kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Рабочая программа по внеурочной деятельности "Мин сахабын" (1 класс)

Нажмите, чтобы узнать подробности

Содержание курса направлено на творчески способных детей. Каждый ребенок должен изучать свой родной язык, традиции.
Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Рабочая программа по внеурочной деятельности "Мин сахабын" (1 класс)»

Министерство образования РС (Я)

МКУ «Вилюйское улусное управление образованием»

МБОУ «Кыргыдайская СОШ имени Д.А. Гуляева»





Рассмотрено Согласовано Утверждаю

на заседании на заседании Директор МБОУ«Кыргыдайская СОШ

МО учителей начальных классов методического совета школы им.Д.А.Гуляева» Кучутов Н.Н.

Руководитель МО Петрова О.И. Зам.дир. по УМР: Игнатьева А.С. ___________________

_____________________ ____________________ Приказ №_____

«____»____________2014 г. «_____»_______________2014 г. от «____»___________2014г.






Рабочая программа

внеурочной деятельности

«Мин сахабын» для I-го класса







Учитель начальных классов

Окоемова Василиса Гаврильевна

Первая квалификационная категория




















2014-2015 учебный год



Быһаарыы сурук


I кылааска аналлаах «Мин сахабын» диэн үөрэх тас өттүнэн дьарык оҕону сахалыы тылга-өскө, өйгө-санааҕа, тыыҥҥа иитиигэ туһуламмыт кууруһун үлэлиир программата маннык докумуоннарга олоҕурар:

  1. Арассыыйа Бэдэрээссийэтин үөрэҕириигэ уонна билимҥэ Министиэристибэтин 2009 сыл алтынньы 10 күнүнээҕи 373№-дээх бирикээһинэн бигэргэтиллибит алын сүһүөх уопсай үөрэхтээһинин судаарыстыбаннай ыстандаардын Бэдэрээлинэй кэмпэниэнэ.

  2. Арассыыйа Бэдэрээссийэтин «Үөрэҕирии туһунан» сокуона. 14 ыстатыйа. Үөрэҕирии ис хоһоонугар уопсай ирдэбиллэр (V пуун). 32 ыстатыйа. Үөрэх тэрилтэтин кэмпитиэнсийэтэ уонна эппиэтинэһэ (II пуун 5,6,7,16,20,23 чаастара уонна III пуун 2 чааһа).

  3. Уопсай үөрэхтээһин тэрилтэтин туһунан төрүт балаһыанньа. 2009 сыл кулун тутар 3 күнүнээҕи 216№-дээх 41 ыстатыйаҕа уларытыылаах 2001 сыл кулун тутар 19 күнүнээҕи 196№-дээх Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Бырабыыталыстыбатын Уурааҕа.

  4. Арассыыйа Бэдэрээссийэтин үөрэх тэрилтэлэрин Бэдэрээлинэй тирэх үөрэх былаана уонна билимҥэ Министиэристибэтэ бигэргэппит алын сүһүөх уопсай үөрэхтээһинин Бэдэрээлинэй судаарыстыбаннай уопсай үөрэхтээһин ыстандаардыгар уларытыылары киллэрии туһунан Бирикээһэ.

  5. 2009 сыл алтынньы 6 күнүнээҕи 373№-нэн Арассыыйа Бэдэрээссийэтин үөрэҕириигэ уонна билимҥэ Министиэристибэтэ бигэргэппит алын сүһүөх уопсай үөрэхтээһинин Бэдэрээлинэй судаарыстыбаннай уопсай үөрэхтээһин ыстандаардыгар уларытыылары киллэрии туһунан Бирикээһэ.

  6. Саньытаарынай быраабылалар уонна нуормалар (СанПиН 2.42. – 2821 10).

  7. 2014-15 үөрэх сылыгар Д.А.Гуляев аатынан Кыргыдай орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын үөрэх тас өттүнэн дьарыкка былаана


Билигин төрөөбүт тыл, Федеральнай государственнай үөрэх стандартын (ФГҮӨС) ирдэбилинэн, уопсай үөрэхтээһин булгуччулаах чааһыгар киирэн, базиснай үөрэх былааныгар (Федеральнай) миэстэтэ, үөрэтиллэр чааһа чопчу ыйыллан үөрэтиллэр таһыма үрдээтэ. Алын сүһүөх оскуола таһымыгар төрөөбүт тылы үөрэх предметин быһыытынан үөрэтиигэ түмүк ирдэбили эмиэ Федеральнай государственнай үөрэх стандарда сүрүннүүр.

Ити ааттаммыт докумуон быһыытынан, начаалынай үөрэхтээһин таһымыгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтиигэ тэҥ таһымнаах түмүк ирдэнэр. Төрөөбүт тыл атын үөрэх предметтэрин кытта бииргэ оҕо личность быһыытынан сайдыытын хааччыйыахтааҕа этиллэр, ону сэргэ урукку өттүгэр ирдэммэт саҥа булгуччулаах ирдэбили – үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини киллэрэр.

Төрөөбүт тыл, өбүгэ үгэһэ – көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр ханнык баҕарар норуот улуу нэһилиэстибэтэ, киһи аймах ытык өйдөбүллэриттэн (сыаннастарыттан) биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл – оҕоҕо тулалыыр эйгэтин кыраҕатык билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиҥник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, өйө-санаата сайдар, өбүгэтин үөрэҕин утумнуур сүрүн эйгэтэ.

Эбии дьарык сыала уонна соруга:

Начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тылы, өбүгэ угэһин үөрэтии предметэ атын үөрэх предмэттэрин ортотугар үөрэнээччи тылын-өһүн уонна өйүн-санаатын сайыннарар, сүрүн үөрэнэр үөрүйэҕи иҥэрэр кыаҕынан бас-көс балаһыанньаны ылар предмет буолар. Онон бу предмети үөрэтии таһымыттан саха оскуолатыгар начаалынай үөрэхтээһин уопсай туруга, үөрэнээччи салгыы сүрүн оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэрэ тутулуктаах.

Оҕо начаалынай оскуолаҕа үөрэнэр сааһыгар билиитэ-көрүүтэ, тыла-өһө уонна өйө-санаата тэтимнээхтик сайдар, иэйиитэ уонна саныыр санаата судургутук олохсуйар буолан, төрөөбүт тылы бу кэмҥэ кичэйэн үөрэтии – норуот тыла чөл туруктаах буоларыгар, кэнчээри ыччакка улуу нэһилиэстибэни тириэрдэргэ олус суолталаах.

Этиллибиккэ олоҕуран, төрөөбүт тылы уопсай үөрэхтээһин алын сүһүөх таһымыгар үөрэтии сыалын үс хайысхаҕа араарыахха сөп:

1) үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл туһунан билиини аан дойду туһунан научнай билии быстыспат сорҕотун быһыытынан иҥэрии, тыл үөрэҕин сүрүн балаһыанньаларын билиһиннэрии, онно олоҕуран, оҕо билэр-көрөр, толкуйдуур кыаҕын сайыннарыы;

2) үөрэнээччи дьону-сэргэни кытта төрөөбүт тылынан бодоруһар үөрүйэҕин, саҥа (тыл) култуурата киһи уопсай култууратын быстыспат сорҕото буоларын туһунан өйдөбүлгэ тирэҕирэн, саҥа (тыл) араас көрүҥэр (кэпсэтии, суруйуу, ааҕыы, өйтөн айыы, о.д.а.) үөрэтэн, салгыы сайыннарыы;

3) үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл норуот ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быһыытынан ураты харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии, хас биирдии киһи ийэ тылын сайыннарар иэстээҕин өйдөтүү.

Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии сыала маннык сүрүн соруктары быһаардахха ситиһиллэр:

  • дьону-сэргэни кытта бодоруһар саҥа (тыл) сүрүн көрүҥнэрин үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини кытта бииргэ алтыһыннаран үөрэтии;

  • тыл (саҥа) – бодоруһуу сүрүн ньымата диэн тутаах өйдөбүлгэ тирэҕирэн, үөрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар үөрүйэҕин сааһыгар сөп түбэһиннэрэн сайыннарыы;

  • тыл үөрэҕин билиитигэр, сурук-бичик култууратын төрүт өйдөбүллэригэр олоҕуран, үөрэнээччи төрөөбүт тылын литературнай нуорматын тутуһарын, алҕаһа суох саҥарарын уонна суруйарын ситиһии;

  • тыл үөрэҕин сүрүн салааларын (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туһунан уопсай өйдөбүлү иҥэриигэ тирэҕирэн, үөрэнээччи толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, сааһыгар сөп түгэһиннэрэн, өй үлэтин дьайыыларыгар үөрэтии;

  • төрөөбүт тылы билии, харыстааһын, сайыннарыы сүрүн ньымаларыгар үөрэтии.

Саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэнээччи төрөөбүт тылга ылбыт билиитигэр, иҥэриммит үөрүйэҕэр уонна сатабылыгар тирэҕирэн үөрэтии – билигин олохсуйбут өйдөбүл, бастыҥ учууталлар үгэскэ кубулуйбут үөрэтэр ньымалара. Онно тирэҕирэн, ФГҮӨС үөрэнэргэ үөрэтэр сүрүн балаһыанньатыгар уонна ирдэбилигэр олоҕуран, төрөөбүт тылга тирэҕирэн нуучча тылын үөрэтиини саҥа таһымҥа таһаарар кэм кэллэ.

Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии үөрэнээччи нуучча тылын кэбэҕэстик ылынарын хааччыйар, нуучча тылыгар тыл үөрэҕин үгүс уопсай балаһыанньаларын хос эбэтэр уруттаан үөрэтэри лаппа аҕыйатан, учуутал үөрэх чааһын оҕо нууччалыы саҥатын сайыннарыыга аныыр усулуобуйатын үөскэтиэхтээх. Онон саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэтии хаачыстыбатын тупсарыыга усулуобуйа үөскэтии – төрөөбүт тылы үөрэтии хос сыала-соруга.

Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ

Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты)

Саха тылын оскуолаҕа үөрэтии кэмигэр оҕо маннык ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриннэҕинэ төрөөбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыаҕын толору туһанарыгар эрэниэххэ сөп.

Төрөөбүт тыл – омугу сомоҕолуур тыл буоларын өйдүүр.

Төрөөбүт тыл төрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна уус-уран литератураҕа сөҥмүтүн билэр.

Төрөөбүт тылын сайыннарар, кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин, ийэ тыл үйэлэргэ чөл туруктаах буоларыгар тус оруоллааҕын өйдүүр.

Төрөөбүт тыл иитиллэр, үөрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэҕэйэр.

Төрөөбүт тыл элбэх омук алтыһан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киһиттэн харыстабыллаах сыһыаны эрэйэрин өйдүүр.

Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (метапредметные результаты)

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл.

Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быһа холоон билэр. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээҕин арааран өйдүүр. Сылга бииртэн итэҕэһэ суох төрөөбүт тылга аналлаах бырайыактарга кыттан (тус бырайыага, коллективнай бырайыак) үлэлиир.

«Тылы сэрэйэр» дьоҕуру (языковое чутье, чувство языка) сайыннарыы. Бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр тиэкискэ үөрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата саҥарар эбэтэр суруйар киһи тылыгар төһө сөпкө эбэтэр сыыһа туттулларын тута «сэрэйэн» билэр, итэҕэһин, алҕаһын быһаарар, көннөрөр, бэйэтин тылыгар-өһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар.

Тылын сайыннарар баҕаны үөскэтии (потребность в совершенствовании собственной речи). Төрөөбүт тылын барҕа баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүһүн, кыаҕын толору туһанарга, тылын-өһүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар.

Хонтуруолланыы. Бэйэ саҥатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһаллар.

Билэр-көрөр сатабыл. Сүрүн үөрэнэр сатабыл.

Үлэ сыалын-соругун таба туруоруу. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир.

Билиини-көрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы туһаныы. Сахалыы үөрэх-наука литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньыктартан, энциклопедиялартан, араас кинигэттэн) туһааннаах информацияны, билиини дөбөҥнүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык туһанар. Сахалыы тахсар оҕоҕо аналлаах республика, улуус, оскуола хаһыаттарын-сурунаалларын («Кэскил», «Чуораанчык», о.д.а.) тиһигин быспакка ааҕар, араадьыйанан, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр-көрөр, үөрэҕэр, чинчийэр, айар үлэтигэр көдьүүстээхтик туһанар. Сахалыы үөрэҕи сайыннарар интернет-сайтартан туһалаах, наадалаах информацияны булан, сөпкө наардаан туһанар; тиэкиһи компьютерга сахалыы шрибинэн бэйэтэ тэтимнээхтик бэчээттиир; интернет нөҥүө сахалыы ыытыллар араас тэрээһиҥҥэ төрөөбүт тыл литературнай нуорматын тутуһан, көхтөөoтүк кыттар.

Билиини сааһылааһын (структурирование знаний). Саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний).

Тобулук өйү сайыннарар үөрүйэхтэр. Төрөөбүт тыл оскуолаҕа оҕону сайыннарар үөрэх тутаах салааларыттан (предметтэриттэн) биирдэстэрэ. Онон үөрэнээччи саха тылын үөрэтэр кэмигэр үөрэнэргэ төрүт буолар өй үлэтин сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыыр.

Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэҕирэн, өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор: тэҥнээһин (сравнение), ырытыы (анализ), холбооһун (синтез), түмүктээһин (обобщение), (сериация), ханыылатан сааһылааһын (классификация), майгыннатыы (аналогия), сааһылаан ситимнээһин (систематизация). Итини сэргэ араас тойоннуур ньыманы (индукция, дедукция) табыгастаахтык туһанан дьону итэҕэтэр, ылыннарар курдук санаатын сааһылаан этэр үөрүйэҕэ сайдар.

Рефлексия. Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр. Үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр. Үлэ түмүгүн дьон интэриэһин, болҕомтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир.

Бэлиэни-символы туһанар үөрүйэхтэр. Дорҕоон (буукуба), тыл, этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туһанар. Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын оҥорор. Бэриллибит моделга тирэҕирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиһи айар. Этиини, тиэкиһи көннөрөргө анал корректорскай бэлиэлэри сатаан туһанар. Лингвистическэй билиини араас таблица, исхиэмэ, модель, диаграмма көмөтүнэн көрдөрөр. Таблицанан, исхиэмэнэн, моделынан, диаграмманан көрдөрүллүбүт лингвистическэй билиини өйдүүр уонна кэпсиир.

Бодоруһар сатабыл.

Бииргэ үлэлииргэ үөрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр (пааранан, бөлөҕүнэн, хамаанданан, о.д.а). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр (продуктивное взаимодействие), биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таһаарыылаахтык, көдьүүстээхтик үлэлиир үөрүйэхтэнэр (продуктивное сотрудничество).

Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, көҕүлүүр сатабылы табан туһанар. Кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ көрбүтүн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир. Дьон өйдөспөт, тыл тылга киирсибэт буолар төрүөттэрин сөптөөхтүк сыаналыыр, сатаан ырытар, өйдөһүү суолун дөбөҥнүк тобулар.

Кэпсэтии сиэрин (речевой этикет) тутуһар үөрүйэх. Дьону кытта алтыһыыга кэпсэтии сиэрин тутуһар, туттан-хаптан бодоруһуу ньымаларын тоҕоостоохтук туттар.

Сахалыы дорооболоһор, билсиһэр, быраһаайдаһар, көрдөһөр, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр, о.д.а. үгэстэри иҥэриммит, күннээҕи олоҕор өрүү туттар.

Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ (предметные результаты)

Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) тутуһар. Дорҕоону, буукубаны, тыл сүһүөҕүн, саҥа чааһын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быһаарар, наардыыр.

Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын тутуһар.

Тиэкис өйдөбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэтэ, сүрүн санаата, аата, эпиграф, тутула, этиилэрин ситимэ).

Саныыр санаатын сааһылаан, дьоҥҥо өйдөнүмтүөтүк, тиийимтиэтик этэр, тиэкис тутулун тутуһан суруйары сатыыр.

Тиэкис тииптэрин сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун диэн араарар.

Монолог (сэһэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэтии, санаа үллэстии, ыйыталаһыы, о.д.а.) арааһын сатаан туһанар.

Бэйэ саҥатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиһин ис хоһоонун, тылын-өһүн сыаналанар, алҕастарын булар, чочуйар, тупсарар.


Бу бырагыраама үөрэх тас өттүгэр дьарыкка көрүллэр чаас суотугар киирэр. I кылаас үөрэнээччилэригэр туһуланар – сылга 34 чаас ( нэдиэлэҕэ 1 чаас).


I түһүмэх. Cаха Республиката.

II түһүмэх. Айылҕа – дойдубут баайа.

III түһүмэх. Биһиги удьуордарбыт.

IV түһүмэх. Саха сиригэр олорор омуктар үгэс буолбут дьарыктара.

V түһүмэх. Норуот дьоҕура – инники сайдыыта.

VI түһүмэх. Ырыа-тойук култуурата.






Тиэмэнэн былааннааһын

I чиэппэр


Күнэ-дьыла

Уруок

тиэмэтэ

Тиэмэ, кэпсэтии түгэннэрэ,

үөрэнээччи үлэтин сүрүн көрүҥнэрэ

Чааһа

Бэлиэтээһиннэр

б/ч

ф\ч

1

4.09.

2014


Cаха Республиката.

Мин Сахам сирэ. Саха сирин былааҕа.

Саха сирин былааҕа тугу бэлиэтиирий?


1


2

11.09.

2014


Сахам сирин Ил Дархана.

Саха сирин бастакы президенэ.

Ил Дархан диэн кимий?

1


3

18.09.

2014


Ийэ дойдубун туойабын.

Хартыынанан үлэ. Өрүстэр.


1


4

25.09.

2014


Саха сиригэр туһалаах идэлэр.

Үүнэр көлүөнэ, кэнчээри ыччат диэн кимнээхтэрий? Төрөөбүт сирим кэлэр кэскилэ.

1


5-6

2.10 – 9.10.

2014


Айылҕа – дойдубут баайа. Муударай үгэс.

Айылҕаҕа сылдьыы сиэрэ-туома. Үгэс.

2


7

16.10.

2014


Саха сирин күндү түүлээҕэ.

Ойуурга баар кыыллар тустарынан сэһэргэһии.

1


8

23.10.

2014


Ытык көтөрдөр, кыыллар.

Тыҥырахтаах көтөрдөр, кыыллар тустарынан сэһэргэһии.

1


9

30.10.2014.


Балыктааһын. Балыктааһын сиэрэ-туома. Балыксыт туттар тэрилэ.

Балыктааһын туһунан кэпсэтиһии. Ким эһэтэ, аҕата , убайа ханнык күөлгэ балыктыылларын тула сэһэргэһии.

1


Барыта – 9 чаас

II чиэппэр



Күнэ-дьыла


Уруок

тиэмэтэ

Тиэмэ, кэпсэтии түгэннэрэ,

үөрэнээччи үлэтин сүрүн көрүҥнэрэ

Чааһа

Бэлиэтээһиннэр

б/ч

ф/ч

1

13.11.

2014


Биһиги удьуордарбыт.

Биһиги аймах удьуора.

Дьиэ кэргэн.

1


2

20.11.

2014


Мин дьиэ кэргэним.

Удьуору салҕааччы дьарык.

1


3

27.11.

2014


Дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрэ.

Дьиэ кэргэн үгэһэ,

1


4

4.12.

2014


Ийэм, эбэм дьарыга.

Ийэ, эбээ сатабыла.

1


5

11.12.2014


Аҕам, эһэм дьарыга.

Аҕа, эһээ сатабыла.

1


6

18.12. 2014


Мин аймахтарым.

Аймахтар тустарынан кэпсэтии. Төрүччэ аата-суола.

1


7

25.12. 2014


Мин төрүччэм.

Төрүччэбин үөрэтии.

1


Барыта – 7 чаас

III чиэппэр



Күнэ-дьыла


Уруок

тиэмэтэ

Тиэмэ, кэпсэтии түгэннэрэ,

үөрэнээччи үлэтин сүрүн көрүҥнэрэ

Чааһа

Бэлиэтээһиннэр

б/ч

ф/ч

1

15.01.

2015


Саха сиригэр олорор омуктар үгэс буолбут дьарыктара. Таба иитиитэ.

Хотугу киһи уйгута таба иитиитэ.

1


2

22.01.

2015


Сүөһү, сылгы иитиитэ.

Сүөһүлээх, сылгылаах ыаллары кэпсэтиһии.

1


3

29.01.

2015


Сир баайын хостооһун.

Саха сиригэр баар сиртэн хостонор туһалаах баайдар.

1


4

5.02.

2015


Норуот дьоҕура – инники сайдыыта. Үҥкүү.

«Мин үҥкүлүүрбүн сөбүлүүбүн» диэн темаҕа сэһэргэһии.

1


5

12.02.

2015


Уус харахтаах, уран тарбахтаах.

Айылҕаттан айдарыллыбыт талааннар туһунан сэһэргэһии.

1


6

26.02.

2015


Таҥас оһуордара.

Эн сахалыы таҥаскар ханнык оһуордар баалларый?

1


7

5.03.

2015


Өбүгэбит оонньуулара уонна оонньуурдара.

Былыргы оҕо тугунан оонньуура буолуой?

1


8

12.03.

2015


Норуот таптыыр оонньуулара.

Саха норуотун ханнык оонньууларын билэҕиний?

1


9

19.03.

2015


Оонньуу туһунан айымньылар.

Сөбүлүүр оонньууруҥ туһунан кэпсээ

1


Барыта – 9 чаас

IV чиэппэр


Күнэ-дьыла

Уруок

тиэмэтэ

Тиэмэ, кэпсэтии түгэннэрэ,

үөрэнээччи үлэтин сүрүн көрүҥнэрэ

Чааһа

Бэлиэтээһиннэр

б/ч

фч

1

2.04. 2015


Национальнай инструмен. Хомус.

Хомус туһунан тугу билэҕиний? Кэпсээ.

1


2

9.04.

2015


Ырыа-тойук култуурата.

Биһиги ырыаларбыт.

Норуот ырыатын ыллаа.

1


3

16.04.2015


Норуотум биллиилээх ырыаһыттара.

Норуоттан тахсыбыт талааннар диэн кимнээҕи ааттыыбытый?

1


4

23.04.2015


Оҕо ырыата.

Киһи ырыаны ханнык түгэҥҥэ ыллыырый? Санаа атастаһыыта.

1


5

30.04.2015


Норуот тылынан уус-уран айымньыта.

Оһуокай этэ үөрэнии.

1


6

7.05.

2015


Олоҥхо.

Олонхону хаһан эмэ истибитин дуо?

1


7

14.05.

2015


Олоҥхо сирэ дойдута.

Хоһуйар, дьүһүйэр тыллары билиһиннэрии.

1


8

21.05.

2015


Өс хоһооннор, бэргэн этиилэр.

Өс хоһооннору, бэргэн этиилэр суолталарын арыйыы.

1


9

28.05.

2015


Таабырын таайсыы.

Таабырын айарга холонуу.

1


Барыта 9 чаас






















Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Внеурочная работа

Категория: Планирование

Целевая аудитория: 1 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Рабочая программа по внеурочной деятельности "Мин сахабын" (1 класс)

Автор: Окоемова Василиса Гаврильевна

Дата: 10.09.2016

Номер свидетельства: 343067


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства