II. Тиэмэҕэ тахсыы. Сыалы-соругу тобулуу: | - Бу ребуһу таайдахпытына бүгүҥҥү дьарыкпыт тиэмэтин билиэхпит. Дьарыкпыт тиэмэтэ туох диэн эбитий? Маладьыастар. Эһиги олоҥхо туһунан тугу билэҕит? Быйыл ханнык олоҥхону үөрэппиккитий? Олоҥхо хаамыытын этап быһыытынан ааттаталаан эрэ Ньургун Боотур уонна ыйыста Хара охсуһан бардылар. Маҥнай үҥүүнэн, батыйанан кииристилэр. Онтон сэптэрэалдьаммытын кэннэ кыһыл илиинэн кырбастылар. Охсуһуу улахана манна буолла, холорук бөҕө таҥнары сатыылаата, таас бөҕө көттө. Аллараа дойду биистэрэ олохторо айманна, ытаһыылара-соҥоһуулара сүрдэннэ. Айымньы бу сюжета ханнык этапка көстөрүй Ханнык баҕарар олонхоҕо сырдык уонна хараҥа күүстэр охсуһуулара ойууланар. Бүгүн биһиги тугу оҥорор эбиппитий? | Слайданан көрөн ребуһу таайыы, дьарык тематыгар тахсыы Оҕолор эппиэттэрэ Литература ааҕыыгар олоҥхо үс дойдутун кытта билсибиппит. - "Күөнэ Көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү Бухатыыр" Петр Решетников -Көһөҥө Бүөтүр Олоҥхо хаамыытын этэллэр. - Аан ийэ дойду айыллыыта - Олоҥхо сирэ-уота, айылҕата кэпсэнэр -Олоҥхо үс дойдута - Орто дойду олохтоохторо - Абааһы урдустара аллараа дойдуттан тахсыылара - Орто дойду маанылаах кыыһын уоруулара - Бухатыыр дохсун атыгар олорон аллараа дойдуга айаннааһына - Абааһы бухатыырын кытта күөн көрсүһүүлэрэ, дуолан охсуһуулара - Айыы бухатыыра өрөгөйдөөх кыайыыта - Ыһыах ыһыыта. Уруу күнэ Сэҥээрэн истэллэр. Сорукка тахсаллар |
III. Дьарык сүрүн чааһа Хатылааһын. Билиини бөҕөргөтүү | - Оҕолоор, "Олоҥхо үс дойдута" диэн тугу этэллэрий "Олоҥхо үс дойдута" ааҕан иһитиннэрии. бэриллибит кластеры толороллор. - Үөһээ дойду - Орто дойду - Аллараа дойду Олонхо үс дойдута 1. Үөһээ дойду - Сырдык ыраас киэн куйаар , Үрдүкү айыылар, танаралар дойдулара. Бу танаралар Орто дойду дьонун араначчылыыллар, олохторун олохтууллар уонна дьыл5аларын түстүүллэр. 2. Орто дойду : Улаҕата көстүбэт, Уҥуоргута биллибэт, Аҕыс иилээх –саҕалаах. Алта киспэлээх, Атааннаах-мөҥүөннээх, Айгыр –силик бэйэлээх Аан ийэ дайды. 3. Аллараа дойду. Абааһылар орто дойду олоҕун аймыыр, алдьатар, былдьыыр, урусхаллыыр аналлаахтар. Бу үс дойду олохтоохторун ааттаталаан эрэ. Олохтоохторо: Үрүн Аар тойон, Адьыны Сиэр хотун, Күн Дьөһөгөй айыы, Күрүө Дьөһөгөй хотун, Айыы Умсур удаҕан уонна да атыттар олороллор. Олохтоохторо: Бухатыырдар (Ньургун Боотур, Үрүн Уолан), Куолар (холобур: Туйаарыма Куо, Айталыын Куо ), тойоттор, хотуттар, дьон-сэргэ, чаҕардар уонна да атыттар. Олохтоохторо: абааһылар, абааһы бухатыыра, абааһы кыыһа. Кинилэр быһыылара-таһаалара санааларын курдук олус куһаҕан. Бу үс дойдуну туох ситимниирий. Ким билэрий? Саамай сөп. -Аал луук мас Олонхоҕо биир улахан суолта маска бэриллэр. Ол курдук, аҕыс лабаалаах Аал Луук мас диэн баар. Аал Луук мас олонхоҕо киһи аймаҕы аһатар кэхтибэт үүнүү, сайдыы бэлиэтэ буолар. Олонхоҕо саха ытык маһа хатыҥ буолар. Саха дьоно бу маска сүгүрүйүүтэ көстөр. Хатыҥнар үүнэн туралларын көрөн, Айыылар үтүө сир бу баар эбит диэннэр, бу сиргэ Орто дойду оло5о буоллун диэн анаабыттар эбит. «Үс үүт манан булгунньах үрүт өттүгэр үүнэн турар илибирэс сэбирдэхтээх, нуоҕай маҥан хатыҥ», «Үрүн көмүс түмэрдьилээх хатыҥ мас» диэн уустаан-ураннаан хоһуйуллар. Биһиги билиҥҥи олохпутугар Мас суолтатата улахан. Мас баар буолан ойуур-тыа баар, ойуурга отон арааһа, көтөр-сүүрэр үгүс.Мас баар буолан биһиги олорор дьиэлээхпит, миэбэллээхпит, кинигэ, тэтэрээт баар. Хатыҥ мас туһатын өссө ким этиэй Билигин бу кластербытыгар Аал луук мас уруһуйдаан үс дойдуну ситимниэхэйин | - Оҕолор эппиэттэрэ. - кластер толоруута. Бэриллибит үс муннук кластерга олоҥхо үс дойдутун суруйаллар -Үс дойду олохтоохторун , тугунан дьарыктаналларын кэпсииллэр. Аал луук мас. Кластерга уруһуйдаан көрдөрөллөр. Үс дойдуну ситимнээн. Хатыҥ мас Саха сиригэр үүнэр мастан ордук хатыҥ мас киһи олоҕор туһата элбэх: Олус кэрэ көстүүлээх,тулалыыр эйгэни киэргэтэр, салгыны чэбдигирдэр. Туос, мас иһит, киэргэл оҥороллор. Уксус, фурфурол диэн химическэй веществолары ылаллар. Фурфуролтан пластмасс, араас эмп фурациллин , лаах, кырааска о.д.а.оҥоролор. Хатыҥ уутугар элбэх глюкоза, фруктоза, минеральнай туус уо.д.а. битэмииннэр бааллар. Сэбирдэхтэрэ араас ыарыыларга туһалыыллар. Дьиэ-уот, миэбэл онороллор - Өҥнөөх харандааһынан "Үс додйу" ситимин уруһуйдууллар |
IV . Оҥоһук ис хоһоонун ырытыһыы. Үлэ торумун быһаарсыы. | Бугуҥҥу бырайыакпытыгар биһиги Айыы бухатыыра уонна абааһы бухатыырын уобарастарын ырытан, мэһийэн оҥоруохпут, ойуулуохпут. Оҕолоор, орто дойду уонна аллараа дойду күүстээх уохтаах Бухатыырдара кимнээх эбиттэрий Олонхо бухатыырын тас көрүнүн, күүһүн-уо5ун туһунан уустаан-ураннаан маннык көрдөрөллөр. Үс былас үөрбэйэр өттүктээх, Биэс былас биэкэйэр биилэрдээх, Алта былас аманаат дараҕар сарыннаах, Баай тиитим бастын дүлүнүн Балтаччы ууран барыллаабыт курдук Барылы ньыгыл быччыннаах эбит. Абааһы бухатыырын көрүҥэ, быһыыта - таһаата Атара кутуруктаах. арбыйа тиистээх Арсан Дуолай абааһы, Илиэһэй бииһин ууһун ийэтэ буолбут Ала буурай абааһы, Уорааннаах тыыннаах, уора5айдаах санаалаах Уот уһутаакы бухатыыр, Сараһын сирэй , сарыы таҥалай Илиэһэй кыыһа Имэн татай, Адьарай кыыһа алып сэгэйээн Кыыс о5о Кыскыйдаан Куо... дэнэр. | Дорҕоонноохтук ааҕыы, ырытыы. Үлэ торумун быһаарсыы |
V. Хамсаныылаах сынньалан | Хотуурчааммын сытыылаатым кыстык ууран таптайдым, Ходуhаҕа киирэммин хойуу оту оҕустум. Охсуллубут оту сыыйан кыраабыллан кылбаттым, Бугул бөҕө туруоран чөмчөтөлөөн кэбистим. Астык лэкээ бугулу атырдьахтаан ыламмын Үөһэ өрө бырахтым, үрдүк оту туруордум. | Үҥкүү хамсаныыларынан, музыка доҕуһуолунан хамсаныылары оҥороллор «Өтүйэнэн хотуур таптайыы», «Игиинэн хотуур сытыылаhын», «От охсуута», «От кыраабыллааhын», «От кыдамалааhын», «От түстээhин» |
VI.Дьарык практическай үлэтэ | Айыы бухатыыра уонна абааһы бухатыырын уобарастарын ырытан, мэһийэн оҥоруохпут, ойуулуохпут. - Мэһийэн оҥоруу алгоритмын хатылыаххайын эрэ. - Куукулаларбыт өҥнөрүн хайдах талабыт. Эһиги санааҕытыгар Айыы бухатыыра таҥаһа-саба, туттар тэрилэ хайдах буолуохтааҕый. Тугу кытта дьүөрэлиибит Абааһы бухатыырын кырааскалыырга ханнык дьүһүннэри туттабыт Өҥнөр үөрэтии быраабылатын туттабыт. | Мэһийэн оҥоруу алгоритма - Сымыыт ячейката, ПВА клей, фольга, баанка - Сымыыт ячейкатын бытархай гына хайа тардабыт. - Итии ууга илитэбит - Сойбутун кэннэ мэһийэбит. Уутун ыгабыт - ПВА клей кута-кутабыт пластилин курдук буолуор дылы мэһийэбит. - Банкабытыгар фольганан куукулабыт төбө, илии моһуоннарын оҥорон килиэйдиибит. - Куура түспүтүн кэннэ кумааҕыттан оҥоһуллубут маассабытынан сыбыыбыт - Куурдабыт - Кырааскалыыбыт - Сирэйин туустаах тиэстэттэн оҥоробут Оҕолр эппиэттэрэ Айыы бухатыыра орто дойду киһитэ Таҥаһа-саба ыраас, сырдык өҥнөрү туттуохтаахпыт - Абааһы бухатыыра аллараа дойдуттан кэлбит, онон хараҥа дьүһүннэри туттабыт |
VII. Бэйэни сыаналаныы. Санаа үллэстиитэ | Түмүктээн эттэххэ, биһиги билигин ийэ айылҕабытын харыстаан, тулалыыр эйгэни кытта кэлим буолан, үтүөнү үксэтэн, кэрэни кэрэхсээн олоруохтаахпыт. Оччоҕуна эрэ бу орто туруу дойдубут маһа охтон бараныа, уута уолан бүтүө , уйгута уостан сүтүө суоҕа. Мин санаабар, олоҥхо үс дойдутун туһунан ырыта санаан көрөр буоллахха,билиҥҥи биһиги олохпутугар хайдах дьүөрэлиэххэ сөп буолуой : Үөһээ дойду диэн дьон-сэргэ тардыстар сырдык ырата, баҕа санаата.Инники олох сайдыытын үүнэр саҕахтара. Орто дойду диэн дьон – сэргэ билиҥҥи олооо-дьаһаҕа. Аллараа дойду диэн ыарыы-сүтүү, дьан-дьаһах, араас куһаҕан дьайыылар | Оҕолор эппиэттэрэ, бэйэ санааларын этии Үөһээ дойду диэн...... ыра санаа (мечта) Орто дойду диэн..... үчүгэй быһыыны оҥоруу, кырдьаҕастарга көмөлөһүү... . Аллараа дойду..... куһаҕан быһыы, буруйу оҥоруу, уоруу |