Сыала: чэнчис буоларга иитии, о5о бэйэтин сатаан көрүнэр-харанар, онно анал бириэмэлээх буоларын өйдөтүү.
Просмотр содержимого документа
«Кылаас чааһа "Чэнчис буола үөрэниэх"»
Кылаас чааһа "Бэйэни хараныы"
Сыала: чэнчис буоларга иитии, о5о бэйэтин сатаан көрүнэр-харанар, онно анал бириэмэлээх буоларын өйдөтүү.
Туттуллар тэрил: мыыла, тиис суунар, таңас, атах соттор щёткалар, тараах, кыптыый, тимэх, саптаах иннэ. Суунар таас, өтүүк ойуулара.
- Манна туох баарын бол5ойон көрүң эрэ, бу предметтэринэн дьон тугу гыналларый?
- Эһигиттэн ким бэйэбитин сатаан харанарый? Ким кыптыыйынан тыңыра5ын бэйэтэ кырынарый? Ким тимэ5ин сатаан тиктэрий? Ким кыра таңаһын бэйэтэ суунарый? Ким саппыкытын, бачыыңкатын сатаан ыраастыырый? Ким батта5ын үчүгэйдик тараанан бэйэтэ өрүнэрий? Ким күн аайы тииһин ыраастанарый?
- Оттон итини барытын эһиги хаһан оңоро5утуй? Онно эмиэ режим наада эбээт. Сарсыарда туран баран тугу гына5ытый? Оскуолаттан кэлэн баран тугу гына5ытый? Аһыаххыт, утуйуоххут иннинэ тугу гына5ытый? Оттон субуота5а, өрөбүлгэ?
Бэйэни хараныы бэрээдэгэ.
- Оонньоон Айтал бүгүн хортуоска хостоон кэлбит үһү. Айтал илиитин хайдах суунуо5ай? (Бастаан илиитин илитэр, онтон мыылалыыр. Илиитин, тарбахтарын, ордук тыңыра5ын са5атын аалар, онтон уунан сайгыыр.)
- Оттон Саргы сарсыарда саңа турбут үһү. Кини тииһин хайдах ыраастанар эбитий? (Бастаан айа5ын сай5анар, онтон щёткатын илитэн баран, пааста ыган таһаарар. Тииһин үөһэттэн аллараа, төттөрү-таары аалар. Ол кэннэ айа5ын хаста да үчүгэйдик сай5анар.)
-Саргы аны сирэйин суунар эбит. (Бастаан сирэйин уунан илитэр. Онтон ытыһын мыылалыыр уонна сирэйин үөһээ-аллараа сотор. Салгыы кулгааҕын суунар, чөмүйэтинэн кулга5ын иһин ыраастыыр. Онтон салгыы моонньун суунар, бастаан ытыһынан сүнньүн мыылалыыр, онтон суунар.)
- Саргы аны тугу гынара хаалла? Кини хайдах сотторуй? Көрдөрүң эрэ. (Бастаан сотторун икки ытыһыгар тэниччи уурар, икки иэдэһин соттор, онтон кулгаа5ар тиийэр, бүтэһигэр моонньун соттор.)
- Саргы аны тугу гынара хаалла? Билигин батта5ын өрүнэр.
Уруһуй "Мин тугу сатыыбын ". О5о кэпсиир кэмигэр "бастаан, онтон, ол кэнниттэн" диэн тыллары туттар.
- Бэйэни хараныы диэн олус судургу дьыала буолбатах эбит, ону сатыахха уонна анал бириэмэ биэрэн, куруук оңоруохха наада.