kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Научный доклад на тему "Оскуола уонна льиэ кэргэн биир сомоҕо буолан үлэлээһиннэрэ"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Сахалыы өйү-санааны, куту-сүрү иҥэриммит Бүлүү куоратын педагогическай кэллиэскэ учуутал идэтин ыламмын, төрөөбүт дойдубар Октябрьскай нэһилиэгин Степан Гурьевич Ковров аатынан орто оскуолаҕа кэлэн үлэлээбитим быйыл бэһис сылыгар барда. Бастаан утаа, саҥа үлэлии кэлбит эдэр учууталга, кырдьык да, кылаас оҕолоро, кураанах кабинет киһини салыннарыах курдук этэ. Ол эрээри, үлэм бастакы үөрэтиэхтээх оҕолорум төрөппүттэрин кытта биир тылы булан, биир санаанан салайтаран, сүбэнэн сомоҕолоһон үлэлээн үөрэнэ сылдьабыт. Нэһилиэк оҕолорун төрөппүттэрэ күн устата үлэ-хамнас быыһыгар быыс булан, оҕолорун оскуолаҕа тэрийэн ыыталлар, араас куруһуоктарга, дьарыктарга сырытыннараллар, ону таһынан кылаас, нэһилиэк, улуус тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлара кэрэхсэниэн эрэ наада.

            Билигин кылаас кабинета төрөппүт көмөтүнэн толору миэбэллээх, аныгы техниканан хааччыйыллан турар. Үлэлииргэ толору усулуобуйа баар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.

            Онон, мин «Оскуола уонна дьиэ кэргэн сомоҕолоһон үлэлээһиннэрэ» диэн тиэмаҕа санаа атастаһыахпын баҕарабын.

            Төрөппүт билигин көрөөччү эрэ быһыытынан буолбакка тэрийсээччи, көхтөөх кыттааччы буолуохтаах. Оскуола бары иитэр-үөрэтэр үлэтигэр төрөппүттэр төһөнөн элбэхтик кытталлар даҕаны, соччонон үлэ көдьүүһэ тупсар, кэлэр кэнэҕэски ыччаппыт сиэр-майгы, билии-көрүү өттүнэн сиппит-хоппут, үрдүк культуралаах дьон буола иитиллэн тахсалларыгар бастакы олук ууруллар.

            Оскуола, дьиэ кэргэн биир сүбэнэн өйү-санааны, күүһү түмэн сомоҕолоһон үлэлээһиннэрэ үөрэх-иитии үлэтин таһымын, түмүктэрин үрдэтэр.

            Биһиги сүрүн сыалбытынан төрөппүтү оскуола үлэтигэр эрэ тардыы буолбакка, кинини кытта бииргэ сомоҕолоһон үлэлээһин буолар. Бу үлэҕэ маҥнайгы хардыыны педаог оҥоруохтаах.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Научный доклад на тему "Оскуола уонна льиэ кэргэн биир сомоҕо буолан үлэлээһиннэрэ"»

Саха Республикатын үөрэҕириитин министерствота

Горнай улууһун үөрэҕэриитин салаата

С.Г. Ковров аатынан Күөрэлээх орто оскуолата



















Оскуола уонна дьиэ кэргэн сомоҕолоһон үлэлээһиннэрэ
















Иванова Лилиана Прокопьевна,

саха тылын уонна литературатын учуутала











Күөрэлээх, 2021 с.

Киириитэ

Сахалыы өйү-санааны, куту-сүрү иҥэриммит Бүлүү куоратын педагогическай кэллиэскэ учуутал идэтин ыламмын, төрөөбүт дойдубар Октябрьскай нэһилиэгин Степан Гурьевич Ковров аатынан орто оскуолаҕа кэлэн үлэлээбитим быйыл бэһис сылыгар барда. Бастаан утаа, саҥа үлэлии кэлбит эдэр учууталга, кырдьык да, кылаас оҕолоро, кураанах кабинет киһини салыннарыах курдук этэ. Ол эрээри, үлэм бастакы үөрэтиэхтээх оҕолорум төрөппүттэрин кытта биир тылы булан, биир санаанан салайтаран, сүбэнэн сомоҕолоһон үлэлээн үөрэнэ сылдьабыт. Нэһилиэк оҕолорун төрөппүттэрэ күн устата үлэ-хамнас быыһыгар быыс булан, оҕолорун оскуолаҕа тэрийэн ыыталлар, араас куруһуоктарга, дьарыктарга сырытыннараллар, ону таһынан кылаас, нэһилиэк, улуус тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлара кэрэхсэниэн эрэ наада.

Билигин кылаас кабинета төрөппүт көмөтүнэн толору миэбэллээх, аныгы техниканан хааччыйыллан турар. Үлэлииргэ толору усулуобуйа баар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.

Онон, мин «Оскуола уонна дьиэ кэргэн сомоҕолоһон үлэлээһиннэрэ» диэн тиэмаҕа санаа атастаһыахпын баҕарабын.

Төрөппүт билигин көрөөччү эрэ быһыытынан буолбакка тэрийсээччи, көхтөөх кыттааччы буолуохтаах. Оскуола бары иитэр-үөрэтэр үлэтигэр төрөппүттэр төһөнөн элбэхтик кытталлар даҕаны, соччонон үлэ көдьүүһэ тупсар, кэлэр кэнэҕэски ыччаппыт сиэр-майгы, билии-көрүү өттүнэн сиппит-хоппут, үрдүк культуралаах дьон буола иитиллэн тахсалларыгар бастакы олук ууруллар.

Оскуола, дьиэ кэргэн биир сүбэнэн өйү-санааны, күүһү түмэн сомоҕолоһон үлэлээһиннэрэ үөрэх-иитии үлэтин таһымын, түмүктэрин үрдэтэр.

Биһиги сүрүн сыалбытынан төрөппүтү оскуола үлэтигэр эрэ тардыы буолбакка, кинини кытта бииргэ сомоҕолоһон үлэлээһин буолар. Бу үлэҕэ маҥнайгы хардыыны педаог оҥоруохтаах.

Бу сыалы ситиһэргэ маннык соруктары туруорбутум:

  1. Төрөппүт уонна учуутал ыкса сибээстээхтик үлэлээһиннэрэ;

  2. Иитии үлэтигэр биир соруктары туруоруу;

  3. Төрөппүт көхтөөхтүк кыттыытын үрдэтии уонна иитэр-үөрэтэр дьыалаҕа сүрүн миэстэни ыларын өйдөтүү, үөрэтии.

Бу соруктары олоххо киллэрэргэ маннык хайысхаларынан үлэлииргэ этии киллэрбитим:

  1. Төрөппүт комитетын кытта үлэ.Манна киирэллэр – үлэни былааннааһын, араас тэрээһиннэри, куонкурустары, оонньуулары тэрийии, төрөппүттэри оскуола үлэтигэр тардыы.

  2. Төрөппүтү үөрэтии.Төрөппүккэ аналлаах араас тиэмэҕэ бэсиэдэлэри, оонньуулары, тургутуктары, анкеталары ыытыы, психологическай оонньуулары, трениннэри тэрийии, предметнай консультациялары биэрии.

  3. Кабинет көстүүтүн тупсаҕай оҥоруу, ремонт оҥоруу, сибэкки үүннэриитэ, кылаас муннугун, араас туһа тиэмэлэрдээх стендэлэри, ыскааптары оҥоруу...

  4. Спонсорство – ыытыллар тэрээһиннэргэ төрөппүттэр өттүлэриттэн бирииһинэн көмөнү оҥоруу.

  5. Айар үлэ. Оҕо айар дьоҕурун сайыннарыы, тылынан сатаан саҥарар, суруйар, толкуйдуур, кэпсэтэр дьоҕурун сайыннарыы хас биирдии төрөппүт, учуутал сыала-соруга буолар. Оҕо төрөппүтү кытта куолаан үлэлиир, көмүскүүр үлэлэрэ киирэллэр. Быыстапкаларга, фотокуонкуруска кыттыы, хаһыаттары таһаарыы.

  6. Чинчийэр үлэ. Аныгы олох ирдэбилинэн оҕону кыра сааһыттан чинчийэр үлэҕэ үөрэтии биһиги биир сүрүн сорукпутунан буолар. Онуоха төрөппүт көмөтө улахан. Оҕо уонна төрөппүт дакылаат суруйан кытталлар.

  7. Тэрээһиннэри тэрийии. Тэрээһиннэри, бырааһынньыктары араас көрүҥ үлэни кытта ыкса сибээстээхтик ыытыы.

Олоххо киллэрии түһүмэхтэрэ:

Үлэбит бастакы хардыыта.

Сыала: үлэни тэринии, саҕалааһын.

  1. Сыал-сорук туруорунуу. Үөрэтии тиһигин, ньыматын дьүүллэһии. Үлэ хайысхатын, туһаайыыларын былааннааһын, ирдэбили туруоруу.

  2. Үлэлиир усулуобуйаны тэрийии. Кабинеты оҥоруу.

  3. Кылаас актыыбын талыы. Төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн Жиркова Е.И. талыы.

  4. Төрөппүт мунньаҕар иитэр үлэни былааннааһын. Кылааска ыытыллар тэрээһиннэри чопчулааһын уонна төрөппүттэр иннилэригэр көмүскээһин.

  5. Тэрээһиннэри ыытыы. Манна киирбиттэрэ «Көмүс күһүн», «Ийэ күнэ», «Сааскылаана» - куонкурус, «Үрүҥ Уолан» күрэхтэһии, «Көрдөөх стартар» - оонньуу.

  6. Кылааска уопсай ыытыллар дьарыктарга көхтөөхтүк кыттыы.

Үлэбит иккис хардыыта.

Сыала: оҕолору аралдьытар эрэ буолбакка, сайыннарар тэрээһиннэри ыытыы.

  1. Бөлөҕүнэн тэрээһиннэри тэрийии

  • Кылааска ыытыллар мероприятиелар,

  • Нэһилиэк атын тэрилтэлэригэр сылдьыы.

  1. Кылаас бүттүүн кыттар тэрээһиннэрэ:

  • Саҥа дьыл бырааһынньыга,

  • Оҕо көмүскэлин .

  1. Биирдиилээн төрөппүттэр кыттар тэрээһиннэрэ.

  2. Научнай практическай кэмпириэнсийэҕэ бырайыактары, дакылааттары суруттарыы.

  3. Олимпиадаларга, республикаҕа, улууска ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыы.

Үлэбит үһүс хардыыта.

Сыала үлэни систиэмэлээһин. «Сахалыы кылаас» киэбин толору ылыныы.

  1. Бөлөҕүнэн тэрээһиннэри ыытыы:

  • Кылааска мероприятиелары тэрийии.

  1. Кылаас бүттүүн кыттар тэрээһиннэрэ;

«Амма Аччыгыйын «Тоҕус төгүл тоҕо?» айымньытыгар уонна норуот педагогикатыгар олоҕуран сиэрдээх буолуу» тиэмэтигэр үлэлээһин.

  1. «Ийэ дойдутугар айан» бырайыак «Нэһилиэгим үлэһит дьоно» диэн тиэмэҕэ көрсүһүүлэр, экскурсиялар, барыллары көмүскээһин.

  2. Научнай практическай кэмпириэнсийэлэргэ кыттыы.

  3. Олимпиадаларга, улууска ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттыы.

  4. Сахалыы эйгэни олохтооһун. Ыйдарынан сиэр-туом толоруутун ыытыы.

  5. Төрөппүттэр бэйэлэрин күүстэринэн куруһуок ыытыылара:

  • «Амтаннаахаһылык» (Сидорова М.Д.)

  1. Төрөппүттэргэ оҕолоругар көмөлөһөллөрүгэр сүбэни оҥоруу (бэйэтин уонна оҕотун ыҥыран, аһаҕас уруок кэмигэр оҕотун кытта кэлэн үөрэнэр).

Үлэ ыытыллыытын ырытан, маннык кэккэ ситиһиилэри көрүөххэ сөп:

  1. Төрөппүт кэмитиэтэ биир систиэмэлээхтик биир сомоҕо буолан үлэлиир.

  2. Көхтөөх, бары ыытыллар тэрээһиннэргэ кытта төрөппүттэр: Семеновтар, Захаровтар, Жирковтар, Терентьева, Петровтар, Сидоровтар.

  3. Кылааска ыытыллар дьарыктарга, уруоктарга сылдьыы таһыма үчүгэй.

  4. Кылаас олоҕуттан туора турар, кыттыбат төрөппүт суох.

  5. Төрөппүттэр холобурдарынан, оҕолор бэйэлэрин баҕаларынан кылааска тэрээһиннэри көҕүлүүр буолан эрэллэр, оҕо кыттыыта үрдүүр. Ол курдук быйыл көстөн эрэр:

  • Учууталы эҕэрдэлээһин;

  • Ийэ күнүгэр бэйэлэрин күүстэринэнэҕэрдэ нүөмэри биэрии;

  • «Хэллоуин» бырааһынньыга;

  • Бэйэни салайыныыга (самоуправление) үчүгэйдик тэриллэн үлэлээһин (манна учуутал оҕо баҕатын көҕүлүүрэ, сайыннарара наада).

  1. Научнай практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттыы ахсаана элбээтэ. Төрдүс кылааска 3 оҕо кыттыыны ылбыт эбит буоллаҕына, быйыл күһүҥҥү ааҕыыга 5 оҕо кытынна. Бырайыак тиэмэтэ, ис хоһооно төрөппүттэр, оҕолор интэриэһиргиир тиэмэлэринэн булуллар.

  2. Төрөппүттэр кыахтарынан оҕо сайдыытыгар көмөлөрө тэрээһиннэри тэҥҥэ ыытыыларыгар көстөр. Бастакы чиэппэргэ тэрээһиннэри, оҕолор сатабылларын кэтээн көрдөххө, куруһуоктар, тэрээһиннэр көдьүүстэрэ сөптөөх дии саныыбын.

  3. Үлэ систиэмэлэнэн эрэрэ харахха быраҕыллар.

Саха оҕотун Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай оскуолатын саҥардан сайыннарыы Кэнсиэпсийэтин сүрүн бириинсиптэригэр олоҕуран, иитэр-үөрэтэр үлэни төрөппүттэрдиин биир санаанан тэрийэн ыытабыт.

Ол курдук:

  1. Оҕо оскуолаҕа киириэн инниттэн орто үөрэҕи ылыар диэри төрөөбүт тылынан иитиллэр, үөрэнэр быраабын толору хааччыйыы олоххо киирэрэ буоллар.

  2. Оҕо өйө-санаата, майгыта-сигилитэ сайдарыгар саха омук уйулҕатын уратыларыгар олоҕуруу, норуот ыччатын иитэр үгэстэрин туһаныы.

  3. Үүнэр көлүөнэни национальнай култуураҕа уһуйуу, өбүгэ үгэстэрин үөрэтии, норуот кутун-сүрүн, үтүө өйүн-санаатын киһи-аймах уопсай култууратын кытта дьүөрэлээн иҥэрии.

  4. Билии-көрүү биридимиэттэрин: духуобунай, эстетическэй, физическэй уонна үлэҕэ иитии сүнньүнэн национальнай-региональнай компонены туттуу.

  5. Олохтоох усулуобуйаттан уонна баар кыаҕы көрөн, араас тииптээх оҕо тэрилтэтин, национальнай оскуоланы арыйыы, үөрэх былаанын араас барыйаанын туһаныы.

  6. Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуотттар тылларын өрүһүйэн, кыра оҕо тэрилтэтигэр уонна оскуолаҕа төрөөбүт тылы киэҥник уонна дэлэгэйдик туттар усулуобуйаны тэрийии.

  7. Оҕону дьиҥнээх олоххо уонна үлэҕэ бэлэмнээһин, саҥа экономическай сыһыаҥҥа көһүү ирдэбилин учуоттааһын.

Манна бэйэм санааларбын этиэхпин баҕарабын:

  1. !!!!!!

  2. Нэһилиэкпитигэр сахалыы тэрээһиннэр ыытыллаллар. Маннык тэрээһиннэргэ учуутал, төрөппүт биирэ үлэлээн оҕону сайыннараллара эрэ наада.

Түмүкпэр миигин кытта биир санаанан үлэлиир бары төрөппүттэрбэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Үөрэтэр-иитэр оҕолорбут инникилээх, дьоллоох буоллуннар. Барыгытыгар чэгиэн туругу, дьиэ кэргэттэргитигэр дьолу-соргуну!

1 сыһыарыы


Күн-дьыл эргииригэр сөп түбэһиннэрэн

сиэр-майгы үтүө өрүттэригэр ыытыллар үлэ хайысхалара


Ыйдарынаныытыллартуомнар

Исхоһооно

Тэрийээччилэр, кыттааччылар

1

Балаҕаныйа – УлууСуоруныһыаҕа. Идэҕэуһуйууыйа.

Түөлбэ Тула түмсүүнүүөрүүлээхтикаһыы.

Кылаассалайааччылара, төрөппүттэр.

2

Алтынньы – Добдурҕа. Эти-сиинисайыннарыыыйа.

1. Алаастарынанарахсансири-уотуүөрэтии, карта оҥоруу.

2. Сахалыыоонньуулар

Кылаастар, дьиэкэргэн, физкультура учууталлара.

3

Сэтинньи – Байанайыйа. Саха – удьуорбулчут.

1. Булт, муҥха.

2. Бултаанаһыыр ас арааһа. Сахаыыастар. Кылаасчаастара, ыалдьыттаһыы.

Төрөппүтаҕалар, ҮрүҥУолан.

4

Ахсынньы – Остуоруйаыйа. Күн-дьылэргиирэ.

1. Үһүйээннэр, үгэстэр, остуоруйалар.

2. Сахалыытаҥастар (оһуор-ойуусуолтата).

Кылаастар, төрөппүттэр,

КыысКуо

5

Тохсунньу – Таҥхаыйа.

1. Өбүгэлэрбитолохторо, нэһилиэкпитсайдыыта (музей).

2. Таҥхаоонньуута.

Кылаастар, кылаассалайааччыта

6

Олунньу – Хомуһуныйа

1. Аҕауустара, биллиилээхтөрүттэр. Төрүччүоҥоруу.

2. Аман өс.

Төрөппүттэр, оҕолор

7

Кулунтутар – Олоҥхоыйа. Дьөһөгөйтүһэрыйа.

1. Саха ыалындьиэтэ-уота, иһитэ (музей).

2. Олоҥхокиэһэтэ.

Балаҕансал.,кылаас сал.

8

Муусустар – Иэйэхситыйа

1. Үүнээйитэ, от-маһа.

2. Сүөһүтэ (Саха дьарыга)

Дьиэкэргэн

9

Ыамыйа – Саламаыйа

1. Ытыксирдэргэсүгүрүйүү.

2. Сиэр-туом

Кылаассал.,төрөппүттэр

10

Ыһыах

Түмүк

Оскуола адм., төрөппүттэр.








2сыһыарыы





















Туhаныллыбыт литература испииһэгэ:

  1. Народное образование Якутии.1/2002. 149 стр.

  2. Народное образование Якутии.3/1998. 106 стр.

  3. Народное образование Якутии.4(64) – 2007. 135стр.

  4. Иитиикыhата №1 (1) 2006с

  5. Иитиикыhата №1(5) 2007с.

  6. Иитиикыhата№1(9) 2008с.

  7. Иитиикыhата №3(23) 2011с.

  8. Уткин К.Д. Культура народа саха. Этнофилософский аспект. Якутск: Бичик. 1999.-205с.

  9. Федорова Л.И. Этнопедагогические традиции нравственного воспитания. Якутск: Изд-во, ИПКРО, 1997.

  10. Чиряев К.С. Дьиэкэргэн – омукбиhигэ. Якутск: Изд-во, ИПКРО,1994.-80с.

  11. Шадрина В.Г. Проблемы семейного воспитания в семейных условиях. Народное образование Якутии, 2001.-№1. –С126-129.

















Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Внеурочная работа

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: 7 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Научный доклад на тему "Оскуола уонна льиэ кэргэн биир сомоҕо буолан үлэлээһиннэрэ"

Автор: Иванова Лилиана Прокопьевна

Дата: 24.05.2021

Номер свидетельства: 581448


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства