____ орто оскуолатын __ сыллаах юбилейыгар аналлаах араас сылларга бутэрбит выпускниктар парадтарын сценарийа
/Музыка тыаһыыр, выпустар табличкалаах парадтаан киирэллэр.../
Ведущай колоннанан киирэн иһээччилэри биллэрэр.
/Колоннанан киирэн тураллар. Гимн тыаһыыр./
Вед.- Оскуолабыт __ сыллаах юбилейыгар аналлаах икки күннээх бырааһынньыкпытын арыллыбытынан ааҕарга.
/Э5эрдэ үҥкүүтэ/
Вед - Дорообо, төрүт-уус дойдубут,
Эҕэрдэ, үөрэммит кыһабыт!
Ахтаммыт кэллибит ыраахтан
Айхаллаах аҕыс уон саастаргар.
Кыракый оҕо саас уйата-
Хайҕаллаах аҕыс уон биэс сылларга
Уһуйдуҥ ыччаккын кэрэҕэ,
Ыҥырдыҥ үөрэххэ-сайдыыга.
Вед.- Тыл бэриллэр ____ орто оскуолатын директорыгар _____
Билиини-көрүүнү иҥэрбит,
Кэрэҕэ-сырдыкка уһуйбут
Олох аартыгар таһаарбыт
Тапталлаах оскуолабыт
Өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр
Ыраахтан-чугастан,
Хотуттан-соҕурууттан,
Үтүө дьоммут үмүөрүстүлэр,
Дьоһун дьоммут тоҕуорустулар.
Эһиги муһуннугут төрөөбүт дойдугут минньигэс салгынынан сайа тыынан өр сыллаах ахтыл5аңңытын таһаараары, олоххут-дьаһаххыт, үлэ5ит-хамнаскыт туһунан отчуоттаары. Онон манна мустубут дьон бука бары, о5отуттан кырдьа5аһыгар тиийэ туора туран хаалбакка, саңа көлүөнэ иннигэр эппиэтинэспитин, ытык иэспитин бигэтик өйдөөн, сүбэ-соргу буолан, этэн тыынан тар5аһыахтаахпыт.
/Выпустартан тыл этэллэр.../
Үүнэр-сайдар суолу тутуһан,
Олоххо туһалаах дьон буолан,
Куорсун-кынат ууннэрэммит
Көппүппүт дии бу тиэргэнтэн.
Кырдьаҕас уонна орто көлүөнэлэр оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр мэктиэ тылбытын биэрэммит , кыһыл хаалтыс баанан пионер буолан, оскуолаҕа ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттан, оҕо сааспыт сыллара горн, барабаан тыаһынан доҕуһуолланан, олус да үчүгэй өйдөбүл буолан сүрэхпитигэр сөҥөн хаалбыт.
Ол урукку кэмнэргэ төннөн биһиги бүгүн эмиэ кыһыл хаалтыспытын бааныаҕыҥ...
Билигин үөрэ-долгуйа көрсүөҕүҥ оҕо саааспыт пионерскай знамятын!
/Знамялаах, горннаах, барабааннаах о5олор киирэллэр./
Манан выпускниктар парадтара бүтэр.
Ба5арабыт үбүлүөй үөрүүтэ үрдүк таһымңа ааһарыгар, астына-дуоһуйа сынньанаргытыгар, бары тэрээһиннэргэ көхтөөх буоларгытыгар.
Манан выпускниктар парадтара бүтэр, оҕо сааспыт илдьитэ чугдаарыйар алтан чуорааммыт аны билигин биһигини аһаҕас уруоктарга ыҥырар.
Чугдаар, чугдаарэн, чуораанчыкпыт,
Чугдаар, чуопчаар, эн лыҥкыначчы.
Оҕо сааспын эн санатаҥҥын,
Кылаастарга эн ыныр.
Убаастабыллаах ыалдьыттар ! Бүгүн юбилейга аналлаах үс аһаҕас уруок буолуоҕа.
«Айар куттаахтар түһүлгэлэрэ” (саха литературата) -___________________.
2. “ Ситим салҕаныыта” ___________________
3. “Своя игра_____________
/Уруоктарынан тарҕаһыы..