Υтүө кунунэн, мин аатым Сандара Тарабукина, сааһым 6.
Докладым темата: « Георгий Жуков».
Сыалым: Советскай Союз геройун Георгий Жуков туһунан оҕолорго билиһиннэрии.
Соруктарым:
1. Оҕолорго Георгий Жуков оҕо сааһын туьунан билиһиннэрии.
2 Георгий Жуков хорсун быһыыларын сырдатыы.
3. Төрөөбут дойдуга тапталы, убаастабылы иитии.
Биллиилээх маршал Георгий Константинович Жуков сэтинньи 19 кунугэр 1896 сыллаахха Калужскай губерния, Стрелковка дэриэбинэтигэр төрөөбүтэ.
Аҕата Константин Артемьевич идэтинэн саппыкы тигээччи этэ.Ийэтэ Устинья Артемьевна.
Жуковтар олус дьаданытык олорбуттара.Георгий Жуков ахтарынан харчыларын мунньан Ороьуоспаҕа пирог сиэтэхтэринэ үөрүүбут улахан этэ диирэ.
Аҕата сапожник буолан дэриэбинэлэри кэрийэн улэлиирэ.Ийэтэ хаьаайыстыбатын короро.Ол иһин Георгий дьонугар көмө буолаары эрдэ үлэлии барбыта.
Сэттэ сааһыгар улахан дьону кытары окко үлэлиирэ.
11 сааьыгар Москва куоракка кожаны тигэр маастар идэтигэр үөрэттэрэ биэрбиттэрэ.
Москва куорат улаханын көрөн олус сөхпутэ.
Кини Москваҕа 4 сыл үөрэммит.Түөрт сыл үөрэнэн баран төрөөбүт дэриэбинэтигэр кэлбитэ.Оруобуна ол кэмнэ аттынааҕы дэриэбинэҕэ баһаар буолбут. «Быыьаан» диэн хаьыыны истэн умайа турар дьиэттэн икки оҕону уонна ийэлэрин быыһаабыта. Ол кэмнэ Георгий Жуков 14 эрэ саастааҕа.Оннук кини хорсун санаалааҕа.
1911 сыллаахха үөрэҕин бутэрэн кожаны тигэр маастар бастакы көмөлөһөөччүтэ буолбута.Иллэн кэмигэр элбэх кинигэ ааҕара, билиигэ көрүүгэ тардыһыыта олус күүстээҕэ.
1915 сыллаахха Георгий Жуков фроҥҥа кавалериһынан ынырыллыбыта.
1916 сыллаахха Германскай офицеры билиэн ылан Георгиевскай кириэһинэн наҕараадаламмыта.
Табаарыстара кинини олус убаастыыллара. Эскадрон салайааччытынан талбыттара.
1917 с Москваҕа төннөн кэлбитэ.Онтон гражданскай сэрии саҕаламмыта.
1918 с бэйэтин баҕатынан Кыһыл Армия кавалериятыгар киирбитэ.
1919 с улаханнык бааһыран дойдутугар төннүбүтэ.
Ол кэннэ эскадрон командира буолбута.
1921 с саас илиинэн кыргыһыы кэмигэр байыаннай доҕоро ата өлөр.Бутэһик мүнүүтэҕэ Кыһыл Армия этэрээтэ көмөҕө кэлбитэ.Хорсун быһыытын иһин бастакы Кыьыл Знамя орденынан наҕараадаламмыта. Ол кэмнэ олус сэдэх наҕараада этэ.
Георгий Жуков наҕараадалара:
- Ленин ордена
-Түөрт төгүл Советскай Союз геройа
-Икки Кыайыы ордена
-Кыһыл Знамя ордена
Араас омук суруйааччылара хорсун- хоодуот санаалаах Маршал Жуковка бэйэлэрин хоһооннорун анаабыттара:
« Как на площади Красной , на белом коне
Летит Маршал Жуков , а грудь вся в огне
Сверкали награды, гремело Ура!
И сыпались наземь знамена врага
И спины рейхстага доселе дрожат
От имени- Жуков! Москва! Сталинград!
Так было , так есть и так будет всегда!
И нам земляки не забыть никогда! ( Юрий Акимов).
Түмүкпэр этиэм этэ:
Г.К. Жуков туьунан олус элбэҕи биллим- көрдүм.
Хорсун – хоодуот быһыыларын билэн олус сөхтүм.
Оскуолаҕа киирдэхпинэ, билиибин- көрүүбун өссө хаҥатыам дии саныыбын.
Болҕомтоҕут иһин махтал!
Тохтурдээ5и о5ону сайыннарар киин « Мичил» о5о саада
ДОКЛАД
«Георгий Жуков»
Аахта: Тарабукина Сандаара
Салайааччы: Шарина Мария Алексеевна
2016 сыл