« Оҕо айар дьоҕурун олоҥхо, остуоруйа нөҥүө сахалыы тыыҥҥа иитии”
бырайыак
Дойдуунускай алын сүһүөх оскуола-саадын учуутала
Дьяконова-Кычкина Туйара Михайловна
Оҕо илиинэн оҥорор «Айар абылаҥ» уонна «Остуоруйа дойдута» куруһуок
Чинчийии сыала.
Олоҥхо, остуоруйа нөҥүө норуот үтүө үгэстэрин туһанан, сиэрдээх майгыны олохсутан, олоххо көрүүлэрин билиҥҥи киэпкэ, ньымаҕа киллэрэн кэнчээри ыччакка тиэрдии. Быраҕыллар материалтан мындырдаан оҥоһуктары оҥорон төрөппүт, оҕо интэриэһин тардыы. Фантазияларын, билэ-көрө сатыыр дьоҕурдарын сайыннарыы, тыа ыалын оҕотугар экономика бастакы хардыыларын иҥэрии, тылы сайыннарыы.
Кылаас таһынааҕы дьарык тиэмэтэ:
“ Олоҥхо – уобарастара”
Дьарык сыала:
Үөрэтэр сыала:
Илиинэн оҥоһук нөҥүө оҕоҕо олоҥхону тиэрдии, билиһиннэрии, сахалыы тыыҥҥа иитии-үөрэтии.
Иитэр сыала :
Олоҥхо баай талым тылыгар интэриэһи көбүтүү.
Сайыннарар сыала:
Үөрэнээччи толкуйдуур, тобулар, айар дьоҕурун сайыннарыы
Үөрэтии дэгиттэр дьайыылара
Билэр-көрөр үөрүйэх: Иһитиннэриили өйдөөһүн, өйдөбүлгэ сөп түбэһиннэрэн түмүк таһаарыы, тэҥнээһин, майгыннатыы, бэйэ санаатын этии.
Көннөрүнэр үөрүйэх : Бэйэ санаатын этэргэ боруобаланыы, ыарырҕатыыларын этинэр, быһаарар.
Бодоруһар үөрүйэх: Учууталы уонна тэҥ саастаахтарын кытта алтыһан үлэлиири быһаарсыы, уопсай быһаарыныыны ылыныныыга сөпсөһүүгэ, сөбүлэниигэ тиийии.
Биридимиэттэри кытта сибээһэ
Литература ааҕыыта
Тулалыыр эйгэ
Технология
Уруһуй
Музыка
Дьарык тиэмэтэ
,
Д=Х
,
,,,,
+С Д =Т ар А
Ребуһу сөпкө таайдаххытына бүгүҥҥү дьарыкпыт тиэмэтэ тахсыаҕа
Олоҥхо хаамыытын этаптара.
- Аан ийэ дойду айыллыыта
- Олоҥхо сирэ-уота, айылҕата
- Олоҥхо үс дойдута
- Орто дойду олохтоохторо
- Абааһы урдустара аллараа дойдуттан тахсыылара
- Орто дойду маанылаах кыыһын уорааһыннара
- Бухатыыр дохсун атыгар олорон аллараа дойдуга айаннааһына
- Абааһы бухатыырын кытта күөн көрсүһүүлэрэ, дуолан охсуһуулара
- Айыы бухатыыра өрөгөйдөөх кыайыыта
- Ыһыах ыһыыта. Уруу күнэ
Сыалга-сорукка тахсыы
Ньургун ботур уонна Ыйыста Хара охсуһан бардылар. Маҥнай үҥүүнэн, батыйанан кииристилэр. Онтон сэптэрэ алдьаммытын кэннэ кыһыл илиинэн кырбастылар. Охсуһуу улахана манна буолла, холорук бөҕө таҥнары сатыылаата, таас бөҕөтө көттө. Аллараа дойду биистэрэ олохторо айманна, ытаһыылара-соҥоһуулара сүрдэннэ.
Бу кэрчик ханнык этапка көстөрүй?
Бүгүн биһиги тугу оҥорор эбиппитий?
- Дьарык сүрүн чааһа. Хатылааһын. Билиини бөҕөргөтүү.
“ Олоҥхо үс додута”
Үөһээ дойду – Сырдык ,ыраас, киэҥ куйаар. Үрдүкү айыылар , таҥаралар дойдулара.
Орто дойду – Улаҕата көстүбэт,
Уҥуоргута биллибэт,
Аҕыс иилээх-саҕалаах.
Алта киспэлээх,
Атааннаах-мөҥүөннээх,
Айгыр- силик бэйэлээх
Аан ийэ дайды.
Аллараа дойду – Абааһылар орто дойду олоҕун аймыыр, алдьатар, былдьыыр, урусхаллыыр аналлаахтар
Олоҥхо үс дойдутун олохтоохторо
Олоҥхо үс дойдутун олохтоохторо оҕо оҥоһугунан
Кластер толоруута
Айыылар
Орто дойду
А
Айыы
Аллараа дойду
14
Олоҥхо үс дойдутун ситимниир
Аал Луук мас
“ Үс үүт маҥан булгунньах үрүт өттүгэр үүнэн турар илибирэс сэбирдэхтээх, нуоҕай маҥан хатыҥ”
Хатыҥ мас туһата
-Тулалыыр эйгэни киэргэтэр, салгынын ыраастыыр
-Туос, мас, киэргэл
-Уксус, фурфурол диэн химическэй веество ылаллар
-Хатыҥ уутугар элбэх глюкоза, фруктоза, битэмииннэр бааллар
-Сэбирдэхтэрэ, үнүгэстэрэ ыарыыга туһалыыр
-Дьиэ-уот, миэбэл оҥороллор
IV. Үлэбит ис хоһоонун ырытыһыы , тэҥнээн көрүү.
Айыы бухатыыра
Үс былас үөрбэйэр өттүктээх,
Алта былас аманаат дараҕар сарыннаах,
Баай тиитим бастыҥ дүлүҥүн
Балтаччы ууран барылаабыт курдук
Барылы ньыгыл быччыҥнаах эбит
Абааһы бухатыыра
Атара кутуруктаах, арбыйа тиистээх,
Уорааннаах тыыннаах, уораҕайдаах санаалаах.
Хамсаныылаах сынньалаҥ
V. Дьарык практическай чааьа
VI. Бэйэни сыаналаныы, санааларын этинии
Биһиги билигин ийэ айылҕабытын харыстаан, тулалыыр эйгэни кытта кэлим буолан, үтүөнү үксэтэн, кэрэни кэрэхсээн олоруохтаахпыт. Оччоҕуна эрэ бу орто туруу дойдубут маһа охтон бараныа, уута уолан бүтүө, уйгута уостан сүтүө суоҕа.
Мин санаабар, олоҥхо үс дойдутун туһунан ырыта санаан көрөр буоллахха, билиҥҥи олохпутугар хайдах дьүөрэлиэххэ сөп буолуой:
Үөһээ дойду диэн дьон-сэргэ тардыстар сырдык ырата, баҕа санаата. Инники олох сайдыытын үүнэр саҕахтара.
Орто дойду диэн дьон-сэргэ билиҥҥи олоҕо-дьаһаҕа.
Аллараа дойду диэн ыарыы-сүтүү, дьаҥ-дьаһах, араас куһаҕан дьайыылар.
Рефлексия.