Υтүө кунунэн кунду оҕолор, убаастабыллаах дьууллуур субэ. Мин аатым Говоров Айтал, сааһым алта.Төхтурдээҕи «Мичил» оҕо саадын иитиллээччитэ буолабын.
Бугуҥҥу проегым темата «Театр дьикти эйгэтэ».
Актуальнаһа: 2019 сыл- Россияҕа театр сыла.
Сыалым –соругум:
Оҕолорго саха театрын туьунан билиһиннэрии.
Артыыс идэтин сырдатыы.
Театр дьикти эйгэтигэр уһуйуу.
Проект бэлэмнии иликпинэ оҕолортон ыйыттым «Театрга сылдьыбыккыт дуо?» диэн.
Эппиэт маннык буолла:
-5 оҕо сылдьыбыт,
- 4 оҕо сылдьа илик,
- 3 оҕо сылдьыан баҕарар эбит.
Дьокуускай куорат улахан театрдарынан буолаллар:
- «Опера уонна балет» театра,
- А.С.Пушкин аатынан «Нуучча драмтеатра»
- П.А.Ойуунускай аатынан «Саха театра».
Мин эһиэхэ бугун Саха театрын туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
« Саха киһитэ, саха театра, саха артыыһа». Бу олус дириҥ ис хоһоонноох тыллар. Айар-тутар саха артыыстарыгар анаммыттар.
1920 сыллаахха Дьокуускай куоракка театр олохтоноругар икки бөлөх баар эбит.Нуучча бөлөҕө уонна саха бөлөҕө. 1925 сыллаахха саха бөлөҕө туспа барбыта уонна саха театра олохтоммута. Театр маҥнайгы дириэктэринэн А.И.Софронов – Алампа этэ.
1995 сыллаахха саха театырыгар П.А.Ойуунускай аата иҥэриллибитэ.
Бу сыллар тухары театр сыанатыгар араас биллиилээх дьон спектакылларын туруорбуттара.
Билигин саха театырыгар биэс көлуөнэ артыыстара улэлии-хамныы сылдьаллар.200 тахса улэһиттээх, 55 артыыс баар.
Бу артыыстар истэригэр мин убайым саха театрын артыыһа Игорь Говоров баар.Кини театрга 2008 сылтан улэлиир.Номнуо 11 сыл буолбут.
Убайым араас спектакылларга оонньообута.Бу « Көмүөл» диэн спектакылга Аркадьый оруолун толорбута.
Убайым Игорь театрга эрэ буолбакка киинэҕэ эмиэ уһуллар.
Бу «Кэскил-2» киинэҕэ, бу «Көнул Боотурдар» киинэҕэ уьуллубут хаартыскалара.
Мин убайым миэхэ кэпсээччи «Артыыс идэтэ ыарахан эрээри, олус интэриэһинэй» диэн. Киинэҕэ уһуллуон иннинэ гримнэннэҕинэ , кини Игорь Говоров буолбат.Кини - Көнул Боотур Бухатыыра буолар.
Бу саха театырыгар бара сылдьан туспут хаартыскам.
Биһиги дьиэ кэргэн чахчы даҕаны театры кытары ыкса ситимнээх эбит.
Мин аҕам Алексей Валерианович идэтинэн режиссер.Кини оҕо искусствотын оскуолатыгар театральнай кылаас салайааччыта.Оҕолору театр кэрэ эйгэтигэр уһуйар.Өссө ырыаҕа үөрэтэр, гитараҕа оонньуурга эмиэ үөрэтэр.
Кини уөрэнээччилэрэ араас таһымнаах курэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар.
Аҕам эмиэ артыыс. «Ревизор» диэн мюзиклга сурун оруолу толорбута.Ревизор буолбута.Ийэм ункуулээбитэ.Улууска бастакы миэстэни ылбыттара.
Биьиги уһуйааммыт иһинэн «Тииҥчээн» диэн театральнай куруһуок улэлиир. Мин онно биэс саастаахпар сылдьыбытым .Быйыл олонхо куруһуогар сырыттым, салайааччыбыт Верховцева А.Н. Араас куонкурустарга ситиһиилээхтик кытынныбыт.
Улааттахпына , баҕар эмиэ артыыс буолуоҕум.
Оҕолоор, ютубка, интернекка наһаа олоруман. Театрга, киинэҕэ сылдьын.Олоҕу кытта тэҥҥэ сайдын.
Тумукпэр этиэм этэ:
Саха театра хаһан олохтоммутун биллим.
Театр дьикти эйгэлээх эбит дии санаатым.
Артыыс дэгиттэр талааннаах буолуохтаах эбит.
Бу театр эмблемата:икки мааска. Υөрбут уонна хомойбут сирэйдэр.Артыыс ханнык баҕарар оруолу оонньуон сөп. Онтон артыыс саамай урдук наҕараадата: кыһыл көмус мааска буолар.Мин театр символын- маасканы онордум.
Болҕомтоҕут иһин махтал.
Төхтүрдээҕи оҕону сайыннарар «Мичил» оҕо саада
ПРОЕКТ
«Театр дьикти эйгэтэ»
аахта: Говоров Айтал ,6 саастаах
салайааччы: Шарина Мария Алексеевна
2019 сыл