kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Эссе "Учуутал идэтэ, таптала-оҕоҕо"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Учуутал идэтэ, таптала-оҕоҕо. Учуутал идэтэ - улуу идэлэртэн биирдэстэрэ. Учуутал дьоло - үөрэнээччи таптала, төрөппүт махтала.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Эссе "Учуутал идэтэ, таптала-оҕоҕо"»

Эссе.

Учуутал идэтэ, таптала-оҕоҕо.

Учуутал идэтэ - улуу идэлэртэн биирдэстэрэ. Учуутал дьоло - үөрэнээччи таптала, төрөппүт махтала.

Санаабыт санаатын хайа да киһи төрөөбүт тылынан ордук итэҕэтиилээхтик, ылыннарыылаахтык этэр. Онон, сэҥээрээччиэм, көҥуллээ сахалыы саас – сааһынан санаабын атастаһарбын. Киһини билэр буолуохтан, чаҕыл күннээх ойор – тэбэр оҕо саастан олохпут суолун солоон, киэҥ аартыкка тахсыыбытыгар дириҥник сүгүрүйэр киһибитинэн Учуутал буоларын ама ким саарбахтыай?! Учуутал билиититтэн, талааныттан, улэтигэр сыһыаныттан сууһунэн оҕо, инники көлуөнэ дьылҕата тутуллар.  Өбүгэлэрбит өйдөбуллэринэн, киһи бу орто дойдуга Айыылартан айдарыллан кэлэр. Киһи төрөөн – үөскээн ааһарыгар туох эрэ бэлиэни, суолу – ииһи хаалларар үрдүк аналлаах. Ол курдук миэхэ инники олоххо олук уурар, түөрэх түһэрэр дьылҕам учуутал идэтин түстээбитэ. Бу идэни таларбар киэҥ аартыгы тэлэйбит, элбэх билиини биэрбит дьоммунан – маҥнайгы учууталым, кылааһым салайааччыта уонна үрдүкү кылаастарга үөрэппит хас биирдии учууталларым буолаллар.   Таба тайанан талан ылбыт идэбинэн үлэлээбитим 25 сыл буолла. Бу үлэлээбит сылларым эбии саҥаны көрдөөһүн, үөрэтии толкуйдааһын, арыйыы сыллара. Оҕоҕо уонна учуутал сыһыаныгар кыра да аахайбат буолуу, кини киһи быһыытынан кэхтиитигэр тиэрдэр. Учуутал үөрэнээччигэ истин сыһыана киниэхэ болҕомтолоох сыһыаныттан төрүөттэнэр. Киһи киһиэхэ болҕомтолоох буолуута – бу улахан сатабыл дии саныыбын. Онон оҕону кытта үлэлиирбэр «Үтүөҥ үтүөнэн эргийэҕэ» диэн муударай дьон этиилэринэн олоҕуран үлэлиибин. Алын кылаас учуутала буоларым быһыытынан саха ыччата кыра сааһыттан сахатын тылын этигэр – хааныгар иҥэринэн, төрөөбүт буоруттан силистээх – мутуктаах, толору куттаах – сүрдээх, саха норуотун салҕыыр, урааҥхай омугу ууһатар киһи буолан тахсарыгар сүрүн сорукпун уурабын. Учуутал үлэтэ, ыытар дьарыга бэйэтэ айымньы буолар. Хас биирдии уруок бэйэтэ туспа айымньы, саҥа санаа үөскээһинэ.Хас биирдии уруогум интэриэһинэй буоларыгар, оҕо айар дьоҕура, тыла, саҥарар саҥатын сатабыла сайдарыгар кыһаллабын. Уруок көдьүүһун үрдэтии – билиҥҥи учуутал үлэтин биир сүрүн соруга. Онон үөрэнээччи тута өйдүүрүгэр көмөлөһөр, уруок көдьүүһун үрдэтэр баҕаттан уруокка араас ньымалары туттабын. Билиҥҥи кэм ирдэбилинэн учуутал оҕо сайдар кыаҕын толору туһаныахтаах. Ол иһин хас биирдии уруокпар атын предметтери, холобур, төрөөбүт тыл, литература, уруһуй, ырыа, үлэ уруоктарын кытта алтыһыннаран үөрэтэбин. Ону таһынан туттар, көрдөрөр маллаах, көрдөрөр – иһитиннэрэр аныгы технологияны туһанабын. Билинни олох сайдыыта балысханнык барар. Үөрэнээччибин кытта айар, толкуйдуур кэммит – билигин, бүгүн. Учуутал үлэтин биир уустуга кэми кытта тэҥҥэ сайдыы буолбакка, баар кэм иннигэр урут түһэн иһиэхтээҕэр сытар. Онон сайдыы иннин өтө көрөн үлэлиир, айар толкуйдуур аналлаахпыт. Бүгүҥҥү учуутал үөрэнээччитин курдук утаппыттыы саҥа билиигэ – көрүүгэ дьулуһуута кинини киһи быһыытынан байытар, сайыннарар. Оччоҕо эрэ кини дьарыктарыттан оҕолор өй – санаа үрдүк үөрүүтүн билиэхтэрэ. Учуутала буоларым быһыытынан үөрэнээччилэрбин хоту дойдубут айылҕатыгар алтыһыннаран, сиэри-туому тутуһуннаран, сиэрмайгы өттүнэн сайдыылаах, күүстээх итэҕэллээх буолалларыгар үөрэтэбин, иитэбин.Учуутал идэтэ – суолдьут сулус, умуллубат чүмэчи. Киэн туттабын – оҕо үөрдэҕинэ тэҥҥэ үөрсэр, ону үгүс дьоннуун үллэстэр дьоллоохпунан, оҕо ситиһиитэ мин ситиһиим буоларынан, саҥа кэм киһитин инникигэ сирдиир, сайдар суолун салайар, билиитин – көрүүтүн ханатар улэҕэ кыттыһарбынан. Кэлэр кэнчээри ыччаттарбын, үөрэх үрдүк чыпчаалыгар ыҥыра, угуйа турарбынан!

Киһи бу сиргэ ыалдьыттаан ааһарыгар, идэтин сөпкө таба тайанара, олоҕун биир саамай тутаах өрүтэ буолара биллэр суол. Киһи  иитээччи   педагог  быhыытынан,   үрдүк   культураны, элэккэй майгыны, көрсүөсэмэй  быhыыны,  общественнай  олоххо  интэриэhи,  онно   кыттыыны,  киhилии чиэhинэй  сыhыаны,  туруулаhан   туран   дьаныары,   үлэҕэ-үөрэххэ   күүстээх  баҕаны   бэйэтиттэн  бэрсэ,  ыhа  сылдьар  үтүө-мааны  учуутал буолуохтаах.

Кини билиититтэн, талааныттан, үлэтигэр сыһыаныттан сүүһүнэн оҕо, инники көлүөнэ дьылҕата тутуллар. Орто туруу бараан дойду үрдүгэр баар эҥинэ бэйэлээх араас, дьикти идэ баарыттан саамай ыарахан, ол эрээри олус наадалаах, туһалаах, бочуоттаах идэ – учуутал идэтэ буоларын өйдүүбүн. Инники олоххо олук уурар, түөрэх түһэрэр дьыл5ам учуутал идэтин түстээбитэ. Мин бу идэни таларбар киэҥ аартыгы тэлэйбит, элбэх билиини биэрбит дьоммунан – маҥнайгы учууталым, кылааһым салайааччыта уонна үрдүкү кылаастарга үөрэппит хас биирдии учууталларым буолаллар сааһыра кырдьыахпар диэри умнубаппын.  Уруок хас биирдии мүнүүтэтэ - күндү. Үөрэнээччи тута өйдүүрүгэр көмөлөһөр, уруок көдьүүһүн үрдэтэр баҕаттан, уруокка араас ньымалары туттабын. Оҕо тылын сайыннарыыга, саӊарар саӊа сатабылын иӊэриигэ айар уруоктар суолталара үрдүк. Айар уруоктарга үөрэнээччилэр хоһоон, остуоруйа, омуннаах кэпсээн жанрдарыгар холонон көрөллөр. Билиӊӊи кэм ирдэбилинэн учуутал оҕо сайдар кыаҕын толору туһаныахтаах. Ол иһин айымньыны үөрэтэргэ ис хоһоонун өӊ, кырааска, уруһуй көмөтүнэн биэрэрин ситиһэ сатыыбын. Саӊарар дьарыгы үчүгэйдик баһылааһын сүрүн өрүттэринэн сатаан айан кэпсээһин уонна суруйуу буолаллар. Өйтөн суруйтарыы оҕо ситимнээх саӊатын сайыннарарга дьоһуннаах ньыма буолар. Бэйэ олоҕуттан өйтөн суруйуу үөрэтэр сыаллаах. Ол курдук, үөрэнээччи сорук туруорунар, туохха барытыгар болҕомтолоохтук сыһыаннаһар, тулалыыр эйгэни анаан - минээн чинчийэн кэтиир, истибитин - билбитин ырытан – ырыҥалаан сыаналыыр, өйүн-санаатын эрчийэр, сайыннарар, бэйэтигэр сыанабыл биэрэр. Атыннык эттэххэ, оҕо бэйэтин үөрэтэр, сайыннарар. Кини үөрэххэ болҕомтото, дьулуура, интэриэһэ үрдүүр. Үчүгэйдик сааһылаан кэпсиир оҕо суругунан үлэ ис хоһоонун толору арыйар. Итинник оҕо инники олоххо бэйэтин миэстэтин түргэнник булунар. Уруок көдьүүһүн үрдэтии – билиӊӊи учуутал үлэтин биир сүрүн соруга. Оҕо барыта уус-уран айымньыны умсугуйан аахпат, үгэс буолбут уруокка көхтөөхтүк кыттыбат, устунан үөрэтэр предметигэр интэриэһэ сүтүөн сөп. Уруокка оонньууну таба тутуннахха, иитии уонна үөрэтии ньыматын быһыытынан көдьүүһэ улахан. Оонньуу оҕону кэрэхсэтэр, билиигэ дьулуһууга, күрэхтэһиигэ, кыайыыга умсугутар. Оонньууну оҕо дьоҕурун сайыннарар тосхоллоон, туһалаах хайысханан салайыллыахтаах, киниэхэ чопчу сыал – сорук, ис хоһоон булуллуохтаах.  Хоту сир оҕото айылҕатын кытта алтыспатаҕына тыллыын-өстүүн сымсыыр. “Айылҕалыын алтыһыы уруоктара” мин санаабар, оҕо дууһатын дьиҥ чахчы таарыйар уонна үтүөҕэ үөрэтэр соруктаахтар. Балары таһынан оҕо билиитин чиӊэтэргэ, бэрэбиэркэлииргэ араас тургутуктары туттан бэйэбэр дьоҕус көмө оӊостобун уонна үөрэнээччиттэн айымньы тылын туттан сиhилии кэпсээhини булгуччу ирдиибин.

Учуутал идэтэ – суолдьут сулус, умуллубат чүмэчи. Дьиҥ үлэлиир киһиэхэ сүрдээх киэҥ киэли. Эн тохтоон хаалбакка төһө баҕарар айыаххын-тутуоххун, саҥаны арыйыаххын, билиэххин – көрүөххүн, төрөтүөххүн, куруук үүнэ-үрдүү туруоххун сөп. Билигин, сыл – хонук ааспытын кэннэ, мин окко түспүт оҥоһуубар, сиргэ түспүт сэрэбиэйбэр, дьылҕа хааммар оскуолаҕа сирдээн аҕалбытыгар махтана саныыбын. Киэн туттабын - оҕо үөрдэҕинэ тэҥҥэ үөрсэр, ону үгүс дьоннуун үллэстэр дьоллоохпунан, оҕо ситиһиитэ мин ситиһиим буоларынан, саҥа кэм киһитин инникитин сирдиир, сайдар суолун салайар, билиитин-көрүүтүн хаҥатар үлэҕэ кыттыһарбынан.



Никифорова Антонина Андреевна алын кылаас учуутала, Кальвица сурун оскуолата








Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Всем учителям

Категория: Прочее

Целевая аудитория: Прочее

Скачать
Эссе "Учуутал идэтэ, таптала-оҕоҕо"

Автор: Никифорова Антонина Андреевна

Дата: 21.11.2024

Номер свидетельства: 659979


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

Распродажа видеоуроков!
ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства