kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Проект "Аныгы уйэ роботтара"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Проект для дошкольников.О пользе разных видов роботов.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Проект "Аныгы уйэ роботтара"»

Доклад темата: «Тулуур уонна инникигэ дьулуур».

Сыала- соруга:

  1. Биир дойдулаахпыт Мария Романовна Неустроева туһунан оҕолорго билиһиннэрии.

  2. Мария Романовна үгүс ситиһиилэрин оҕолорго сырдатыы.

  3. Биһиги дьиэ кэргэн спортка сэмэй ситиһиилэрин билиһиннэрии.

Быйылгы 2016 сыл биһиги улууспутугар спорт сылынан биллэриллибитэ.

Мин эьиэхэ бугун кэпсиэхпин баҕарабын биһиги нэһилиэкпит олохтооҕо, сүүрүүгэ Аан дойду призера Неустроева Мария Романовна туһунан.Мин докладым темата « Тулуур,инникигэ дьулуур» диэн , бу кини девиһа буолар.

Мария Романовна 1948 сыллаахха, ахсынньы 13 кунугэр Хорообут боһүөлэгэр, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэ төрөөбүтэ.Эрдэ соҕотох хаалбыт ийэтигэр илии – атах буолан, кыра эрдэҕиттэн улэҕэ-хамнаска эриллэн улааппыта.

Мария Романовна сэттэ сааһыттан кыралаан сүүрэр эбит.Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан улахан дьон хамаандатыгар киирэн тэннэ сүүрэрэ.Хорообукка олорон 8 км ыраах сиртэн сатыы сылдьан үөрэммитэ.

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан улуус спартакиадаларыгар ситиһиилээхтик кыттара.

1972 сылтан Төхтур бөһүөлэгэр олорор.

Мария Романовна сүүрүүнү олоҕун аргыһа оҥостон, сааһыран баран үрдүк ситиһиилэринэн аан дойдуга биллибитэ.

1990 сыллаахха аан бастаан Москва куоракка аан дойду аатырбыт марафонугар кыттан 8 миль сиргэ сырсан сертификат ылбыта.Онтон санаата күүһүрэн, маннык улахан курэхтэһиилэргэ кыттыахха сөп эбит ээ диэн санаан, сүүрүүнэн анаан –минээн дьарыктанан барбыта.

Кини сурун тренеринэн өр сылларга физкультура учууталынан улэлээбит, чэпчэки атлетикаҕа дириҥ билиилээх Николай Семенович Егоров буолбута.Мария Романовна оскуола оҕолорун кытары тэҥҥэ дьарыктанара.

Мария Романовнаттан курэхтэһиин иннинэ туох аһы сииргин сөбүлүүгүн , диэн ыйыппыттарыгар. Эппит этэ, мин сүүруом иннинэ икки быһыы арыылаах, барыанньалаах килиэби сиэтэхпинэ, миэхэ саамай учугэй диирэ.

Мария Романовна аата Мэнэ-ханаластан Европаҕа тиийэ биллибитэ.

Бу сүүрүүк бастыҥ көрдөрүүлэрэ:

- 1995 с-47 саастааҕар Аллараа Новгородка 21 км- 3 миэстэ.

- 2003 с- 55 саастааҕар Москваҕа 10 км- 3 миэстэ.

- 2005 с- 57 сааһыгар Адлер куоракка 10 км- 1 миэстэ.

- 2007с- 59 сааһыгар Италия Ричиони 8 км кросс-кантри сырсыыга- 3 миэстэ.

- 2008 с- 60 сааһыгар Швеция Мальте куоратыгар 10 км- 1 миэстэ.

-2012 с- 64 сааһыгар Германия, Польша куораттарыгар ыытыллыбыт марафонна 42 км- 3 миэстэ.

- 2014 с- 66 сааһыгар Будапешт куоракка 8 км- 2 миэстэ.

- 2015 с- 67 сааһыгар Франция5а 10 км- 8 миэстэ буолбута.

Мария Романовна биһиэхэ куулэйдии кэлэ сылдьан мэтээллэрин көрдөрбүтэ .Уопсайа 270 мэтээл баар диэбитэ.Маннык элбэх мэтээли мин хаһан даҕаны көрө илигим.Көрөммүн олус сөхпүтүм уонна Мария Романовнанан киэн тутта санаабытым.Наһаа тулуурдаах эбит дии санаабытым. Мария Романовна наһаа да уһун сири сүүрбүт диэн сөхпүтүм.Мин санаабар кини өссө даҕаны ханна эрэ курэхтэһэ барара буолуо дии саныыбын.

Мария Романовна түөрт оҕо уонна аҕыс сиэн тапталлаах ийэтэ уонна эбээтэ буолар.

Мин аҕам Данил Александрович эмиэ спортсмен.( хоһоон).

Мин аҕам Υөһээ Бүлүүгэ спортивнай оскуолаҕа үөрэммитэ.Оскуоланы бүтэрэн баран Чурапчытааҕы физкультура институтугар үөрэнэ киирбитэ .Бүтэрэн баран физкультура учуутала уонна тустуу тренэрэ буолбута.

Мин аҕам олус күүстээх, араас курэхтэһиилэргэ сылдьан элбэх мэтээллэрдээх уонна грамоталардаах.Мин аҕабынан киэн туттабын.

Кини биһигини эмиэ эппитин- хааммытын эрчийэр, биһиги бииргэ зарядкалыыбыт, сүүрэбит, сыыртан сырылыыбыт, элбэхтик айыл5а5а сылдьабыт, иллэн кэммитин, сынньалаҥмытын туһалаахтык , бары бииргэ сылдьан атаарарбытын сөбүлүүбүт.

Биһиги балтыбынаан улааттахпытына эмиэ спордунан дьарыктаныахпыт дии саныыбын.Мин детсадка физкультура дьарыгын олус сөбүлүүбун. Ордук кегли быыһынан сүүрэрбин ордоробун.

Тумукпэр этиэм этэ:

  1. Биир дойдулаахпыт Мария Романовна туһунан олус элбэ5и, интэриэһинэйи биллим- көрдүм.

  2. Кини инникигэ дьулуурунан киэн тутта санаатым.

  3. Олус элбэх дойдулар уонна куораттар ааттарын биллим.

Оҕолоор, чөл олохтоох буолун, физкультуранан дьарыктанын !

Болҕомтоҕут иьин баһыыбаларын.

-






Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Дошкольное образование

Категория: Прочее

Целевая аудитория: Дошкольникам.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Проект "Аныгы уйэ роботтара"

Автор: Шарина Мария Алексеевна

Дата: 16.12.2019

Номер свидетельства: 532151

Похожие файлы

object(ArrayObject)#851 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(83) "Проект для дошкольников "Аныгы уйэ роботтара""
    ["seo_title"] => string(44) "proekt_dlia_doshkolnikov_anygy_uie_robottara"
    ["file_id"] => string(6) "532150"
    ["category_seo"] => string(21) "doshkolnoeObrazovanie"
    ["subcategory_seo"] => string(7) "prochee"
    ["date"] => string(10) "1576481560"
  }
}


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства