Саха биллиилээх поэта Петр Николаевич Тобуруокап т?р??б?тэ 95 сылыгар аналлаах кыра кылаас ођолоругар утренник сценарийа
Темата: П.Н.Тобуруокап т?р??б?тэ 95 сылыгар ананар
Сыала: Автор олођун, айар ?лэтин кыра кылаас ођолоругар чи?этэн ??рэтии.
Былаана:
Киирии чаа?а
Оонньуу бала?ыанньатын били?иннэрии
Т???мэхтэринэн ?лэ
Нађараадалаа?ын
Туттуллубут матырыйааллар:
П.Н.Тобуруокап портрета
Кинигэ быыстапката
Жетоннар
Конвертар
Боппуруостар
Бириистэр
Yт?? к?н?нэн! Убаастабыллаах т?р?пп?ттэр, учууталлар, ??рэнээччилэр. Бу дьыл алтынньы 25 к?н?гэр Саха биир биллиилээх поэта Петр Николаевич Тобуруокап т?р??б?тэ 95 сылыгар аналлаах утренникка кэлэн олоробут. Мин билигин э?иэхэ утренник былаанын били?иннэриэм.
Петр Тобуруокап – олођун, айар ?лэтин ту?унан нэ?илиэк библиотека библиотекара Мария Ивановна э?иэхэ били?иннэриэђэ. Кини кэпсиирин болђойон истин, бађар мин ыытар боппуруостарым баар буолуохтара.
Дьиэђэ сорудах Петр Тобуруокап хо?ооннорун ким бађалаах ??рэтэн кэлэн «Аађааччылар» конкурстарыгар кыттыахтаах этэ.
4 хамаандађа арахсан П.Тобуруокапка аналлаах боппуруостарга эппиэттиэхпит.
Хо?ооннору аађан баран инценировка к?р?д?р??хп?т.
Нэдиэлэ устата тахсыбыт викторина т?м?г?н и?итиннэриэхпит
Нађараадалаа?ын.
Билигин Мария Ивановнађа тылы биэрэбит. Кини П.Н. Тобуруокап олођун, айар ?лэтин ту?унан кэпсиэђэ.
Би?иги бары болђойон Мария ивановна кэпсээнин и?иттибит. Истибэтэпитин и?иттибит, к?рд?б?т. Бары болхойдубут. Билигин хо?оон аађыытыгар киирэбит. Жюрины били?иннэрэбит: Бочурова Т.Н, Крылова М.Е., Северьянова А.Н. 2 кылаастартан сађалыыбыт. Бары дађаны П.Н.Тобуруокап хо?ооннорун ??рэтэн кэлбиккит.
Билигин 4 хамаандађа арахсабыт. Бары биир-биир кэлэн бу ы?ыллан сытар суруктартан биирдии суругу ылан к?р?б?т. «Туллай» диэн суруктаахтар «Туллай» диэн хамаанда буолаллар. Ити курдук эмиэ маннык хамаандалар бааллар. «Сиибиктэ», «Бурђаллай», «Чађаан». Бары миэстэбитин буллубут. Аны хамандыырдары талынабыт.
Чэ, бары болђойон и?иттибит. Мин боппуруостары аађыам хайа хамаанда илиитин урут ууммут эппиэттиир. С?пк?эппиэттэбиккэ сулус биэрэн и?эбит. Хайы хамаанда элбэх сулу?у ылбыт ол хамаанда кыайыылаах тахсар.
а) Кып-кыра
Чычып-чаап
Хап-хара
Харахтаах Хо?оон аата? ( «Чычып-Чаап»)
б) Эрдэ турбут ођолор
Элбэхтик да оонньууллар,
Хойут турар ођолор
Куоттараахтаан ытыыллар. Хо?оон аата? («Эрдэ турбут ођолор»)
в) Улаатарым буоллар мин
Оскуолађа, барыах этим,
Кинигэбин, тэтэрээппин
Киртиппэккэ тутуох этим. Хо?оон аата? («Улаатарым буоллар мин»)
Барыларыгар биир сорудах биэрэбин. Хайа хамаанда т?ргэнник билэр эбитий.
Х букваттан сађалыан –
Халлаан ???энэн
Халын ??р?нэн
Просмотр содержимого документа
«Саха биллиилээх поэта Петр Николаевич Тобуруокап т?р??б?тэ 95 сылыгар аналлаах кыра кылаас ођолоругар утренник сценарийа »
Саха биллиилээх поэта Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах кыра кылаас ођолоругар утренник сценарийа
Темата: П.Н.Тобуруокап төрөөбүтэ 95 сылыгар ананар
Сыала: Автор олођун, айар үлэтин кыра кылаас ођолоругар чиңэтэн үөрэтии.
Былаана:
Киирии чааһа
Оонньуу балаһыанньатын билиһиннэрии
Түһүмэхтэринэн үлэ
Нађараадалааһын
Туттуллубут матырыйааллар:
П.Н.Тобуруокап портрета
Кинигэ быыстапката
Жетоннар
Конвертар
Боппуруостар
Бириистэр
Yтүө күнүнэн! Убаастабыллаах төрөппүттэр, учууталлар, үөрэнээччилэр. Бу дьыл алтынньы 25 күнүгэр Саха биир биллиилээх поэта Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах утренникка кэлэн олоробут. Мин билигин эһиэхэ утренник былаанын билиһиннэриэм.
Петр Тобуруокап – олођун, айар үлэтин туһунан нэһилиэк библиотека библиотекара Мария Ивановна эһиэхэ билиһиннэриэђэ. Кини кэпсиирин болђойон истин, бађар мин ыытар боппуруостарым баар буолуохтара.
Дьиэђэ сорудах Петр Тобуруокап хоһооннорун ким бађалаах үөрэтэн кэлэн «Аађааччылар» конкурстарыгар кыттыахтаах этэ.
4 хамаандађа арахсан П.Тобуруокапка аналлаах боппуруостарга эппиэттиэхпит.
Хоһооннору аађан баран инценировка көрөдөрүөхпүт.
Нэдиэлэ устата тахсыбыт викторина түмүгүн иһитиннэриэхпит
Нађараадалааһын.
Билигин Мария Ивановнађа тылы биэрэбит. Кини П.Н. Тобуруокап олођун, айар үлэтин туһунан кэпсиэђэ.
Биһиги бары болђойон Мария ивановна кэпсээнин иһиттибит. Истибэтэпитин иһиттибит, көрдүбүт. Бары болхойдубут. Билигин хоһоон аађыытыгар киирэбит. Жюрины билиһиннэрэбит: Бочурова Т.Н, Крылова М.Е., Северьянова А.Н. 2 кылаастартан сађалыыбыт. Бары дађаны П.Н.Тобуруокап хоһооннорун үөрэтэн кэлбиккит.
Билигин 4 хамаандађа арахсабыт. Бары биир-биир кэлэн бу ыһыллан сытар суруктартан биирдии суругу ылан көрөбүт. «Туллай» диэн суруктаахтар «Туллай» диэн хамаанда буолаллар. Ити курдук эмиэ маннык хамаандалар бааллар. «Сиибиктэ», «Бурђаллай», «Чађаан». Бары миэстэбитин буллубут. Аны хамандыырдары талынабыт.
Чэ, бары болђойон иһиттибит. Мин боппуруостары аађыам хайа хамаанда илиитин урут ууммут эппиэттиир. Сөпкөэппиэттэбиккэ сулус биэрэн иһэбит. Хайы хамаанда элбэх сулуһу ылбыт ол хамаанда кыайыылаах тахсар.
а) Кып-кыра
Чычып-чаап
Хап-хара
Харахтаах Хоһоон аата? ( «Чычып-Чаап»)
б) Эрдэ турбут ођолор
Элбэхтик да оонньууллар,
Хойут турар ођолор
Куоттараахтаан ытыыллар. Хоһоон аата? («Эрдэ турбут ођолор»)
в) Улаатарым буоллар мин
Оскуолађа, барыах этим,
Кинигэбин, тэтэрээппин
Киртиппэккэ тутуох этим. Хоһоон аата? («Улаатарым буоллар мин»)
Барыларыгар биир сорудах биэрэбин. Хайа хамаанда түргэнник билэр эбитий.
Х букваттан сађалыан –
Халлаан үөһэнэн
Халын үөрүнэн
Халлагыраһан ааһыа.
Т-ны бастатыан –
Тылын уларыйыа,
ϴрүскэ, хайађа
ϴрөһүлэнэ сытыа.
Б-ны бастатыан –
Балыыһађа барыан,
С-тан саңарыан –
Ыраас күөххэ хаамыан!
(Хаас. Таас. Баас. Саас)
Ким ханна үлэлиирий?
Чугастаађы мутуктары
Тосту солоон, тиит ођутта!
Куобахтары, саһыллары
Куттаан, ыраах ойутта!
«Дружба» татыгырыыр,
Тула тыађа сатарыыр!
Эрбииттэн көөбүл тохтор. (Мас охторооччу)
Саас бэл өрүс сынньаммат,
Айан-сырыы бараммат!
Ууга быһа тимирэннэр,
Ууну тођо силэйэннэр,
Оргууй устан билгэһэллэр
Уматыктаах лихтердэр.
Дайа оонньуур кубалар –
Талба маңан «_______» туохтарый («Ракеталар»)
Билигин хамаандаларга хоһоон тылын биэрэбин. Хоһоону искитигэр үстэ аађађыт онтон өйдөөбүттэрин ођолого аађан иһитиннэрэллэр.
Эмтээх үһү моонньођон,
Эмтээх үһү дөлүһүөн,
Эмтээх олус харас отон.
Эмтээх аспыт үгүһүөн.
Эрдэ турар кэрэтин
Эрдэ туран билэђин,
Эйигиттэн күн үөрэр,
Эђэрдэлээн мичээрэр!
Кроссворд таайыыта. «ТОБУРУОКАП» диэн тылтан тахсар кроссворду таайабыт. 5 мүнүүтэ бэриллэр. 1 сөпкөтыл 1 балл.
П
Е
Т
Р
О
ђ
О
С
И
И
Б
И
К
Т
Э
Т
У
Л
Л
А
Й
Х
А
Р
А
Х
Т
А
А
Х
О
һ
УО
Р
Д
А
А
Х
К
У
Р
Д
У
К
Х
А
Т
Ы
ң
Х
А
П
П
Ы
Т
Ы
А
Н
П.Тобуруокап сиэнин аата?
Кутуйахтан куттанаахтаан
Куота-куота ытыыр …. (көппүт тылы суруй?)
П.Тобуруокап ођођо аналлаах кинигэтин аата?
Кыра саастаах оскуола ођолоругар остуоруйалаах кинигэтин аата?
Кып-кыра
Чычып-чаап
Хап-хара ……… ( көппүт тылы суруй?)
«Мутукча сыта» ырыа бастакы тыла
Ынах ….. ыллааччы
Ымыы курдук манырааччы (көппүт тылы суруй?)
Ырыађа ылламмыт
Хоһооңңо холбоммут
Маңанчаан хатыңым
Маныгын дађаны Хоһоон аата?
Хаппытыан,Хаппытыан
Хонтуоран кыратыан
Хотонун тымныытын, Хоһоон аата?
Бу хоһоону бары билэђит. Хайа хамаанда түргэнник хоһоон аатын этэр эбитий?
Ођолорго күһүн
Саңа дьылбыт үүнэр,
Оскуолабыт бүгүн
Биһигини күүтэр.
Чугдаар – ыллаа, чуораан!
Аһылынна киэн аан!
Оскуолабыт, дорообо!
Учууталбыт, дорообо! («Оскуолабыт, дорообо!»)
Петр Тобуруокап «Күннүн оонньуур күөрэгэйдэр» кинигэттэн «Буквалар оонньууллар» хоһоон хаһыс страницађа баарын суруйађыт. Хайа хамаанда түргэнник булар эбитий? (23-26 стр)
Билигин хамаандалар Петр Тобуруокап хоһоонноругар инценировка көрдөрүөхтэрэ. Кинилэр бэлэмнэнэр кэмнэригэр П.Тобуруокап ырыа буолбут хоһооннорун истиэхпит.
Бары үчүгэй бађайы инценировкалары көрдүбүт. Билигин жюри түмүк таһарыар диэри нэдиэлэ устата барбыт викторинађа кыттыбыт ођолорго махтал сурук бириис туттарабыт.