kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Доклад на тему "Оскуола уонна дьиэ кэргэн сомоҕолоһон үлэлээһиннэрэ"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Иванова Л.П. публикация во Всероссийском сайте для педагогов, статья  заявленная работа: “Оскуола уонна дьиэ кэргэн сомоҕолоһон үлэлээһиннэрэ”

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Доклад ИЛП Палитра»

Ежегодный Республиканский фестиваль

«Педагогическая палитра»

Муниципальное казенное учреждение

«Управление образования» МР «Горный улус»

МБОУ «Кюереляхская средняя общеобразовательная школа

им. С.Г.Коврова»









Оҕо айар дьоҕурун хаһыат нөҥүө сайыннарыы









Иванова Л.П. учитель родного языка, литературы

Педстаж: 5 лет

УПД: 1 категория



Кюерелях, 2019 год

ИҺИНЭЭҔИТЭ:



КИИРИИТЭ……………………………………………………………………

СҮРҮН ЧААҺА…………....................................................................……….

1. Оҕо айар дьоҕурун сайыннарыы……..........................................................

2. Табыгастаах үөрэх технологияларын туһаныы...........................................

3. Үөрэнээччилэр эбии дьарыктара ...……………….......................................

4. Хаһыат оҕо айар дьоҕурун сайыннарыыга оруола……….........................

Түмүк…………………………………………………………….…………......

ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА…………………………….....................




















Оҕо айар дьоҕурун хаһыат нөҥүө сайыннарыы.


Иванова Лилиана Прокопьевна,

Степан Гурьевич Ковров аатынан

Күөрэлээх уопсай орто үөрэхтээһин оскуолатын

саха тылын, литературатын учуутала,

Горнай улууһа.


Киириитэ

Бүгүҥҥү ХХI үйэ – информатизация үйэтэ. Биллэн туран, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан, иннибит диэки баран сайдан иhэрбит хайҕаллаах. Ол эрээри аhара түһүү, үлүһүйүү хайа эрэ өттүнэн бөрүкүтэ суох дьайыылардаах буолуон эмиэ сөп. Билигин кыралыын, улаханныын бары компьютера суох табыллыбат курдук сананар кэммит кэллэ. Ол эрээри ити үөhээ этиллибитин курдук, аhара түһүү өй-санаа, тыл-өс, доруобуйа өттунэн буомурдууга тиэрдиэн сөбүн туhунан үгүс үөрэхтээхтэр да, медицина да этэн тураллар.

Кистэл буолбатах, билигин оҕолор санааларын сатаан сааhылаан эппэт, ааҕалларыгар ыарырҕатар, кыайан суруйбат, мөлтөх буочардаах оҕолор сыллата үксээн иhэллэр.

Төрөөбут тыл диэн киhи үөрэҕи-билиини ылбаҕайдык ылынар, өйө-санаата туругурар, майгыта-силигитэ ситэр, иhирэх иэйиитэ уhуктар, айар-тутар дьоҕура тобуллар эйгэтэ буолара бэлиэтэнэр. Онтон маны ситиhэргэ норуот тылынан уус-уран айымньытын билии, таптааhын улахан оруолу ылар.

Хас биирдии киһи туохха эрэ дьоҕурдаах буолар. Киһи кыаҕа, айар дьоҕура муҥура суох диэн этэллэр. Оҕо айар дьоҕура арылыннаҕына, билэ-көрө сатыыра, литератураҕа, уус-уран тылга умсугуйуута күүһүрэр. Учууталга уруок көдьүүhүн, хаачыстыбатын тупсарыы соруга хаhан баҕарар бастакы миэстэҕэ турар.

Аныгы сайдыылаах кэм ирдэбилинэн, үөрэнээччи үөрэҕэр ситиһиитин биир сурун көрдөрүүтунэн саҥарар, суруйар уонна толкуйдуур о.э. айар дьоҕурун сайыннарыы буолар. Саҥарар саҥаны хомоҕой гына сайыннарыы, айар үлэҕэ уһуйуу, бэйэ саныыр санаатын-толкуйун сааһылаан дьоҥҥо тириэрдии - үтүө майгылаах, сытыы өйдөөх, киэҥ билиилээх киһини иитиини кытта быстыспат ситимнээх. Оҕо бэйэтин санаатын сааһылаан уонна уус-уран тылынан-өһүнэн этэригэр үөрэтии – уустук уонна мындыр үлэ. Оҕо ааҕар, ылынар дьоҕурун сайыннарыан, оҕоҕо толкуйдуур, ырытар сатабылы иҥэриэн, оҕо билии ньыматын баhылыырын ситиhиэн, оҕо санаатын, иэйиитин сатаан тылынан этэр-суруйар дьоҕурун арыйыан, оҕо сиэр-майгы өттүнэн үрдүк культуралаах буоларыгар иитиэн, оҕо айар дьоҕурун уhугуннарыан баҕарар учууталы айымньылаах үлэ күүтэр. Учуутал идэтин ылан оскуолаҕа үлэлиэхпиттэн оҕо айар дьоҕурун сайыннарыыга болҕомтобун уурабын. Айымньылаахтык үлэлээтэххэ үөрэтэр предмеккэр интэриэс үөскэтиэххин сеп.

Үлэлиир хайысхам:

- суруйар-айар дьоҕуру сайыннарыы,

- уус-уран ааҕыыны көҕүлээһин,

- чинчийэр үлэнэн дьарыктаныы,

- айар күрэхтэргэ кыттыы,

- тэттик хомуурунньук оҥоруу,

- «Толкуйдаа, оонньоо, кыай» интеллектуальнай ооньуулары толкуйдааһын,

- «Кэнчээри» оскуола хаһыатын таһаарыы.



Билиҥҥи үөрэх стандартын ирдэбилин тутуһан айымньылаахтык үлэлээтэххэ, үөрэнээччи уруокка ылбыт билиитигэр олоҕуран сатабылын, дьоҕурун сайыннарыыга учуутал иннигэр турар соругу толоруохха сөп:

- саха тылын, литературатын үөрэтиигэ оҕолор баҕалара күүһүрэрин ситиһии, уруокка үлэ көдьүүһүн үрдэтии;

- үөрэтэргэ үрдүк хаачыстыбаны ситиһии;

- улуус, түөлбэ, республика таһымынан ыытыллар күрэхтэргэ кыайыылаахтары бэлэмнээһин;

- үөрэнээччилэри айар, чинчийэр үлэҕэ көҕүлээһин, дьоҕурдарын уһугуннарыы;

- ситимнээх саҥаны сайыннарыы.

Хас биирдии учуутал бэйэтэ кыайа-хото тутар, үөрэтэригэр табыгастаах ньымалаах буолар. Мин үлэм биир сүрүн хайысхата - айар дьоҕуру сайыннарыы. Бастатан туран, айар дьоҕур сайдыыта - ситиһиилээх буолуу биир төрүтэ буолар. Уруогунан эрэ муҥурдаммакка Ийэ тыл сайдар усулуобуйатын тэрийэн, айар дьоҕур нөҥүө оҕону олоххо бэлэмниир, сахалыы сиэрдээх киһини иитэр сүрүн санаа тула үлэлиибин.

Уус-уран литератураны оҕо ситимнээх саҥатыгар, айар дьоҕуругар туһаайан, сыһыаран үөрэтиигэ үөрэнээччи толкуйдуур кыаҕын сайыннарар үлэ быһыытынан, аахпыты өйгө оҥорон көрөн, ону ырытан, дьиҥнээх олоҕу кытта дьүөрэлии тутан уруокка элбэх ньымалары туһаныахха сөп. Аныгы бириэмэ ирдэбилигэр сөп түбэһэр иитии-үөрэтии араас ньыматын билэн-көрөн баһылааһын, саҥаттан-саҥа хайысхалары, уопуту булан бэйэ үлэтигэр туһаныы уонна ону салгыы сайыннарыы – бүгүҥҥү үлэм ирдэбилэ буолар.

Ол курдук саҥа педагогическай технологиялары, ИКТ-ны, интеграцияны туһаныы оҕо суруйар, айар дьоҕуругар, ситимнээх саҥатын сайыннарыыга саҥа хайысхаларынан буолаллар. Ол иһин хас биирдии уруокпар үөрэнээччи интэриэһин тардар араас ньыманы киллэрэн, литератураҕа тапталы, умсугутууну тиэрдэ сатыыбын.

Кэрэхсэбили үөскэтэр сыалтан табыгастаах үөрэх технологияларын туһаныы. Аныгы технологиялары сөпкө туһаннахха, үөрэх көдьүүһэ улаатар, оҕо уонна учуутал сайдарыгар, үүнэригэр кыах бэриллэр. Биир оннук көдьүүстээх технологиянан бырайыактааһын технологията буолар дии саныыбын. Бастакынан, бу технологияҕа проблеманы быһаарар, таба суолу көрдүүр, чинчийэр, ырытар, айар ньыма барыта түмүллэр. Үөрэнээччи учуутал биэрэр бэлэм билиитин ылбакка, билиини бэйэтэ үлэлээн булунар. Сыралаһан булбут билиитин олоххо туһана үөрэнэр. Иккиһинэн, учуутал сорудаҕы оҕо тус уратытын, кыаҕын учуоттаан биэрэр. Холобур, үөрэҕэр ыарырҕатар оҕо киниэхэ туһаайыллан бэриллибит сорудаҕы үчүгэйдик толорон санаата көтөҕүллэр, бэйэтин кыаҕар эрэлэ күүһүрэр. Үсүһүнэн, бырайыактааһын оҕоҕо кэрэхсэбили үөскэтэртэн саҕаланар. Оҕо сонурҕаабакка эрэ матырыйаалы интэриэhиргээбэт, оччоҕо айымньылаахтык үлэлээбэт. Бырайыактааһыҥҥа оҕо тус бэйэтин уратытыгар, дьоҕуругар олоҕуран үөрэнэр буолан, учуутал билиигэ көҕүлүүр оруола улахан.

Оҕо бэйэтин таһымынан сайдар кыаҕар хас биирдии оҕоҕо туһаайыылаах үөрэх технологиятын (личностно-ориентированное обучение) киллэрии билиҥҥи учуутал иитэр-үөрэтэр үлэтигэр ирдэбилинэн буолар. Ол иһин уруоктарга педагогическай технологиялар принциптэрин компетентноска олоҕуран үөрэтии олус туһалаах, үөрэнээччи интэриэһин, кыаҕын үрдэтэр. Хас биирдии оҕо кыаҕын көрөн, учуутал үөрэнээччи айымньылаах үлэни аттаран таһаарыытыгар, кини ол үлэҕэ дьулуһуутугар ыйан-кэрдэн, тастан салайан биэриэхтээх.

Үөрэтии ис хоһооно оҕоҕо дьайыытын күүһүрдэр инниттэн уруокка араас таһымнаах үлэни ыытылллыахтаах, оҕо талан үлэлиир усулуобуйата тэрийиллиэхтээх. Оҕо билиини-көрүүнү бэйэтэ эт мэйиитинэн толкуйдаан, төбөтүн үлэлэтэн ылыахтаах диэн сыалтан ааспыт үөрэх дьылыгар орто сүһүөх кылаастарга 5-7 кылаастарга «Тыйаатыр оонньуулара» эбии үөрэҕи дьарыктаабытым. Дьарыкпытыгар оҕолор толкуй сурук, өйтөн суруйуу, күрэхтэһии уруок хоһоон, остуоруйа, кэпсээн айарга, айымньыны уруһуй көмөтүнэн тиэрдэргэ ситимнээх үлэни көдьүүстээхтик тэрийэн ыыппытым. Онно оҕолор үлэлэрин түмэн, оскуола олоҕун сырдатар хаһыат бэчээттээн таһаарбыттара. («Кэнчээри» оскуола хаһыатын холобурдааһын).

Оҕо айар үлэтин аҥардас уруокка эрэ үөрэтии, сайыннарыы тутах дии саныыбын. Ол инниттэн кылаас таһынааҕы үөрэхпэр «Толайсур» (ол эбэтэр «Толкуйдаа, ай, суруй» диэн дьарык) эбии дьарыкка суруйааччылары билиһиннэриигэ презентация оҥоруутугар, бэйэ олоҕор чугас проблемаҕа бырайыактааһыҥҥа, оскуола иһинэн хаһыат таһаарыытыгар дьарыктыыбын. Бу куурус түмүгүнэн хас биирдии үөрэнээччи ылбыт билиитигэр олоҕуран, сатабылын көрдөрөн, бэйэ үлэтин оҥорон туттарыахтаах. (Горнайбын туойабын, Оҕолор айымньылара, суруйааччы олоҕо, айар үлэтэ - холобурдааһын).

Оҕо толкуйдуур, айар дьоҕурун сайыннарар сыаллаах куруһуоктарбын үлэлэтэргэ баҕалаахпын. Эбии үөрэхтээһин куруһуогун нөҥүө оҕоҕо хаһыат жанрдарын билиһиннэриигэ, санааны сатаан сааһылаан суруйарга эрчийэбин. 2013-2014 үөрэх дьылыгар оскуола иһинэн хаһыат таһаарар санаа үөскээбитэ. Бу бырайыак олоххо киирэн 2014 сылтан «Кэнчээри» оскуола хаһыатын таһаарыытын саҕалаатыбыт. (Кэнчээри хаһыаты холобурдааһын).

Үлэлэммит үлэлэрин, суруллубут айымньыларын улуустааҕы, республикатааҕы күрэхтэргэ ыытан кытыннаран истэххэ, үөрэнээччи санаата күүһүрэр, айар-үлэлиир баҕата үрдүүр. Төһөнөн элбэх практическай үлэ ыытыллар да, соччонон оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар, суруйар тыла-өһө, кэпсиир дьоҕура сайдар. Ону таһынан кылаас таһынааҕы үлэҕэ, оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтигэр биир сүрүн төһүү күүс буолаллар. Кэнники 4 сылга үөрэнээччилэр оскуола, нэһилиэк, улуус, сеть, республика таһымыгар кыттыыларын бу диаграматтан көрүөххэ сөп:


Улахан ситиһиилэр:

  1. Төрөөбүт тыл күнүн көрсө ыытыллыбыт улуустааҕы хаһыат күрэҕэр II миэстэ.

  2. Тимофеева Уйгууна – “Аман өс” улуустааҕы араатардар күрэхтэригэр III миэстэ

  3. Попов Антон – үөрэнээччилэр улуустааҕы ааҕыыларыгар бэйэ айбыт хоһоонун ааҕыыга “Мин ийэм” хоһооно II миэстэ

  4. Коврова Ньургустаана – “Олоҥхо эйгэтэ” улуустааҕы уруһуй күрэҕэр I миэстэ

  5. Иванова Сергей – “Саха хоһооно - 2018” республика күөн күрэһигэр кыттыбытын иһин туоһу сурук

  6. Туприна Аня – “Саха хоһооно - 2018” республика күөн күрэһигэр кыттыбытын иһин туоһу сурук

  7. Яковлев Маркель – республиканскай интерактивнай ырыа күрэҕэр туоһу сурук

  8. Петрова Дарина – “Мин сөбүлүүр айымньым” улуустааҕы өйтөн суруйуу күрэҕэр II миэстэ

  9. I место в «IV Лонгиновских чтениях» посвященной Герою Советского Союза В.Д.Лонгинову в секции «Труженики села» Кононов Герман 5 класс, 2017 г;

  10. Иванова Уйгулана, ученица 7 класса, Савва Иванович Тарасов айар үлэтигэр анаммыт үөрэнээччилэр респ. ааҕыыларын “Олоҥхо эйгэтэ” уруһуй күрэҕэ 3 миэстэ.

  11. Коврова Ньургустаана, 8 кылаас, Савва Иванович Тарасов айар үлэтигэр анаммыт үөрэнээччилэр респ. ааҕыыларын “Олоҥхо эйгэтэ” уруһуй күрэҕэ 1 миэстэ.

  12. Абрамова Сандра, ученица 7 класса, XIV региональная НПК молодых исследователей «Шаг в будущее» 3 место, 2015 г.

  13. Петрова Дарина, ученица 6 класса, III Межрегиональная НПК школьников и педагогов «Самсоновские чтения» 2 место.

  14. Петрова Дарина, НПК «Неповторимый мир художника живет в наших сердцах» 3 место.






Үлэм түмүгүнэн маннык түмүк оҥоруохха сөп:


  1. Айар дьоҕуру сайыннардахха, оҕо билиитэ-көрүүтэ кэҥиир, интэриэһэ кэҥиир, дьулуура үрдүүр.

  2. Сатаан сааһылаан суруйар, чинчийэр, айымньылаахтык толкуйдуур буолар.

  3. Оҕо үлэлии үөрэнэр. Интэриэс үөскээн, сыал-сорук туруорунан үлэлиир.

  4. Олоххо актыыбынай көрүүлээх, позициялаах буола үүнэллэр.

Айар үлэ оҕо билиитин-көрүүтун кэҥэтэр, ырыҥалаан толкуйдуур дьоҕурун, ситимнээх саҥатын сайыннарар, бэйэ алҕаһын, итэҕэһин көннөрөргө, туоратарга көмөлөһөр.

«Толайсур» куруһуокка дьарыктанар буолан, оҕолор саха норуотун тѳрүт культуратын ѳйдүүргэ үѳрэнэллэр, ис кыахтара арыллар, сахалыы сайаҕас тылы үѳрэтэллэр. Норуотун уус-уран айымнньытын ытыктыыр, киэн туттар, салгыы сайыннарар киһи буола үүнэн тахсар. Төрөөбүт тылынан чуолкайдык санаатын сааһылаан саҥарар, айылҕаттан бэриллибит талаанын сайыннарар. Дьону- сэргэни кытары үлэлии үөрэнэр.

Бу куруһуокпун кытары сэргэ оҕолору артыыстыырга, дьон иннигэр тахсартан кыбыстыбат буоларга үөрэтэбин.

Бу дьарыктар дьүөрэлээн үлэлииллэрэ улахан оруолу ылар. Ол курдук оҕо норуот уус-уран айымньытын дириҥэтэн үөрэтэр уонна ону толорорго эрчиллэр. Мин санаабар, тыа сирин оскуолатыгар үөрэнэр оҕо киэҥ сиртэн уратыта суох тула өттүттэн сайдыылаах буолуохтаах. Онон мин бу дьарыктарбын сѳпкѳ талбыппын диэн үѳрэбин.





Туhаныллыбыт литература испииһэгэ:

  1. Народное образование Якутии.1/2002. 149 стр.

  2. Народное образование Якутии.3/1998. 106 стр.

  3. Народное образование Якутии.4(64) – 2007. 135стр.

  4. Иитии кыhата №1 (1) 2006с

  5. Иитии кыhата №1(5) 2007с.

  6. Иитии кыhата№1(9) 2008с.

  7. Иитии кыhата №3(23) 2011с.

  8. Уткин К.Д. Культура народа саха. Этнофилософский аспект. Якутск: Бичик. 1999.-205с.

  9. Федорова Л.И. Этнопедагогические традиции нравственного воспитания. Якутск: Изд-во, ИПКРО, 1997.

  10. Чиряев К.С. Дьиэ кэргэн – омук биhигэ. Якутск: Изд-во, ИПКРО,1994.-80с.

  11. Шадрина В.Г. Проблемы семейного воспитания в семейных условиях. Народное образование Якутии, 2001. - №1. – С126-129.





















Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Классному руководителю

Категория: Прочее

Целевая аудитория: 8 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Доклад на тему "Оскуола уонна дьиэ кэргэн сомоҕолоһон үлэлээһиннэрэ"

Автор: Иванова Лилиана Прокопьевна

Дата: 25.05.2022

Номер свидетельства: 608002

Похожие файлы

object(ArrayObject)#851 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(153) "Научный доклад на тему "Оскуола уонна дьиэ кэргэн биир сомоҕо буолан үлэлээһиннэрэ""
    ["seo_title"] => string(80) "nauchnyi_doklad_na_temu_oskuola_uonna_die_kergen_biir_somogo_buolan_uleleehinner"
    ["file_id"] => string(6) "581449"
    ["category_seo"] => string(10) "vneurochka"
    ["subcategory_seo"] => string(12) "meropriyatia"
    ["date"] => string(10) "1621850499"
  }
}
object(ArrayObject)#873 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(153) "Научный доклад на тему "Оскуола уонна льиэ кэргэн биир сомоҕо буолан үлэлээһиннэрэ""
    ["seo_title"] => string(80) "nauchnyi_doklad_na_temu_oskuola_uonna_lie_kergen_biir_somogo_buolan_uleleehinner"
    ["file_id"] => string(6) "581448"
    ["category_seo"] => string(10) "vneurochka"
    ["subcategory_seo"] => string(12) "meropriyatia"
    ["date"] => string(10) "1621849925"
  }
}


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства