Тема: «Саха Республикатын кунэ»
Сыала: - торообут дойду историятын уорэтии;
- Ийэ дойдуну таптааьын;
- торообут дойду ааспыт оло5ун убаастааьын.
Тэрилэ: презентация, викторина, гимн.
Былаан: 1) Тэрээьин чааьа
2) Гимн
3) Беседа
4) Викторина
5) Хоьоон айыы
6) Тумук
Киириитэ: Саха сирин гимнэ тыаьыыр (1 куплет).
- Биьиги уруокпутун Саха сирин гиминэн са5алаатыбыт. Гимн Саха сиригэр олорор норуоттары тумэр, Ийэ дойдуга киэн туттууну бо5орготор.
Муус устар 27 – саха оло5ор чахчы да быһаарыылаах уонна суолталаах күн эбит. 1922 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр-Саха Автономнай Советскай Социалистическай республиката төрүттэммитэ, сурукка докумуоңңа киирбитэ. Лоп курдук 70 сыл ааспытын кэнниттэн, 1990 с. суверенитет туһунан декларацияны ыламмыт, сувереннай республикабыт хаттаан саңа Конституцияламмыта. Онон муус устар 27 күнэ –Саха Республикатын күнэ. Ол кэмтэн ыла саха оло5ор уларыйыы киирбитэ. Кырдьык да5аны бу Саха сирин биир улахан историята буолар. То5о?
Государственность – норуот саамай сайдыыта. Нууччалар кэлэ иликтэринэ государственность диэн суо5а сахалар туох да бырааптара суох этэ. Биһигини «инородецтар», «бырадьаа5ылар» диэн ааттыыллар этэ Октябрьскай революция кыайбытын кэннэ 1917 с. Советскай былаас көмөтүнэн Россия уонна Саха сирин дьоно бары тэң бырааптаммыттара. Манна Саха сирэ автономнай Республика диэн билиммиттэрэ.
Саха сирэ автономнай республика буоларыгар улахан акылааты уурбуттара Саха сирин чулуу уолаттара, үөрэхтээхтэрэ Республика бастакы «посола» - Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Максим Кирович Аммосов, Саха АССР правительствотын - Совнарком бастакы председателэ, суруйааччы П.А. Слепцов - Платон Ойуунускай уонна Исидор Барахов о. д.а. (1 слайд).
Саха сирэ статус ылынан Российскай федерация иһинэн государство буолар. Ол иһин биһиэхэ Ил Дархан, Правительство, Ил Түмэн диэн баар. Уонна өссө атын атрибуттар бааллар - Конституция РС (Я) (основной закон буолар). Конституция буоламмыт биһиги сахалыы гимнээхпит, гербэлээхпит, былаахтаахпыт. Государственнай былаах 4 онноох: халлаан куох – конул буолууну, эрэли кордорор, манан полоска – тыйыс айыл5алаа5ын кордорор, от куох он – кылгас куох сайыны, до5ордоьууну бэлиэтиир, кыьыл – куустээх буолууну, торообут дойдуга эрэллээх буолууну, сайдыыны кордорор. Манан токунук – урун куну кордорор. Гербэ5э былыргы аттаах киьи ойууланар. Былыр Лена очуос таастарыгар уруьуйдаан хаалларбыттар. Уоьээ сэттэ алмаас таастар сэттэ омугу кордорор (нууччалар, сахалар, эбээннэр, эбэнкилэр, долганнар, юкагирдар, чукчалар) (2 слайд).
Саха сирэ урут наар сүөһү, сылгы, таба иитиитинэн, балыктааһынынан, булдунан эрэ дьарыктаммыта. Онтон Саха сирэ автономнай Республика буолбутун кэннэ көмүһү, алмааһы, уголь, энергетика промышленноһынан сайдыбыта.. Билигин, Саха сирэ Россия5а промышленность сайдыытыгар 3 миэстэ5э турар (3 слайд).
1990 сылтан үөрэхтээһин, искусство, литература эйгэтэ күүскэ сайынна.
Кырдьык да, 1990 сылтан өрө көтө5үүлээх кэмнэр үүммүттэрэ. Михаил Ефимович Николаев республика туһугар элбэ5и ситиспитэ. Россия президенэ Борис Ельцин суверенитеты төһө ба5арар ылының диэбитигэр, алмааска, үөрэ5ириигэ, атын да хайысха5а үгүһү ситиспиппит. Холобур, медицинскэй киин тэриллибитэ, улуустар ааттара сахатыйбыттара, оройуон оннугар улуус диир буолбуппут, о5олору, ыччаттары со5уруу үөрэххэ ыытыы тэриллибитэ. Оскуолаларбыт араас хайысханы тутуспуттара - бу суверенитеппыт салгыыта. (4 слайд)
Михаил Ефимович Николаев Саха Республикатын бастакы президенэ буолар. Кини улэтин салгыы биьиги иккис президеммит Вячеслав Анатольевич Штыров улэлээбитэ. Билигин Ил Дархан Егор Афанасьевич Борисов буолар (5 слайд).
Саха сирэ оссо туох уратылаа5ый? Аан дойдуга тыйыс айыл5алаа5ынан биллэр. Ол курдук 9 ый устата кыьын. Олуонэ Орус Аан дойдуга саамай улахан орустэр ахсааннарыгар киирсэр (6 слайд).
Викторина «Саха сирин историята»
1. Саха сирэ автономнай республика буоларыгар улахан акылааты кимнээх уурбуттарай?
2. Саха бастакы президенэ?
3. Ил Дархан аата кимий?
4. Ханнык улахан орус биьиэхэ баарый?
5. Саха сиригэр ханнык сиртэн хостонор баайдар баалларый?
6. Тымныы полюьа ханнык улууска баарый?
7. Кыьын хас ый устата турарый?
8. Саха сирин былаа5а хас онноо5уй?
9. Саха республикатын хаьыс чыыьыла5а бэлиэтииллэрий?