kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Сэтинньи -Байанай ыйа

Нажмите, чтобы узнать подробности

Сценрий развлечения для дошкольников на тему- Байанай
Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Сэтинньи -Байанай ыйа»

Байанай бырааьынньыгын сценарийа

Сыала: Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт улэни тумуктээьин . Саха киьитин торут дьарыга булт туьунан о5олор билиилэрин чинэтии, обугэлэр угэстэрин, булт сиэрин-туомун салгыы бииьиннэрии. Айыл5а5а тапталы, харыстабыллаах сыьыаны иитии. О5о айар дьо5уру сайыннарыы (ункуугэ,уус-уран тылга,ырыа5а).

1 чааьа «Кыьын»

Ыытааччы: Сэтинньи ый - Байанай ый диэн ааттанар. Бу ыйга булчуттар ыраах бултуу-алтыы баралар. Кунду туулээ5и эккирэтэллэр, эьэкээннэригэр уомэлэр, айах туталлар. Отуу-маьы алдьатыам суо5а, наадыйарбы эрэ ылыам диэн анда5ар этэллэр. Саха булчута бултаан дьиэ кэргэнин иитэр-аьатар, таныннарар.

Бугун биьиэхэ уоруулээх кун Баай Барыылаах Байанайбыт кунэ. Утуокэн угэстээх, Сээркээн сэьэннээх, оттук харалаах Баай Байанай бырааьынньыгынан э5эрдэлиибит.

О5олор хоьоон аа5ан иьитиннэриэхтэрэ, ырыа ыллыахтара.

Хоьоон «Кыьын»

Ырыа «Маннайгы хаар» Бары ыллыылар

Билигин биьиги , тыа5а бултуон иннинэ ойуур оло5ун тоьо билэргитин билиэхпит.

Таабырыннар.

Ууга олохтоох,от аьылыктаах кыыл баар уьу (Андаатар)

От-мас аьылыктаах ойуоккалаан о5онньор баар уьу (Куобах)

Тор-тор торулуур маьы тонсуйар баар уьу (Тонсо5ой)

Ууга киирдэ5инэ балык, кытыыга та5ыста5ына кыыл баар уьу (Урун эьэ)

Отонноо5ор оччугуй,о5устаа5ар куустээх баар уьу (Бууддьа)

БаЬаам элбэх аанынан ким да тахсыбат уьу (Илим)

Бииргэ миинниллэр икки ат баар уьу (Хайыьар)

Тыый, таабырыннарбыт таайыылара бэйэлэринэн тиийэн кэлбиттэр дии.

О5олор толорууларыгар хоьооннор.

«Тиин» хоьоону аа5ар...

«Эьэ»

«Боро»

«Кырынаас»

«Саьыл»

«Таба»

«Хаар» Ырыа

Булчут киирэр. Утуо кунунэн о5олор! Мин эьиэхэ ыалдьыттыы кэллим , булчуттарбын бултуу илдьэ бараары. Ол барыахпыт иннигэр булчуттарга оонньуу оонньотон короору гынабын.

Булчут: Булчут кыра5ы харахтаах , эрчимнээх илиилээх буолар онон Ким саамай сытыы харахтаа5ын, сымса илиилээьин билиэхпит.

«Ким куоба5ы, тиини табар» (Сыал быра5ыы мээчигинэн) 2о5о тахсар.

«Куьу состоруу» Ким тургэнник куьу ууттан таьаарар.(2 о5о куоталаьар)

Ханнык ба5арар булчут бэйэлэрэ миннэр кололоох уонна кыьынны тонуу хаарга атахтарыгар кэтиллэр хайыьардаах буолаллар. Ол хайыьардарынан тургэнник суурэр, сырылыыр буолуохттаахтар. Онон билигин ким сымса, тургэн атахтаа5ын билиэхпит.

«Хайыьарынан хаамтарыы» (2 о5о тахсар хайыьардаах)

Аны о5олор, билигин булчут туттар тэрилин тоьо билэргитин коруохпут.

Бу мин рюкзээкпэр араас булчуттар, балыксыттар туттар тэриллэрэ бааллар ону аттыы-ааттыы булчут рюкзээгэр уган иьиэхтээххит. Ким сопко ааттаан, булан укпут киьи ол кыайар.

Оонньуулар:

«Соптоох тэрили бул» 2 о5о оонньуур.

«Кыылы кутуругунан эбэтэр суолунан бул» (Ойууннан эбэтэр проектарынан кордоруу).

Оонньуу «Куобахтар уонна боро»

2 чааьа «Булчуттар»

Булчут кутаата

Булчуттар бултуу бараллара

Иистэнньэннэр танас тигэллэр

Мода кордоруутэ

Булт аьын амсайыы


Ыытааччы: Комус кыымын ыьыахтаан

Кутаа уота умайда

Сырдаан, костон кэллилэр

Харыйалар, бэс мастар,

Муьуннулар кордоох дьоннор сааьыттар.

Кору-нары тэнитэн

Сэьэн –номох эргитэн

Булчут дьонум айдаарар.

Булчут уолаттар оллооннорун тула олороллор, сэьэргэьэллэр.

Кырдьа5ас булчут: Куоспут буста, аьыаххайын.

Бастаан аал уоппутун аьатыаххайын.

Бары тобуктаан тураллар.

Булчут ас кээьэр. Алгыс тыла-оьо.

Аал уотум иччитэ,

Алтан сэбэрэй эьэм.

Баай хара тыам иччитэ

Баай Байанай!

Алтан чуораан айаххар

Ал5аан аьатабын

Аьаа-сиэ, кулум гын,

Мичик гын!

Булчуттар аьыылар. Бултуу бараары хомуналлар.

Булчуттар хаьан ба5арар бултуу баралларыгар айанныыр кололоох бараллар.

Хаар, хаар хаачыргыыр

Халлааным халынна.

Тап-тап табыйан,

Табаккам, айаннаа!

Ункуу «хотугу ункуу» (улахан белех)



Ункуу «кердеех кыылар» (орто, кыра белех)

Хоьоон эбэтэр ырыа.

Ыытааччы: Уран тарбахтаах иистэнньэннэрбит уустаан-урааннаан тикпит танастарын корорго ынырабыт.

Мода кордоруутэ.Туулээ5инэн тигиллибит танаьы кэппит о5олор киирэлэр.

Ыытааччы: Байанай кору-нары таптыыр. Ол иьин кинини уорэн-котон, учугэйдик туттан корсоллор. Биьиги эмиэ уоруо5ун!

Куллэристээн биэриэ5ин (кулэллэр).

Тумук. Биьиги аар тай5абытын, тулалыыр айыл5абытын мэлдьи харыстыа5ын! Оччо5о эрэ котор-суурэр уксуу туруо, Баай Байанайбыт араас булдунан кундулуу туруо!

Баай Байанай кундулээбит аьыттан амсайыаххайын.

Туттар тэриллэр

Булчуттар тириилэрэ, танастара.

Иистэнньэн кыргыттар танастара.

Табалар танастара

Туулээх танастар

Оллоон , котелок

Оонньуурдар (куобах, тиин, 2 кус манчуук, 2 мээчик)

Мас хайыьардар ( 2 хайыьар)

Булчут туттар тэриллэрэ ( 2 рюкзак, чумэчи, испиискэ, иьит-хомуос, быьах, саа, хапкаан, туьах, ботуруон,) Илим, куйуур, туу –хартыынаннан кордоруу.

Кыыллар танастара ( Эьэ, саьыл, таба, тиин, кырынаас, куобах)

Кыыллар суоллара, кыыллар кутуруктарын ойуута.





Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Дошкольное образование

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: Дошкольникам.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Сэтинньи -Байанай ыйа

Автор: Крылова Анна Аркадьевна

Дата: 03.11.2016

Номер свидетельства: 354801

Похожие файлы

object(ArrayObject)#853 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(21) "Байанай ыйа"
    ["seo_title"] => string(11) "baianai_yia"
    ["file_id"] => string(6) "366274"
    ["category_seo"] => string(10) "vneurochka"
    ["subcategory_seo"] => string(12) "meropriyatia"
    ["date"] => string(10) "1481003059"
  }
}
object(ArrayObject)#875 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(66) "Презентация: "Кыыллары төһө билэҕин""
    ["seo_title"] => string(38) "priezientatsiia_kyyllary_toho_bileg_in"
    ["file_id"] => string(6) "442266"
    ["category_seo"] => string(21) "doshkolnoeObrazovanie"
    ["subcategory_seo"] => string(11) "presentacii"
    ["date"] => string(10) "1512456723"
  }
}


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Ваш личный кабинет
Проверка свидетельства