kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Рабочая программа по окружающему миру. 3 класс.

Нажмите, чтобы узнать подробности

~~Саха норуота тулалыыр эйгэ туьунан сааьыламмыт филосовскай ойдоох-санаалаах. Былыргы саха ойдобулугэр айыл5аны, киьи этин-сиинин, сиэрин-майгытын, ойун- санаатын харыстыыр,суруллубатах эрээри норуот оло5ор булгуччу тутуьуллар угэстэр бааллара. Ол сааьыламмытой-санаа билигин да5аны саха дьонун этигэр-хааныгар инэн сылдьар. Онон бастакы клаастан са5алаан обугэлэрбит угэстэрин, билинни олох костуулэрин уонна науканы алтаьыннаран киллэрэн,уорэтии ис хоьоонун тосту уларытар сорук турар.
             Уорэнээччи айыл5а туьунан олус элбэх ыйытыылаах буолар. Ити кэмнэ кини билиитин наардыыр кыа5а суох (ботаника, зоология, экологияуо.да.). Ол да буоллар, халлааны да, хамсыыр-харамайы да бииркэлим тэннэ кэтээн корор, кэрэхсиир, билэ сатыырга дьулуьар ба5алаах.
            О5о ойо, мэйиитэ сайдар кэмигэр уунээйи, хамсыыр-харамай, сулус туьунан бэлэм билиини ким эмэ хаьан эрэ этэн, быьааран биэриэ5ин куутуон ба5арбат. Уорэнээччи уорэ5и чэпчикитик ылынар буолла5ына, дьарыктанарыгар интэриэстиэх, ба5алаах буолар, ол эбэтэр уорэнэр уопута уорэнэр дьулуурга кубулуйар. Уорэтэргэ  о5о билиитин, тус опытын, ону таьынан уорэнээччи уонна учуутал бииргэ дьарыктаналларыгар табан туьаннахха , уорэх ыарахаттарын туоруур быдан чэпчэки буолар.
 

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Рабочая программа по окружающему миру. 3 класс. »

«Рассмотрено»

на заседании МО

Протокол № от ___ сентября 2014 г

Руководитель МО учителей начальных классов_________/ Захаров Р.В../


«Согласовано»

Заместитель директора по учебной работе____________/ Саввинова А.В./

Протокол №

« »___________2014г.


«Утверждаю»

Директор МБОУ- Быраканская ООШ

_____________/ Федоров М.А./

Приказ №

от « » _________2014г.




Верхневилюйский р-н, с. Быракан

(территориальный, административный округ (район, село))

МБОУ- Быраканская основная общеобразовательная школа

(название общеобразовательного учреждения)

Рабочая программа по

Окружающему миру (Аан дойду уонна мин торообут кыраайым).

3 класс

Учебник: Аан дойду уонна мин торообут кыраайым. Г.М. Федоров, З.П. Федорова,

Количество часов в неделю – 1 часа.

I четверть – 9 уроков

II четверть – 7 уроков

III четверть – 10 урок

IV четверть – 9 уроков

За год – 34 урока

















Быьаарыы сурук.

Саха норуота тулалыыр эйгэ туьунан сааьыламмыт филосовскай ойдоох-санаалаах. Былыргы саха ойдобулугэр айыл5аны, киьи этин-сиинин, сиэрин-майгытын, ойун- санаатын харыстыыр,суруллубатах эрээри норуот оло5ор булгуччу тутуьуллар угэстэр бааллара. Ол сааьыламмытой-санаа билигин да5аны саха дьонун этигэр-хааныгар инэн сылдьар. Онон бастакы клаастан са5алаан обугэлэрбит угэстэрин, билинни олох костуулэрин уонна науканы алтаьыннаран киллэрэн,уорэтии ис хоьоонун тосту уларытар сорук турар.

Уорэнээччи айыл5а туьунан олус элбэх ыйытыылаах буолар. Ити кэмнэ кини билиитин наардыыр кыа5а суох (ботаника, зоология, экологияуо.да.). Ол да буоллар, халлааны да, хамсыыр-харамайы да бииркэлим тэннэ кэтээн корор, кэрэхсиир, билэ сатыырга дьулуьар ба5алаах.

О5о ойо, мэйиитэ сайдар кэмигэр уунээйи, хамсыыр-харамай, сулус туьунан бэлэм билиини ким эмэ хаьан эрэ этэн, быьааран биэриэ5ин куутуон ба5арбат. Уорэнээччи уорэ5и чэпчикитик ылынар буолла5ына, дьарыктанарыгар интэриэстиэх, ба5алаах буолар, ол эбэтэр уорэнэр уопута уорэнэр дьулуурга кубулуйар. Уорэтэргэ о5о билиитин, тус опытын, ону таьынан уорэнээччи уонна учуутал бииргэ дьарыктаналларыгар табан туьаннахха , уорэх ыарахаттарын туоруур быдан чэпчэки буолар.

Маныаха о5о тулалыыр эйгэтин туьунан соптоох билиини ыларын туьугар алын суьуох кылаастан са5алаан араас ньыма5а, албаска уорэтии эрэйиллэр. Уорэнээччи тулалыыр эйгэтин ьэлэм матырыйаалынан уорэппэккэ, баьылаабыт ньыматын туьанан, Аан дойду хартыынатын тутулун бэйэтэ онорор, чочуйан таьаарар буолуохтаах. Бу сорук кэккэ ирдэбиллэрдээх:

  1. Уорэнээччи улэ хаамыытын, сыалын-соругун,былаанын барытын барытын бэйэтэ онорорго уорэнэрэ;

  2. Уорэх хаамыытыгар оло5уран, сатаан соругу туруорара, ону ситиьэргэ улэтин тэринэрэ, тумугун сыаналанара;

  3. О5о айар, онорор ньыманы баьылаан, сана ылбыт билиитин ханнык ба5арар тугэннэ туьанар сатабылы инэринэр кыахтанара.

Ити инниттэн о5о тобулук ойо сайдарыгар соптоох усулуобуйаны тэрийии, кини дьо5урун сайыннарыы эрэйиллэр. Уорэнээччи сана билиини ыларыгар, билэриттэн билбэтигэр тиийэн иннэ туьэр. Онуох сорук уоскуур. Уорэнэр сорук уорэнэр тугэни кытта дьуорэлэьэн, о5ону уорэнэр дьарыкка киллэрэр. Уорэнээччи уорэх дьарыгар дьайыы ньыматын булан «арыйыыны» онорор. Маныаха уруок соругун быьаарарга о5о араас ньымалары туьанан, билбэтин быьаарар. Ол курдук, о5о тулалыыр эйгэ туьунан, билбэтин быьаарар. Ол курдук, о5о тулалыыр эйгэ туьунан сананы билэр ба5аттан биирдиилээн билии ньымаларын арыйар: билгэ органнарын туьанан, улахан киьиттэн ыйытан, кинигэни аа5ан ,кэтээн корон. Ити кэнниттэн уорэнээччи учуутал комотунэн билиини ылыы сана ньыматын – чинчийиини бабылыыр. О5оуруок соругун быьаарарга санаатын этэр, ол эбэтэр научнайдык этэр буоллахха,саба5алааьыны онорор, ол кэннэ бэриллибит сорукка соптоохусулуобуйаны булан, тутан-хабан, эбэтэр кэтээн корон хоруйу ылар. Ити барыта о5о5о улэ хаамыытын тэтимин быьыытынан инэн хаалыахтаах.

Уьус кылааска сурун бол5омто о5олор саба5алааьыны онорор дьо5урдарын диринэтэн сайыннарыыга ууруллар. Итини сэргэ чинчийэр улэни ыытарга то5оостоох моделлары, макеттары о5олор бэйэлэрэ талан, толкуйдаан таьаараллара уорэнээччилэр улахан ситииьилэринэн буолар. Ити барыта чинчийэр улэ5э тирэ5ирэр.


Уорэтии тумугэр ирдэбил.


Уорэх аналлаах программатын баьылааьынна тумук ирдэбил сурун туьаайыытынан о5ону уорэх дьарыгар киллэрии буолар.

Уорэнээччи тулалыыр эйгэ туьунан уорэх дэгиттэр тустаах дьайыыларын баьылаан, ылбыт билиитин олоххо сатаан туьанара уорэтии тумугэр киирэр. Маныаха о5о уорэнэр дьарык уонна дьайыы ньымаларын баьылыырыгар, атын о5олру кытта тэннэ улэлииригэр кыах бэриллэр, итиэннэ сана билиитин хонтуруоллана уонна сыаналана уорэнэр.ити курдук о5о дэгиттэр дьайыыларын баьылаан, бэйэтин сайыннарар кыахтаах уорэнээччи буолар.

Уорэх дэгиттэр дьайыыларын коруннэригэр киирэр:

  • Тус суолталаах дьайыы;

  • Бэйэни салайынар дьайыы;

  • Билиини –корууну ылар дьайыы;

  • Бодоруьарга уорэнэр дьайыы.

Тус суолталаах дьайыыны баьылыырыгар уорэнээччи уорэх дьарыгын тус суолтатын ойдоон, бэйэкутун-сурун, билиитин коруутун быьааран, сиэр-майгы оттунэн тускулланыы курдук сыаннастары инэриэхтээх. Тумугэр, уорэнээччи бэйэтин тус уратытын, бэйэтин дьо5урун сыаналана уорэнэр, сайдыысана уктэлигэр дабайар, тус суолталаах дьайыылары оло5урдар.

Бэйэни салайынар дьайыы – о5о уорэнэр соругу бэйэтэ туруорар, онуоха учуутал соптоох тугэни тэрийэрэ ирдэнэр. Оччотугар, уорэнээччи сана билиини ыларыгар, билэриттэн билбэтигэр тиийэн иннэ туьэр, уорэнэр сорук уоскуур, ол о5ону уорэнэр дьарыкка киллэрэр. О5о тугу билэрин-билбэтин арааран ойдуур буолуохтаах. Оччо5о уорэнэр соругу о5о добоннук быьаарар. Уорэнээччи уорэх дьарыгар соругу быьаарарга, бастатан, бэйэтин санаатын этэр, саба5алааьыны онорор, араас ньымалары туьанан соптоох хоруйу ылары ситиьэр.

Бэйэни салайынар дьайыы биир сурун кэрдииьинэн уорэнээччи бэйэтин дьарыгын хонтуруолланара, ол эбэтэр, уорэнэр дьарыкка о5о чопчу тугу билэрин-билбэтин арааран ойдуурэ уонна бэйэтин улэтин тумугэр, бэйэ ойдоьулугэр соптоох коннорууну онороро буолар.

Билиини-корууну ылар дьайыы тумугэр о5о бэйэтин улэтин тэрийэр уонна улэтин тумугун сыаналанар. Маныаха билиитин сааьыланан инники кылаастарга ылбыт билиитин сана билиини кытта ситимнээн, ырытан-ырыналаан туьанар. Туруоруллубут соругу ситиьэргэ бэйэ дьарыгын сааьылаан тэринэр, дьарык оноьуллар хаамыытын ото корон, ойго сааьылаан дьаарыстыыр. Манна сурун тоьуу кууьунэн тобулук ойу сайыннарар дьайыы буолар. Холобура, уорэнээччи уруок кэмигэр ханнык ба5арар тиэмэ5э, моккуоргэ кыттан, бэйэ тус толкуйун этэр, ону бэрэбиэркэлииргэ соптоох ньымалары булар, чинчийии улэтин тумугунэн, бэйэ тус ойдобулун уоскэтэр, билиини тумэн сана ойдобулгэ тахсар. Уорэнээччи улэтин тумугун бэйэтэ сыаналанар. Уорэнэр соругу ситиьэргэ билиини ылыы ньымаларын тоьо сопко талбытын сыаналыыр. Улэ хаамыыта хайдах барбытын ырытан корор.

Уорэх дэгиттэр дьайыыларын биир корунунэн бодуруьарга уорэнэр дьайыы буолар. Манна о5о атын о5ону кытта улэлииригэр бэйэтин санаатын олохтоохтук, киьи ойдуурун курдук этэрэ, ыйытыыны сатаан туруорара, моккуоргэ кыттара, атын о5о ойдобулун кытта бэйэ ойдобулун алтыьыннарара, куолаан улэлээьиннэ, кэпсэтиигэ этиллибит санаалары сатаан тумэрэ ирдэнэр.


Уорэх дэгиттэр дьайыыларын баьылааьын.

Тус суолталаах дьайыы.

«Аан дойду уонна мин кыраайым» кууруьу оскуола5а уорэтии кэмигэр о5о уорэх дьарыгын тус суолтатын ойдоон, бэйэ кутун-сурун билиитин-коруутун быьааран, сиэр-майгы оттунэн тускуланыы курдук сыаннастары инэриннэ5инэ, уорэнээччи бэйэтин тус уратытын, бэйэтин дьо5урун сыаналана уорэнэр, сайдыы сана уктэлигэр дабайар тус суолталаах дьайыылары оло5урдар.

Бэйэни салайынар дьайыы

  1. Улэни былаанныыр, саба5алааьыны онорор, тутан-хабан, кэтээн корон чинчийиини ыытар, бырайыактааьыны онорорго холонор.

Ыйытыыга хоруйу ылар туьуттан, улэни табыгастаахтык былааннаан, саба5алааьыны онорор. Чинчийэр улэни ыытан, усулуобуйаны хаста да уларытар, эттиги кэтээн корор то5оостоох моделлары, макеттары туьанар. Тумугэр сана билиини, сатабылы инэринэр. Ити курдук о5о «уорэнэргэ уорэнэр» - научнай бырайыактааьыны бэйэтэ онорорго холонор.

  1. Бэйэни хонтуруолланар уонна соптоох коннорууну онорор. Уорэнэр дьарыкка о5о чопчу тугу билэрин-билбэтин арааран ойдуур, то5оостоох тугэннэ бэрэбиэркэлэнэн. Бэйэ ойдобулугэр соптоох коннорууну онорор.

Билиини – корууну ылар дьайыы.

  1. Уорэх соругунтуруорар, ону ситиьэргэ бэйэтин улэтин тэринэр, тумугун сыаналанар.

Айыл5а эттиктэрин эбэтэр уларыыларын туьунан интэриэьиргиир бопуруостарыгар хоруйу ыларыгар атын ханнык ба5арар кинигэни ырытан, соптоох матырыйаалы туьанар. Айыл5а араас эттиктэрин тылынан чуолкайдык ойуулуур. Араас костуулэргэ саба5алааьын усулуобуйатын уларытар, моделынан кордорор, бэрэбиэркэлиир ньыманы табыгастаахтык туьанан соптоох эппиэти булар. Билиини ылар ньымалары туьанан, ылбыт билиини тобулан ойдууру ситиьэр.

  1. Билиини сааьылааьын.

1,2кылаастарга ылбыт билиитинсана билиини кытта ситимнээн, ырытан, ырыналаан туьанар. Туруоруллубут соругу ситиьэргэ бэйэ дьарыгын сааьылаан тэринэр, дьарык оноьуллар хаамыытын ото корон, ойго сааьылаан дьаарыстыыр уонна инники кылаастарга ылбыт билиини сана билиини кытта ситимнээн, ырытан, ырыналаан туьанар.

  1. Тулалыыр эйгэ5э буолар костуулэргэ саба5алааьыны онорор, модельга кордорор, бэрэбиэркэлиир ньыманы булар, айыл5а ситимин кордорор боростуой шкаланы уонна графигы тутар итиэннэ быьаарар. Чинчийии улэтин тумугун ото корор, билиини тумэр сана ойдобулгэ бырайыагы онорорго холонор. Уунээйи уунэр усулуобуйатын онорор. Билиини ылар ньыманы туьанан, ылбыт билиитин тобулан ойдуур. Тордуттэн туорэн-туоргулээн, ыраналаан, анааран чинчийии тумугун бэрэбиэркэлиир ньыманы табыгастаахтык туьанан соптоох хоруйу булар, моккуоргэ кыттан, бэйэ тус толкуйун этэ уорэнэр. Саба5алааьыны онорон, чинчийэн улэ тумугунэн бэйэ тус ойдобулун уоскэтэр, сана ойдобулгэ бырайыактааьыны онорор, рефераты суруйар.

  2. Бэйэни сыаналаныы. Уорэнэр соругу ситиьэргэ билиини ылыы ньыматын тоьо сопко талбытын сыаналыыр. Улэ хаамыыта хайдах барбытын ырытан корор.

  3. Бэлиэни туьанан уорэнэр дьайыы. Тыыннаах уонна тыыммат айыл5а эттиктэрин, уларыйыы барар усулуобуйатын бэлиэнэн кордорор. Бэлиэни туьанан судургу моделы онорор.

Бодоруьарга уорэнэр дьайыы.

  1. Бииргэ уорэниини былааннааьын.

О5о бэйэтин санаатын олохтоохтук, киьи ойдуурун курдук этэр, ыйытыыны сатаан туруорар. Моккуоргэ кыттар, атын о5о ойдобулун кытта бэйэтин ойдобулун алтаьыннарар, моккуор тумугэр бэйэтин ойдобулун кэнэтэр. Куолаан улэлээьиннэ кэпсэтиигэ этиллибит санаалары барытын ырытан тумэр. Болоххо улэ5э бэйэтин билинэн салайынар уонна бэйэтин кылаатын киллэрэр. Инники ылбыт билиилэрин тумэн модельга кордорор.

  1. Тус санаатын этэр уонна тумук ойдобулгэ этэр.

Кэпсэтии, моккуор сатабылын баьылыыр, кэпсэтиигэ этиллибит санаалары барытын тумэр. Атын о5о коруутун уонна санаатын сэнээрэр, сатаан истэр уонна бол5омто5о ылар.









Уруок темата

Сорук

Туттуллар тэрил

Былаанынан кунэ-ыйа

Буолбут кунэ


Улуу Куйаар.

1 чиэппэр – 9 уруок.


1

Хатылыыр уруок «Сир ньуура»

О5олор бастакы иккис кыалааска ылбыт сурун ойдобуллэрин, билиилэрин санатарга ананан ыытыллар.


5.09.14

5.09.14


2

Улуу Куйаар

Улуу Куйаар уонна халлаан Куйаарын туьунан ойдобуллэри о5олорго судургутук сааьылаан быьаарар улэни тэрийии.

Уруллэр шар, араас онноох камаахы бытархайдара, булавка.

12.09.14

12.09.14


3

Кун систиэмэтэ

Физика, химия предметтэрин ойдобуллэригэр о5олору бэлэмнээьин. Инники уруоктарга ылбыт билиилэригэа оло5уран саба5алааьыны онорон, Кун систиэмэтин туьунан ойдобулгэ тахсалларыгар улэни тэрийии


19.09.14

19.09.14


4

Планеталар то5о куну тула эргийэллэрий?

О5олор саба5алыыр дьо5урдарын диринэтэн, усулуобуйа5а бол5омтону ууралларын курдук, соптоох улэни тэрийии.

Тардар куус туьунан ойдобулгэ тахсарга о5олору бэлэмнээьин.

Глобус, кун макета

26.09.14

26.09.14


5

Эттиктэри сиргэ туох тутарый?

Процессия уонна гравитация диэн ойдобуллэргэ о5олор «арыйыы» онороллоругар улэни тэрийии


3.10.14

3.10.14


6

Кунус уонна туун то5о солбуйсалларый?

Сир бэйэтин киинин тула эргийэрин туьунан о5олор «арыйыы» онороллоругар улэни тэрийии.

Глобус

10.10.14

10.10.14


7

Дьыл кэмнэрэ то5о солбуйсалларый?

«Сананы арыйыыга» о5олор эксперимент усулуобуйатыгар уларытыыны киллэрэллэрин курдук, улэни иилээн-са5алаан ыытыы.


17.10.14

17.10.14


8

Сир ньуурун кун уота хайдах сылытарый?

О5олор то5оостоох моделы талан, саба5алааьыны онорор эксперименна тахсалларыгар улэни тэрийии


24.10.14

24.10.14


9

Хонтуруолунай улэ темата Улуу Куйаар

О5олор билиилэрин бэрэбиэркэлиир уруок


31.10.14



Литосфера. 2 чиэппэр – 7 чаас.

10

Ыйы то5о сир аргыьа дииллэрий?

Планеталар аргыстарын уратыларыгар кэрэхсибили уодутуу. Ый фазаларын туьунан ойдобулгэ о5олор бэйэлэрэ тахсалларыгар улэни тэрийии.


14.11.14



11

Ыйга туох баарый?

О5олор «арыйыы» онороллоругар улэни тэрийии.


21.11.14



12

Сир ис тутула хайда5ый?

О5олоргосоптоох моделы талларыы. О5олор саба5алыыр дьо5урдарын диринэтии. Сир ис тутулун «кистэлэннэрин» арыйыыга о5олор интэриэстэрин кобутэр улэни тэрийии.

2 сымыыт (1 буспут, 1 сиикэй), чааскы, теннис мээчигэ

28.11.14



13

Сир ха5а биир кэлим дуо?

Моделированиены туьанан, кэтээн коруу тумугунэн, о5олор «сананы арыйыыны» онороллоругар улэни тэрийии. О5олор саба5алыыр дьо5урдарын таьымын урдэтэллэригэр кыа5ы биэрии.

Мас арыыта, халын хордуонка

5.12.14



14

Хайа боруодалара хайдах уоскууллэрий?

Хайа боруодаларын тэннээн корон, болохторго араарыы. Хайа боруодалара ханнык усулуобуйа5а уоскууллэрин быьаарыы


12.12.14



15

Бэрэбиэркэлиир уруок темата литосфера.

О5олор билиилэрин бэрэбиэркэлиир уруок


19.12.14



16

Сири то5о «Куох планета» дииллэрий?

О5олор саба5алааьынтан ото коруугэ тахсан, атмосфера ойдобулун ылыналларыгар соптоох улэни тэрийии.





Атмосфера. 3 чиэппэр – 10 чаас.


17

Салгын ыйааьыннаах дуо?

О5олор атмосфера баттаьынын туьунан ойдобулгэ тахсалларыгар улэни тэрийии. Онуоха сурун бол5омтону о5олор соптоох моделы талалларыгар, олохтоох саба5алааьыны онороллоругар ууруу.

Мээчик, ыйааьын

16.01.15



18

Тыал хайдах уодуйэрий?

О5олор ааспыт уруоктартан ылбыт билиилэригэр оло5уран, соругу быьааралларыгар соптоох улэни тэрийии. Онуоха саба5алыыр уонна саба5алааьыны ыраналаан корор дьо5урдарын салгыы сайыннарыы.

Чумэчи

23.01.15



19

Туман диэн тугуй?

О5олор саба5алыыр дьо5урдарын диринэтэн, эксперимэннэ тахсалларыгар улэни тэрийии.


30.01.15



20

Бэрэбиэркэлиир улэ. Атмосфера.

О5о атмосфера туьунан ылбыт билиитин бэрэбиэркэлиир уруок. Ылбыт билиитин сатаан быьаарар (тылынан, моделынан) дьо5урун бэрэбиэркэлиир сыаллаах.


6.02.15



21

Гидосфера.

Биьиги планетабытыгар уу саппааьа тоьо элбэ5ий?

О5олор инники ылбыт билиилэригэр оло5уран, олохтоох саба5алааьыннары онороллоругар, «сананы арыцалларыгар» улэни тэрийии.

Уу, иьит, оонньуур тыы.

13.02.15



22

Ледник диэн тугуй?

О5олор инники уруоктарга оло5уран,саба5алааьынны онорор дьо5урдарын сайыннарарга кыа5ы биэрии. «Сана арыйыыга» о5олор кохтоохтук ылсалларыгар улэ тэрийии. Айыл5а компоненнарын хардарыта сибээстиирин туьунан ойдобулгэ тахсарга бэлэмнээьин.

Фанера, хаар, биэдирэ.

20.02.15



23

Сир анныгар уу мунньуллар дуо?

О5олор билиилэригэр тирэ5ирэн, сир аннынаа5ы уулар тустарынан ойдобулгэ тахсар улэни тэрийии. Сурун бол5омтону о5олор саба5алыыр дьо5урдарын салгыы сайыннарыыга туьаайыы.


27.02.15



24

Биосфера.

Тыыннаах олох диэн тугуй?

О5олор инники уруоктартан ылбыт билиилэригэр оло5уран, биосфера туьунан ойдобулгэ тахсалларыгар улэни тэрийии.

Кун, хатын, чыычахх, хайа, былыт, кыыл уо.д.а ойуулар.

6.03.15



25

Хос иьин то5о салгылатабытый?

О5олор бактерия туьунан ойдобулгэ бэйэлэрэ тахсалларыгар улэни тэрийэн ыытыы. Айыл5а5а уоннакиьи оло5ор бактерия оруолун туьунан о5олор бэйэлэрин билиилэригэр оло5уран тахсалларыгар улэни муоьалаан биэрии.

Лупа, микроскоп.

13.03.15



26

Хонтуруолунай улэ. Гдросфера.

«Гидросфера» диэн туьумэххэ ылбыт билиилэрин хайдах ылыммыттарын бэрэбиэркэлиир сыаллаах ыытыллар.


20.03.15




4 чиэппэр – 9 чаас.

27

Уунээйигэ кун сырдыга хайдах дьайарый?

Чинчийэр улэни ыытан, о5олор фотосинтез ойдобулугэр тахсалларыгар улэни тэрийии.

Уунээйи арааьыгар гербарийдар

3.04.15



28

Тэллэй уунээйи дуо?

Моккуор тумугэр о5олортэллэйдэри уунээйиттэн атын болоххо киллэрэллэригэр улэни тэрийии. Тэллэйдэр оноьууларын, коруннэрин уорэтэргэ араас коруннээх чинчийэр улэлэри тэрийэн ыытыы.


10.04.15



29

Хамсыыр-харамай арааьа тоьо элбэ5ий?

Хаисыыр-харамайд арараастарын научнайдык наардааьынна улэни тэрийии. О5олор ылбыт билиилэрин саьылыылларыгар кыа5ы биэрии.

Хамсыыр-харамай ойуулара.

17.04.15



30

Аьылык тиьилигэ диэн тугуй?

Тыыннаах организмнар хардарыта дьайсыыларын тумугэр, айыл5а5а веществолар эргиэьиннэрэ барарын туьунан о5олор «сананы арыйыыны» онороллоругар улэни тэрийии.


24.04.15



31

Айыл5а холбоьуга диэн тугуй?

Наардааьын, тэннээн коруу тумугунэн о5олор «айыл5а холбоьугун» уонна «ньыматыйыы» туьунан бастакы ойдобулу ылалларыгар улэни тэрийэн ыытыы.


8.05.15



32

Экосистема диэн тугуй?

О5олор ой ууьунан улэлээн, аьылык ситимин туьунан ойдобулгэ тахсалларыгар улэни тэрийии. Инники ылбыт билиилэригэр оло5уран, ону тумэн, кэнэтэн экосистиэмэ туьунан сана билиигэ тахсалларыгаркаы5ы биэрии.


15.05.15



33

Айыл5а тэннэьигэ диэн тугуй?

О5олорбиосфера тутулунтуьунан ылбыт билиилэрин сааьылаан, систиэмэлээн сана ойдобулгэ тахсалларыгар улэни тэрийии.


22.05.15



34

Хонтуруолунай улэ. Литосфера. Гидросфера. Биосфера.

О5олор сылы быьа ылбыт билиилэрин бэрэбиэркэлиир улэ


29.05.15





Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Планирование

Целевая аудитория: 3 класс

Скачать
Рабочая программа по окружающему миру. 3 класс.

Автор: Саввинова Анастасия Валерьевна

Дата: 01.11.2014

Номер свидетельства: 124950

Похожие файлы

object(ArrayObject)#852 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(108) "Рабочая программа. Окружающий мир. 2 класс УМК "Перспектива""
    ["seo_title"] => string(63) "rabochaia_programma_okruzhaiushchii_mir_2_klass_umk_perspektiva"
    ["file_id"] => string(6) "564731"
    ["category_seo"] => string(16) "nachalniyeKlassi"
    ["subcategory_seo"] => string(12) "planirovanie"
    ["date"] => string(10) "1606549828"
  }
}
object(ArrayObject)#874 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(76) "Рабочая программа. Окружающий мир. 1 класс"
    ["seo_title"] => string(49) "rabochaia_programma_okruzhaiushchii_mir_1_klass_2"
    ["file_id"] => string(6) "612425"
    ["category_seo"] => string(16) "nachalniyeKlassi"
    ["subcategory_seo"] => string(12) "planirovanie"
    ["date"] => string(10) "1661893479"
  }
}
object(ArrayObject)#852 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(77) "Рабочая программа.Окружающий мир (3 класс) "
    ["seo_title"] => string(48) "rabochaia-proghramma-okruzhaiushchii-mir-3-klass"
    ["file_id"] => string(6) "191861"
    ["category_seo"] => string(16) "nachalniyeKlassi"
    ["subcategory_seo"] => string(12) "planirovanie"
    ["date"] => string(10) "1427376689"
  }
}
object(ArrayObject)#874 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(84) "Рабочая программа для 2 класса. Окружающий мир"
    ["seo_title"] => string(54) "rabochaia_proghramma_dlia_2_klassa_okruzhaiushchii_mir"
    ["file_id"] => string(6) "458113"
    ["category_seo"] => string(16) "nachalniyeKlassi"
    ["subcategory_seo"] => string(7) "prochee"
    ["date"] => string(10) "1518949117"
  }
}
object(ArrayObject)#852 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(84) "Рабочая программа "Окужающий мир" для 4 класса "
    ["seo_title"] => string(53) "rabochaia-proghramma-okuzhaiushchii-mir-dlia-4-klassa"
    ["file_id"] => string(6) "128076"
    ["category_seo"] => string(16) "nachalniyeKlassi"
    ["subcategory_seo"] => string(12) "planirovanie"
    ["date"] => string(10) "1415434643"
  }
}


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Ваш личный кабинет
Проверка свидетельства