kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

«И. Егоров – Танаринскай о?о?о аналлаах айымньыларынан пазл о?оруу» 5 кылааска элективнэй куурус программата

Нажмите, чтобы узнать подробности

Ханнык ба?ар оонньуу барыта олус умсугутуулаах, интэриэ?инэй, туох эрэ уратылаах, ки?ини тугунан эрэ тардар дьиктилээх буолар. Ол курдук би?иги дьиэ кэргэн таайбара? таайарбытын, уру?уйдуурбутун уонна пазл о?орорбутун олус с?б?л??б?т. Орто уол Андрей «Модун Эр со?отох», улахан уол Спира «Дыырай Б???» оло?хо?о пазл о?орон таайтарбыттара. Ол и?ин, бастакытынан, айымньыны си?илии ырыты?ан ?йд??ргэ, икки?инэн, уру?уйдуур дьо?уру сайыннарарга, ?с???нэн, бол?омтолоох буоларга к?м?л??х дуу диэн санааттан, бэ?ис кылаас о?олоругар аналлаах программа толкуйдаатыбыт.

?лэ сыала-соруга:

-          Айымньылары аа?ыы;

-          Ис хо?оонун кэпсэти?ии;

-          Ис хоhоонунан талан уруhуй о?оруу;

-          Хордуо??а сыhыарыы;

-          Пазллары кырыйыы.

Бу элективнэй куурус о?о кинигэни таптыырыгар, интэриэ?иргээн аа±арыгар  сµрµннэнэр. Итиэннэ айымньыны кэпсэтиґии ыытыллар. С?б?лээбит т?гэнигэр бэйэтэ уру?уйдаан, кырааскалаан, айымньы ис хо?оонун сырдатыахтаах. Ол о?орбут ?лэтин араастаан кырыйан баран, таайа ??рэниэхтээх. Онон µірэнээччи куурустан пазлы хайдах о?орорго уопсай ійдібµлµ ылан тахсар.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
««И. Егоров – Танаринскай о?о?о аналлаах айымньыларынан пазл о?оруу» 5 кылааска элективнэй куурус программата»

Саха республикатын «Кэбээйи улууhа (оройуона)» муниципальнай тэриллии

үөрэҕин салалтатын муниципальнай казеннай тэрилтэтэ

«Мукучу гимназията» үөрэхтээhин муниципальнай бюджетнай тэрилтэтэ «Танара орто оскуолата» үөрэхтээhин муниципальнай бюджетнай тэрилтэтэ














«И. Егоров – Танаринскай оҕоҕо аналлаах

айымньыларынан пазл оҥоруу»

5 кылааска элективнэй куурус программата












Автордар: саха тылын

уонна литературатын учууталлара

Евдокия Николаевна,

Афанасий Спиридонович Васильевтар.
















Сайылык

2014

Быґаарыы сурук.


Ханнык баҕар оонньуу барыта олус умсугутуулаах, интэриэһинэй, туох эрэ уратылаах, киһини тугунан эрэ тардар дьиктилээх буолар. Ол курдук биһиги дьиэ кэргэн таайбараҥ таайарбытын, уруһуйдуурбутун уонна пазл оҥорорбутун олус сөбүлүүбүт. Орто уол Андрей «Модун Эр соҕотох», улахан уол Спира «Дыырай Бөҕө» олоҥхоҕо пазл оҥорон таайтарбыттара. Ол иһин, бастакытынан, айымньыны сиһилии ырытыһан өйдүүргэ, иккиһинэн, уруһуйдуур дьоҕуру сайыннарарга, үсүһүнэн, болҕомтолоох буоларга көмөлөөх дуу диэн санааттан, бэһис кылаас оҕолоругар аналлаах программа толкуйдаатыбыт.

Үлэ сыала-соруга:

  • Айымньылары ааҕыы;

  • Ис хоһоонун кэпсэтиһии;

  • Ис хоhоонунан талан уруhуй оҥоруу;

  • Хордуоҥҥа сыhыарыы;

  • Пазллары кырыйыы.

Бу элективнэй куурус оҕо кинигэни таптыырыгар, интэриэһиргээн аа±арыгар сµрµннэнэр. Итиэннэ айымньыны кэпсэтиґии ыытыллар. Сөбүлээбит түгэнигэр бэйэтэ уруһуйдаан, кырааскалаан, айымньы ис хоһоонун сырдатыахтаах. Ол оҥорбут үлэтин араастаан кырыйан баран, таайа үөрэниэхтээх. Онон µірэнээччи куурустан пазлы хайдах оҥорорго уопсай ійдібµлµ ылан тахсар.


¥³рэтии былаана





Тиэмэ аата




Чаа´а


Ол и´иттэн


теорията

практическай чаа´а

1.

Киирии тиэмэ

1

1


2.

Айымньылары ааҕыы, ырытыһыы

6

6


3.

Пазл оҥоруу

6


6

4.

Тµмµктµµр дьарык

4


4

Уопсайа 17 чаас.



Программа ис хо´ооно

  1. Киирии тиэмэ – И.И.Егоров – Танаринскайы оҕо суруйааччытын быһыытынан билиһиннэрии. «Сүгэһэрдээх куоҕас», «Таю күнү аҕалыа» кинигэлэри көрдөрүү, билиһиннэрии. Манна суруйааччыга аналлаах учебнай кинигэни туһаныллар.

  2. Айымньылары ааҕыы, ырытыһыы - «Сүгэһэрдээх куоҕас», «Таю күнү аҕалыа» кинигэлэри ааҕыы, кэпсэтиһии. Ол курдук «Сиэтиилээх хотой» кэпсээҥҥэ хотой обургу баҕыырдаах тыҥырахтарыттан туналыйар туус маҥан куба барахсан босхоломмутуттан үөрүү кэпсэнэр. «Айаннаан иһэн» кэпсээҥҥэ боруллуо уйатыттан хайдах эһэни үүрбүтүн туһунан уонна оҕолорун быыһаабытын туһунан олус бэркэ суруллубут. «Хотойдор» кэпсээҥҥэ хотой доҕорун харабыллыырын, өлбүтүн да кэннэ бырахпатын туһунан ойууланар. «Сүгэһэрдээх куоҕас» кэпсээҥҥэ куоҕас икки оҕотун көхсүгэр сүгэ сылдьан тыҥырахтаах көтөртөн күрэнэрин көрдөрөр. «Эриэн үөннэр» кэпсээҥҥэ эриэн үөннэр төп-төгүрүччү иилии чөмөхтөһөн, эриэн мээчик курдук төкүнүйүүлэрэ, муох иһигэр саһан сытыылара, элиэҕэ былдьатыылара кэпсэнэр. «Куоҕас уонна суор» остуоруйаҕа тоҕо куоҕас тыаҕа кыайан хаампат буолбутун, оттон суор хааҕыргыы-хааҕыргыы көтөр дьэллик буолбутун туһунан ойууланар. Онтон «Таю күнү аҕалыа» кэпсээҥҥэ хоту дойдуга олорор Бостуу уол туһунан кэпсэнэр. Кини күн тахсарын олус күүтэр. Онон уол санаатыгар Таю күнү аҕалыахтаах.

  3. Пазл оҥоруу – пазл өйдөбүлүн быһаарыы. Араастарын, саамай туттуллар көрүҥнэрин көрдөрүү. Ол курдук 2012 сылга саамай улахан пазлы (20*15 м) оҥорбут ньиэмэс уруhуйдьута Альбрех Дюрер «Автопортрет в шубе» диэн үлэтин кытта билиһиннэрии. 1761 сыллаахха Англияҕа аан бастакы пазл үөскээбитин кэпсээһин. Онтон үөрэнээччигэ ордук сөбүлээбит айымньытыттан А4 кумааҕыга уруhуйдатыы, кырааскалатыы. Салгыы принтерга уруһуйу хос копиялаан баран, кыччатан таһаарыы. Бу - таайар киһи көрөрүгэр аналлаах. Онтон кумааҕыны хордуоҥҥа сыһыарыы итиэннэ уруһуйа сүппэтин, алдьамматын диэн үрдүнэн скочтааһын. Бэлэм буолбут уруһуйу араастаан кырыйыы. Пазл бэлэм буолла. Киниэхэ сөп түбэһэр кыра дьааһык булан онно угуу.

  4. Тµмµктµµр дьарык – бэлэм пазллары бэйэ - бэйэҕэ уларсан, таайа үөрэнии. Куурус тµмµгµнэн санаа атаста´ыыта, µлэлээбит µлэни ырыты´ыы.




Ту´аныллыбыт литература


  1. Егоров И.И.Сүгэһэрдээх куоҕас. Дьокуускай, 1965.

  2. Егоров И.И.Таю күнү аҕалыа. Дьокуускай, 1970.

  3. http://www.genon.ru/

  4. http://ru.wikipedia.










Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Внеурочная работа

Категория: Планирование

Целевая аудитория: 5 класс

Автор: Васильев Афанасий Спиридонович

Дата: 14.11.2015

Номер свидетельства: 252837


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства