Υтүө күнүнэн күндү оҕолор, убаастабыллаах дьүүллүүр сүбэ. Мин аатым Иванов Вадим, төхтурдээҕи «Мичил» оҕо саадын иитиллээччитэ буолабын.
Мин бугуҥҥу докладым темата « Аныгы үйэ роботтара»
Сыалым-соругум:
1Роботтар диэн кимнээхтэрин билии.
2. Роботтар дьоҥҥо туһаларын оҕолорго билиһиннэрии.
3.Роботтар араастарын билии .
Мин эһиэхэ бугун роботтар тустарынан кэпсиэхпин баҕарабын.
Оҕолоор, эһиги роботтар диэн кимнээхтэрин билэҕит дуо?
Роботтар бу дьикти оҥоһуулаах массыыналар эбит.Кинилэр арааһынай механизымтан тураллар , араас ыарахан улэни бэйэлэрэ оҥороллор.Ол иһин кинилэр дьоннору кутталлаах, ыарахан улэлэргэ солбуйаллар.
Элбэх сыл аннараа өттугэр учуонайдар толкуйдаабыттар уонна массыына киһини солбуйуон сөп эбит диэн быһаарбыттар.Роботтар тас көруҥнэринэн дьоннорго да үөннэргэ да майгынныахтарын сөп.Дьоннор оҥорор үлэлэрин үксун оҥороллор, сороҕор өссө ордук оҥороллор.
Ол эрээри роботтар бэйэлэрэ сатаан хамсамматтар, кинилэри хамсатарга дьоннор программа онороллор.
Робот улэтэ 3 фазаттан турар:
Компьютер киһиэхэ команда биэрэр.
Робот мотор көмөтүнэн хамсыыр.
Датчик көмөтүнэн хамсаныытын быһаарар.
Аныгы үйэ роботтара фабрикаларга, заводтарга киһи доруобуйатыгар кутталлаах үлэлэргэ , балыаһаларга, оннооҕор космоска дьону солбуйаллар эбит.
Бу улахан робот аата « Скайуош» иккис аата « илии» диэн, кини уһуна 33 м.Бу робот улахан лайнердары сууйарга туттуллар. Икки робот «Боинг Джамбо» диэн лайнеры 2 чаас сууйаллар.Дьоннор сууйбуттара буоллар 10 чаас бараныа этэ.
Бааллар эбит муоста сууйар роботтар.Бу полотер робот аата « Румба».Кини пылесос эрэ буолбатах, сүппүт күлүүстэри, араас бытархай маллары булар эбит.Уонна оҕону харабыллыан сөп.
Роботтар ууттан даҕаны, уоттан даҕаны куттамматтар . « Гардробо Д1»робот- пожарник.Кини икки уунан ыстарар пушкалардаах, улахан баһаардары умулларар.
Киһи уу анныгар уһуннук сылдьыбат. 2 км аллараа уу баттааһына олус күүстээх, тыынарга ыарахан. Уу анныгар сылдьар роботтар тимирбит хараабыллар « хара дьааһыктарын» булаллар, уу аннын үөрэтэллэр.
Бу телевизорынан салайтарар « Супер ахиллес» муора тугэҕиттэн былыргы маллары оруур.
« Сони» фирма айбыт ыттарын дьоннор олус сөбулүүллэр. Кинилэр киһи хамаандатын истэллэр уонна бэйэ бэйэлэрин кытары оонньууллар.
Аибо- японскайдыы доҕор диэн.
Дьоннор аан бастаан халлааҥҥа « Сайфоры» көрөн бараннар, инопланетяниннар көтөр тарелкалара дии санаабыттар.Ол эрээри бу көтөр аппарат небоскребтар түннүктэрин өҥөйөн көрүөн сөп эбит.
Космоска көппүт роботтар эргиллэн кэлэллэрэ сэдэх буолар. Бу робот Марс планетаны бэйэтэ чинчийбит.Кини элбэх видеокамераттан турар.
Эһиги оҕолоор, робот бырааска ыарыйдаххытына эмтэтиэххит этэ дуо?
Электроннай быраастар харахха, мэйиигэ, онтон да атын органнарга ыарахан эпэрээссийэни хаачыстыбалаахтык, ыраастык онорор. Маны барытын киһи салайар.
Бу – робот жокей верблюдтар сүүрүүлэригэр кыттан, чемпион аатын ылбыт.Омуктар верблюдтарга оҕолору олордон баран суурэллэр эбит. Оҕо ыйааһына чэпчэки ол иһин.Ол иһин жокей роботтар баар буолбуттар.
Киборг- аҥара массыына, аҥара киһи.Киинэлэргэ, мультиктарга киборгтар куһаҕан оруоллары оонньууллар.Кинилэр дьоннортон сири былдьаары гыналлар. Ол эрээри учугэй роботтарга кыайтараллар. Бу-Борг, бу- Кибермен, бу- Робокоп.
Стенли массыынаны ыытарга суоппар наадата суох.Инники көлөһөтүн электрическай мотор салайар.Америкаҕа буолбут автогонкаҕа, кумах куйаарга маҥнайгы кэлбит.
Мин эһиэхэ робототехника сокуонун билиһиннэриэм:
1 закон- робот киһиэхэ буортуну аҕалыа суохтаах.
2 закон- робот киһи биэрэр хамаандатын барытын толоруохтаах.
3 закон- робот хаһан баҕарар бэйэтин харыстаныахтаах.
Сорох роботтар оннооҕор киьи эмоциятын утуктэллэр.Бу-үөрбут, бу- куттаммыт, бу- кыыһырбыт, бу- утуйбут.
Кырдьык даҕаны роботтары , киборгтары кытта оонньуур олус учугэй, элбэҕи билэҕин , көрөҕүн. Ол да буоллар табаарыстарбын кытары оонньуурбун туохтааҕар да ордоробун. Табаарыскын ханнык даҕаны сайдыылаах робот солбуйбат. Тоҕо диэтэххэ робот киһи курдук толкуйдаабат, үөрбэт-көппөт.Баҕар хаһан эрэ учуонайдар киьитээҕэр өйдөөх роботы айыахтара. Мин санаабар онно элбэх бириэмэ наада буолуо.
Мин бу доклады бэлэмниирбэр олус элбэҕи, интэриэһинэйи биллим, көрдүм.Элбэх сана тыллары көрүстүм уонна маннык түмуккэ кэллим:
Роботтар дьоҥҥо ыарахан улэлэргэ көмөлөһөллөр эбит.
Роботтар оннооҕор космоска сылдьыбыттар.
Роботтар наһаа өйдөөхтор, ол эрээри киһи курдук толкуйдаабаттар.
Болҕомтоҕут иһин махтал.