kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Маҥнайгы кылааска "Билии күнэ"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Сыала: Үөрэххэ интэриэһи кө5үтүү. Соруктара: 1) О5олор бэйэ-бэйэлэрин, учууталы кытта билсэллэригэр сөптөөх усулуобуйа тэрийии; 2) Оскуола быраабылаларын иһитиннэрии; 3) Үөрэнэр ба5аны сайыннарыы.
Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Маҥнайгы кылааска "Билии күнэ"»

«Дорообо, оскуола»

1 кылаас

Сыала: Үөрэххэ интэриэһи кө5үтүү.

Соруктара: 1) О5олор бэйэ-бэйэлэрин, учууталы кытта билсэллэригэр сөптөөх усулуобуйа тэрийии; 2) Оскуола быраабылаларын иһитиннэрии; 3) Үөрэнэр ба5аны сайыннарыы.

Туттуллар тэрил: ырыалар, таабырыннардаах открытка, азбука учебнтга, магнитнай тыллар кэрчиктэрэ, о5олор ааттара суруллубут ватман, гуашь, кисточка, непроливайка, звёздочка-магниттар, о5олорго А-4 лиистэрэ, ецнеех харандаастар, фломастердар.


Ход урока:

1) Киирии тыл.

- Үтүө кунунэн, о5олоор! Наьаа да кыраьыабайдаргыт, мааныларгыт, уербуккут-кеппуккут, керуеххэ олус кэрэ. Бугун ханнык бырааьынньыгый?

- Билии кунэ, бугун эьиги аан мацнай оскуола5а киирэн уерэнээччи буолбут куццут, мин эьигини бу умнуллубат куццутунэн ис сурэхпиттэн э5эрдэлиибин!

Мин эьиги учууталгыт буолабын, аатым_____. Бу куну эьигини кытта керсуьээри, олус кууттум, эьиги кууттугут дуу? Аны бу кунтэн ылы 4 сылы быьа биьиги уерэниэхпит, араас курэхтэргэ кыттыахпыт, оонньуохпут-керулуехпут да5аны. Кун аайы мин кылааска киириэ5им уонна: «Утуе кунунэн, о5олоор»,-диэ5им. Эьиги эмиэ хардары дорооболоьуоххут. Кылааска учууталы кытта парта кытыытыгар туран эрэ, тебену тецкетен дорооболоьоллор. Дорооболоьон керуе5уц эрэ.


2) Билсиьии.

- Эьиги мин ааппын биллигит дии, аны мин эьиги ааккытын билиэхпин ба5арабын.

Халлаацца сулустары керееччугут? Кинилэр хайдахтарый?

Куруук уербут курдуктар, сири-дойдуну уеьэттэн керен турар буолан наьаа элбэ5и билэр курдуктар, ол курдук биьиги эмиэ кыьанан уерэнэн олус элбэх билиилэнэн куруук уерэ сылдьыахпыт дии? Билигин керуц эрэ, парта5ытыгар сулус баар дии, ити сулуьу бэйэбит ааппыт аттыгар «уматыахпыт». Дуоска5а ааттаргыт суруллубуттар, бэйэ5ит ааккытын булуоххутун ба5ара5ыт? Оччо5о аптаах кумаа5ыны кырааскалыахха наада (о5олор биир-биир дуоска5а тахсан ааттарын кырааскалыыллар (маркерынан бэлиэтииллэр, магниттарын ааттарын аттыгар сыьыараллар).

- Керуц эрэ, сулустар бары эьиги ааккыт аттыгар тыктылар, кыьанан уерэниц диэтилэр, эьиэхэ мичээрдииллэр. Учугэйдик уерэниэххит дуу? Биьиги эмиэ мичээрдиэ5иц эрэ.


3) Азбука туттарыы.

- О5олор, уерэнэргэ туох нааданый?

- Оскуола5а саамай эьигини бастакынан уерэтэн са5алыыр кинигэ – Азбука буолар. Биьигини барыбытын – учуутаалары, суоппардары, быраастары, повардары, иитээччилэри, ньээцкэлэри, президеннэри – барыларын Азбука аан мацнай уерэппитэ. Быйыл кини эьигини уерэтиэ5э. Мин эьиги бу бастакы кинигэ5итин олус таптаан, харыстаан туттаргытыгар ыцырабын, то5о диэтэр бу кинигэннэн атын о5олор эмиэ уерэниэхтэрэ. Дьиэ5э кинигэни кирдээх илиибитинэн тыыппаппыт, илиибитин хайаан да суунабыт, ыраас остуолга уурабыт уонна ессе киртийбэтин диэн тастыыбыт, сеп? (кинигэлэри туттарабын). Ити уерэнээччи быраабылата буолар. Уерэнээччи оскуола5а хайдах буолуохтаа5ый?


. 4) Уруьуй.

- Дьэ эрэ о5олоор уерэнээччи буоллугут дии, билигин эьиги улэлиэххит. Парта5ытыгар ецнеех харандаастар, фломастердар уонна лиистэр сыталлар, бу манна эьиги билэр буукубаларгытын, сыыппараларгытын суруйуоххут, эбэтэр тугу сатаан суруйаргытын, эбэтэр уруьуйдуоххутун сеп. Музыка тохтоото5уна суруйан бутэбит. Соруда5ы ейдеетугут? Са5алыыбыт.

- Маладьыастар. Бастакы улэбитин дуоска5а сыьыаран кэбиьиэ5иц, олус учугэй. Ким тыл сатаан суруйбутуй?


5) Тыллары булуу.

- Эьиги тыллары билэ5ит дуу? Мин наьаа элбэх тылы билэбин, холобура, кинигэ, тэтэрээт… Тылларбыт сурааьын буолан саспыттар, булаттыа5ыц эрэ, ким ханнык тылы этэр?

- Маладьыастар, элбэх тылы буллубут. Биьиги бу тыллары аа5а, суруйа уерэниэхпит.


6) Оонньуу-ырыа.

- Билигин сынньана таарыйа ырыата истиэ5иц уонна миигин кытта тэццэ уцкуулуе5уц.


7) Таабырыннар.

- О5олоор, тыллары биьиги ессе таайыахпытын сеп эбит, тылларбыт биьиэхэ таабырын буолан кэллилэр. Таабырыны себулуугут? Чэ эрэ, бол5ойон истэммит таайыа5ыц, ким билбит, илиитин кете5ер.

Таабырыннар «Үөрэх тээбириннэрэ».


8) Оонньуу «Бол5ойон иьит».

- Ити барыта ханнык тыллар саспыттарый? Билигин кыратык оонньуо5уц. Бары турабыт. Оонньуубут аата «Оскуола5а тугу ылабын?». Бол5ойон истиц эрэ: оскуола5а сыьыаннаах ол эбэтэр уерэх тээбиринин иьиттэххитинэ ытыскытын таьына5ыт, атын тыл буолла5ына, атаххытын тыаьата5ыт. Ейдеетугут? Чэ эрэ, бол5ойобут:

Кырааска, кэмпиэт, линейка, тэтэрээт, эдьиий, куукула, сотор эрэьиинэ, азбука, самолёт, ручка, харандаас, ыас, ньуоска, дневник, массыына, рюкзак.

- Маладьыастар, олус бэркэ оонньоотугут.

9) Тумук.

-Чэ эрэ о5олоор, мацнайгы уруокпутун тумуктуе5уц. Уруоккутун себулээтигит дуо? Тугу ордук себулээтиц? О5олоор, эьигини ессе тегул уерэнээччи буолбуккутунан э5эрдэлиибин, элбэ5и ситиьиэххит диэн эрэнэн туран, уерэнээччи буолбуккутун туоьулуур диплом туттарабын.






Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 1 класс

Скачать
Маҥнайгы кылааска "Билии күнэ"

Автор: Поскачина Алёна Антоновна

Дата: 17.05.2017

Номер свидетельства: 416160

Похожие файлы

object(ArrayObject)#851 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(42) "День знаний (1 сентября)"
    ["seo_title"] => string(25) "dien_znanii_1_sientiabria"
    ["file_id"] => string(6) "464918"
    ["category_seo"] => string(16) "nachalniyeKlassi"
    ["subcategory_seo"] => string(5) "uroki"
    ["date"] => string(10) "1522803683"
  }
}


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства