kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Рабочая программа "Родной язык" учебного предмета «Родной (якутский) язык»

Нажмите, чтобы узнать подробности

Рабочая программа по учебному предмету "Родной язык" включает пояснительную записку, содержание обучения, планируемые результату освоения программы по родному языку, тематическое и поурочное планирования.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?

Как тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков?
Как быстро и объективно проверять знания учащихся?
Как сделать изучение нового материала максимально понятным?
Как избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков?
Как наладить дисциплину на своих уроках?
Как получить возможность работать творчески?

Просмотр содержимого документа
«Рабочая программа "Родной язык" учебного предмета «Родной (якутский) язык»»

МИНИСТЕРСТВО ПРОСВЕЩЕНИЯ РОССИЙСКОЙ ФЕДЕРАЦИИ

Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)

МР «Кобяйский улус (район)» РС (Я)

МКОУ "Люксюгунская ООШ"





‌




РАБОЧАЯ ПРОГРАММА

(ID 12258284)


учебного предмета «Родной (якутский) язык»

для обучающихся 4 класса













​

с.Люксюгюн 2026


ПОЯСНИТЕЛЬНАЯ ЗАПИСКА


Үөрэх биридимиэтин өйдөбүлэ

Төрөөбүт тыл хайа баҕарар омукка омук буоларын быhаарар кɵстүүтэ буолан, киhи иитиллиитигэр улахан суолталааҕын, оруолун туhунан чинчийии, үɵрэтии элбэх. Төрүт тылынан үɵрэнии, сайдыы киhиэхэ үтүɵ эйгэни үɵскэтэр тыын, норуот муудараhын дɵбɵҥнүк, судуршутук ɵйдɵтɵр кыах буолар. Оскуолаҕа төрөөбут тылынан иитии-үөрэтии суолтата улаатта, саҥа ирдэбил турда.

Алын сүhүɵх кылаастарга төрөөбүт тыл биридимиэтэ оҕо ɵйүн-санаатын сайыннарар, бэйэ дьарыгын тэринэр, үɵрэнэргэ бастакы үɵрүйэхтэри олохсутар сүрүн биридимиэттэртэн биирдэстэрэ буолан баhылыыр суолталаах, үɵрэтии олох саҥа ирдэбилигэр эппиэттиир, билиҥҥи оҕой сайдыытын хааччыйар соруктаах. Саха тылын үɵрэтиигэ үлэлиир бырагыраама алын сүhүɵх уопсай үɵрэхтээhиҥҥэ федеральнай государственнай үөрэх стандартын (ФГУОС) түмүк ирдэбиллэригэ уонна уонна Арассыыйа гражданинын сиэрин-майгытын сайыннарыы уонна иитии Концепциятыгар олоҕурар.

Бырагыраама сүрүн сыала-соруга – биллэрэр, сайыннарар, иитэр сорук тэҥҥэ дьүɵрэлээн, тылынан уонна суругунан саҥаны сайыннарыы, ортоку сүhүɵх оскуолаҕа саха тылын биридимиэтин үɵрэтиигэ бэлэмнээhин. Билии, сатабыл уонна үɵрүйэх кээмэйэ үɵрэх стандартын ирдэбилигэр сɵп түбэhэр.

Тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии бырагыраамата түɵрт сүрүн салаалаах:_

-таба суруйууга үɵрэтии;

-ааҕыыга үɵрэтии;

-фонетиканы, грамматиканы үɵрэтии;

-бодоруhуу, тылы сайыннарыы.

Хас биирдии салаа тылы туттуу түɵрт кɵрүҥүн (истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу ) дэгиттэр сайыннарар соруктаах. Yɵрэтии сүрүн хайысхата үɵрэх кинигэтигэр ыйытыы арааhыгар, эрчиллии сорудаҕар чопчуланар.


«Саха тыла» биридимиэти үɵрэтии сыала, соруктара

«Саха тыла» биридимиэт тɵрɵɵбүт тылга кэрэхсэбили үɵскэтэр, саҥарар уонна суруйар саҥаны бэрээдэктиир, тылы таба туттарга, араас тутуллаах этиилэри, тиэкиhи сатаан оҥорорго үɵрэтэр аналлаах.

Yɵрэтии соруктарынан буолаллар:

- төрөөбүт тыл норуот үйэлэргэ муспут баайа, алтыhар ньымата, норуот уратытын быhаарара кɵстүүтэ, култуурата буоларын ɵйдɵтүү;

- төрөөбүт тылын сɵбүлүүр, күннээҕи олоҕор туттар, айар-тутар дьоҕура сайдарын, үɵрэнэригэр-сайдарыгар сүрүн миэстэни ыларын ɵйдɵтүү;

- төрөөбүт тылга интэриэhи кɵбүтүү, тыл баайын-кэрэтин арыйан умсугутуу;

- ɵйɵ-санаата төрөөбүт тылга олоҕурарын, саха тылыттан ураты ɵссɵ атын омук тыллара баарын билиhиннэрии;

- тылынан уонна суругунан саҥатын сайыннарыы;

- билэр-кɵрɵр баҕатын уhугуннаран, тылга дьоҕуру иҥэрии;

- аныгы үйэ сиэринэн информационнай технология туhатын ɵйдɵтүү, наадыйар информациятын, матырыйаалы кɵрдɵɵн, туhанар бастакы үɵрүйэҕин иҥэрии;

- төрөөбүт тыл литературнай нуорматын уонна бодоруhуу култууратын, сиэрин туhунан бастакы ɵйдɵбүлү олохсутуу, ньымаларын билиhиннэрии;

- кэпсэтэр, бодоруhар үɵрэх дэгиттэр дьайыыларын туттар үɵрүйэхтэрин иҥэрии;

- кэпсэтиhиигэ киhи санаатын истэр, учуоттуур, бэйэтин санаатын аhаҕастык этэр, кыhалҕатын ыйытан быhаарсар ньымалары олохсутуу;

- иитэр- үɵрэтэр үлэни тэрийии, норуот муударастарын билиhиннэрии


Үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ

Ытык өйдөбүллэри үөрэх биридимиэтин нɵҥүɵ иҥэрии


Норуот ытык өйдөбүллэрин иҥэриммит, саха оскуолатын начаалынай кылааhын бүтэрэр үɵрэнээччи мадыала:

  • төрөөбүт тылга харыстабыллаахтык, сиэрдээхтик сыhыаннаhар, бэйэтин омугунан, норуотунан киэн туттар санаата олохсуйар;

  • сайдыылаах, үɵрэх бары биридимиэтигэр ситиhиилээх буоларга төрөөбүт тыл суолтатын, үɵрэнэр уонна сайдар суол диэн ɵйдүүр;

  • майгы-сигили нуорматын тутуhар, бэйэ эппиэтинэhин сайыннарар;

  • сиэрдээх быhыы, дьоҥҥо амарах сыhын иитиллэр;

  • үтүɵ сыhыаннаах бодоруhуу олохсуйар;

  • тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыhыан иитиллэр;

  • айымньылаах үлэҕэ баҕа үɵскүүр, бастакы сатабыл, үɵрүйэх олохсуйар;

  • төрөөбүт тыл, дьиээргэн, ийэ дойду историята, айылҕа, үлэ, үɵрэх, норуот сиэрэ-туома, үтүɵ сыhыан, кэрэ санаа уо.д.а. сыаннастары ɵйдүүр;

  • Саха сиригэр саха тылыттан ураты атын тыллаах, историялаах, култууралаах норуоттар баалларын билэр, убаастабыллаах сыhыаҥҥа иитиллэр.


Биридимиэт нɵҥүɵ сайдар сатабыллар

Ытык ɵйдɵбүллэри иҥэрии түмүгэ

“Yтүɵ быhыы”, “Тулуур”, “Ийэ дойду”, “Аҕа дойду”, “Айылҕа”, “Дьиэ кэргэн”, “Доҕордоhуу”, “Норуот”, “Бэйэм омугум” о.д.а. диэн сүрүн сыаннастары ɵрɵ тутар.

Дьиэ кэргэҥҥэ, аймахтарга, бэйэ норуотугар, атын омуктарга, норуоттар үгэстэригэр, тɵрɵɵбүт дойдуга убаастабыллаахтык сыhыаннаhар, тɵрɵппүттэрин таптыыр.

Yɵрэххэ интэриэстээх, баҕаран туран үɵрэнэр, үɵрэх олоххо суолтатын ɵйдүүр, инникитин ким буолуон баҕарарын сабаҕалыыр.

Олоххо кɵстɵр түгэннэри, айымньыга кэпсэнэр дьоруойдары сɵпкɵ ɵйдүүр, сыаналыыр.


Билэр-көрөр сатабыл

Үɵрэх кинигэтинэн сатаан үлэлиир, болдьох бэлиэлэргэ быhаарсар.

Yɵрэнэр баҕалаах, бэйэтин сайыннарар.

Хайдах үлэлиэхтээҕин былаанныыр, тугу ɵйдɵɵбɵтɵҕүн булан хатылыыр. Уруокка үлэлиир сыалы-соругу таба туруорунар.

Учуутал судургу, уустук ыйытыыларыгар хоруйдуур, наадалааҕы үɵрэх кинигэтиттэн булар. Бэйэтэ сɵпкɵ ыйытар.

Yɵрэнэр матырыйаалы тэҥнээн кɵрɵр, уопсайы, уратыны быhаарар.

Уопсай үɵрүйэхтэри ɵйдүүр, үɵскээбит кыhалҕаны ырытар, билиини сааһылыыр, ɵйдɵбүллэр ситимнэрин быhаарар.

Сүрүн бэлиэҕэ олоҕуран биридимиэттэри бɵлɵхтɵргɵ араарар, сорудаҕы толорор, тэҥниир, быhаарар, тиhиктээхтик толкуйдуур. .

Араас тиэкистэн, ойууттан, исхиэмэттэн бэйэтигэр туһааннаах информацияны булар, бэлиэлэринэн кɵрɵн, түмэр, араартыыр.

Yɵрэнэр матырыйаалтан сүрүнү уонна уратыны булар, түмүктэри оҥорор.

Бэлэмниир иhитиннэриитигэр кылгас былаан оҥороро, исхиэҕэ кɵрдɵрɵр.

Кэпсиир дьоҕуру сайыннарар. Истибити, аахпытын сиhилии кэпсиир, тиэмэтин быhаарар, былаан оҥорор.

Каталогтары алпаабытынан, тиэмэнэн араарар.

Наадыйар информациятын үɵрэх кинигэтигэр, тылдьыкка, ыйынньыкка, энциклопедияҕа булар. Сорудаҕы толорорго эбии матырыйаалы туһанар.

Интернет-сайтартан наадалаах информацияны, матырыйаалы булан туһанар.

Ылбыт үɵрүйэҕин, сатабылын, билиитин бэрэбиэркэлэнэр, ситиhиитин сɵпкɵ сыаналанар.

Билиитин атын биридимиэт уруогар, эйгэҕэ туhанар, ситимниир.

Yɵрэх матырыйаалын туhунан бэйэтин санаатын этэр, билиитин, тус сайдыытын сɵпкɵ сыаналанар.

Араас табылыыссаҕа, исхиэмэҕэ, мадьыалга, ИКТ-га, ойууга туhааннаах информацияны сыыйан ылар, кэпсиир.

Билиитин түмэр, сааhылыыр, бɵлɵхтүүр.

Искэ, таска үɵрэх кинигэтин тиэкистэрин, ону таhынан уус-уран, научнай-популярнай кинигэлэри ааҕар, туох этиллибитин ɵйдүүр.


Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл

Үɵрэнээччи бэйэтин үлэтин тэринэр дьоҕурун сайыннарар, туруоруммут соруктарын былаанныыр, хонтуруолланар, ситиhэр кɵдьүүстээх ньымалары, үлэтин түмүгүн сыаналанар.

Үɵрэх дьарыгын сыалын уонна соругун ɵйдүүр, сɵптɵɵх ньымалары булан туттар,туhанар.

Сорудах толоруллар былаанын бастаан учуутал кɵмɵтүнэн, онтон бэйэтэ оҥорор, бэрэбиэркэлэнэр.

Ыйынньыктары, энциклопедияны, араас литератураны, ИКТ-ны туhанар.

Бэриллэр ыйытыылары, сорудахтары ɵйдɵɵбɵтɵҕүнэ быhаарсар, быраабылалар, табылыыссалар кɵмɵлɵрүнэн тугу билбитин туhунан санаатын этэр.


Бодоруһар сатабыл

Бииргэ үɵрэнэр доҕорун, дьону кытта сатаан алтыhар, кэпсэтэр, араас түгэннэргэ кэпсэтиhэр киhитин сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, убаастабыллаахтык сыhыаннаhар, бииргэ алтыһан үлэлиир

Олоххо буолар араас түгэннэргэ уонна уруокка кэпсэтиhиигэ кыттар, бэйэтин санаатын этэр.

Бөлөххɵ сатаан кэпсэтэр, дьүүллэhиигэ кыттар, бэйэтин санаатын холкутук сааhылаан итэҕэтэр гына этэ үөрэнэр.

Бодоруhууга майгы-сигили нуорматын, бэйэ эппиэтинэhин сайыннарар, салайынар.

Учуутал уонна табаарыстар ыйытыыларыгар сиэрдээхтик эппиэттиир, кэпсэтии сиэрин тутуһар.

Сɵпкɵ дорооболоһор, быраһаайдаһар, махтанар.

Атын дьон саҥатын болҕойон, истэр, ɵйдүү сатыыр.

Бэйэ санаатын толору этинэр, сурукка түhэрэр.

Yɵскээбит кыhалҕаны паараҕа, бɵлɵххɵ тэҥҥэ быhаарсар.

Тугу саныырын араас ɵттүнэн үчүгэйдик ырытар, атын киhи санаатын ɵйдүүр.

Уруокка паараҕа, бɵлɵххɵ бииргэ үлэлии үɵрэнэр.

Бɵлɵх үлэтигэр кыттыhар, оруоллары үллэстэр, бэйэ икки ардыгар быhаарсар.

Кэлин туох буолуон сабаҕалыыр.

Кэпсэтэр кэмҥэ дьон өйдөспөт түгэнин сөптөөхтүк сыаналыыр, сатаан ырытар, өйдөһүү суолун дөбөннүк тобулар.



Тустаах үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ

Дорҕоону, сүhүɵҕү, тыл састаабын, саҥа чаастарын, этии чилиэннэрин, тэнийбэтэх, тэнийбит этиилэри булар, араарар, быhаарар.

Тылы таба суруйар, быраабыланы тутуhан сүhүɵххэ араарар, кɵhɵрɵр, дорҕоонунан ырытар, сурук бэлиэтин сɵпкɵ туруорар.

Тэҥниир, ырытар, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээhи, тɵрүɵтү булар.

Хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсиир, кэпсэтиигэ кыттар.

Ылбыт билиитин туhунан бэйэтигэр сɵптɵɵх сыанабыл оҥорор.

Атын биридимиэттэри үɵрэтэргэ тɵрɵɵбүт тыл тɵрүт буоларын уонна биридимиэттэр алтыhыыларыгар (бодоруhуу, култуура, айымньылаах үлэ уо.д.а.) икки ардыларынааҕы сибээстэри ɵйдүүр.





Үөрэтии ис хоһооно

Истии

Дьону кытта бодоруһууга (кэпсэтиигэ) истии култууратын тутуһуу. Кэпсэтии сыалын-соругун, дьон этэр санаатын,кэпсэтии ис хоһоонун өйдөөһүн. Сахалыы араас тиэкиһи истии, сүрүн ис хоһоонун, болҕойуллуохтаах түгэннэрин истэнсиһилии ылыныы, истибиккэ олоҕуран тус санааны үөскэтии. Истибиттэн туһааннааҕы, суолталааҕы сурунуу, былаан оҥоруу, анал бэлиэлэри туһанан, ис хоһоонун, тутулун исхиэмэнэн көрдөрүү.

Кэпсэтэр үɵрүйэх. Бодороһуу култуурата.

Дьону кытта бодоруһуу араас көрүҥэ: кэпсэтии, сэһэргэһии, сүбэлэһии, сөпсөһүү. Тылы бодоруһуу сүрүн ньыматын быһыытынан арыйыы: бодоруһууга саҥа уонна туттуу-хаптыы суолтата. Саҥарыы уонна истии култууратын, кэпсэтии сиэрин тутуһуу

Сэhэргэhэр киhитинг болҕойон истии, кэпсэтиигэ араас санаа үɵскүүрүн ɵйдɵɵhүн, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыhаллыы, дакаастааhын, сɵптɵɵх тэтиминэн саҥарыы, кэпсэтиhиини сиэрдээхтик түмүктээhин.

Ааҕыы.

Сахалыы араас тиэкиһи сахалыы саҥа интонациятын, төрүт дорҕоон этил-лиитин тутуһан, тэтимнээхтик ааҕыы.Тиэкиһи туох сыаллаах-соруктаах ааҕартан көрөн, ааҕыы араас көрүнүн сатаан туһаныы (үөрэтэр ааҕыы, билсиһэр ааҕыы,сорудахтаах ааҕыы, о.д.а.). Ааҕыы кэмигэр тиэкис сүрүн санаатын өйдөөһүн, наадалаах, туһалаах информацияны араарыы.Аахпыт тиэкис сүрүн ис хоһоонугар тус сыанабылы (сыһыаны) сатаан этии. Тиэкистэн синонимы, сомоҕо домоҕу, түөлбэ тылы,ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманы туттуу бастыҥ холобурун булуу, анаан болҕойуу, аахпыты кэпсииргэ туһаныы. Ааҕыллартиэкистэн билбэт, өйдөөбөт саҥа тыллары тылдьыттан булуу. Ааптар санаатын, иэйиитин биэрэригэр тиэкис тутулун, этииарааһын хайдах туһаммытын быһаарыы. Ааҕыыга тиэкис интонациятын, туонун сүрүн санааҕа сөп тубэһиннэрэн таба тайаныы.

Саҥарыы.

Кэпсэтии сиэрин, саҥарыы култууратын тутуһуу. Дьону кытта табан кэпсэтии. Кэпсэтиини тоҕоостоохтук көҕулээһин, саҕалааһын, салҕааһын, түмүктээһин. Саныыр санааны толору, сиһилии тириэрдэр инниттэн кэпсэтии сыалыгар-соругар, ис хоһоонугар сөп тубэһэр сахалыы тылы-өһү, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары таба туһаныы. Саҥарыы кэмигэр туттуу-хаптыы бэлиэтин тоҕоостоохтук туттуу. Саҥа тиибин арааһын (ойуулааһын,сэһэргээһин, тойоннооһун) туттан тыл этии. Кэпсэтии, тыл этии түгэниттэн дорҕоону күүшүрдэн-сымнатан, үрдэтэн-намтатан, уһатан, куолас толҕонун, эгэлгэтин туһанан истээччигэ тус сыһыаны, иэйиини тириэрдии. Этэр санааны сааһылаары эбэтэр тустаах өйдөбүлү истээччигэ тоһоҕолоон тиэрдээри тоҕоостоох миэстэҕэ анал тохтобуллары (паузаны) сатаан туһаныы. Түгэниттэн көрөн, саҥарыы тэтимин сөпкө талыы.

Суруйуу (суругунан саҥа).

Сурук-бичик култууратын тутуһуу. Тупсаҕай буочарынан ыраастык суруйуу. Тиэкиһи устуу, истэн суруйуу (диктант). Саныыр санааны суругунан сиһилии тириэрдии. Аахпыттан суруйуу (изложение). Дьиэ кэргэн, чугас доҕор, таптыыр дьарык, айылҕа, кыыллар тустарынан, ону таһынан айымньы, хартыына, киинэ ис хоһоонун, экскурсияҕа, быыстапкаҕа сырыы туһунан тэттик тиэкистэри суруйуу (өйтөн суруйуу). Суругунан улэҕэ синоним тыллары, сомоҕо домоҕу, онтон да атын сахалыы ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары туттуу. Тиэкис тутулун, сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылатын тутуһуу.

Таба суруйуу.

Таба суруйуу сурук-бичик култуурата буоларын өйдөөһүн. Уһун аһаҕас дорҕооннору, дифтону, хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дорҕоон-нору, саха тылыгар киирии дорҕооннору таба суруйуу. Сахалыы араастык этиллэр тыллар таба суруллуулара тыл төрүт сокуоннарыттан тахсалларын, норуокка үөрүйэх, үгэс буолбут нуормаларыгар олоҕуралларын өйдөөһүн, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы. Киэҥник, элбэхтик туттуллар эбэтэр сахалыы этэргэ табыгастаах киирии тыллары сахатытан суруйуу. Тылбаастанар эбэтэр саха тылынан бэриллэр кыахтаах нуучча тылларын сахалыы солбугунан биэрии. Олохторо нууччалыы суруллар киирии тыллар сыһыарыыларын таба суруйуу.

Сурук бэлиэтэ.

Сурук бэлиэтэ — тыл култууратын сорҕото буоларын, киһи этэр санаатын чуолкайдыырга, иэйэр иэйээни сурукка биэрэргэ, суругу-бичиги тупсарарга биллэр-көстөр туһалааҕын, тиэкис арҕам-тарҕам барбатын, ыһыллыбатын, биир сомоҕо, сибээстээх буоларын хааччыйарын өйдөөһүн. Тылын ордук тупсаҕай тутуллаах, этигэн, бэргэн буоларыгар сахалыы этии, сурук бэлиэтин арааһын (араарар, тоһоҕолоон бэлиэ-тиир) сатабыллаахтык туттуу.

Дорҕоон уонна таба саҥарыы. Сана дорҕоонун өйдөбүлүн, сахалыы дорҕоон арааһын билии. Төрөөбүт тылын дорҕооннорун, ордук чуолаан сахалыы ураты дорҕооннору (уһун-кылгас аһаҕас уонна хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дорҕооннору, дифтоннары, к, нь, мурун , ҕ дорҕооннору) арааран истии, чуолкайдык, таба саҥарыы нуорматын тутуһан саҥарыы. Саха тылыгар киирии тыллары үксүн сахатытан, аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин сокуонун тутуһан саҥарыы. Тылы дорҕоонун састаабынан ырытыы.

булан быһаарыы.

Тыл. Тыл састааба диэн өйдөбүлү, тыл уларыйар уонна үөскүүр ньыматын билии. Саҥа чааһын туһунан уопсай өйдөбүлү билии. Саҥа чаастарын бөлөҕө: ааттар (аат тыл, даҕааһын аат, ахсаан аат, солбуйар аат), туохтуурдар (аат туохтуур, сыһыат туохтуур, тус туохтуур), сыһыат, көмө саҥа чаастара, саҥа аллайыы. Тылы састаабынан ырытыы (тыл олоҕо, сыһыарыыта). Тыллары сүрүн бэлиэлэринэн бөлөхтөөһүн, ырытыы. Саҥарар саҥаҕа тыл литературнай нуорматын тутуһуу.

Этии.

Этии уонна тыл ситимэ уратыларын, этии арааһын (сэһэн, ыйытыы, күүһүрдүү) билии. . Этии чилиэннэрэ: этии тутаах чилиэннэрэ. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, судургу уонна холбуу этии, сирэй саҥа, ойоҕос саҥа, диалог, туһулуу өйдөбүллэрин билии, этиигэ, тиэкискэ арааран булуу, бэйэ этиитин толкуйдааһын. Этиини таба интонациялаан ааҕыы, сурукка саҥа дэгэтин сурук бэлиэтинэн араарыы

Саҥаны сайыннарыы

Тылы байытыы. Тыл лексическэй суолтата: синоним, антоним, омоним. Туох сыаллаах-соруктаах саҥарарын-суруйарын чуолкай өйдөөн (тиэмэ, сүрүн санаа), дьон өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааһылаан, араас тиэкистэри холкутук саҥарыы-суруйуу (истэн суруйуу, өйтөн суруйуу, о.д.а.). Тиэкис сүрүн санаатыгар олоҕуран, тиэкиһи таба ааттааһын. Тиэкис тиибиттэн көрөн (сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун), тиэкис тутулун тутуһар (киириитэ, сүрүн чааһа, түмүгэ), былаанын оҥорор (кылгас, тэнийбит), кэрчик тиэмэлэргэ бытарытыы. Тыл туттуллар уратытын, дэгэтин учуоттаан, сахалыы тутуллаах этиилэри (логичность речи), ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары, тыл баайын сөпкө туттар.

ТЕМАТИЧЕСКОЕ ПЛАНИРОВАНИЕ

4 КЛАСС

№ п/п


Наименование разделов и тем программы


Количество часов

Электронные (цифровые) образовательные ресурсы


Всего


Контрольные работы


Практические работы


1

Хатылааһын

4

0

0


2

Аат тыл

22

1

1


3

Даҕааһын аат

14

2

0


4

Ахсаан аат

3

0

0


5

Солбуйар аат

5

1

0


6

Туохтуур

24

1

0


7

Сыһыат

6

1

1


8

Этии

16

1

1


9

Түмүктүүр эрчиллиилэр

8

1

0


Резервное время

0

0

0


ОБЩЕЕ КОЛИЧЕСТВО ЧАСОВ ПО ПРОГРАММЕ

102

8

3






















ПОУРОЧНОЕ ПЛАНИРОВАНИЕ

4 КЛАСС

№ п/п


Тема урока


Количество часов

Дата изучения


Электронные цифровые образовательные ресурсы


Всего


Контрольные работы


Практические работы


1

Хатылааһын «Дорҕоон. Тыл. Этии»

1

0

0

01.09.26


2

Хатылааһын «Дорҕоон. Сүһүөх»

1

0

0

02.09.26


3

Хатылааhын «Тыл састааба. Саҥа чаастара»

1

0

0

04.09.26


4

Хатылааһын. Тиэкис.

1

0

0

08.09.26


5

Аат тыл. Аат тыл суолтата

1

0

0

09.09.26


6

Аат тыл үөскээһинэ

1

0

0

11.09.26


7

Аат тыл үөскээһинэ. Хонтуруолунай устуу «Балыксыттар»

1

0

0

15.09.26


8

Тардыылаах аат

1

0

0

16.09.26


9

Тардыылаах аат. Истэн диктант «Боря суола»

1

0

0

18.09.26


10

Аат тыл түһүктэниитэ.

1

0

0

22.09.26


11

Төрүт түһүк.

1

0

0

23.09.26


12

Араарыы түһүк.

1

0

0

25.09.26


13

Сыһыарыы түһүк.

1

0

0

29.09.26


14

Туохтуу түһүк

1

0

0

30.09.26


15

Аахпыттан суруйуу «Саһыл уонна кутуйах»

1

0

1

02.10.26


16

Таһаарыы түһүк

1

0

0

06.10.26


17

Туттуу түһүк

1

0

0

07.10.26


18

Холбуу түһүк

1

0

0

09.10.26


19

Тэҥнии түһүк

1

0

0

13.10.26


20

Аат тыл элбэх ахсаанын түһүктэниитэ

1

0

0

14.10.26


21

Ситиhиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит «Аат тыл»

1

1

0

16.10.26


22

Хонтуруолунай диктант. Аат тыл.

1

0

0

20.10.26


23

Нууччалыы суруллар аат тыл түһүктэниитэ

1

0

0

21.10.26


24

Нууччалыы суруллар аат тыл түһүктэниитэ

1

0

0

23.10.26


25

Хатылааhын «Аат тыл»

1

0

0

06.11.26


26

Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит

1

0

0

10.11.26


27

Даҕааhын аат

1

0

0

11.11.26


28

Даҕааhын аат (талан диктант)

1

0

0

13.11.26


29

Даҕааhын аат

1

0

0

17.11.26


30

Даҕааhын аат тылтан үөскээһинэ.

1

0

0

18.11.26


31

Даҕааhын аат тылтан үөскээһинэ.

1

0

0

20.11.26


32

Даҕааhын аат туохтууртан үөскээһинэ.

1

0

0

24.11.26


33

Даҕааhын аат даҕааhынтан үөскээһинэ.

1

0

0

25.11.26


34

Ɵйтөн суруйуу «Сурэҕэ суох сүүс сүбэлээх»

1

0

1

27.11.26


35

Нууччалыы суруллар даҕааhын аат

1

0

0

01.12.26


36

Хатылааһын «Даҕааhын аат» Хонтуруолунай устуу.

1

0

0

02.12.26


37

Хатылааьын «Даҕааhын аат»

1

0

0

04.12.26


38

Аахпыттан суруйуу «Куоска ууга харбыыра буолуо дуо?»

1

0

1

08.12.26


39

Хатылааһын «Даҕааһын аат»

1

0

0

09.12.26


40

Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит «Даҕааһын аат»

1

0

0

11.12.26


41

Төһө ахсаан аат.

1

0

0

15.12.26


42

Кэрискэ ахсаан аат.

1

0

0

16.12.26


43

Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит «Ахсаан аат»

1

0

0

18.12.26


44

Солбуйар аат.

1

0

0

22.12.26


45

Сирэй солбуйар аат.

1

0

0

23.12.26


46

Солбуйар аат. Ыйар, ыйытар солбуйар аат.

1

0

0

25.12.26


47

Хонтуруолунай диктант «Солбуйар аат»

1

1

0

29.12.26


49

Туохтууру хатылааһын

1

0

0

30.12.26


50

Туохтууру хатылааһын

1

0

0

12.01.27


51

Туохтуур билиҥҥи кэмэ.

1

0

0

13.01.27


52

Туохтуур билиҥҥи кэмэ.

1

0

0

15.01.27


53

Аахпыттан талан суруйуу

1

0

0

19.01.27


54

Туохтуур ааспыт кэмэ.

1

0

0

20.01.27


55

Туохтуур ааспыт кэмэ.

1

0

0

22.01.27


56

Графическай диктант

1

0

0

26.01.27


57

Туохтуур кэлэр кэмэ.

1

0

0

27.01.27


58

Туохтуур кэлэр кэмэ.

1

0

0

29.01.27


59

Суругунан улэ. Туохтуур.

1

0

0

02.02.27


60

Паараласпыт туохтуур.

1

0

0

03.02.27


61

Көҥүл диктант «Отут куул собо»

1

0

0

05.02.27


62

Туохтуур соруйар киэбэ

1

0

0

09.02.27


63

Хонтуруолунай устуу

1

1

0

10.02.27


64

Көмө туохтуурдар.

1

0

0

12.02.27


65

Талан диктант

1

0

0

16.02.27


66

Хайааһыны дьүһүннүүр туохтуур

1

0

0

17.02.27


67

Истэн диктант

1

0

0

19.02.27


68

Буолар, буолбат халыып

1

0

0

24.02.27


69

Туохтуур үөскээһинэ.

1

0

0

26.02.27


70

Хатылааһын «Туохтуур»

1

0

0

02.03.27


71

Хатылааһын «Туохтуур»

1

0

0

03.03.27


72

Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит «Туохтуур»

1

0

0

05.03.27


73

Сыһыат (хаhан? хайдах?)

1

0

0

09.03.27


74

Сыһыат (хаhан? ханна? тоҕо?)

1

0

0

10.03.27


75

Хатылааһын „Саҥа чаастара“

1

0

0

12.03.27


76

Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит

1

0

1

16.03.27


77

Чиэппэри түмүктүүр хонтуруолунай диктант

1

1

0

17.03.27


78

Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит.

1

0

0

19.03.27


79

Сыыһаларга үлэ

1

0

0

23.03.27


79

Этии.

1

0

0

24.03.27


80

Этии.

1

0

0

26.03.27


81

Этии.

1

0

0

06.04.27


82

Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии

1

0

0

07.04.27


83

Этии ойоҕос чилиэннэрэ.

1

0

0

09.04.27


84

Ойуулааһын тиэкис «Манчаары тас көстүүтэ»

1

0

0

13.04.27


85

Этии ойоҕос чилиэннэрэ.

1

0

0

14.04.27


86

Этии ойоҕос чилиэннэрэ

1

0

0

16.04.27


87

Этии ойоҕос чилиэннэрэ

1

0

0

20.04.27


88

Хонтуруолунай устуу «Саас»

1

1

0

21.04.27


89

Этии биир уустаах чилиэннэрэ

1

0

0

23.04.27


90

Туһулуу

1

0

0

28.04.27


91

Суругунан үлэ «Айылҕаны харыстааһын»

1

0

1

30.04.27


92

Сирэй саҥа

1

0

0

04.05.27


93

Ойуулааһын тиэкис «Эһэ»

1

0

0

05.05.27


94

Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит «Этии»

1

0

0

07.05.27


95

Түмүктүүр уруоктар «Аат тыл»

1

0

0

11.05.27


96

Хатылааһын «Даҕааһын аат»

1

0

0

12.05.27


97

Хатылааһын «Туохтуур», «Солбуйар аат»

1

0

0

14.05.27


98

Хатылааһын «Солбуйар аат»

1

0

0

18.05.27


99

Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит

1

0

0

19.05.27


100

Сыыhаны көннөрүүгэ үлэ

1

0

0

21.05.27


101

Сылы түмүктүүр хонтуруолунай диктант

1

1

0

25.05.27


102

Сыыhаны көннөрүүгэ үлэ

1

0

0

26.05.27


ОБЩЕЕ КОЛИЧЕСТВО ЧАСОВ ПО ПРОГРАММЕ

102

8

3










Үөрэх предметин материальнай-техническэй хааччыйыы

Библиотека пуондата:

  1. Саха тылын 1 -4 кылааска үөрэтиини сүрүннүүр бырагыраама.

  2. «Саха тыла» предмети 2 кылааска үөрэтэр учебник.

  3.  «Төрөөбүт тыл уонна литература», «Бастакы үктэл» научнай-методическай сурунааллар.

  4. Тылдьыттар (быһаарыылаах, таба суруйуу, синоним, антоним, омоним, сомоӄо домох)

  5. Грамматическай ыйынньыктар

  6. Оӄоӄо аналлаах энциклопедиялар.

  7. Уус-уран кинигэлэр.

Үөрэх цифровой ресурсалара:

  1. «Саха тыла» предмет УМК-н мультимедийнэй, электроннай сыһыарыылара

  2. Электроннай информационнай ыйынньык

  3. Сахалыы таба суруйуу компьютернай бырагыраамата.

Көрдөрөр-иһитиннэрэр босуобуйалар:

  1. «Саха тыла» предмет УМК-гар сыһыаннаах аудиодиискэлэр.

  2.  Саха тылын үөрэтии тиэмэлэригэр сыһыаннаах видеокиинэлэр.

  3. Презентациялар.

  4. Тус сорудахтаах карточкалар

Оонньуулар уонна оонньуурдар:

  1. Тылы сайыннарар остуол оонньуулара.

  2. Бодоруһууга үөрэтэр ситуационнай оруолунан оонньуу кэмпилиэгэ.


Туһаныллыбыт литература

1. Федеральнай государственнай үөрэх стандарта саха оскуолатыгар : (начаалынай уопсай үөрэхтээһин) – Н.Н.Ситникова, С.С.Семенова, Н.Н.Васильева; Саха Респ. Үөрэӄин м-бэтэ, Саха Респ. Нац. Оскуолаларын чинчийэр науч. Ин-т; - Дьокуускай : Бичик, 2011.

2. Саха тыла : үлэлиир бырагыраама : 1-4 кылаас / Л.В Захарова. – Дьокуускай : Бичик, 2017. – 48с. («Саха оскуолата» систиэмэтэ)

3. Захарова Л.В. Саха тыла. 4 кылаас. Икки чаастаах. Дьокуускай, Бичик, 2019. Дьокуускай: .

4. С.С.Игнатьева Саха тылыгар тестэр:1-4 кылаас- Дьокуускай: Бичик, 2009.

5. Капитонова И.Н., Васильева А.Е. уо.д.а. Дьыктаан уонна аахпыттан суруйуу хомуурунньуга- Дьокуускай: Бичик,2017.




Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Планирование

Целевая аудитория: 4 класс

Скачать
Рабочая программа "Родной язык" учебного предмета «Родной (якутский) язык»

Автор: Эверстова Нюргустана Владимировна

Дата: 19.11.2026

Номер свидетельства: 693149

Похожие файлы

object(ArrayObject)#851 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(112) "Конспект-карта урока по ФГОС. Глагол. Использование глаголов "
    ["seo_title"] => string(63) "konspiekt-karta-uroka-po-fgos-glaghol-ispol-zovaniie-ghlagholov"
    ["file_id"] => string(6) "199711"
    ["category_seo"] => string(12) "russkiyYazik"
    ["subcategory_seo"] => string(5) "uroki"
    ["date"] => string(10) "1428632081"
  }
}


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей


Распродажа видеоуроков!
1770 руб.
2530 руб.
2220 руб.
3170 руб.
ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства