Математикаҕа уонна саха литературатыгар силлиспит уруок.
Темата: “Сахалыы уста кээмэйдэрэ”.
Ыытыллар күнэ: Сэтинньи 7 күнэ
Кылаас: 6
Учууталлар: Соловьева М.В., Данилова Е.С.
Уруок сыала:1.Үөрэтэр: математикаҕа барбыттарын чиҥэтии уонна дириҥэтэн үөрэтии, сахалыы задача суоттуу үөрэнии. Бэриллибит сорудахтары толоруу;
2.Сайыннарар:-оҕо толкуйдуур, ырытар дьоҕурун сайыннарыы;
-Үөрэнээччилэр бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөр дьоҕурдарын сайыннарыы;
3. Иитии:-Төрөөбүт тылга ытыктабыллаах сыһыаны иитии;
Уруок тиибэ: олоҥхо педагогикатыгар олоҕуран комбинированнай уруок.
Уруок формата: бөлөҕүнэн үлэ
Уруок технологията: олоҥхо структуратыгар, ФГОСка олоҕуран.
Уруокка туһаныллар матырыйааллар: проектор, олоҥхо олуктара, ноутбук
Уруок хаамыыта:
Киирии:
-Үтүө күнүнэн!
Бүгүҥҥү уруокпут ураты уруок. Уруокпут уратыта-икки предмет математика уонна саха литературатын предметтэрин силлиспит, ол эбэтэр интегрированнай уруога буолуо. Тоҕотун оҕолоор, уруок бүтүүтэ бэйэҕит толкуйдаан этиэххит.
Аҕыс иилээх саҕалаах,
Атааннаах-мөҥүөннээх,
Аан ийэ дойдуга
Сардаҥалаах кыһыҥҥы сырдык
Сатыылаабыт күнүгэр,
Кыаҕы-күүһү мунньунан
Бэлэмҥит дуо үлэлииргэ?
- Кырдьык да бүгүн ураты күн буолбут, онон бары туох эрэ солуну дьиктини билээри кэлэн олорор буолуохтааххыт.
(Проекторга таайбараІ).
-Чэ, таабырыннаһыаххайын, эрэ
Ханнык тыл таҕыста? Кээмэй.
Бириэмэни көрдөрөргө төрүт саха кээмэйдэрэ элбэхтэр. Ол курдук: тоҥ күөс быстыҥа, күөс быстыҥа, хамса табах, түүннээх-күн, сарсыардааҥҥы ыам, күнүскү ыам, түөртүүр ыам, киэһээҥи ыам, кыс ортото, окко киирии, хотуур ортото, улуу добдурҕа. Бу кээмэйдэр саха дьоно олохторун-дьаһахтарын, үлэлэрин-хамнастарын хайдах дьаһанан олороллоруттан үөскээбит эбиттэр.
Ыйааһын кээмэйэ үгүс өттө нууччаттан киирии. Ол нуучча ыраахтааҕыта саха дьонугар түһээн түһэрэриттэн, нолуок хомуйуутуттан саҕаланан тарҕаммыт. Холобур: буут, боппууда, муунта.
Уста кээмэйигэр саха кээмэйэ баһыйар, эрээри саһаан, бэчээтинэй саһаан, бөрсүөк, арсыын курдук киириилэр бааллар. Саха уста кээмэйи киһи илиитин, атаҕын чаастарынан, араас-араастык атытан туттар эбит. Холобур: былас, тоҕонох, харыс, былас аҥара, ыллар харыс, сүөм, тутум, биир илии.
Сахалыы кээмэйдэри таайтарыы (рис)
Слайд
- Мээрэйдээьин (практическай) линейканан бэйэлэрэ быьа холоон мээрэй уьунун быһаараллар
- Слайд
Сахалыы мээрэйдэри хатылаатыбыт, аны бу мээрэйдэри туһанан олоҥхо задачаларын суоттуохпут
Задачалары суоттааьын (группаларга карточкалар тунэтиллэллэр)
1. П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоӊхотуттан
Үс үүт күрүөнү үрдүнэн Үрүмэччи маӊан аттаах Үрүӊ Уолан бастыӊ сэргэттэн араҕас илгэни ыйыстан кэбиспит. Иккистээн аҕыс салаалаах ала күөх оту атыгар сиэттэ. Үс илии үрдээтэ.
Суоттаа: Үрүӊ Уолан бухатыыр хас сантиметр үрдээбитий?
Эппиэтэ: 1 илии = 3 см.
3*3см.= 9 см. үрдээбит.
2. П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоӊхотуттан
Аҕыс былас суһуохтаах
Айталыын Куо диэн
Аҕастаах этим…
Сорудах: Айталыын Куо суһуоҕун уһуна төһөнүй?
Эппиэтэ: былас=168см.
168*8=1344см.= 13м.44см. уһуннаах суһуох.
Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоӊхотуттан:
Тойон Дьаҕарыма бухатыыр,-
Үрүт өттүгэр
Үс тутум
Күр муус үллүктэннэ,
Алын өттүгэр
Аҕыс илии
Хайыр муус дьаӊхаланна,
Аһыыр аска наадыйда,
Сынньанар сиргэ суудайда.
Сорудах: Тойон Дьаҕарыма бухатыыры төһө улахан муус кэлэн үллүктээбит, дьаӊхалаабыт эбитий?
Эппиэтэ: тутум= 6см., илии= 3см.
3*6=18см.
8*3=24см.
18см.+24см.=42 см халыӊнаах муус.
Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоӊхотуттан
Бухатыыр киһи
Бэйэтин киэнэ
Көрөр дьүһүнэ,
Көстөр мөссүөнэ
Хайдах эбитий? – диэн,
Өйдөөн-дьүүллээн
Көрөн таһаардахха, -
Үс былас
Үөкэйэр өттүктээх,
Биэс былас
Биэкэйэр бииллээх,
Алта былас
Дара буурай сарыннаах,
Үс былас
Куоҕайар уһун моойдоох,
Былас ордуга түөс аӊаара
Мэлэгэр маӊан сирэйдээх.
Сорудах: бухатыыры ойуулаан көрдөр.
Эппиэтэ: былас = 150см., түөс аӊаара=168см.
150*3=450см.=4,5м өттүктээх
150*5= 750см.=7,5м бииллээх
150*6=900см.=9м сарыннаах
150*3=450см.=4,5м моойдоох
168:2=84 см сирэйдээх.
П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоӊхотуттан
Улаҕата-уӊуоргута биллибэт,
Устата-туората көстүбэт
Улуу хочом
Уунан-уһаан
Отут көс усталаах
Онолуйа турар хонуулаах,
Уон көс туоралаах
Унаар-мунаар урсуннаах.
Сорудах: Улуу хочо төһө иэннээх эбитий?
Эппиэтэ: көс=10км.
30 көс=300км.
10 көс=100км.
S= 300км.*100км.= 30000км иэннээх хочо.
Учуутал: Сөп, задачалары суоттаатыбыт, аны билигин маннык сорудах.
Сорудах: 1. Ханнык уста кээмэйдэрэ туттуллубуттарын бул.
2.Ханнык айымньыга уста кээмэйэ туттуллубутуй?
Уста кээмэйэ уус-уран айымньыга:
Уол аттыгар сэттэ харыс уһуннаах кымньыы сытара (Эрчимэн Бэргэн)
Моҥус хара хаптаһыны тэлгиир, харыс биилээх арбах сүгэтин ылар.
Улуу өрүс саһаан холобурдааҕынан үллэн тоҥон хаалла. (Норуот айымньыта Н.И.Филиппова, Е.П. Чехордуна)
Тоҕус былас суһуоҕун тарааннаҕына, кыһыл көмүс оҕуруону тиспиттии сырдык уотунан долгуннура оонньуура. (Кустук Суһуохтай. Норуот айымньыта Н.И.Филиппова, Е.П.Чехордуна)
Кыыс ону көрөн куттанан, харыс да халбарыйбакка, төбөтүн өрө көтөхпөтөх.(Норуот айымньыта Н.И.Филиппова, Е.П. Чехордуна)
Ыраах-чугас ыаллара харыс намтаан, сүөм синньээн сылдьыбыттар эбит.
Саарыстыбатын тула өттө-үс саһаан үрдүк, саһаан халыҥ истиэнэ. (Эдэргэр түһэрэр дьаабылыка)
..., сэттэ былас тимир чыпчырҕа тылын түөһүгэр түһэрбит абааһы кыыһа тахсан кэлбит. (Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин. Саха норуотун остуоруйата).
Тэһиин тутааччылар харыс хаалбыттар, сүөм түспүттэр. (Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин. Саха норуотун остуоруйата).
Көс иһигэр сүөһүнэн байан олорбут ааттаах баай оҕонньор баар эбит. (Өҥөй Бөтүүк. Саха норуот остуоруйата)
Көрбүтэ ат үрдүгэр сүүс тутум уһун бытыктаах, биир тутум улахан оҕонньор олорор эбит. (Тиэстэ бухатыыр. Саха норуотун остуоруйата)
Өр да өр баран-баран, тоҕус былас үрдүктээх суон тииккэ суор төрөөн сытарын булаллар. (Чөпчөөкөөн-Чөпчөөкөөн. Саха норуотун остуоруйата)
Тимир биһик, төлөрүй, иилэҕэс тиһик, сөлүн!-диэтэ да, тоҕус бэчээтинэй киһи чиккэс гына түстэ. (Аҕас-балыс. Саха норуотун остуоруйата)
Тойон Дьаҕарыма Бухатыыр Умсары Холорук эргичитэн-тэлэкэчитэн аҕалан, сири сэттэ бэчээтинэй кэриҥнээҕи сиҥнэри быраҕан түһэрдэ.
Практическай үлэ
Бэриллибит быа хас сүөм буоларый?
Уһун баттахтаах кыыс суһуоҕа төһө тутум буоларый?
Ким харыһа саамай уһунуй?
Саамай уһун быластаах кимий?
Түмүк. Рефлекция.- Оҕолоор биһиги уруокка тугу саҥаны биллигитий? Тугу ордук сөбүлээтигитий?
- Алгыс.
Кэрэни үксэт,
Саҥаны ай тут!
Өбүгэбит үтүө үгэстэрэ
Эһигини арыаллаатын!
Үтүө аргыстанан,
Дьон киһитэ буолун!