kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Сценарий "Праздник для отличников и хорошистов"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Мотивационное мероприятие для учеников, с целью мотивировать хорошистов и отличников на успешную учебу. Поддержать позновательный интерес

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Сценарий "Праздник для отличников и хорошистов"»

Үүммүт үтүө киэһэнэн, үтүөҕэ, кэрэҕэ тардыһар туйгуннук уонна үчүгэйдик үөрэнэр оҕолорбут, убаастабыллаах төрөппүттэр, ынырыылаах ыалдьыттар уонна учууталлар, оскуола үлэһиттэрэ.

Маҥнайгы, саамай тургутуулаах чиэппэри туйгун уонна үчүгэй сыаналарга үөрэнэн бүтэрбит о5олорбутугар ананар бырааһынньыкпытын аһарбытын көҥүллээҥ.

Эһигини эҕэрдэлиир Чаринка образцовай танцевальнай коллектив. Кинилэр толорууларыгар көрүҥ _________________________________.

Саха салаллар саргыта
 Дьоллоох дьоһун ырыата
Эдэр ыччат, эн үөр-көт
Сайдыыны сыаллаахтык эн батыс.

Бу сыанаҕа ыҥырабыт 11 кылаас үөрэнээччитин, кыһыл көмүс мэтээл претенденин, 2 кылаастан төрүрүччү “5” сыанаҕа үөрэнэн иһэр Наталья Нарахаеваны. Кини бэйэтин сулуһун ыйыырыгар көрдөһөбүт. Сыанаҕа ыҥырабыт 11 кылаас үөрэнээччилэрин, кыһыл көмүс мэтээл претенденнэрин Аргылова Юлияны, Чердонов Никитаны.

(Ытыс дохсун тыаһа.)

Бүгүн биһиги бочуоттаах ыалдьыттардаахпыт, ытыс дохсун тыаһынан көрсүҥ РФ доруобуйа харыстабылын туйгун үлэһитэ Чичирбынова Александра Дмитриевнаҕа.

/Отличник здравоохранения РФ/ (оҕолорго бэлэх туттарыы)

Кырачаан кыргыттар, уолаттар эһиэхэ истиҥ ырыаларын бэлэх ууналлар.

Сыанаҕа ыҥырабыт 3 кылаас оҕолорун, үөрэх ударниктарын.

Сыанаҕа ыҥырабыт 4 кылаас оҕолорун, үөрэх ударниктарын.

.

Ытыс дохсун тыаһынан көрсүҥ РФ потребительскай кооперация туйгун үлэһитин Модина Вера Владимировнаны. (оҕолорго бэлэх туттарыы)



Эһигини эҕэрдэлиир Арлета Габышева.

Сыанаҕа ыҥырабыт 5 кылаас оҕолорун, үөрэх ударниктарын.

Сыанаҕа ыҥырабыт 6 кылаас оҕолорун, үөрэх ударниктарын.

Ытыс дохсун тыаһынан көрсүҥ Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгунун Каратаева Татьяна Ивановнаны. (оҕолорго бэлэх туттарыы)

Сыанаҕа ыҥырабыт 7 кылаас оҕолорун, үөрэх ударниктарын.

Сыанаҕа ыҥырабыт 8 кылаас оҕолорун, үөрэх ударниктарын.

Ытыс дохсун тыаһынан көрсүҥ Саха өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спортка туйгунун Николай Васильевич Корниловы. (оҕолорго бэлэх туттарыы)


Сыанаҕа ыҥырабыт 9 кылаас оҕолорун, үөрэх ударниктарын.

Сыанаҕа ыҥырабыт 10 кылаас оҕолорун, үөрэх ударниктарын.

Ытыс дохсун тыаһынан көрсүҥ Саха өрөспүүбүлүкэтин эдэр ыччатын политикатын туйгуна Баишев Валерий Витльевич. (оҕолорго бэлэх туттарыы)

Сыанаҕа көрсүҥ оскуола олоҕуттан бэтиэхэлээх сценкалары, толороллор 5 кылаас үөрэнээччилэрэ.

Вед. Көрүҥ эрэ, биһиги оскуолабытын, төрөөбүт Токобутун, кини кэскилин сайыннарар сулустарбыт төһө элбэхтэрин (сыанаҕа ыйаммыт сулустары уонна олорор оҕолору ыйабыт).

Сыл аайы сулустарбыт элбии туруохтара диэн эрэнэбит.

Оонньууга ыҥырабын. Саалаҕа олорор оҕолор бары кыттыыны ылыахтара. Мин көмөлөһөөччүлэрим сөптөөх эппиэт биэрбит оҕолорго кыра бириис туттарыахтара.

  1. 4 сыыппара биһиги оскуолабытыгар туох сыһыаннааҕый

Оскуолабыт аадырыһа Пионерская, 4

  1. 5 сыыппара туох сыһыаннааҕый?

  2. Аны үөрэх туһунан өс хоһооннорун салгыы этэн биэриҥ

Үөрэх баар - ...

Век живи - ...

Без труда не вынешь...

Күн аайы эбиллибэт билии ....

Үчүгэй кинигэ киһи ...

Күн сири сырдатар, үөрэх ...

Үлэ үксэ, тыл ...

Киһини үлэ ...


Бу олус үчүгэй кинигэ бириистэр – бу маҥнайгы чиэппэргэ саамай элбэх кинигэни аахпыт икки оҕоҕо ананар.

Эһигини эҕэрдэлииллэр учууталлар ансаамбыллара, кинилэр толорууларыгар истиҥ В.Габышев тылыгар уонна мелодиятыгар “Төрөөбүт дойдубун саныыбын”

О5олор бутэьик куплетыгар тахсан ыллаьаллар.

  1. Оҕолор, мэлдьи элбэҕи билэргэ, сатыырга дьулуһуҥ, күн аайы ылар билиигит элбээн - хаҥаан истин.

  2. Куһаҕан дьаллыктартан туттунун, сэрэниҥ, хаһан да доҕор – атас оҥостумаҥ.

  3. Мин сатыахтаахпын, элбэҕи билэргэ дьулуһуохтаахпын диэн сыаллаах соруктаах буолуҥ.

  4. Токобут нэһилиэгэ, олохтоох дьонноро, үүнэр сайдар кэскиллээх оҕолоро үтүөнэн эрэ ааттана туралларыгар баҕарабыт.

Бары Мэлдьи да оннук буола турдун.

Кэлэн ыалдьыттаабыккытыгар истиҥник махтанабыт. Аны көрсүөххэ дылы.

Токобут уоттара

Умай, умай

Кэрэни, сырдыгы эн са5ыый

Инники кэскили сырдатыый.

  1. Оҕолор, мэлдьи элбэҕи билэргэ, сатыырга дьулуһуҥ, күн аайы ылар билиигит элбээн - хаҥаан истин.

Токобут уоттара

Умай, умай

Кэрэни, сырдыгы эн са5ыый

Инники кэскили сырдатыый.

Бары: Мэлдьи да оннук буола турдун.


  1. Куһаҕан дьаллыктартан туттунун, сэрэниҥ, хаһан да доҕор – атас оҥостумаҥ.

Токобут уоттара

Умай, умай

Кэрэни, сырдыгы эн са5ыый

Инники кэскили сырдатыый.

Бары: Мэлдьи да оннук буола турдун.



  1. Мин сатыахтаахпын, элбэҕи билэргэ дьулуһуохтаахпын диэн сыаллаах соруктаах буолуҥ.

Токобут уоттара

Умай, умай

Кэрэни, сырдыгы эн са5ыый

Инники кэскили сырдатыый.

Бары: Мэлдьи да оннук буола турдун.



  1. Токобут нэһилиэгэ, олохтоох дьонноро, үүнэр сайдар кэскиллээх оҕолоро үтүөнэн эрэ ааттана туралларыгар баҕарабыт.

Токобут уоттара

Умай, умай

Кэрэни, сырдыгы эн са5ыый

Инники кэскили сырдатыый.

Бары: Мэлдьи да оннук буола турдун.



Бары: Мэлдьи да оннук буола турдун.







Токобут уоттара

Умай, умай

Кэрэни, сырдыгы эн са5ыый

Инники кэскили сырдатыый.



Бары: Мэлдьи да оннук буола турдун.



Токобут уоттара

Умай, умай

Кэрэни, сырдыгы эн са5ыый

Инники кэскили сырдатыый.



Бары: Мэлдьи да оннук буола турдун.



Токобут уоттара

Умай, умай

Кэрэни, сырдыгы эн са5ыый

Инники кэскили сырдатыый.



Бары: Мэлдьи да оннук буола турдун.



Токобут уоттара

Умай, умай

Кэрэни, сырдыгы эн са5ыый

Инники кэскили сырдатыый.



Бары: Мэлдьи да оннук буола турдун.



Токобут уоттара

Умай, умай

Кэрэни, сырдыгы эн са5ыый

Инники кэскили сырдатыый.



Бары: Мэлдьи да оннук буола турдун.
























Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Внеурочная работа

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: 4 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Сценарий "Праздник для отличников и хорошистов"

Автор: Ананьева Вера Николаевна

Дата: 29.11.2023

Номер свидетельства: 640916


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Ваш личный кабинет
Проверка свидетельства