kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Сата5ай уустара

Нажмите, чтобы узнать подробности

  1.  

Урок – закрепление материала

Как видим, ключевым звеном в данной разработке является работа обучающихся, в которой описываются знания о мастерах и мастерицах при демонстрации каждого из слайдов. На лицо реализация деятельностного подхода в обучении, когда учитель и ученики достаточно чётко представляют себе, чем они занимаются на уроке. 

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Сата5ай уустара»

Сатаҕай уустара.

(7-с кылааска төрүт культура уруогун барыла)

Уруок көрүҥэ: барбыты чиҥэтии.

Уруок сыала: - Оҕо билиитин чиҥэтии, хонтуруоллааһын;

- Сатаҕайтан төрүттээх уран тарбахтаах уус дьон үлэлэрин кытта билсиһии;

  • Үөрэнээччилэр билэн кэлбиттэрин сатабыллаахтык тиэрдиилэрэ;

  • Хас биирдии оҕо көхтөөхтүк кыттарын ситиһии, төрүттэрин үтүө үгэстэригэр, харыстабыллаах сыһыаҥҥа иитии.

Уруокка туттуллар тэрил: интерактивнай дуоска, презентациялар, хаартыскалар, уустар оҥоһуктара, истиэндэ матырыйаала.

Уруок ис хоһооно:

  1. Тэрээһин.

  • Үтүө күнүнэн! Биһиги бүгүҥҥү уруокка Сатаҕайтан төрүттээх уран тарбахтаах уус дьон үлэлэрин кытта билсиһэр, эрдэ үөрэппити чиҥэтэр сыаллаах „Сатаҕай уустара“ диэн темаҕа кэпсэтиэхпит.

  1. (Билиини хонтуруоллуур үлэ). Кэпсэтиибитин саҕалыахпыт иннинэ „Саха худуоһунньуктара“ диэн теманы төһө билбиккитин бэрэбиэркэлии таарыйа кыратык оонньуохпут. Оҕо барыта пазл таһаарарын сөбүлүүр диэн санааттан дуоскаҕа хартыына ыһыллан турар, ону эһиги хамсатан таһаарыахтааххыт. Ити бастакы сорудах, онтон бу таһаарбыт хартыынаҕыт туһунан тугу билэргитин кэпсиигит.(интерактивнай дуоска)

  2. (Оҕолор иһитиннэриилэрин истии). Саха дьоно уран тарбахтаахтарынан аатырыахтарын аатыраллара. Кинилэр былыргы үйэҕэ кимиэхэ да сэлээннэммэккэ, күннээҕи кыһалҕаларын сүнньүнэн бэйэлэрэ толунан олорбуттара. Билиҥҥи курдук бэлэм ас-таҥас, туттар тэрил, сэп-сэбиргэл, иһит-хомуос суоҕа, ол иһин саха киһитэ барыта дэгиттэр үлэһит этэ. Хотон-дьиэ туттубат, сүгэ-хотуур уктаммат, сытыыламмат, таптайбат, бурҕалдьы-адаҕа оҥорбот эр киһи, ыал аҕата сэдэх эбитэ буолуо. Оттон ыал ийэтэ бары кэриэтэ сүөһү көрөр, ынах ыыр, быа хатар, ас эгэлгэтин астыыр, хаһаанар, иистэнэр, сир аһын хомуйар, оҕо көрөр, ыччаты олоххо уһуйар этэ. Быһата, бэйэбитин көрүнэн-дьаһанан олорбут эбиппит. Ол да иһин араас уран тарбахтаах, уус харахтаах тимир да, мас да уустардаах, иһитчиттэрдээх, иистэнньэҥнэрдээх, оһуордьуттардаах, тирии, түүлээх таҥастааччылардаах этибит. Тимир уһаныынан сахалар былыргыттан идэтийэн дьарыгырбыттарын үгүс чинчийээччи барыта бигэргэтэр. Оттон мин сорох оҕолорго бүгүҥҥү уруокпут тематыгар бэлэмнэнэн кэлэллэригэр сорудах биэрбитим ону истиэхэйиҥ.

  • Неустроева Надя – „Сатаҕай удьуор уустара“

  • Скрябина Лина – „Аҕам Скрябин Алексей Петрович – хомус маастара, тимир ууһа“

  • Окороков Эрчим - „Эһээм бэйэтэ хаамар от охсор массыыната“

  • Аммосова Саина – Эбээм иистэрэ.

  • Артемьева Юля – Аҕам мас оҥоһуктара.

  • Никитин Гриша, Айсен – „Улуу Добдурҕа“ бырайыак.

  1. Рефлексия. Көмө ыйытыылар:

  • Надя, бу чинчийэр үлэн түмүгүнэн туох ситиһиилэрдээххиний?

  • Лина, аҕан бу оҥоһуктарынан быыстапкаҕа кыттар уонна атыыга оҥорор дуо?

  • Саина, бу гербэлэри эбэн төһө өр тиспитэй?

  • Юля, аҕаҥ өссө атын ханнык оҥоһуктары оҥороруй?

  • Уолаттар инникитин туох былааннааххытый?

  1. Сыаналааһын.

  2. Дьиэтээҕи сорудах: „Утум“, стр165, „Декорация“ таайбараҥы таайыы.














Туһаныллыбыт литература

  1. М.А.Попова. Саха төрүт культурата, 1 чааһа, Дь; 1993с.

  2. М.С.Васильева. Утум, Бичик, 2004с.

  3. „Хатан“ сурунаал, №27, 12 тахсыы.

  4. „Хатан“ сурунаал, №1, 1 тахсыы.

  5. Интернет ситимэ.






























Сыһыарыы.

Скрябина Лина истиэндэтин матырыйаалын ис хоһооно.

Мин аҕам, Скрябин Алексей Петрович биһиги нэһилиэкпитигэр хомус маастарынан, тимир ууһунан биллэр. Кини өр сылларга биһиги оскуолабытыгар Амматааҕы оҕо айар дьиэтин иһинэн үлэлиир тимиртэн оҥоһук студиятын салайан үлэлэппитэ. 1996 сыллаахха саха хомуһун оҥорор маастар аатын ылбыта. Бу аҕам эһэтин Скрябин Архип Петрович мөссүөнүн былыргы хаартыскаттан үйэтитэн уруһуйдаабыт хартыыната. Кини үлэтин түмүгүн араас үөрэх, культура министерствотын аатыттан грамоталар, сертификаттар, махтал суруктар туоһулууллар.

Араас кэмҥэ үөрэппит оҕолоро киниттэн элбэххэ үөрэммиттэрэ. Ол курдук, тимиртэн үс атахтаах чороону, телефон остуолун, сибэкки дьөрбөлөрүн, быһаҕы, кытыйаны оҥорон араас быыстапкаларга кыттан куруук ситиһиилэнэллэрэ. Маны таһынан, Социалистическай Үлэ Геройа Т.С.Лукин 90 сааһыгар аналлаах Улуу тунах ыһыах сэргэлэрин оҥорууга нэһилиэк уустара Артемьев Д.А., Лукин В.И. буолан 17 сэргэни оҥорон туттарбыттара ыһыах түһүлгэтин киэргэллэрэ буолан тураллар.

Бэйэтэ араас быһахтары, хомустары, үрүҥ көмүстэн дьахтар симэхтэрин оҥорон Республика быыстапкаларыгар куруук кыттар.

Утуммут салҕанан эдьиийим Сааскылаана Дьокуускайдааҕы художественнай училищены бүтэрэн дизайнер идэлээх.



Эһээм бэйэтэ хаамар от охсор массыыната“

(Окороков Эрчим)

Мин эһээм Окороков Иннокентий Михайлович бэйэтэ хаамар от охсор массыынатын бастаан 1979 сыллаахха оҥорбута. Онтон 1982-1983 сылларга ону тупсаран биэрбитэ. Кини саха сирин кылгас сайыныгар оту күөхтүү, аҕыйах хонук иһигэр өлгөмнүк оттоон ылаары, ис кыаҕын, мындыр өйүн туһанан, „Саҥаны, бастыҥы - производствоҕа“, „Рабочай инициативатыгар – инженернай өйөбүлү“, „Рационализатор саҥа оҥоһуга“ диэн „Кыым“ хаһыат рубрикаларын, „Хотугу сулус“, „Сельский механизатор“ диэн араас сурунааллары туһанан бэйэтэ хаамар от охсор массыынаны оҥорбута.

Бу от охсор массыынанан дэхси сиргэ 5 га сири охсор эбит, онон бу массыына икки аты солбуйар кыахтааҕа. Массыына от охсор быһаҕын арааран баран ат кыраабылын холбоон оту мустарыахха эмиэ сөп. Күҥҥэ 10 литр бензини сиир. Бу косилканы аҕыйах сыллаахха дылы аҕам Семен Иннокентьевич туттар этэ. Эһээм маны таһынан дьиэ таһыгар туттар тэриллэри оҥорор эбит. Кини ону айарыгар муспут араас сурунааллара, хаһыаттан кырыйан хомуйбут матырыйааллара, онно муспут элбэх сапчаастара бааллар. Кинини утумнаан уолаттара Гриша, Леня, Миша уонна мин аҕам Сеня бары техникаҕа сыһыаннаахтар. Аҕам эһээм ИЖ-56 матассыыкылын билигин да сүүрдэр. Бу матассыыкыл мин аҕабын кытта саастыы, ол эбэтэр сүүрбүтэ 40-тан тахса сыл буолбут. Мин эмиэ ону-маны оҥоруохпун, уһаныахпын, айыахпын баҕарабын. Эһээбит олорон ааспыт олоҕо биһиэхэ үтүө холобур буолар.

Улуу Добдурҕа“ бырайыак туһунан.

(Никитин Гриша, Никитин Айсен)

Биһиги саха норуотун дьиҥ былыргы историятын көрдөрөр, чуолаан кыргыс үйэтин, боотурдар олохторуттан быһа тардыылары көрдөрөр оҥоһуктартан турар композицияны 8-с кылаас уолаттарын кытта оҥорбуппут. Проекпытын „Улуу Добдурҕа“ диэн ааттаабыппыт.

Бу үлэбит сыала-соруга кыргыс кэмин ойуулаан, оҥорон көрдөрүү буолар. Толкуйдаан бүтэрэн баран бастакы композициябытын „Боотурга уһуйуу“ диэн ааттаабыппыт. Манна боотур буоларга толоруллар, ритуаллары, олорго сүрүн оруолу ылар кыттааччыларын уобарастаан көрдөрө сатаатыбыт. Кэннигэр кыргыс сэргэтэ, табык туруоруллубут.

Иккис үлэни „Кыргыһыы иннинэ“ диэн ааттаан 8 кылаас үөрэнээччитэ Скрябин Вася оҥорбута.

Үһүс үлэ „Хотторуу абата“ диэн ааттаах. Улахан санааҕа ылларбыт боотуру көрдөрөр. Бу үлэни муостан кыһан оҥорбутум.





























Тыллары быһаарыы:

Добдурҕа – күһүн кыстык хаар түһүөн иннинэ сир добдугурас буола тоҥуута, оннук тоҥоруу кэмэ.

Табык – мас иигэ инчэҕэй тириини тиирэн оҥоһуллубут дүҥүрдээҕэр улахан саха муусукальнай инструмена. Сиэргэ-туомҥа туттуллар, ким да тыыппат сиригэр турара, күрүөлээх буолара. Олоҥхоһут Тоҥ Суорун кэпсииринэн, табыгы үстэ охсоллоро: 1) уол оҕо төрөөтөҕүнэ; 2) ойох ыларыгар; 3) өлбүтүн кэннэ.

Сэргэ – урут тиэргэҥҥэ дьиэ иннинэн аты баайар судургу эбэтэр томторҕолоох моойдоох баҕана.

Иирэр дьаҕа – тирии быаҕа иилиллибит мастары баҕанаҕа иҥиннэрэн баран охсон тыаһаталлара. Табыкка, күпсүүргэ эбии буолар, дорҕоону тэйитэргэ туһаныллара үһү.




Аннотация.

Урок – закрепление материала

Как видим, ключевым звеном в данной разработке является работа обучающихся, в которой описываются знания о мастерах и мастерицах при демонстрации каждого из слайдов. На лицо реализация деятельностного подхода в обучении, когда учитель и ученики достаточно чётко представляют себе, чем они занимаются на уроке.





Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Всем учителям

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 7 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Сата5ай уустара

Автор: Онуфриева Анна Васильевна

Дата: 20.11.2015

Номер свидетельства: 255731


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

Распродажа видеоуроков!
ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Ваш личный кабинет
Проверка свидетельства