Таатта улууьа, М.Н.Турнин аатынан Тыараьа орто уопсай уерэхтээьин оскуолата
Саха литературата уонна айыл5а үөрэҕин силлиспит уруога (5 кылаас)
Данилова Е.С.- саха тылын уонна
литературатын учуутала
Биһиги оскуола олоҥхо педагогикатынан үлэлиибит. Ол чэрчитинэн сыллата олоҥхонон үлэбит хас да көрүҥүнэн барар: Иитэр үлэҕэ-олоҥхо декадата уонна араас тэрээһиннэр.
Үөрэххэ: олоҥхонон араас тииптээх уруоктар уонна кылааһы таһынан дьарыктар.
Тема: Тулалыыр айылҕа уус-уран айымньыга
«А.Е.Кулаковскай-Оксекулээх Олексей «Уруйэ» хоьооно».
Сыала: Кулаковскай-Оксекулээх Олексей «Уруйэ» айымньытынан
тереебут тыл баайын айыл5а уерэ5эр сыьыаран уерэтии, айыл5а5а
харыстабыллаах сыьыаны инэрии.
Соруктар: 1. Уу улуу оруолун ейдуур, айыл5атын уратытын билэр
уеруйэхтэрин инэрии.
2. А.Е. Кулаковскай-Оксекулээх Олексей дэгиттэр талааннаах
суруйааччы, норуоту норуот дэппит улуу белуьуек буоларын
сырдатыы.
3. Ууга харыстабыллаах сыьыаны иитии.
4. О5о бэйэ-бэйэтин истиьэ, санаатын этэ уерэнэрин ситиьии.
Уруок былаана:
Учуутал темаҕа сыыйа киллэрэр, таабырын
Уруйэ, урэх, ерус, муора, акыйаан олонхо олуктарыгар, уонна бары биир сибээстээхтэрин быьаарыы.
Саха литературатын теруттээбит А.Е. Кулаковскай -Ексекулээх Елексей туьунан.
«Уруйэ» хоьоону аа5ыы, ырытыы, тылы кытта улэ.
Картанан уу улахан эргиирин кердеруу.
Хоьоон 2-с чааьын ырытыы.
Ууга харыстабыллаах сыьыан туьунан бэйэ айымньыта.
Уу туьунан хоьоону эбэтэр «Ууну хайдах харыстыахха себуй?» бэйэ керуутун кемускээьин.
Туьаныллар материаллар: проекторынан, А.Е. Кулаковскай-Оксекулээх Олексей хаартыската, Тыараьа нэьилиэгэр баар биьигин пааматынньыгын, олорбут кыстык бала5анын хаартыскалара, интерактивнай аан дойду физическэй картата, урэх, муора, ерус , айыл5а хаартыскалара, айыл5аны харыстаан видеофильм сюжеттарыттан, саха литературатын, природоведение 5 кл учебниктара; ватманна Тыараьа нэьилиэгин урэхтэрин ойуута, олонхо олуктара, белеҕунэн улэ быраабылата.
Туттуллар тэриллэр: Проектор, компьютер, экран, цветной кумааҕынан
балыктар, олонхо ойуутун слайдалара, проигрыватель,
уруйэ туьунан видеозапись, олонхо олуктара, карта,
дуоска5а тема аата, беле5унэн улэ быраабылата.
Уруок хаамыыта:
Тэрээьинэ:
Учуутал Åкатерина Степановна.: Утуе кунунэн!
Биьиги бугунну уруокпут ураты уруок. Уруокпут уратыта-икки предмет, саха литературата уонна айыл5а уерэ5э предметтэрин силлиспит, ол эбэтэр интегрированнай уруога буолуо. То5отун, о5олоор, уруок бутуутэ бэйэ5ит толкуйдаан этиэххит.
А5ыс иилээх-са5алаах,
Атааннаах-менуеннээх,
Аан ийэ дойдуга
Сарданалаах сааскы сырдык
Сатыылаабыт кунугэр,
Кыа5ы-кууьу мунньунан
бэлэмнит дуо улэлииргэ?
Сыал-сорук туруоруута.
Бол5омтолоох буолуу.
Толкуйдааьын.
Ырытыы.
Санааны аьа5астык этии.
Бэйэ-бэйэ5э убаастабыл.
Улэбит сурун ньыматынан буолар туьааннаах литератураны хасыьан- кердеен улэлээьин.
Улэбит беле5унэн барыа5а.
1 белеххе-аата Тея киирэллэр: Б. Кеша, Б. Вита, Т. Алеша
2 белеххе-аата Бергеле киирэллэр: Х.Ньургун, С.Мичил, Н.Юля, Д. Оля
3 белеххе-аата Бэс урэх киирэллэр: Т. Максим, Е. Люба, С. Яша
Бу ааттаргыт мээнэ буолбатахтар, биьиги нэьилиэкпит сиригэр баар урэхтэр ааттара буолар, белехтер септеех эппиэт биэрдэххитинэ урэххит балыгынан туолуо.
- Кырдьык да бугун сааскы кун буолбут, онон бары туох эрэ сонуну дьиктини билээри кэлэн олорор буолуохтааххыт.
(Проекторга таайбаран).
-Чэ, таабырыннаьыаххайын, эрэ.
Орто дойдуга тыынар дууьа5а туох да аьара минньигэс ас баар µьµ. (Уу)
Бэйэтин о5отуттан, сиэниттэн аьаан олорор улуу кутур баар уьу. (Орус)
Диринтэн дирин баар уьу. (Муора)
- Саамай сеп (таайбыт о5о5о балык жетон бэриллэр )
То5ус урэх тутуьуутугар
Сундэлэ далай уулаах
Сууруктээх ерус.
А5ыс уон а5ыс урэх
Арыллааннаан айгыстан
Айдааран-айманан киирэр.
Сэттэ уон сэттэ силбиктээх
Сирэм куех урэх…
А5ыс уон а5ыс
Ааттаах аарыма урэх.
- Проекторга – олонхо слайдалара.
- Олонхонон бугунну уруокпут онкулун о5устубут. Оссо салгыы истиэ5ин эрэ.
Уруйэ тыаьа (турукка киллэрии) видеосюжет.
Учуутал Екатерина Степановна: О5олоор, тугу истэ5итий?
О5олор: Уу, суурук тыаьа иьиллэр.
Чопчулаан эттэххэ … уу сууругурэр тыаьа, уруйэ тыаьа. Билигин биьиги бары самаан сайын барахсан чээл куе5ун санаан ыллыбыт. Маннык кэрэ кестууну киьи хайдах хоьуйуо суоҕай?.
-маннык кэрэ кестууну хоьуйбут эбит саха уус-уран литературатын теруттээбит учуутал, историк, поэт-суруйааччы, тылбаасчыт, кербуеччу, белуьуек, айар тыл аҕата ... (А.Е. Кулаковскай-Оксекулээх Олексей хаартыската слайдаҕа кестер. Оҕолор аатын этэллэр)
Учуутал Рена Нотаровна: Оҕолоор Алексей Елисеевич Кулаковскай ийэтэ Анастасия-Елееье Собакин диэн биьиги нэьилиэкпитигэр 1771-1856 сылларга олоро сылдьыбыт киьи Куонааскы диэн уолун кыыьа эбит. Анастасия икки уоллааҕыттан бу улаханын Елексейу эьэтигэр Куонааскыга ииттэрэр. Онон кини уола Елексеендур Настаа убайа Елексей таайа аахха кыра сааьыттан 9 гар дылы иитиллэр. Онон эьиги киэн туттуохтааххыт маннык улахан киьи хаан уруу аймаҕа буоларгытынан, тоҕо диэтэргит эьигиттэн бу Елееье Собакин теруттээбит аҕа улууьун сэттис келуенэтин ыччата буолаҕыт. Онтон Алексей Елисеевич тердус келуенэ киьитэ буолар. Бу хаартыскаҕа кестер балаҕан Кыйыга (Тыараьа нэьилиэгэ) ханна баарын ким билэрий?(Балаҕан хаартыската) Кыйы соҕуруулуу арҕаа еттугэр Сергей аранастааҕа диэн етех Ессуентуй етеҕун кэнниттэн кэлэр Таатта кырдалыгар турар. Алеша Турнин сайын кун аайы кэриэтэ торбосторун хомуйарыгар бу балаҕан аттынан ааьар...
Бу Кулаковскай оҕо сааьа ааспыт кыстык балаҕан дьиэтэ. Онтон бу сир ханна баарын ким билэрий? (А.Е.Кулаковскай сайылыгар турар биьик пааматынньык хаартыската). Маладьыастар, эьиги таах мээнэ куулэйдии сылдьыбатаххыт барытын уерэтэ, билэ-кере сылдьыбыккыт.
Учуутал Екатерина Степановна: Бугунну уруокпут сурун улэтин са5алыаххайын. Учебниктан А.Е.Кулаковскай-Оксекулээх Олексей суруйбут “Уруйэ” хоьоонун буллубут (148 страница).
-Билигин биьиги Норуот сайдарын туьугар оло5ун анаабыт сырдатааччы “Уруйэ” хоьоонун аа5ыаххайын.
Тиэкиьи кытта улэ.
А.Е.Кулаковскай-Оксекулээх Олексей «Уруйэ» хоьоонун аа5ыы.
Тылы кытта улэ. Тиэкиьи туьанан тылы быьаарыы.
(Проекторы кердеруу)
Кырыс-куех от
сыккыс-сууругурэр тыас
сиккис – чэпчэкитик
сиэдэрэс –сиэдэрэй (дьэрэкээн)
кэнсэйбит – буруо, хотон сыта
киэп – дьуьун-бодо
саппа5ырбат – куьа5ан дьуьуннэммэт
ырыганнаабат- уостан-сутэн хаалбат
удумар- ба5ар уьуна суох (кылгас)
телке –дьыл5а, олох
Муора.
Оботтоох- кэччэгэй, инсэлээх
Уорааннара –тымныылара, тыаллара
О5уруйа – бэйэтигэр тарда турар, оборор
Амырыын-кыыьырбыт, кутталлаах
Албаннаах –кердуур, умналаьар
Ахсырыйа –наадыйбат, бол5омто5о уурбат
Далай – дирин уулар
Курулгэн – куустээх, дохсун сууруктээх
Кутур-кэччэгэй, бэрсиэн ба5арбат
Сычча5а – олорор олохторо суох
Тиэкиьи кытта улэ.
Уч.; -Аны билигин хас биирдии белеххе тус-туьунан сорудах бэриллэр.
1 сорудах:
Белех сорудаҕа:
Сырдык сиэркилэ таас-суппэккэ сууругурэ5ин, уолбакка уста5ын, бараммакка бара5ын-туох санааны этэрин быьаар.
Белех сорудаҕа:
Утаппыт кетер-суурэр кэнсэйбит киьи-суеьу-уоскуйан-серуукээн ааьаллар-автор сурун санаатын эт.
Белех сорудаҕа:
Уруйэчээниэм-киэбин киртийбэт уун саппа5ырбат-тыл кэрэтин кууьун ейдеен аах.
сорудах: Хоьоон тылын-еьун керебут.
1 Белех сорудаҕа:
Тыыннаа5ымсытан кердерууну булан аа5абыт. Быьаарабыт.
Белех сорудаҕа:
Ойуулуур-дьуьуннуур тыллары була5ыт. Поэт хайдах туттубутун кэпсиигит.
Белех сорудаҕа:
Паараласпыт тыллары булан аа5ын. Хайдах туттуллубутун быьаарын.
3 сорудах:
Аны билигин маннык сорудах:
1 Белех сорудаҕа:
Поэт уеруутун хайдах биэрбитин быьаараҕыт
2 Белех сорудаҕа:
Поэт хомойуутун хайдах биэрбитин быьаараҕыт
Белех сорудаҕа:
Поэт эрэниитин хайдах биэрбитин быьаараҕыт
IV. Учуутал Рена Нотаровна:
-Дьэ эрэ, оҕолоор уруйэ туьунан айымньыга билистигит, видеосюжет кердугут. Аны маны керун эрэ, бу биьиги урэхтэрбит ханна туьэллэр эбитий? Саамай сеп. Тааттабыт урэҕэр.
- Оччоҕо эьиги урэхтэргит Таатта урэҕин ханнык салаалара буолалларый? Ону билээри ерус ханна баран туьэр сиригэр сууругу таннары турабыт. Ерус салаата кылаабынай ерускэ уна еттугэр баар буоллаҕына уна салаата буолар. Оттон салаа ханас еттугэр баар буоллаҕына ерус ханас салаата аатырар. Толкуйдаан баран этэҕит.
(Оҕолор урэх салаатын быьаараллар).
-Бергеле, Бэс урэх, Таатта уна салаалара оттон Туейэ ханас салаа буолаллар.
-Таатта урэх ханна баран туьэрий?
-Алдан ерускэ. Алдан еруспут Елуенэ эбэҕэ баран туьэр, кини ханас салаата буолар. Урэхтэр, ерустэр, куеллэр, ледниктэр уонна сир аннынааҕы уулар бары кураанах сир о.э. материктар уулара буолаллар. Елуенэ еруспут ханнык муораҕа баран туьэрий? Лаптев муораҕа. Лаптев муора Хотугу муустаах акыйаан муората буолар. Акыйаан уута кун сылааьыттан паар буолан кетер. Паар уеьэ салгынна сойон уу хаапылатыгар эбэтэр муус кыырпахтарыгар кубулуйар, онтон олор холбоьон былыт буолаллар. Былыттан сайын ардах, кыьынын хаар туьэр. Биьиги урэхтэрбит, ерустэрбит ардахтан, хаартан, сир аннынааҕы ууттан аьыыллар, уутуйаллар. Ол гынан баран сурун аьылыктара хаар уута буолар.Уонна уулара эмиэ муораҕа, акыйаанна баран туьэр. Бу барыта аан дойдуга уу улахан эргиирэ диэн ааттанар. Айылҕа уерэҕэ нууччалыыта Мировой круговорот воды (картаны кердерер, видеосюжет-экология).
Биьиги бары ууттан аьаан олоробут. Урэхтэрбит киртийдэхтэринэ уоллахтарына тулалыыр айылҕабытыгар араас уларыйыылар буолаллар(холобурдары аҕалыы). Сиргэ уу буруе-гидросфера хайдах уескээбитин туьунан учуонайдар этэллэринэн: элбэх вулканнар эстибиттэрин тумугэр салгынна газ элбээн Сирбит газ оболочкаламмыт, онно уу паара элбээн, ардах буолан туьэн хас эмит мелуйуенунэн сылларга уу буруену, акыйааны уескэппит. Онон бугун эьиги уерэппит уруйэҕит Сирбит уу буруетэ сорҕото буоларын биллигит. Уруйэ хоьоон ханнык чааьыгар автор айылҕаҕа харыстабыллаах сыьыан баар буолуохтааҕын сэрэтэрий?
(Оҕолор эппиэттэрэ).
Дьиэҕэ сорудахха эьиги уруйэ туьунан хоьоону айан холоноҕут, эбэтэр ууну хайдах харыстыахха себун бэйэҕит санааҕытын суруйан аҕалаарын.
Тумук: Рефлексия
-Бугунну уруоктан туох санааҕа кэллигит?
-Тугу сананы биллигит?
-Эьигини ордук туох интэриэьиргэттэ?
Оҕолор эппиттэрин экранна бэчээттээн кордоруу, тумук таьаарыы.
Маннык олоҥхонон уруктар биһиги оскуолаҕа сыллата ыытыллар. Мин маннык уруоктары орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр саҥа тиэмэни быһаарыыга уонна хатылааһыҥҥа туттарым табыгастааҕын бэлиэтиибин. Маннык урокка оҕолор кыттыылара ахтыыбынай, уруок көдьүүстээхтик барар, былыргы өбүгэлэрин өйдөбүллэрин, дьарыктарын, тылларын-өстөрүн билэллэр. Тылларын саппааһа байар, өйдөбүллэрэ кэҥиир.
Туьаныллыбыт литература:
- «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхо. Н.И.Филиппова, М.Е.Максимова. Саха литературата, 5 кылаас хрестоматията, 2006 сыл;
-А.А.Плешаков, Н.И.Сонин. Природоведение, 5 кылаас.
- А.С. Саввинов, Н.А.Аржакова, В.Е.Алексеев, Р.П.Варламова. Саха терут культурата, 5 чааьа. Дьокуускай, 1996 сыл;
- Е.П.Чехордуна, Е.П.Иванова. Олонхо эйгэтэ; Дьокуускай, 2005 сыл;
Уруогу олонхо тутулунан кердеруу
Силлиспит саха литературатын уонна айыл5а уерэ5ин предметэ.
Кылаас: 5
Тема: Тулалыыр айылҕа уус-уран айымньыга
«А.Е.Кулаковскай-Оксекулээх Олексей «Уруйэ» хоьооно».
Учууталлар: Данилова Е.С. (Саха литературата), Егорова Р.Н. (география)
Ке5утуу | Туьаайыы | Бытарытыы | Атын еруттэри кытары алтыьыы | Холбуур кэрчик | Итэ5эл | Тумэр тумук |
*Уруокка хайа белех элбэхтэ кыттыбыт балык ылан иьэр. Урэ5ин балыгынан толорор. *Проекторга таабырын таайтарыы Уруйэ тыаьа, видеосюжет | Проекторга – олонхо слайдалара Олонхоттон аахтыбыт. Урэ5и быьаардыбыт Орус, уруйэ киинэ (фрагмент) «Уруйэ» хоьоон. | Кулаковскай о5о сааьа ааспыт кыстык бала5ан дьиэтэ. Муора, ерус, уруйэ литература5а Ексекулээх Елексей айымньытыгар хайдах Тылы кытта улэ | Олонхо География Экология История Краеведения Музееведение Картография | Картаны кердерер) . (видеосюжет кестер Аан дойдуга хана баран туьэрин (карта) Уруйэ гидросфера чааьа | Олоҕу кытта сибээс Олохтоох Матыры-йаалга олоҕуруу | Этап аайы билэллэрин бигэргэтии Боппуруос-эппиэт Рефлексия |