kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Сэрии кыттыылаахтарын сэрии кэннинээги дьылгалара

Нажмите, чтобы узнать подробности

Музейный урок по теме "Сэрии кыттыылаахтарын сэрии кэннинээги дьылгалара"

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Сэрии кыттыылаахтарын сэрии кэннинээги дьылгалара»

Сэрии кыттыылаахтарын сэрии кэннинээҕи дьылҕалара  4 кылаас коллектива   2022 с

Сэрии кыттыылаахтарын сэрии кэннинээҕи дьылҕалара

4 кылаас коллектива

2022 с

Сыала:  Аҕа дойду улуу сэриитин кэминээҕи нэһилиэк олоҕун араас өттүттэн үөрэтии, билиини кэҥэтии, үйэтитии, оскуола музейын матырыйаалын хаҥатыы, “Аҕа дойду сэриитэ – Өспөх нэһилиэгин дьылҕатыгар” кинигэҕэ “Сэрии кыттыылаахтарын сэрии кэннинээҕи дьылҕалара” диэн темаҕа ирдэбил үлэтин ыытыы.

Сыала: Аҕа дойду улуу сэриитин кэминээҕи нэһилиэк олоҕун араас өттүттэн үөрэтии, билиини кэҥэтии, үйэтитии, оскуола музейын матырыйаалын хаҥатыы, “Аҕа дойду сэриитэ – Өспөх нэһилиэгин дьылҕатыгар” кинигэҕэ “Сэрии кыттыылаахтарын сэрии кэннинээҕи дьылҕалара” диэн темаҕа ирдэбил үлэтин ыытыы.

Белолюбский Петр Иванович  Гоголев Афанасий Маркович  Ильин Егор Павлович  Ильин Иван Павлович

Белолюбский Петр Иванович Гоголев Афанасий Маркович Ильин Егор Павлович Ильин Иван Павлович

Белолюбский Петр Иванович  (1920-1997сс)   6 кылаас үөрэхтээх  1942 с сэриигэ барбыта  1947 с эргиллэн кэлбитэ  Араас үлэҕэ үлэлээбитэ  Дьоҕурдаах болуотунньук

Белолюбский Петр Иванович (1920-1997сс) 6 кылаас үөрэхтээх 1942 с сэриигэ барбыта 1947 с эргиллэн кэлбитэ Араас үлэҕэ үлэлээбитэ Дьоҕурдаах болуотунньук

28.05.1920с. II Өспөх нэһилиэгэр Дыгдаалга төрөөбүтэ. Өспөх начальнай оскуолатын бүтэрэн баран Дүпсүн 1 кылаастаах оскуолатыгар VI-c кылааска диэри үөрэммитэ. Төрөппүттэрэ маҥнайгы колхозтаахтар. Аҕата Уйбаан биир төһүү үлэһит, саталлаах биригэдьиир буола сылдьыбыта. Петр Иванович колхозка үлэлии сылдьан, бастаан 1942 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр Ийэ дойдутун көмүскэлигэр барбыта. Атырдьах ыйын 5 күнүгэр 1942с. Бершет лааҕырга тиийэн 21-с туспа хайыһар биригээдэтигэр походка сылдьан, илиитин үлүтэн, Молотов куоракка госпиталга 4 ый сытан баран, алта ыйга уоппуска ылан дойдутугар кэлбитэ. Иккиһин 1944с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1945с. ортотугар диэри Иркутскай, Чита уобаластарынан, Улан-Удэнэн мас кэрдиитигэр сылдьыбыта. Онтон 1946 сыл атырдьах ыйын 10 күнүгэр диэри 12 базаҕа ыскылаат харабылынан сылдьыбыта. 1947с. дойдутугар эргиллэн, төрөөбүт “Сардаҥа” колхоһугар хонуу араас үлэлэригэр үлэлээбитэ. Сайынын кыайыылаах кыдамаһыт, кыһынын хотуулаах сүгэлээх мас кэрдээччи быһыытынан биллэрэ. Кэлин тракторист идэтин баһылаабыта. Пенсияҕа тахсыар диэри дьоҕурдаах болуотунньук, столяр быһыытынан биллибитэ. «Германияны кыайыы иһин», «1941-45сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин» уонна юбилейнай медаллардаах. 1997с өлбүтэ.

Сэрии кэнниттэн дойдутугар

Сэрии кэнниттэн дойдутугар

Үлэ кэмигэр

Үлэ кэмигэр

Оҥоһуктара:

Оҥоһуктара:

Туттубут бэрэстээгэ

Туттубут бэрэстээгэ

Гоголев Афанасий Маркович   22.02.1920 – 29.01.1982    1925 сыллаахха II Өспөх нэһилиэгэр Чаарыаска дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Өспөх начаалынай оскуолатын бүтэрбитэ. Оҕо эрдэҕиттэн музыкальнай дьоҕурдаах, үҥкүүһүт этэ. Оҕолору, пионердары кытта үлэлиирин сөбүлүүр буолан, пионерскай үлэһит буолбута. 1941-43 сылларга ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.  Суотту нэһилиэгэр үлэлии сылдьан, 1943 сыллаахха от ыйын 2 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыта. 1944 сыллаахха үлэ фронуттан ыалдьан төннүбүтэ.  1945с армия5а ынырыллар, 1950с демобилиза- цияланар. «За победу над Японией» мэтээлинэн на5араадаламмыта. (Память кинигэ 5ч, стр 116)  Афанасий Маркович кэлин Покровскай бөһүөлэгэр олохсуйбута, ыалдьан өлбүтэ.

Гоголев Афанасий Маркович 22.02.1920 – 29.01.1982

1925 сыллаахха II Өспөх нэһилиэгэр Чаарыаска дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Өспөх начаалынай оскуолатын бүтэрбитэ. Оҕо эрдэҕиттэн музыкальнай дьоҕурдаах, үҥкүүһүт этэ. Оҕолору, пионердары кытта үлэлиирин сөбүлүүр буолан, пионерскай үлэһит буолбута. 1941-43 сылларга ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

Суотту нэһилиэгэр үлэлии сылдьан, 1943 сыллаахха от ыйын 2 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыта. 1944 сыллаахха үлэ фронуттан ыалдьан төннүбүтэ.

1945с армия5а ынырыллар, 1950с демобилиза- цияланар. «За победу над Японией» мэтээлинэн на5араадаламмыта. (Память кинигэ 5ч, стр 116)

Афанасий Маркович кэлин Покровскай бөһүөлэгэр олохсуйбута, ыалдьан өлбүтэ.

Награжден Почетными Грамотами Минпроса РСФСР, Минпроса ЯАССР, Президиума Верховного Совета ЯАССР, значками ЦК ВЛКСМ «За активную работу в комсомоле», «Лучшему пионерскому вожатому»

Награжден Почетными Грамотами Минпроса РСФСР, Минпроса ЯАССР, Президиума Верховного Совета ЯАССР, значками ЦК ВЛКСМ «За активную работу в комсомоле», «Лучшему пионерскому вожатому»

Гоголев Афанасий Маркович – работал инструктором Орджоникидзевского РК ВЛКСМ, директором районного Дома пионеров, проработавший долго и внесший значимый вклад в развитие пионерского движения района. Летом 1947 года Гоголев А. М. был назначен начальником первого районного пионерского лагеря. Пионеры и школьники района принимали участие в организуемых туристических походах и экскурсиях. В 1962 г. по направлению обкома комсомола работал во Всесоюзных пионерских лагерях «Артек», и «Орленок» в качестве отрядного вожатого. Летом 1947 года был открыт первый районный пионерский лагерь, начальником которого был назначен Гоголев А.М.  Открылся лагерь на один сезон, т.е. на 30 дней, при интернате средней школы п. Покровск, в котором за это время смогли отдохнуть 75 детей. В лагере работали:Варламов М.И., Данилова А.Н., Сивцева Т.М., Дудельжак И.М, Борисова А. В то время в районе не было типового лагеря, каждый год лагеря открывались в разных школах: в Покровской средней школе, V Мальжагарской, где до войны действовал типовой лагерь, Качикатской, I Жемконской, II Жемконской, Красноручейской, Синской, Булгунняхтахской, Октемской, Тит-Аринской, Тумульской начальной, Чкаловской начальной школах и в Бестяхской школе.

Ильин Егор Павлович  ( 1925-1990 сс)  1925 сыллаахха Арҕаа Уҥуор дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Начаалынай оскуоланы бүтэрбит. Уҥуоҕунан кыра да буоллар, сүрдээх сытыы киһи этэ.  Үлэлии сылдьан, 1943 сыллаахха армияҕа ыҥырыллан барбыта.  1947 сыллаахха этэҥҥэ эргиллэн кэлэн, Дьокуускайга олохсуйбута. Тутууга уонна араас үлэлэргэ үлэлээбитэ.  1990 сыллаахха Дьокуускайга олорон өлбүтэ.

Ильин Егор Павлович ( 1925-1990 сс)

1925 сыллаахха Арҕаа Уҥуор дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Начаалынай оскуоланы бүтэрбит. Уҥуоҕунан кыра да буоллар, сүрдээх сытыы киһи этэ.

Үлэлии сылдьан, 1943 сыллаахха армияҕа ыҥырыллан барбыта.

1947 сыллаахха этэҥҥэ эргиллэн кэлэн, Дьокуускайга олохсуйбута. Тутууга уонна араас үлэлэргэ үлэлээбитэ.

1990 сыллаахха Дьокуускайга олорон өлбүтэ.

Ильин Иван Павлович (1901-1982сс)

1901с. II Өспөх нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Сүүрбэ үс оҕоттон үһүс оҕо этэ. 1919с. Өспөххө бастаан аһыллыбыт оскуолаҕа киирэн I-кы группаны бүтэрэрн баран, салгыы кыайан үөрэммэтэҕэ. 1931с. « Сардаҥа » колхозка киирэр, онтон “ Чагдаайы ” колхоз саҥа тэриллиитигэр, кэргэн ылан онно тахсан колхозтанар уонна араас үлэҕэ үлэлиир.

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии саҕаламмыт кэмигэр, үлэни-хамнаһы тэрийсэн, звеноводунан үлэлиир. 1943с. сайын армияҕа ыҥырыллан, II Читаҕа үлэ фронугар сулууспалыы сылдьан, 1944с. доруобуйатынан босхолонон, дойдутугар эргиллэн кэлбитэ, балык бултуур биригээдэҕэ 1952с. диэри сылдьыбыта. Онтон кэлин хонуу, сүөһү араас үлэтигэр үлэлээбитэ. 1956с. Чаарыаска көһөн тахсан, 1960с. диэри Хоту Эбэҕэ көһөн сүөһү бостуугунан, үүт астааччынан, уу баһааччынан – ханна ыксал буолар да онно илбэнньик буолан үлэлэһэрэ.

1976 сылтан сайынын моой оттоһон көмөлөһөр буолта.

« 1941-45сс. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин » , « Улуу Кыайыы 30 сыллаах » юбилейнай медалларынан наҕараадаламмыта.

1982с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр өлбүтэ.

А хтыыны суруйда уола Ильин Николай Иванович:

А хтыыны суруйда уола Ильин Николай Иванович:

Болҕомтоҕут иһин баһыыбаларын!

Болҕомтоҕут иһин баһыыбаларын!


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Презентации

Целевая аудитория: 4 класс

Скачать
Сэрии кыттыылаахтарын сэрии кэннинээги дьылгалара

Автор: Готовцева Лена Николаевна

Дата: 02.12.2022

Номер свидетельства: 618986


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства