kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Күннүк Уурастыырап "Нуо5алдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр" олоҥхотугар презентация, 3 кылаас

Нажмите, чтобы узнать подробности

Презентация фольклорного жанра олонхо. Увлекательный, интересный урок с учащимися.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Күннүк Уурастыырап "Нуо5алдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр" олоҥхотугар презентация, 3 кылаас»

Бүлүү улууһа Д.А.Гуляев аатынан Кыргыдай орто оскуолата       Владимир Михайлович Новиков –  Күннүк Уурастыырап  «Нуоҕалдьын кугас аттаах  Тойон Дьаҕарыма бухатыыр»  олоҥхото        Алын сүһүөх учуутала Окоёмова Василиса Гаврильевна  /Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова «Литература аа5ыыта» 3 кылаас/

Бүлүү улууһа

Д.А.Гуляев аатынан Кыргыдай орто оскуолата

 

Владимир Михайлович Новиков –

Күннүк Уурастыырап

«Нуоҕалдьын кугас аттаах

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр»

олоҥхото

 

 

 

Алын сүһүөх учуутала Окоёмова Василиса Гаврильевна

/Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова «Литература аа5ыыта» 3 кылаас/

Саха тылынан уус-уран айымньытын саамай сүрүн чыпчаала,бөдөҥ жанра 1. Олоҥхо диэн тугуй? Олоҥхо үс дойдулаах: Үөһээ, Орто, Аллараа 2. Олоҥхо хас дойдулааҕый? 3. Ол дойдулар туһунан тугу билэҕиний?  Үөһээ дойдуга Айыылар, Орто дойдуга айыы дьоно, Аллараа дойдуга абааһылар, куһаҕан тыыннар олороллор 4. Бу үс дойдуну туох ситимниирий? Аал Луук мас

Саха тылынан уус-уран айымньытын саамай сүрүн чыпчаала,бөдөҥ жанра

1. Олоҥхо диэн тугуй?

Олоҥхо үс дойдулаах: Үөһээ, Орто, Аллараа

2. Олоҥхо хас дойдулааҕый?

3. Ол дойдулар туһунан тугу билэҕиний?

Үөһээ дойдуга Айыылар, Орто дойдуга айыы дьоно, Аллараа дойдуга абааһылар, куһаҕан тыыннар олороллор

4. Бу үс дойдуну туох ситимниирий?

Аал Луук мас

Бүгүҥҥү уруокка тугу билиэхтээхпитий? Сыалбыт-сорукпут?

Бүгүҥҥү уруокка тугу билиэхтээхпитий?

Сыалбыт-сорукпут?

Уруок проблемата : Саха тыла кэскиллээх, өбүгэ үгэһэ кэнэҕэскилээх буоларын олоҥхо ис хоһооно арыйар. Уруок олоххо суолтата, актуальноһа : Күннүк Уурастыырап саха литературатыгар хаалларбыт үлэтэ – Саха сирин үрдүнэн киэҥник тарҕанан, кини олоҕун уонна айар үлэтин үөрэтиигэ улахан суолталаахтар. Уруок сыала: В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап «Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхотун үөрэтии, ырытыы. Соруктар:

Уруок проблемата : Саха тыла кэскиллээх, өбүгэ үгэһэ кэнэҕэскилээх буоларын олоҥхо ис хоһооно арыйар.

Уруок олоххо суолтата, актуальноһа : Күннүк Уурастыырап саха литературатыгар хаалларбыт үлэтэ – Саха сирин үрдүнэн киэҥник тарҕанан, кини олоҕун уонна айар үлэтин үөрэтиигэ улахан суолталаахтар.

Уруок сыала: В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап «Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхотун үөрэтии, ырытыы.

Соруктар:

  • Суруйааччы олоҕун кытта билсиһии; Олоҥхо эйгэтин, дьоруойдарын ырытыы; Ис хоһоонун арыйыы, олоҥхону ааҕарга үөрэнии.
  • Суруйааччы олоҕун кытта билсиһии;
  • Олоҥхо эйгэтин, дьоруойдарын ырытыы;
  • Ис хоһоонун арыйыы, олоҥхону ааҕарга үөрэнии.
Саллар саас тухары Саханы үрдэтиэ олоҥхо, Кэс тылбыт кэскилин көрдөрүө, Кэхтибэт кэрэтин сөхтөрүө. Күннүк Уурастыырап Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Урастыырап – Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай поэта, Саха советскай поэзиятын саҕалааччы, тылбаасчыт, Үлэ Кыһыл Знамята,” Бочуот Знага”, Норуоттар доҕордоһууларын уордьаннар кавалердара, актыыбынай общественнай деятель. 1907 – 1990 сс.

Саллар саас тухары

Саханы үрдэтиэ олоҥхо,

Кэс тылбыт кэскилин көрдөрүө,

Кэхтибэт кэрэтин сөхтөрүө.

Күннүк Уурастыырап

Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Урастыырап – Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай поэта, Саха советскай поэзиятын саҕалааччы, тылбаасчыт, Үлэ Кыһыл Знамята,” Бочуот Знага”, Норуоттар доҕордоһууларын уордьаннар кавалердара, актыыбынай общественнай деятель.

1907 – 1990 сс.

Күннүк Уурастыырап 1907 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Саппыйа алааска ааспыта. Владимир тулаайах аҥардаах оҕо сааһа кыһалҕалаахтык ааспыта. Аҕата биир да сааһын туола илигинэ өлөн, ийэтэ атын улуус киһитигэр кэргэн тахсан төгүрүк тулаайаҕы эбэлээх эһээтэ ииппиттэр. Онтон сэттэтин туола илигинэ эбэтэ өлөн ас астыыр, таҥас тигэр, дьиэ көрөр киһитэ суох хааланнар эр дьон эйгэтигэр улааппыта.

Күннүк Уурастыырап 1907 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Саппыйа алааска ааспыта. Владимир тулаайах аҥардаах оҕо сааһа кыһалҕалаахтык ааспыта. Аҕата биир да сааһын туола илигинэ өлөн, ийэтэ атын улуус киһитигэр кэргэн тахсан төгүрүк тулаайаҕы эбэлээх эһээтэ ииппиттэр. Онтон сэттэтин туола илигинэ эбэтэ өлөн ас астыыр, таҥас тигэр, дьиэ көрөр киһитэ суох хааланнар эр дьон эйгэтигэр улааппыта.

Суруйааччы айар үлэтин кэрчик кэмнэрэ... 1917 сыллаахха Абаҕа оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1924 сыллаахха Эмис оскуолатын IV кылааһын бүтэрбитэ. 1924-25 сылларга Эмис нэһилиэгин Советын көмөлөһөөччү суруксутунан үлэлээбитэ. 1925 сыллаахха Дьокуускайга Совпартшколаҕа үөрэнэ киирбитэ. «Тимир чыычаах» диэн бастакы хооонун суруйбута.

Суруйааччы айар үлэтин кэрчик кэмнэрэ...

  • 1917 сыллаахха Абаҕа оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ.
  • 1924 сыллаахха Эмис оскуолатын IV кылааһын бүтэрбитэ.
  • 1924-25 сылларга Эмис нэһилиэгин Советын көмөлөһөөччү суруксутунан үлэлээбитэ.
  • 1925 сыллаахха Дьокуускайга Совпартшколаҕа үөрэнэ

киирбитэ. «Тимир чыычаах» диэн бастакы хооонун суруйбута.

  • 1926 сыллаахха Дүпсүн уонна Мэҥэ улуустарыгар ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
  • 1927 сыллаахха Иркутскай рабфагар үөрэнэ барбыта.
  • 1942 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай институту үөрэнэн бүтэрбитэ, саха тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта.
Владимир Михайлович Новиков олоҥхону уонна тойугу үрдүк таһымнаахтык толороро. «Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхото 1941 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта.

Владимир Михайлович Новиков олоҥхону

уонна тойугу

үрдүк таһымнаахтык толороро.

«Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр»

олоҥхото 1941 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта.

Айыы бухатыыра – Тойон Дьа5арыма Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр Ааттаах-суоллаах дойду Устата-туората биллибэтэх Унаар-кэнээр урсунун Одуулаан көрөн турбута: Уҥуоргута көстүбэтэх, Улаҕата биллибэтэх...

Айыы бухатыыра – Тойон Дьа5арыма

Нуоҕалдьын кугас аттаах

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр

Ааттаах-суоллаах дойду

Устата-туората биллибэтэх

Унаар-кэнээр урсунун

Одуулаан көрөн турбута:

Уҥуоргута көстүбэтэх,

Улаҕата биллибэтэх...

Айыы бухатыыра – Тойон Дьа5арыма Айыы бухатыырын уобараһа? Улахан, көрүҥнээх, өйдөөх, күүстээх, быһый, түргэн-тарҕан, тулуурдаах, толкуйдаах...

Айыы бухатыыра – Тойон Дьа5арыма

Айыы бухатыырын

уобараһа?

Улахан, көрүҥнээх, өйдөөх,

күүстээх, быһый,

түргэн-тарҕан, тулуурдаах, толкуйдаах...

Абааһы бухатыыра – Умсары Холорук Ойдом хара аттаах Умсары Холорук бухатыыр Обургу, Уон улуу холорук Холбоспутун курдук, Омуннааахтык тыаһаан...

Абааһы бухатыыра – Умсары Холорук

Ойдом хара аттаах

Умсары Холорук бухатыыр

Обургу,

Уон улуу холорук

Холбоспутун курдук,

Омуннааахтык тыаһаан...

Абааһы бухатыыра – Умсары Холорук Абааһы бухатыырын  уобараһа? Улахан, кирдээх, албын, киһиргэс, иҥсэлээх, толкуйа татым, тулуура суох...

Абааһы бухатыыра – Умсары Холорук

Абааһы бухатыырын

уобараһа?

Улахан, кирдээх, албын,

киһиргэс, иҥсэлээх, толкуйа татым, тулуура суох...

Бухатыырдар киирсиилэрэ Үс ый Торулуур тоҕус уон хонугун Усталаах-туоратын тухары, Турбакка-олорбокко, Тохтообокко-сынньаммакка, Тура тэбинэн туран Охсустулар...

Бухатыырдар киирсиилэрэ

Үс ый

Торулуур тоҕус уон хонугун

Усталаах-туоратын тухары,

Турбакка-олорбокко,

Тохтообокко-сынньаммакка,

Тура тэбинэн туран

Охсустулар...

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр кыайыыта ...Өрүкүтэн таһааран, Эргичитэн, тэлэкэчитэн аҕалан, Сири сэттэ бэчээтинэй кэриҥнээҕи Сиҥнэри быраҕан түһэрдэ.

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр кыайыыта

...Өрүкүтэн таһааран,

Эргичитэн, тэлэкэчитэн аҕалан,

Сири сэттэ бэчээтинэй кэриҥнээҕи

Сиҥнэри быраҕан түһэрдэ.

Тылдьытынан үлэ Урсун – ыраахтан эбэтэр хараҥаҕа чуолкайа суох көстөр ыраах. Толомон – бөдөҥ, талыы. Оҥкумал – сүөһү бүлгүнүттэн саннын уҥуоҕар диэри. Боскуйа – кэбиһиилээх кыра от. Тааҕыллаах – дьүдьэйбит. Оноҕос – ох. Чаачар – булт сэбин чааһа. Бүрэ – киһи хараҕар быраҕыллыбат, көрүҥэ суох.

Тылдьытынан үлэ

Урсун – ыраахтан эбэтэр хараҥаҕа чуолкайа суох көстөр ыраах.

Толомон – бөдөҥ, талыы.

Оҥкумал – сүөһү бүлгүнүттэн саннын уҥуоҕар диэри.

Боскуйа – кэбиһиилээх кыра от.

Тааҕыллаах – дьүдьэйбит.

Оноҕос – ох.

Чаачар – булт сэбин чааһа.

Бүрэ – киһи хараҕар быраҕыллыбат, көрүҥэ суох.

Тылдьытынан үлэ Бурҕалдьы – көлүүр оҕуһа мооньугар кэтэр маһа. Күөмчүлээ – атаҕастаа. Тэмтэритэр – өрө тэй, балачча үөһэ ой. Эҕэрийиэх бэтэрээ өттүгэр, чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр – түргэнник, түргэн үлүгэрдик хамсанна. Өттүк – киһи биилин ыккардынааҕы миэстэтэ (өттүгүн охсунан кэбиһэн баран). Туолката биллибтэ – ис хоһооно өйдөммөт. Уу дьулай – төбө оройугар баар уҥуох сиигэ.

Тылдьытынан үлэ

Бурҕалдьы – көлүүр оҕуһа мооньугар кэтэр маһа.

Күөмчүлээ – атаҕастаа.

Тэмтэритэр – өрө тэй, балачча үөһэ ой.

Эҕэрийиэх бэтэрээ өттүгэр, чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр – түргэнник, түргэн үлүгэрдик хамсанна.

Өттүк – киһи биилин ыккардынааҕы миэстэтэ (өттүгүн охсунан кэбиһэн баран).

Туолката биллибтэ – ис хоһооно өйдөммөт.

Уу дьулай – төбө оройугар баар уҥуох сиигэ.

Ыйытынньык

Ыйытынньык

  • Олоҥхо диэн тугуй?
  • Ханнык суруйааччы олоҥхотун аахтыбыт?
  • Суруйааччы төрөөбүт алааһын аата?
  • Бу олоҥхону хас сыллаахха бэчээттэтэн таһаарбыттарай?
  • Олоҥхо уратыта?
  • Үс дойдуну туох ситимниирий?
  • Умсары Холорук диэн кимий?
  • Айыы бухатыырын аата?
  • Бухатыырдар хас хонук охсустулар?
  • Олоҥхоҕо баар хайа аата?
  • Айыы бухатыырын ханнык чыычаахха холоото?
  • Охсуһуу кэмигэр туох уларыйыы буолла?
  • Олоҥхо тугунан түмүктэннэ?
Болҕомтоҕут иһин баһыыбаларыҥ!!!

Болҕомтоҕут иһин баһыыбаларыҥ!!!


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Презентации

Целевая аудитория: 3 класс.
Урок соответствует ФГОС

Автор: Окоемова Василиса Гаврильевна

Дата: 22.04.2023

Номер свидетельства: 630163


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства