kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Календарно-тематический план

Нажмите, чтобы узнать подробности

Планирование по литературе. Помощь учителю якутской литературы

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Календарно-тематический план»

Муниципальное казенное общеобразовательное учреждение ская средняя общеобразовательная школа имени Степана Гурьевича Коврова”



УТВЕРЖДЕНО

решением педагогического совета

от __________ 20___ года протокол №1

Председатель ____________ _________

подпись руководителя ОУ



РАБОЧАЯ ПРОГРАММА

По предмету Родная литература

Уровень образования (класс) одиннадцатый класс

Ступень основного среднего общего образования “МБОУ Кюереляхская СОШ им. С.Г. Коврова”

Количество часов: 68. Из них 1 урок совпадает на праздничный день (09.05.2020).

Учитель: В.П.Захарова.

Программа разработана на основе: Саха литературата: 11-с кылааска үөрэнэр-хрестоматия /Н.И., В.С. Яковлев – Далан, Л.Ф. Молукова: 2003 сыллааҕы учебник тираһыгар эбии таһаарыы. – Дьокуускай: Бичик, 2009. – 376 с.



2019 сыл

Быһаарыы сурук.

11 кылааска саха литературатын уруогун үөрэтиини сүрүннүүр бырагыраама 1996 сыллаахха тахсыбыт «Саха оскуолатыгар 5-11 кылааска норуот тылынан уус-уран айымньытын уонна саха литературатын үөрэтии» бырагырааманан оңоһулунна. Бырагыраама5а сурулларынан, төрөөбүт литератураны үөрэтиигэ билиңңи кэмңэ маннык сыал-сорук турар:

- сахалыы литератураны сэргээн, кэрэхсээн, сатаан, өйдөөн аа5арга үөрэтии; аахпыты бэйэ сайдыытыгар туһанарга туһулааһын;

- ийэ тыл уус-уран күүһүн, кэрэтин, тыл илбиһин, хомуһунун о5о кыра сааһыттан иңэрии;

- уус-уран айымньыны, араас геройдарын туһанан төрөөбүт норуот оло5ун, историятын, культуратын, үгэстэрин, сиэрин-майгытын арыйыы; киһи аналын, оло5у дириңник, таба өйдүүргэ үөрэтии;

- төрөөбүт тылынан уус-уран айымньы айыллар үгэһин, кистэлэңин, араас ньыматын билиһиннэрии;

- үөрэнээччи айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьо5ура тобулларыгар суол аһыы;

- уус-уран айымньыны уран тыллаах, ураты дьо5урдаах, талааннаах дьон айарын өйдөтүү.

Литература уруогун сүрүн анала – үөрэнээччи төрөөбүт тыл, фольклор уонна литература норуот духовнай баайа, киһи өйө-санаата тобуллар, туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, арыллар, истиң, иһирэх иэйиитэ уһуктар эйгэтэ буолар диэн өйдүүрүн ситиһии.

Үөһэ ыйыллыбыт бырагыраама5а саха литературатын 5-11 кылааска үөрэтии үс сүһүөххэ араарыллар: I сүһүөх – 5-7 кылаас, II сүһүөх – 8-9 кылаас, III сүһүөх – 10-11 кылаас.

III сүһүөх уус-уран айымньыны аа5ары таһынан, саха литературата үөскээбит уонна сайдан кэлбит суолун билиһиннэрэр соруктаах. Ол иһин уус-уран айымньы историзм принцибин тутуһан, литература сайдыытын (литературнай процесс) сүрүн түһүмэхтэринэн сааһыламмыт.

10-11 кылааска саха литературатын үөрэтии

түмүк ситиһиитэ.

  1. Үөрэнээччи билиитэ уонна сатабыла:

- Айымньыны билэр, өйдүүр туһугар кудуччу, сүүрдэн, сыныйан, талан аа5ар;

- Булгуччу аа5ан билэр:

Сахалыы суруллубут аан маңнайгы айымньыны;

Маңнайгы суруйааччылар А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов, В.В.Никифоров, Н.Д.Неустроев биирдии бөдөң айымньыларын, А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов олохторун кэпсээнин кытта дьүөрэлээн философскай хоһоонноруттан;

П.А.Ойуунускай оло5ун кэпсээнин кытта дьүөрэлээн хоһоонноруттан уонна «Кыһыл ойууну»; Эллэй, Күннүк Уурастыырап хоһооноруттан; Күндэ биир кэпсээнин, Эрилик Эристиин, Амма Аччыгыйа биирдии сэһэнин, Суорун Омоллоон «Күкүр Уус» драматын;

«Ааттара тиллибит» поэттар, суруйааччылар, И.Арбита, Алтан Сарын айымньыларыттан;

Сэрии кэминээ5и литератураттан 3-4 автор 2-3-түү айымньытын;

Билиңңи суруйааччылар Н.Якутскай «Төлкө» романын, С.Данилов, Баал Хабырыыс, И.Гоголев, П.Тобуруокап, С.Васильев хоһооноруттан уонна биирдии бөдөң айымньыны;

С.Данилов, Далан, Н.Лугинов айымньыларыттан биирдии романы эбэтэр сэһэни;


3-4 эдэр автор 1-2-лии айымньытын.

- 10-ча хоһоону уонна 2-3 кэпсээнинэн айымньыттан быһа тардыыны өйтөн аа5ар;

- Классик суруйааччылар А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов, Н.Д.Неустроев, П.А.Ойуунускай олохторун уонна айар үлэлэрин толору, атын 3-4 суруйааччы оло5ун сүрүн түгэннэрин эбэтэр сорох айымньытын айыллыбыт историятын билэр;

- үөрэппит айымньытын туһунан сүрүн эбэтэр утарыта сыанабылы билсиһэр, айымньыны өйдүүргэ, ырытарга туһанар;

- саха уус-уран литературата сайдыбыт сүрүн түһүмэхтэрин билэр; түһүмэх сүрүн уратытын, бэлиэ айымньыларын, олох хаамыытын, уларыйыытын кытта ситимин өйдүүр;

- суруйааччы сатабылын, айар стилэ, тыла-өһө туох уратылаа5ын бол5ойор, өйдүүр;

- литература үөрэ5ин сүрүн өйдөбүллэрин, терминнэрин билэр, уус-уран айымньыны өйдүүргэ, ырытарга туһанар;

- автор оло5у анааран көрөр өйө-санаата (мировоззрениета) айымньытыгар көстөрүн, ол арыллар сүрүн ньыматын өйдүүр;

- литература үөрэ5эр уонна критикатыгар тахсар үлэ сүрүн көрүңүн (монография, ыстатыйа, анаарыы(обзор), сыанабыл, реферат уо.д.а), уратытын арааран билэр, айымньыны сыныйан өйдүүргэ туттар, туһанар.


  1. Үөрэнээччи тылын сайдыыта:

- сахалыы ыраастык, ылба5айдык, санаатын сааһылаан саңарар;

- уус-уран айымньы көрүңүн, стилин тутуһан хоһооноохтук, уус-ураннык аа5ар, кэпсиир (сиһилии, талан, кылгатан, айан);

- бүтүн айымньыны эбэтэр быһа тардыыны литература теориятын өйдөбүллэрин туһанан ырытар, сыаналыыр;

- проблемнай тема5а биир эбэтэр хас да айымньыга оло5уран толкуйдаан, тойонноон өйтөн суруйар;

- аахпыт айымньыга, көрбүт киинэ5э, спектакльга, видео, телевизор киинэтигэр, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство айымньытыгар уо.д.а. бэйэтин санаатын, сыанабылын этэр, суруйар;

- литература, публицистика айымньытыгар аннотация оңорор, литературнай-критическэй үлэни конспектыыр;

- бэйэ суруйар үлэтигэр былаан, тезис, конспект оңорор; эпиграбы, цитатаны сатаан туһанар;

- литература олох уус-уран кэрэһитэ, туоһута буоларын учуоттаан, литература матырыйаалынан араас дьүүллэһиигэ, диспукка, конференция5а кыттар, бэйэ санаатын олохтоохтук дакаастаан этэргэ эрчиллэр;

- норуот тылынан айымньытын стилинэн остуоруйаны, чабыр5а5ы, ырыаны-тойугу, оһуохайы айарга, толорого холонор.







Уруок тиэмэтэ

Чаа-һа

Уруок сүрүн ис хоһооно

(Үөрэнээччи үлэтэ)

Бэлиэтээһиннэр

Күнэ

(былаа-нынан)

Күнэ

(ыытыл-лыбыты-нан)



V түһүмэх. Саха литературата Аҕа дойду сэриитин кэмигэр

17





1

Саха литературата Аҕа дойду сэриитин кэмигэр. (Киирии уруок)

1

Лекция –уруок.


Новелла, очерк өйдөбүллэрэ


04.09


2

С.С.Васильев-Борогонскай – саха биллиилээх поэта.

1

Суруйааччы оло5ор уонна айар үлэтигэр хронологическай таблица.


07.09


3


«Кылбаңнаа эрэ, кылыһым» поэма5а алгыс ньыматын туттуу. «Кылбаһыйар кыраан уута»

1

Поэмалар уус-уран ньымаларыгар практическай үлэ.

Риторическай туһулуу өйдөбүлэ.

11.09


4

С. Васильев фронтовик-поэт.

(түмүктүүр уруок)

1


Ыйытыыларга эппиэт.


14.09


5


Т.Е.Сметанин оло5о, айар үлэтэ.

1

Хронологическай таблица, аа5ыы.


18.09


6


Т. Сметанин фроннаа5ы хоһооннорун уус-уран ньымалара.

1

«Саллаат» хоһоону уус-ураннык аа5ыы.

Талбыт хоһооңңо сыанабыл.

Фроннаа5ы хоһооннорун лиризма, сэрии ыар тыына, тыйыс кырдьыга.

21.09


7


Т.Сметанин буойун-поэт (түмүктүүр уруок)

1

Кэпсэтии-уруок, ыйытыыларга эппиэт.

Олоххо тардыһыы күүһэ.

25.09


8


Г.И.Макаров- Дьуон Дьаңылы оло5о, айар үлэтэ

1

Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин туһунан иһитиннэрии бэлэмнээһин.

С.Тумат «Дьуон Дьаңылы» кинигэтинэн.

28.09


9


Дьуон Дьаңылы фроннаа5ы хоһоонноругар дойду ахтыл5ана.

1

Хоһооннорун аа5ыы.

Талбыт хоһооңңо сыанабыл.


02.10


10


Дьуон Дьаңылы буойун-поэт, талааннаах тылбаасчыт. (түмүктүүр уруок)

1

Сыанабыллары ырытыы.

Иһитиннэриилэри истии.


05.10


11


Дмитрий Самсонович Федоров-Таас оло5о, айар үлэтэ.

1

Хронологическай таблица, аа5ыы.

Саха лит-гар I быһылааннаах айымньы автора.

09.10


12


«Кыһыл көмүс хоруоп» сэһэңңэ

П.Н. Александров оло5ун чахчыта.

1

Айымньы толору силигин аа5ыы.


12.10


13-15

«Кыһыл көмүс хоруоп» сэһэн кэрчиктэрин аа5ыы.

3

Айымньы толору силигин аа5ыы, ырытыһыы.



15.10

19.10

23.10



16


«Кыһыл көмүс хоруоп» сэһэн - саха литературатын I детективнэй айымньыта.(түмүктүүр уруок)

1

Талбыт тема5а өйтөн суруйуу.

(1. ««Кыһыл көмүс хоруоп» - саха литературатыгар I детективнэй айымньы», 2. «Кыһыл көмүс хоруоп» сэһэңңэ Кириһээн уобараһа, 3. «Кыһыл көмүс хоруоп» сэһэңңэ Иңнэри Дьарааһын уобараһа)

Байар-тайар умсул5ан, иңсэ-обот киһилии бодону сүтэрэр, сиэр-майгы түңнэстэр суолугар тиэрдэрин уус-ураннык хоһуйар быһылааннаах сэһэн.

26.10


17


Саха литературата А5а дойду сэриитин кэмигэр түһүмэ5и түмүктээһин.

1

Бэриллибит ыйытыыларынан зачет.



06.11




VI түһүмэх. Уустук кэм литературата. (1946-1960сс.)

18





18

Уустук кэм литературата. (Киирии уруок)


1

1950 сс. репрессия саңа долгуна. Саңа ааттар. Поэзия5а - эпическэй жанр, проза5а - лирическэй сүүрээн.

Тема байыыта, эйгэ кэңээһинэ.

09.11


19


С.П.Данилов - ырыаһыт поэт.


1

Оло5ун, айар үлэтин билсии. Хронологическай таблица.

Хоһооннорун аа5ыы.

Горькай аатынан бириэмийэ лауреата.

Хоһоон ырыа буолар анала.

13.11


20

С.Данилов хоһооннорун уус-уран ньымалара.

1

Хоһооннор уус-уран ньымаларыгар практическай үлэ.

Талбыт хоһооңңо сыанабыл суруйуу.

Киһи аналын, дьон дьолун туһугар дьулууру үрдүктүк тутуу.

16.11


21


А.И.Федоров – талааннаах прозаик.


1

Оло5ун, айар үлэтин билсии. Хронологическай таблица.

Ырыаһыт-поэт.

20.11


22

«Студент кэпсээнигэр» уус-уран пейзаж, мэтириэт суолталара.

1

Авторы батыһа ырытыы.

Ыйытыыларга эппиэт.

Айымньы ис хоһоонугар былаан оңоруу.

Пейзаж, мэтириэт өйдөбүллэрэ. Кэпсээн ураты тутула.

23.11


23

«Студент кэпсээнигэр» уйул5а хамсааһынын автор тиэрдэр сатабыла. (түмүктүүр уруок)

1

Проблемнай ырытыы.

Ыйытыыларга эппиэт.

Ийэ тапталын сө5үрүйбэт күүһэ.

27.11


24

Л.А.Попов – саха народнай поэта.


1

Оло5ун, айар үлэтин билсии. Хронологическай таблица, аа5ыы.

Дириң иэйиини истиң тылынан этэр сатабыл.

30.11


25

Л.А.Попов поэзиятын уус-уран бэлиэлэрэ.

1

Хоһооннор уус-уран ньымаларыгар практическай үлэ.

Чочуллубут форма, чуолкай ритм, афоризм этиилэр.

04.12


26

Н.Г.Золотарёв- Якутскай – саха тапталлаах суруйааччыта. «Төлкө» трилогия суруллуутун историята.

1

.Суруйааччы оло5ун, айар үлэтин уратыларын кытта билсии. Хронологическай таблица.

Трилогия өйдөбүлэ.

07.12


27

«Төлкө» ромаңңа норуот сэһэнин

сюжетын туттуу.

1

Айымньыны аа5ыы, авторы батыһа ырытыы.

Суруйааччы сюжеты таңар сатабыла.

11.12



28

Сылгыһыт Сүөдэр Маайаны кэргэн кэпсэтиитэ.

1

«Төлкө» трилогия 42-59 с. аа5ыы.


14.12


29

Сүөдэрдээх Маайа уустук дьыл5алара.


1

Герой майгытын сайдыыта.

Олоххо дьулуур, дьолго тардыһыы, таптал, санаа күүһэ.

18.12



30

Сылластыгас Сүөдэркэ - омсолоох герой.


1

Уобараһы оңоруу.


21.12


31

Ромаңңа ийэлэр уобарастара.


1

Ылдьаана уонна Огдооччуйа уобарастарын тэңнээн көрүү.


25.12


32

Бодойбо бириискэлэрин үлэһиттэрин дьыл5ата. Ленатаа5ы ытыалааһын.

1

Трофим Гудзинскай уобараһа.


28.12


33

«Төлкө» роман – саха литературатын бастың айымньыларыттан биирдэстэрэ.

(түмүктүүр уруок)

1

Бэриллибит темалартан талан өйтөн суруйуу:

1.Таптал - тугу барытын кыайар сүдү күүс.

2.«Төлкө» ромаңңа ийэлэр уобарастара. (Ылдьаана уонна Огдооччуйа)

3.Бодойбо бириискэлэрин үлэһиттэрин кыһал5алаах олохторо.

4.Сылластыгас Сүөдэркэ – омсолоох герой.

5.Умнуллубат литературнай герой.


15.01


34

Баал Хабырыыс –Г.Г.Вешников

- төрөөбүт дойду айыл5атын иэйиилээх тойуксута.

1

Хронологическай таблица.

Хоһооннорун форматын, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын ырытыы.

Намыын тон, нарын-намчы, этигэн тыл-өс.

18.01


35

Уустук кэм литературата түһүмэ5и түмүктээһин

1

Бэриллибит ыйытыыларынан зачет.



22.01




VII түһүмэх. Саха билиңңи литературата. (1960-1985сс.)

23

чаас





36

Саха билиңңи литературата. Ириэрии сыллара.(киирии уруок)

1

Лит-й нэһилиэстибэ5э сыһыан уларыйыыта. Реабилитация.

Поэзия5а- саңа жанр. Проза5а-роман сүһүө5эр туруута. Критика сайдыыта.

25.01


37

Софр.П.Данилов айар үлэтин уратыта.

«Сүрэх тэбэрин тухары» ромаңңа биир оскуола оло5унан билиңңи дьон үлэтин, сиэрин-майгытын, өйүн-санаатын көрдөрүү.

1

Суруйааччы оло5ор уонна айар үлэтигэр хронологическай таблица. Роман суруллубут иториятын кытта билсии.



29.01


38

Сергей Аласов – роман сүрүн геройа.

1

Айымньыны аа5ыы, ырытыһыы, уобараһы оңоруу.


01.02



39

Софрон Данилов – ис монолог маастара.

1

Айымньы тылыгар-өһүгэр практическай үлэ.

Киһи ис туругун, дууһатын арыйарга ис монологу, ымпыктаан хоһуйууну туһаныы.

05.02


40

«Сүрэх тэбэрин тухары» ромаңңа ыччат а5а көлүөнэни кытта ситимэ.

1

Айымньыны аа5ыы.

Айымньы уустук тутула, тылын-өһүн уратыта.

08.02


41

«Сүрэх тэбэрин тухары» роман – социальнай-психологическай проза биир бастың айымньыта.(түмүктүүр уруок)

1

Талбыт тема5а өйтөн суруйуу.


12.02


42

П.Н.Тобуруокап- ырыаһыт-поэт.

1

Суруйааччы оло5ор уонна айар үлэтигэр хронологическай таблица.

Поэзиятын жанр, тема, проблема, у-у форма, стиль өттүнэн баайа, эгэлгэтэ.

15.02


43

Тобуруокап хоһоонноругар эйэ5эс элэк. (юмор)

1

Хоһооннор уус-уран ньымаларыгар практическай үлэ.

Талбыт хоһоону өйгө үөрэтии.


19.02


44

Н.А.Габышев «Анфиса» кэпсээнин уус-уран ньымалара.

1

Авторы батыһа ырытыы. Күннээ5и олохтон киһи баай дууһатын, ис туругун арыйыы.

«Сүүс кэпсээн» кинигэтин билиһиннэрии.

22.02


45

«Мичээр» кэпсээңңэ диалог уонна полилог.

1

Аа5ыы, авторы батыһа ырытыы.

Диалог, полилог өйдөбүллэрэ.

26.02


46

Н.А.Габышев- саха литературатын бастың кэпсээнньитэ. (түмүктүүр уруок)

1

Н.Габышев «Сүүс кэпсээн» хомуурунньугуттан аа5ыы. Талбыт кэпсээңңэ сыанабыл суруйуу.


29.02


47

Д.Г.Дыдаев-талааннаах поэт .

1

Суруйааччы оло5ун уонна айар үлэтин билсии, хронологическай таблица оңоруу.


Төрөөбүт дойдуга тапталы, сырдык айыл5аны, тулхадыйбат до5ордоһууну, үтүө санааны уус-ураннык хоһуйуу.

04.03


48

Д.Г.Дыдаев хоһоонноругар олох кырдьыгын иннигэр сүгүрүйүү, охсуһуу.

1

Хоһооннорун тутулун ырытыы.

Талбыт хоһоону уус-ураннык аа5ыы.


07.03


49

В.С.Яковлев-Далан «Дьикти саас» - маңнайгы айымньыта.

1

Суруйааччы оло5ор уонна айар үлэтигэр хронологическай таблица. Сэһэн темата, проблематиката.


11.03


50

«Дьикти саас» сэһэн сүрүн геройа – Кеша Попов

1

Айымньыны аа5ыы, авторы батыһа ырытыы, сүрүн герой уобараһын оңоруу.

Сүрүн герой олох, таптал туһунан өйдөбүлэ, санаата. Суруйааччы герой майгытын арыйар ньымата.

14.03


51

Төрөппүттэр уонна о5олор.

1

Проблемнай ырытыы.



18.03


52

«Дьол диэн тугуй?»

1

«Дьол - Кеша Попов санаатыгар уонна мин санаабар». Толкуй сурук.


21.03


53

Кеша Попов уонна кини до5отторо.

1

«Мин до5отторум» толкуй сурук.



01.04


54

«1974-75 сс. выпускниктар уонна биһиги» Түмүктүүр уруок.

1

Талбыт тема5а өйтөн суруйуу.

1.«Олох аартыгар «дьикти саастаахтар» »;

2.«Дьикти саас» сэһэңңэ Кеша Попов уобараһа.


04.04


55

В.Н.Потапова- Кутур5ан Куо – саха I поэтессата.

1

Поэтесса оло5ун уонна айар үлэтин билсии, хронологическай таблица оңоруу.


08.04


56

В.Н.Потапова – курус санаа генийэ.

1

Хоһооннорун аа5ыы.

Талбыт хоһооңңо сыанабыл суруйуу.


Бастакы тапталы, ба5а санааны, сирдээ5и дьолго сыһыаны хоһуйуу.

11.04


57

Саха билиңңи литературата түһүмэ5и түмүктээһин.

1

Бэриллибит ыйытыыларынан зачет.



15.04




VIII түһүмэх. Саха литературата саңа кэм кирбиитигэр. (1986-1990 сс.)

13





58


Саха литературата саңа кэм кирбиитигэр.

(киирии уруок)

1

Лекция-уруок.

Саха омук быһ-нан билиниитин, уратытын дириңник арыйар хардыылар.

18.04


59

Н.А.Лугинов - саха народнай суруйааччыта.

1

Суруйааччы оло5ор уонна айар үлэтигэр хронологическай таблица.


22.04


60

«Алампа, Алампа…» драма5а поэт уустук дьыл5ата.

1

Драманы оруолларынан аа5ыы. Ырытыһыы.

Айар үлэһит аналын, дьолун, таптал, кырдьык туһунан санаалар.

25.04


61

Драма ураты тутула.


1

Драманы оруолларынан аа5ыы. Ырытыһыы.


29.04


62

«Алампа, Алампа…» драма5а условность уонна дьиң олох. (түмүктүүр уруок)

1

«Ытык киһи» тема5а өйтөн суруйуу.


02.05


63

И.М.Гоголев-Кындыл – талааннаах прозаик, поэт, драматург

1

Суруйааччы оло5ор уонна айар үлэтигэр хронологическай таблица.


06.05


64

«Санньыар санаам сэргэтэ» кэпсээнигэр символ уобарастар.


1

Бэриллибит кэрчиги өйтөн аа5ыы.

Фантастич. түгэни туһанан тулалыыр эйгэ, айыл5а, сиэр-майгы айгырыырыттан дууһа аймал5анын тиэрдии.

09.05


65

О.Н.Корякина-Умсуура хоһоонноругар норуот дьыл5ата, сонун, күүстээх уобарастааһын.

1

Талбыт хоһооңңо сыанабыл.

Төрөөбүт норуотун дьыл5атын, бүгүңңү күнүн долгуйан хоһуйуута.

13.05


66

Н.В.Михалёва-Сайа хоһоонноругар дьолго талаһыы күүһэ, олох умсул5ана

1

Талбыт хоһоону өйтөн аа5ыы.


16.05


67

68

Сыллааҕы хатылааһын. Тургутук.


2

Сыл устата ылбыт билиини тургутар сорудахтары толоруу.


20.05

23.05









Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Всем учителям

Категория: Планирование

Целевая аудитория: 11 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Календарно-тематический план

Автор: Захарова Валентина Павловна

Дата: 12.02.2020

Номер свидетельства: 539330


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

Распродажа видеоуроков!
ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Ваш личный кабинет
Проверка свидетельства