kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Кылаас чааһа "Эбэм, эһэм олоҕо, урукку үлэтэ-хамнаһа"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Сыала: эбээҕэ, эһээҕэ ытыктабылы иитии, кинилэргэ көмөлөһөр наадатын өйдөтүү.
Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Кылаас чааһа "Эбэм, эһэм олоҕо, урукку үлэтэ-хамнаһа"»

Кылаас чааһа "Эбэм, эһэм оло5о, урукку үлэтэ-хамнаһа"

Сыала: эбээҕэ, эһээҕэ ытыктабылы иитии, кинилэргэ көмөлөһөр наадатын өйдөтүү.

- Киһи барыта бастаан кыра о5о буолар, оскуола5а үөрэнэр. Онтон улаатан үлэһит киһи буолар, о5олорун көрөн-истэн улаатыннарар. Оттон кэлин кырдьар, мөлтүүр, кыаммат буолар. Оччо5о аны о5олоро кинини көрөллөр-харайаллар.

П.Одорусов "Эбээ"

Эбээ эрдэ уһуктар,

Эбээ хойут утуйар,

Эбээ курдук түбүктээх,

Эбээ курдук үлэлээх

Ким да баарын билбэппин,

Кимин кыайан эппэппин.

Эбээ дьиэтин дьаһайар,

Эбээ сиэнин харайар,

Эбээ курдук эйэ5эс,

Эбээ курдук сайа5ас

Ким да баарын билбэппин,

Кимин кыайан эппэппин.

Эбээ дьиэтэ ичигэс,

Эбээ аһа минньигэс,

Эбээ курдук үчүгэй,

Эбээ курдук дэлэгэй

Ким да баарын билбэппин,

Кимин кыайан эппэппин.

- Ким туһунан хоһоонуй? Эбээ хайдах эбитий? Тугу гынар эбитий?

- Эһиги эбэ5ит, эһэ5ит урут эмиэ эһиги курдук кыра о5олор этэ. Оонньууллара, сүүрэллэрэ-көтөллөрө, мэниктииллэрэ. Онтон оскуоланы бүтэрэн салгыы үөрэнэн, араас идэни ылбыттара. Эһиги эбэлэргит, эһэлэргит туох идэлээхтэрий? Тугу үлэлээбиттэрэй?

- (Хос) эһээлэр сэриигэ сылдьыбыттара, кыайыыны уһансыбыттара. Сорохтор сэрии толоонугар охтубуттара, сорохтор бааһыран, онноо5ор илиитэ-ата5а суох төннүбүттэрэ. Оттон ол кэмңэ (хос) эбээлэр сир хорутан, бурдук ыһан, от охсон, сүөһү көрө. Оччотоо5у о5олор улахан дьоңңо тэңңэ көмөлөһөн олорбуттара, олох ыараханын көрсүбүттэрэ. Сэрии кэнниттэн эр дьон тракторист, суоппар, атын да үөрэ5и бүтэрэн үлэлээбиттэрэ.

Кинилэр билигин пенсия5а тахсан бочуоттаах сынньалаңңа олороллор. Кыахтара баарынан билигин да о5олоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр көмөлөһөллөр. Эһиги эбэ5ит, эһэ5ит туһунан тугу билэҕит?

Сэһэргэһии.

- Саха киһитэ кырдьа5аһы куруук көрөр-харайар. Ол иһин былыр былыргыттан о5о төрөөтө5үнэ "О5ом туйахпын хатарыа", "о5ом уңуохпун тутуо, көмүс уңуохпун көтө5үө" диэн олус үөрэр этилэр.

Уруһуй "Эбэм, эһэм биһикки"

- Эһиги эбэ5ит, эһэ5ит урут эмиэ күүстээх-уохтаах, кыайыгас-хотугас, эдэр этилэр. Элбэх үлэни үлэлээбиттэрэ, о5олорун ииппиттэрэ, сиэннэригэр, эһиэхэ да көмөлөһөллөр, сүбэлииллэр-амалыыллар. Кинилэр кырдьан кыаммат буолан иһэллэр, ыалдьаллар. Онон билигин эһиги кинилэргэ көмөлөһүөх тустааххыт.


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Внеурочная работа

Категория: Прочее

Целевая аудитория: 1 класс

Скачать
Кылаас чааһа "Эбэм, эһэм олоҕо, урукку үлэтэ-хамнаһа"

Автор: Поскачина Алёна Антоновна

Дата: 17.05.2017

Номер свидетельства: 416183


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Ваш личный кабинет
Проверка свидетельства