһиктээх ааҕыы суолтатын өйдүүр; аан дойду, Россия историятын уонна култууратын, үтүө уонна мөкү сыһыан, сиэр-майгы туһунан бастакы өйдөбүллээх.
6. Ааҕыы суолтатын, араас көрүҥнээх тиэкис (билиһиннэрэр, үөрэтэр, талар, көрдүүр, чинчийэр) уратытын уонна ис хоһоонун өйдүүр, дьүүллэһиитигэр кыттар.
7. Таска уонна искэ ааҕыы техникатын баһылааһын, аахпыты араастаан уларытыы, уус-уран, научнай-популярнай уонна үөрэтэр тиэкистэри ырытарга судургу литературоведческай өйдөбүллэри туһаныы салгыы ааҕааччы тылын-өһүн сайдыытыгар суолталааҕын өйдүүр.
8. Бэйэ ааҕарыгар сөптөөх кинигэни талары сатыыр, тиэмэнэн, алпаабытынан каталогтары уонна сүбэлиир испииһэги туһанар, бэйэ ситиһиитин, кыаҕын сыаналанар, тупсарынар, эбии дьарыктанарга, информация хомуйарга ыйар-кэрдэр матырыйаалынан таба туһанар.
V. Үөрэх биридимиэтин ис хоһооно
Саҥарыы уонна ааҕыы үлэтин көрүҥнэрэ
Истии. Туора саҥаны истэн ылыныы (кэпсэтэр киһи саҥата, араас тиэкиһи ааҕыы). Туора саҥаны хайдах баарынан өйдөөһүн, истибит айымньы туһунан ыйытыыга сатаан хоруйдааһын, буолбуту сааһылаан быһаарыы; саҥа соругун өйдөөһүн; үөрэх, научнай-биллэрэр, уус-уран айымньы тиэкистэрин истэн баран, ыйытыыны сатаан биэрии.
Таска ааҕыы. Тылы, этиини уонна тиэкиһи буукубалаабакка уонна сүһүөхтээбэккэ таба ааҕыы. Сүһүөҕүнэн ааҕыыттан сыыйа бүтүн тылынан өйдөөн ааҕыы, тыл ситимин интонациянан холбооһун; тиэкис ис хоһоонун өйдүүр туһугар кылаастан кылааска ааҕыы тэтимин түргэтэтии. Саҥарар саҥа (тыл ситимэ уонна этии) суолтатын өйдүүргэ ыйыы биэрии. Дьоҕус тиэкиһи хоһоонноохтук ааҕыы: таба саҥарыы уонна интонация нуорматын тутуһуу; ааҕыы соругун өйдөөһүн, ааҕар айымньыга сыһыаны көрдөрүүгэ интонацияны тутуһуу, саҥарыы уонна бодоруһуу соругар сөп түбэһиннэрэн ааҕыы тэтимин тһргэтэтии эбэтэр бытаардыы. Сурук бэлиэтэ чорботуллар этиилэрин интонациялаахтык ааҕыы. Араас көрүҥнээх уонна тииптээх тиэкистэр уратыларын өйдөөһүн.
Искэ ааҕыы. Кээмэйинэн уонна көрүҥүнэн (жанрынан) сөптөөх айымныьлары таска ааҕыыттан сыыйа искэ ааҕыы көһүү. Аахпыт тиэкиһи өйдүүргэ ис хоһоонун санатыһан уонна ыйытыыларга хоруйдаан хонтуруолланар уонна көннөрүнэр ньымалары туһаныы.
Ааҕыы араас көрүҥүн (үөрэтэр, талар, билсэр) туһанан, үөрэтэр уонна научнай-биллэрэр тиэкистэн информацияны була үөрэнии.
Ааҕыы араас көрүҥүн уратытын өйдөөһүн: факт, ойуулааһын, этиини толоруу уо.д.а.
Араас көрүҥнээх тиэкиһинэн үлэ. Уус-уран, үөрэх, научнай-популярнай тиэкистэр өйдөбүллэрин билии, кинилэри тэҥнээһин. Маннык көрүҥнээх тиэкистэри оҥоруу соруктара. Көннөрү этиилэртэн тиэкиһи араарар үөрүйэҕи баһылааһын.
Тиэкис тиэмэтин уонна сүрүн санаатын бэйэ быһаарыыта; төрүөт уонна түмүк сибээстэрин быһаарыы; тиэкиһи сөптөөх кэрчиктэргэ араарыы. Хас биирдии кэрчик уонна тиэкис сүрүн чаастарын быһаарыы, аат биэрии; тиэкис ис хоһоонунан ааттыыр, ыйытыы этиилэринэн эбэтэр бэйэ толкуйунан былаан оҥоруу. Тирэх тылларынан эбэтэр бэйэ оҥорбут былаанынан тиэкиһи сиһилии, талан, кылгатан кэпсээһин. Кэпсииргэ туох кэнниттэн туох буоларын чопчу ситимнээн тутуһуу. Аахпыт тиэкиһи эбэтэр атын бэриллибит холобуру үтүгүннэрэн, ойуулааһын, сэһэргээһин, толкуйдааһын тиэкиһи оҥоруу. Кэпсэтии кэмигэр кинилэри туох сыаллаах туһанары быһаарыы. Элбэх информация араас көрүҥүн кытта үлэлээһин.
Уопсай ырытыыга кыттыы: ыйытыыга хоруйдааһын, чопчу тиэмэҕэ иһитиннэрии оҥоруу, атын киһи этэрин истии, кэпсэтии кэмигэр хоруйдары толорон, ситэрэн биэрии. Ыйынньыгы уонна көрдөрөр-ойуулуур матырыйаалы туһаныы.
Тиэкис ис хоһоонун ойуулааһын (айылҕа, дьоруой тас көрүҥэ, буолар сирэ) уонна толкуйдааһын (туох туһунан кэпсэнэрэ, сүрүн санаата) ньымаларын туһанан хаттаан оҥоруу. Уус-уран уонна научнай-биллэрэр айымньылары тэҥнээһин, кэпсэтиигэ туох сыаллаах туһанары быһаарыы.
Библиографическай култуура . Кинигэ- искусство ураты көрүҥэ. Кинигэ- билии төрдө. Саха сиригэр бастакы кинигэлэр уонна кинигэни бэчээттээһин саҕаланыыта (уопсай өйдөбүл). Үөрэх, уус-уран, ыйынньык кинигэлэрэ. Кинигэ ис хоһооно эбэтэр иһинээҕитэ, таһа, титульнай лииһэ, аннатоцията, ойуулар (иллюстрациялар). Кинигэҕэ информация көрүҥэ: научнай, уус-уран (кинигэ тас көстүүтүгэр олоҕуруу, ыйар-иллюстративнай матырыйаал).
Уус-уран айымньы тиэкиһинэн улэ . Уус-уран айымньы ис хоhоонун өйдөөһүн, иэйиилээхтик ылыныы. Аймньы аатын кытта ис хоһоонун өйдөөн ситимнээһин.
Уус-уран тиэкис уратытын быһаарыы, айыллыбыт сыалын өйдөөөһүн (ааҕааччыга ойууламмыт хартыына уонна уран тыл ньымата). Тылы хайдах иһиллэринэн уонна суолтатынан ырытыы, көнө уонна көспүт суолта. Суруйааччы айбыт хартыынатын өйгө ойуулуур үөрүйэх.
Тыл ойуулуур-дьүһүннүүр ньыматын туһанан, айымньы тиэкиһин эбэтэр быһа тардыыны бэйэ айыыта. Уруһуйдарынан эбэтэр иллюстрацияларынан кэпсээн айыы; уус-уран айымньыттан иллюстрацияҕа сөп түбэһэр кэрчиктэри булуу. Аахпыт тиэкистэн быһа тардыыны тылынан ойуулааһын.
Айымньы дьоруойун характеристикалааһын (мэтириэтэ, майгыта, туттуута-хаптыыта, саҥата), буолбут быһыы төрүөтүн ырытыы. Сүрүн санааны тириэрдэн, сиһилии, талан уонна кылгатан кэпсиир дьоҕуру иҥэрии. Дьоруойдар быһыыларын маарыннатан эбэтэр утары тутан тэҥнээһин; онно сөп түбэһэр тылы эбэтэр тыл ситимин булуу. Тиэкиһи ырытыыга учуутал көмөтүнэн ааптар дьоруойга сыһыанын, айымньы сүрүн санаатын быһаарыы.
Тиэкистэн сөптөөх кэрчиктэри булуу: айылҕаны ойуулааһын, буолар сирэ-уота, дьоруой туттуута-хаптыыта. Бэриллибит быһа тардыыны бэйэ талан кэпсээһинэ, тирэх тылы, тыл ситимн кэпсээнтэн булуу. Буолар түгэннэринэн, уйулҕаны ойуулааһынынан, дьоруойдар быһыыланыыларынан маарыннаһар быһа тардыылары араас айымньыттан булан тэҥнээһин; түмүү уонна түмүктээһин
Кыра кээмэйдээх хоһооннору уонна норуот тылынан айымньыларын өйтөн ааҕыыга үөрэтии.
Уус-уран айымньыларга арыллар амарах санаа, чиэһинэй,хорсун быһыы, доҕордоһуу, өстөһүү, аба-сата, кырык, бэйэни билинии, дьоһуннаах, сиэрдээх буолуу курдук сиэр-иайгы, этика өйдөбүллэрин ылыныы, иҥэринии.
Айымньы дьоруойдарын үтүө уонна мөкү быһыыларын өйдөөһүн, учуутал көмөтүнэн санааны олохтоохтук этинии. Бэйэ быһыытын ырытыы, литературнай айымньыттан сөбүлүүр дьоруойу үтүктэ үөрэнии.
Үөрэх, научнай-популярнай уонна уус-уран тиэкиһи кытта үлэ . Айымньы аатын өйдөөһүн, ис хоһоонун кытта ситимнээһин. Үөрэх уонна научнай-популярнай тиэкистэр уратыларын туһунан информациялааһын. Үһүйээн, сэһэн, таҥара кэпсээннэрин биир уопсай уратыларын өйдөөһүн. Төрүөт уонна түмүк сибээһин олохтооһуҥҥа араас көрүҥнээх тиэкиһи ырытыы судургу ньымаларын кытта билсиһии. Тиэкис сүрүн санаатын быһаарыы. Тиэкиһи чаастарга араарыы. Кыра тиэмэлэри быһаарыы. Күлүүс эбэтэр тирэх тыллар. Тиэкиһи хаттаах оҥоруу алгоритмын туттуу. Күлүүс тылга, модельга, схемаҕа тирэҕирэн тиэкиһи хаттаан оҥоруу. Тиэкиһи сиһилии кэпсээһин. Тиэкистэн сүрүнүн арааран кылгатан кэпсээһин.
Кэпсэтэр үөрүйэх . Бодоруһуу сиэрэ . Саҥа биир көрүҥэр, диалокак, кэпсэтээччилэр санаа атастаһалларын өйдөөһүн. Диалог уратытынан кэпсэтии сыалын билии, ыйытыыны уонна хоруйу толкуйдааһын, кэпсэтэр киһини истэр үөрүйэх, кэпсэтиини ыйытыы уонна реплика көмөтүнэн көҕүлээһин. Тиэкис ис хоһоонугар уонна бэйэ уопутугар олоҕуран, бэриллибит тиэмэҕэ эбэтэр айымньы туһунан бэйэ санаатын этии. Бодоруһуу сиэрин тутуһуу. Норуот тылынан айымньытыгар олоҕуран, норуот кэпсэтэр сиэрин уратыларын кытта билсии.
Монолог- саҥа биир ураты көрүҥэ. Тиэкискэ олоҕуран, сүрүн санааны быһааран дьоҕус этиини саҥарар үөрүйэх. Аахпыт эбэтэр истибит научнай-популярнай, үөрэх уонна уус-уран тиэкистэр уратыларын учуоттаан туран тириэрдии.
Тугу этэри элдэ былааннааһын (хайдах саҕалыыры, онтон тугу этэри уонна тугунан түмүктүүрү); этэр санаа сыалыгар сөп түбэһэр тылы-өһү булуу. Ойуунан, аахпыт тиэкиһинэн эбэтэр бэриллибит тиэмэҕэ ситимнээх саҥа, кэпсэтии сиэрин тутуһан тылынан кылгас кэпсээни оҥоруу.
Сурук. Суругунан саҥа сиэрэ . Суругунан саҥа нуорматын тутуһуу: ис хоһоон аатыгар, тиэмэтигэр сөп түбэһиитэ. Суругунан саҥаҕа тыл ойуулуур-дьүһүннүүр ньыматын туттуу. Суругунан тиэкиһи бэрэбиэркэлэнии уонна көннөрүү.
Бэриллибит тиэмэҕэ, бэйэ кэтээн көрүүтүнэн эбэтэр аахпыт айымньы туһунан кылгас өйтөн суруйуу, ойуулааһын уонна толкуйдааһын ньымаларын туһанан кинигэ, дьоҕус кэпсээн (бэйэ олоҕор буолбут түгэни) суруйуу.
Оҕо ааҕар эйгэтэ
Норуоттар тылынан уус-уран айымньылара. Кыра кылаас үөрэнээччитин сааһыгар сөптөөх Россия норуоттарын уонна тас дойдулар литератураларын, оҕо литературатын классиктарын, россия норуоттарын уонна тас дойдулар билиҥҥи суруйааччыларын айымньылара. Уус-уран, научнай-популярнай, историческай, мүччүргэннээх кинигэлэр, оҕо хаһыата, сурунаала. Кылааска ааҕыыга уонна истиигэ, бэйэ уонна ыалынан ааҕыыга, атын оҕолору кытта уонна дьиэ кэргэҥҥэ ырытыыга аналлаах айымньы араас көрүҥэ.
Бырагараама сүрүн тиэмэлэрин ис хоһооннорунан уонна кылаас аайы бэриллэр уопсай тиэмэлэргэ ааҕар үөрүйэҕи эрчийиигэ салаалартан.
Литература өйдөбүллэринэн үлэ
Тиэкистэн ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманы булан араарыы: синоним, антоним; уус-уран быһаарыы,тэҥнээһин, сирэйдээн этии (учуутал көмөтүнэн).
Литература өйдөбүллэрин быһа холуйан билии: уус-уран айымньы, тыл искусствота, ааптар (кэпсээччи), тиэмэ, дьоруой (мэтириэтэ, туттуута-хаптыыта, майгыта, саҥата); ааптар дьоруойга сыһыана (учуутал көмөтүнэн).
Сэһэн (кэпсээн) тутулун туһунан уопсай өйдөбүл, ойуулааһын (айылҕа, мэтириэт, мал-сал), толкуйдааһын (дьоруой монолога, дьоруойдар кэпсэтиилэрэ).
Кэпсээнинэн уонна хоһоонунан саҥа, хоһоонунан айымньы уратыта (ритм, рифма).
Айымньы жанра. Историческай-литературнай өйдөбүллэр: фольклор уонна ааптар айымньыта (араарыы).
Фольклор кыра жанрын билии, араарыы, сүрүн санаатын быһаарыы.
Остуоруйа көрүҥнэрэ: тыынар тыыннаах, олох-дьаһах, аптаах-алыптаах. Остуоруйа уус-уран уратыта: остуоруйа дьоруойа, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалар, тутула. Литературнай остуоруйа. Олоҥхо өйдөбүлэ, олоҥхо, бухатыыр, дьоруойдара, орто дойду, олоҥхо тыла.
Кэпсээн, хоһоон, үгэ туһунан уопсай өйдөбүл, тутулларын уонна ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын уратыта.
Айар үлэ
Аахпыт айымньыга маарыннатан ойуулааһыннаах уонна толкуйдааһыннаах остуоруйаны уонна кэпсээни айыы; учуутал көмөтүнэн остуоруйа сюжетын сайыннаран атын варианын толкуйдааһын.
Литературнай айымньы тиэкиһин уларытыы: оруолунан ааҕыы, инсценировкалааһын; хоһоонноохтук ааҕыы, тылынан ойуулааһын, ыһыллыбыт тиэкиһи сааһылааһыҥҥа араас ньыманы туһаныы; өйтөн айыылаах аахпыттан суруйуу, уус-уран айымньыга, худуоһунньук хартыынатыгар, айымньынан ойуулар серияларыгар эбэтэр тус уопукка олоҕуран бэйэ тиэкиһин айыы.
Тылынан уус-уран, музыкальнай, ойуулуур-дьүһүннүүр айымньылары тэҥнээн көрүү; музыканы, хоһоону истиигэ олоҕуран бэйэ этиилэрин оҥоруу, онно бэйэ сыһыанын көрдөрүү уонна ону тыл көмөтүнэн тириэрдии.
ТЕМАТИЧЕСКОЕ ПЛАНИРОВАНИЕ
№ п/п
Наименование разделов и тем программы
Количество часов
Электронные (цифровые) образовательные ресурсы
Всего
Контрольные работы
Практические работы
1
Дойдум олоҕун кэпсээнэ
6
0
0
2
Кинигэ - киһи аймах билиитэ-көрүүтэ
2
0
0
3
Уус-уран литература төрдө - норуот тылынан айымньыта
5
0
0
4
Литературнай остуоруйа
3
0
0
5
Олоҥхо - төрөөбүт тыл кэрэтэ, өбүгэ үгэһэ
2
0
0
6
Үтүө майгы - олох сүнньэ
4
0
0
7
Олоҥхо дойдутун суруйааччылара
10
0
0
8
Элбэҕи ааҕыаҥ - үгүһү билиэҥ
2
0
0
ОБЩЕЕ КОЛИЧЕСТВО ЧАСОВ ПО ПРОГРАММЕ
34
0
0
ПОУРОЧНОЕ ПЛАНИРОВАНИЕ
№ п/п
Тема урока
Количество часов
Дата изучения
Электронные цифровые образовательные ресурсы
Всего
Контрольные работы
Практические работы
Киирии уруок. Айымньы түһүлгэтигэр айан. Хоһоон тэтимэ, хоһооңңо дьүөрэлээн этии. С Данилов «Сахам сирэ», Е Макаров «Ахтылҕан»
1
0
0
03.09.26
А Кривошапкин «Хотугу дойдубут». Н Габышев «Баай дойдулаахпыт». М Обутова-Эверстова «Дохсун ардах»
1
0
0
10.09.26
Далан «Кыракый хорсун кыыс Ньырбачаан туһунан кэпсээн»
1
0
0
17.09.26
Т Сметанин «Снайпер саата». Винокуров.И.-Чаҕылҕан «Герой Попов туһунан ырыа»
1
0
0
24.09.26
К Добычин «Эдэр сирдьит»
1
0
0
01.10.26
Уйбаан Бахсылыырап «Умнар бырааппыт суох (быһа тардыылар). Айар үлэ умсулҕана. «Албан ааттаах биир дойдулааҕым». Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
1
0
0
08.10.26
Киирии уруок. Кинигэ туһунан этиилэр.А Ксенофонтова «Үйэлээх баай». Кириллин Д. «Катехизис» - сахалыы бастакы кинигэ.
1
0
0
15.10.26
И. Чаҕылҕан «Саҥа кинигэ». Айар үлэ «Кинигэ уонна компьютер» иһитиннэрии. Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
1
0
0
22.10.26
Киирии уруок. Саха остуоруйата. «Кырынаас кутуругун төбөтө хара буолбута».
1
0
0
05.11.26
Чукча остуоруйата «Кыыс уонна ый» казах остуоруйата «Ким түүлэ ордуга?»
1
0
0
12.11.26
«Омоҕой баай, Эллэй Боотур».
1
0
0
19.11.26
«Майаҕатта Бэрт Хара». Манчаары Хаппар уолугар аат биэрбитэ.
1
0
0
26.11.26
М. Федотова-Нулгынэт «Бөрө махтала». Биһиги театрбыт. З.Иванова «Уустук үллэрии". Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
1
0
0
03.12.26
Киирии уруок. П Ойуунускай «Мөккүөр»
1
0
0
10.12.26
И Федосеев «Чэрэс уонна Чөрөс». Айар үлэ умсулҕана. «Суруйааччы остуоруйата» тиэмэҕэ каталогу оҥоруу.
1
0
0
17.12.26
А Пушкин «Салтаан саар, кини уола Кибидиэн Салтаанабыс уонна Куба сарыабына туһунан остуоруйа» (быһа тардыы). М Горькай «Барабыай оҕото». Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
1
0
0
24.12.26
Киирии уруок. И Чаҕылҕан «Олоҥхоһут»
1
0
0
14.01.27
П Ойуунускай «Дьурулуйар Ньургун Боотур Кытай Бахсылааны ууска барыыта» (быһа тардыы). Айар үлэ умсулҕана «Олоҥхо – мультфильм оҥоруу». Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
1
0
0
21.01.27
Киирии уруок. Айымньы ис номоҕо. омуннаан суруйуу. П Аввакумов «Тыал уонна икки киһи» (остуоруйа)
1
0
0
28.01.27
А Кондратьев «Хомолто»
1
0
0
04.02.27
Олохтоох суруйааччы айымньыта. Т. Сметанин «Куһу ураҕаһынан да бултуурбут». Б Тобуруокап «Чаңый Чаҕаан»
1
0
0
11.02.27
И Данилов « Үтүө үгэс». С Гольдерова «Аал Кудук мастыы чэлгий». Айар үлэ умсулҕана. «Суобас киһи сиэркилэтэ» (иһитиннэрии, сценка о.д.а). Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
1
0
0
18.02.27
Киирии уруок. Саха литературата. Өксөкүлээх Өлөксөй. «Үрэх эстиитэ»
1
0
0
25.02.27
А.Софронов-Алампа. «Күһүн кэлиитэ». П. Ойуунускай «Тураах тууһута»
1
0
0
04.03.27
Дьүкээгир литературата Т.Одулок «Ойуун тыалы түһэрэр»
1
0
0
11.03.27
Эбээн литературата Н.Тарабукин «Оҕо эрдэхтээҕим»
1
0
0
18.03.27
С. Омоллоон «Хараҥаҕа тыкпыт сырдык»
1
0
0
25.03.27
А.Аччыгыйа «Куйуур»
1
0
0
08.04.27
К.Уурастыырап «Кыһын кэлиитэ». С.Данилов «Кыһыннаах кыраайбар»
1
0
0
15.04.27
Эллэй «Таптыаҕын ийэни». И.Гоголев «Ньургуһун»
1
0
0
22.04.27
Олохтоох суруйааччы айымньыта. А.Кривошапкин «Тоосапачаан»
1
0
0
29.04.27
В.Лебедев «Табалары таптааччы». Н. Курилов «Үөрүүлээх күн». Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
1
0
0
06.05.27
Г.Васильев. Тэки Одулок - дьүкээгир литературатын төрүттээччи.
1
0
0
13.04.27
Н.Дмитриева. Пейзаж. Мэтириэт Умсуура Сааскы ыйдар. Сыллааҕы хатылааһын
1
0
0
20.04.27
ОБЩЕЕ КОЛИЧЕСТВО ЧАСОВ ПО ПРОГРАММЕ
34
0
0
Үөрэх предметин материальнай-техническэй хааччыйыы.
Библиотека пуондата:
1. Саха тылын 1 -4 кылааска үөрэтиини сүрүннүүр бырагыраама.
2. «Саха тыла» предмети 4 кылааска үөрэтэр учебник.
3. «Төрөөбүт тыл уонна литература», «Бастакы үктэл» научнай-методическай сурунааллар.
4. Тылдьыттар (быһаарыылаах, таба суруйуу, синоним, антоним, омоним, сомоӄо домох)
5. Грамматическай ыйынньыктар
6. Оӄоӄо аналлаах энциклопедиялар.
7. Уус-уран кинигэлэр.
Үөрэх цифровой ресурсалара:
1. «Саха тыла» предмет УМК-н мультимедийнэй, электроннай сыһыарыылара
2. Электроннай информационнай ыйынньык
3. Сахалыы таба суруйуу компьютернай бырагыраамата