kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Сааскы кэм романна о5ону иитии ньымалара

Нажмите, чтобы узнать подробности

Роман великого якутского писателя Н.Е.Мординова-Амма Аччыгыйа "Весенняя пора".

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Сааскы кэм романна о5ону иитии ньымалара»

Н.Е.Мординов – Амма Аччыгыйа «Сааскы Кэм» ромацца о5ону иитии ньымалара

(санаа атастаьыыта)


Билицци сайдыылаах уйэ5э, туох барыта балысханнык сайда турар кэмигэр, о5ону иитии проблемата туохтаа5ар да сытыытык турда. О5ону иитиигэ норуот педагогикатын туьаныахха диэн угустэр бэлиэтииллэр. Саха талааннаах суруйааччыта Николай Егорович Мординов – Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романыгар норуот иитэр ньымаларын хайдах арыйан кердербутун туьунан ыстатыйалар балай эмэ а5ыйа5а суохтук тахсыбыттара. Мин манна норуодунай суруйааччы улахан романыгар о5ону иитии проблемаларыгар ханнык ньымалары кердербутун тус бэйэм санаабын уллэстиэхпин ба5арабын.

Суруйааччы сурун бол5омтону о5ону дьиэ кэргэццэ иитии боппуруоьугар уурар эбит. Ол билицци кэмцэ олус сеп. Этнопедагогика хас биирдии ыал куннээ5и оло5ор – дьаьа5ар кун аайы туттуллар. Онно дьиэ кэргэн барыта кыттар, о5ону иитиигэ кини оруола улахан. Ол эрээри септеех еттунэн иитиэххэ наада. «Сааскы кэм» ромацца маннык ньымалары бэлиэтээтим:

  1. ИЙЭ ПЕДАГОГИКАТА КУУСТЭЭХ. Дьиэ кэргэн о5о иитиитигэр улахан эппиэтинэьи сугэр. Ромацца Седуеччуйэ этэр: «Микиитэ иннинэ туертэ о5оломмутум». Манна туерт о5ону сутэрии аьыыта, ыарахана, кыьал5ата улаханнык кестер. Микиитэ кинилэр кэннилэриттэн теруур, киьи буолар, онон тереппуттэрэ улахан тапталынан иитэллэр. Манна ийэ о5о5о сыьыана кестер. Ханнык ба5арар ийэ о5отун таптыахтаах. Ромацца ийэ иэйиитэ (чувствота) истицник бэриллибитин биир тугэнинэн холобурдуохха сеп. Ол туох буолуой? Ол – тыы барыыта, ийэ куттаммыт о5отун уоскутуута. Ийэ – о5о сыьыана манна дьэцкэтик кестер. Анны Седуеччуйэ о5олорун куруук ме5е – этэ сылдьыбат. Буруйу – «мунньан – мунньан баран биирдэ таьаарыам» диэн сэрэтэрдии этэр ол гынан баран о5ону таьыйа, ме5е – этэ сылдьара суох.

  2. О5о ДЬИЭ КЭРГЭЦЦЭ А5А БААРЫГАР ТОЛОРУ ИИТИЛЛЭР. Айымньыга Дьегуердээн о5олоро кыра эрдэхтэринэ дьиэтигэр кестубэт. То5о? Ыраах таьа5ас таьыытыгар улэлии сылдьар. Бу, туьугар, эмиэ кыьал5а. Кини Микиитэ киьини билэр, ейдуур буолбутун кэннэ кэлэр. О5о барахсан онно саныыр: «А5а диэн эмиэ ийэ курдук учугэй киьи эбит» диэн. Онно а5а суолтата улахана кестер. Уол о5ону батыьыннара сылдьан бултуурга уерэтэр, айыл5а5а сатаан сылдьарга иитэр. Дьонун иитэр туьуттан а5а булар – талар буолуохтаах. О5ону улэнэн иитиигэ, улэ5э улахан суолта бэриллэр. Манна а5а туттар ньымата – бэйэ холобурунан иитии.

  3. ЭЬЭЭ, ЭБЭЭ УЕРЭ5Э. микиитэ киьи быьыытынан утуе майгылаах буолан тахсыытыгар эбээтэ Баьыахтыыр Балбаара, эьээтэ Молох Миитэрэй эмиэ улахан оруоллаахтар.

  4. ДЬУКААХТАР. Айымньыга дьукаах Даарыйа эмээхсин, кини икки уола уратытык кэпсэнэр. Ол курдук, иитиигэ сурун сабыдыалы Даарыйа эмээхсин ылар. Муударай эмээхсин о5ону иитэр ньымата – норуот уус – уран айымньытыгар таптал. Суруйааччы буолар аналлаах Микиитэ о5о эрдэ5иттэн фольклортан тирэх ылар. Остуоруйа, таабырын, ес хоьоонун культуратыгар иитии о5о ейе – санаата утуену – мекуну араарар аналлаах. Маны таьынан, айыл5а5а чугас буоларга уьуйар.

  5. О5О БЭЙЭ – БЭЙЭТИГЭР СЫЬЫАНА. Микиитэлээх Елексейу тереппуттэрэ учугэйдик иитэн, чугас до5ордуу сыьыаннаахтар. Теье да майгыларынан ураты буоллаллар, куруутун иллээхтэр. Микиитэ – аьа5ас, кулэр – уерэр, элбэх сацалаах, эмоциональнай. Оттон Елексей туттунар, таьыгар таьаарбат, кытаанах со5ус.

  6. УЧУУТАЛ УОННА УЕРЭНЭЭЧЧИ СЫЬЫАНА. Ромацца икки учуутал туьунан кэпсэнэр: а5абыт уонна сурун предмети уерэтэр, эдэр, уерэхтээх учуутал. О5олор ордук учууталга тардыьаллар, а5абыты кытта сатаспата, ейдеспете о5олорго дьайар эбит.

Николай Егорович Мординов саха норуотун энциклопедиятынан аатырбыт «Сааскы кэм» романыгар саха норуота уунэр келуенэни иитэр ньымаларын ыйбытым ырытыым тумугэр маннык санаа5а кэллим:

  1. Дьиэ кэргэн иллээх – эйэлээх буолуохтаах

  2. О5о кыра эрдэ5иттэн улэьит , барыны бары кыайар – хотор буолар гына иитиллиэхтээх

  3. О5ону бэрт кыра сааьыттан норуот култууратын, сиэрин – туомун тутуьуннара уерэтиэххэ

  4. Айыл5алыын алтыьарга уерэтиэххэ

  5. Кырдьа5ас киьиэхэ ытыктабыллаах сыьыан иитиллиэхтээх


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Всем учителям

Категория: Планирование

Целевая аудитория: 9 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Сааскы кэм романна о5ону иитии ньымалара

Автор: Моттуева Майя Сергеевна

Дата: 22.01.2021

Номер свидетельства: 570999


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

Распродажа видеоуроков!
ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства