kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

"Тыа сирин экономиката Сата5ай холобуругар"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Доклад об экономике села на примере сельских хозяйств.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«"Тыа сирин экономиката Сата5ай холобуругар"»

«Гаврилов аа5ыылара» научнай-практическай конференция















Тыа сирин экономиката Сата5ай хаьаайыстыбаларын холобуругар































Сата5ай орто оскуолатын

10 кылааьын уерэнээччитин

Никитина Аня улэтэ

Салайааччы: Никитина Нь.Б.



Сата5ай 2016

Дакылаат былаана:

Киириитэ

  1. Сата5айга тыа сирин сайдыытын историята

  2. Сата5ай хаьаайыстыбаларын керуннэрэ

  3. Никитиннэр тыа сиригэр киллэрэр кылааттара

  4. Тумук

Саха киьитэ былыр-былыргыттан дьиэ кэргэнин иитээри ынах суеьуну, сылгыны иитэн кэлбитэ. Ол эрээри общественнай, историческай уларыйыыларга маны бас билиигэ ирдэбил тус-туспа, араас. Онон мин дакылааппар Сата5ай нэьилиэгэ тэриллиэ5иттэн ханнык этаптары ааьан, билинни кэмнэ дылы хайдах сайдан, дьаьанан кэлбитин уерэтэн билинни кэмнэ тыа хаьаайыстыбата хайдах туруктаа5ын уонна туох кэскиллээ5ин ырытан кердум.

Тыа хаьаайыстыбата сайдыыта угус элбэх проблеманы таарыйар:

  1. Тыа сиригэр дьон олохсуйуута (демография боппуруоьа);

  2. Дойду экономикатын сайыннарыы;

  3. Дьон дьарыктаах буолуута;

  4. Норуот (нация) доруобуйата;

Дакылаат сыала:

- 1977 сылтан билинни кэмнэ дылы Сата5айга тыа хаьаайыстыбата тугунан дьарыктанан, улэлээн-хамнаан теье сайдан кэлбитин чинчийии.

Соруктара:

- Сата5ай тыатын хаьаайыстыбатын историятын уерэтии;

- Сата5айга билинни туругунан хаьаайыстыба ханнык керуннэрэ баарын уерэтии, чинчийии;

- Дьонум Никитиннэр тыа хаьаайыстыбатыгар киллэрэр сыраларын уерэтии;

























1. Сата5айга тыа сирин сайдыытын историята

Мин олорор туелбэм Сата5ай история5а, докумуонна киирбит теруттэммит кунунэн муус устар ыйын 4 кунэ 1977 сыл буолар. Ол эрээри биллэрин курдук нэьилиэк биир кун теруттэммэт. Онуоха дылы дьон олохсуйан, туелбэлээн, дойду политикатын кытары ыга ситимнэнэрэ биллэр. Бу бэйэтэ туспа уьун историялаах, чинчийэргэ, уерэтэргэ санаттан сана биллибэттээх улэ буолар.

1974 сыллаахха Сата5ай Киров аатынан колхоз биригээдэтэ этэ. Бэрэссэдээтэл Попов Петр Никитич, бухгалтер Солдатов Константин Никифорович.,старшай биригэдьииринэн Никитин Спиридон Иосифович, солбуйааччытынан Никитин Андрей Гаврильевич, механигынан Никитин Иосиф Семенович улэлииллэрэ. Ол сыл бурууьунан гаражка 6 миэстэлээх сал5ааьын тутуллубута.

1974с. бала5ан ыйыгар И.Я.Строд аатынан совхоз онорбуттара. Директорынан Ефремов Анатолий Васильевич, Сата5айга управляющайынан Никитин Спиридон Иосифович анаммыттара. 1975 сыл куьунугэр гаражка бастаан ититэр система холбоммута., Терентьев Зиновий Зиновьевич сварщигынан улэтин са5алаабыта

Баачыма сириттэн 1 гатыттан 18 центнер куох маассаны ылбыттара.

1976 сылтан Строд совхоз 2 буолбута: «Строд» уонна «Победа». «Победа» совхоз Ботун, Алтан, Эмис, Сата5ай отделениелартан турара. Директорынан Борисов Афанасий Иннокентьевич. Сата5ай отделениетын управляющайынан Никитин Спиридон Иосифович хаалбыта. Ол сыл отделение техникатын туругунан 1 миэстэ буолбута. Кылгас кэм иьигэр отделение управляющайынан улэлээбиттэрэ:

Шишигин Иван Романович, Дьячковский Степан Степанович, Никифоров Иван Дмитриевич

1980-1983 сс.- Гоголев Николай Николаевич

1983-1984сс.- Чупров Василий Самсонович

1984-1990сс. – Никитин Иосиф Семенович

1985 сыллаахха отделение5а Социалистическай Улэ Героя Лукин Тимофей Спиридонович аата инэриллибитэ.

1994 сыллаахха «Сата5ай» коллективнай хаьаайыстаба племенной статуьун ылбыта.

1990-с сылларга сэбиэскэй государство эстэн, общество5а угус уларыйыылар са5аланаллар. Дойду урдунэн экономическай кризис буолар. Ер сылларга улэлээн кэлбит тэриллиилээх хаьаайыстыбалар бэйэлэрин сатаан керуммэт турукка киирэн ыьыллан бараллар. Ону тэнэ бас билии сана керуннэрэ киирэн сана хаьаайыстыбалар керуннэрэ уескууллэр. Ол курдук бу кэмнэ бааьынай хаьаайыстыбалар тэриллэллэр, угус дьон чааьынай бас билиигэ кеьер. Бу кэмнэ Сата5айга колхоз ессе да улэлиир ону тэнэ Терентьев Давыд Зиновьевич аренда5а сир ылан бастакынан бааьынай хаьаайыстыба тэринэр. Бастакы тэринэр хаьаайыстыбаларга государство уп-харчы еттунэн, сир ылыытыгар улахан кемену онорбута.

2. Сата5ай хаьаайыстыбаларын керуннэрэ

Билинни туругунан Сата5айга хаьаайыстыба 2 керунэ баар: чааьынай хаьаайыстыба (ЛПХ - личное-подсобное хозяйство), тэрээьиннээх хаьаайыстыбалар (СХПК - сельскохозяйственный производственный кооператив, КФХ – крестьянское фермерское хозяйство). Хаьаайыстыбалар угустэрэ ынах суеьу керуутунэн, сылгыны иитиинэн дьарыктаналлар. Бу бэйэ бородууксуйатын, аьын онорон таьаарыы. Билинни кэмнэ аьыыр астан киьи доруобуйата тутулуктаа5ын араас чинчийиилэр тумуктэрэ бигэргэтэллэр. Онон дьон теьенен натуральнай, сибиэьэй аьы аьыырыттан кини инники кэскилэ быьа тутулуктаах буолар. Быйыл ыытыллыбыт тыа хаьаайыстыбатын перепиьын тумугунэн барыта:

Керунэ

Ахсаана

Ынах суеьу

1348

Сылгы

1061

Сибиинньэ

60

Куурусса

276

Хаьаайыстыбаларынан:

Аата

Тэриллибит сыла

Улэьит ахсаана

Техника ахсаана

Тугунан дьарыктанара

Ахсаана

КФХ «Аранас» (Адамов Н.Н.)


2


Сылгы, ынах суеьу иитиитэ

48 ынах суеьу, 44 сылгы

КФХ «Сэппэрээк» (Анисимов С.Н.)


2

3 трактор

Сылгы, ынах суеьу иитиитэ

75 ынах суеьу, 55 сылгы

КФХ «Ыар5а куелэ» (Васильев П.П.)


-


Сылгы, ынах суеьу иитиитэ


КФХ «Лампа» (Терентьев Д.З.)

1992

-

1 трактор

Сылгы, ынах суеьу иитиитэ

30 ынах суеьу, 21 сылгы

КФХ «Чараннаах» (Никитин В.А.)

1993

4

3 трактор

Ынах суеьу иитиитэ

101 ынах суеьу

КФХ «Артемьев Е.И.» (Артемьев Е.И.)

2014

-

2 трактор

Ынах суеьу иитиитэ

37 ынах суеьу

КФХ «Адамов В.Н.» (Адамов В.Н.)

2015

-

1 трактор

Ынах суеьу иитиитэ

26 ынах суеьу

КФХ Адамов А.Н.





27 ынах суеьу

КФХ Шишигин А.А.





8 ынах суеьу, 21 сылгы

КФХ «Никитин Н.А.» (Никитин Н.А.)

2006

-

-

Сибиинньэ иитиитэ

60

Т.С.Лукин аатынан ТХПК (Онуфриев С.В.)


35

11 трактор

Сылгы, ынах суеьу иитиитэ

503 сылгы, 230 ынах суеьу

Маны таьынан 48 ыал кэтэх хаьаайыстыбалаах, онно барыта 442 ынах суеьу, 415 сылгы, 276 куурусса баар.

Сата5айга былырыын 2 ынах суеьуну керер сана ферма тутуллан улэ5э киирдэ. Ол курдук «Чараннаах» бааьынай хаьаайыстыба 2014 сыллаахха тыа хаьаайыстыбатын министерствотын 6 мелуйуеннээх Гранын ылан 50 ыанар ынахха аналлаах хотон туттубута. Т.С.Лукин аатынан ТХПК министерствоттан 38 мелуйуен сууммалаах ейебул ылан 100 ыанар ынахха сана комплекс тутан улэ5э киллэрбитэ. 2015 сылтан «Сэппэрээк» бааьынай хаьаайыстыба 6 мелуйуеннээх хотону тутта сылдьар. Быйыл сайын Т.С.Лукин аатынан ТХПК ыччат суеьугэ ? мелуйуен сууммалаах сана хотон уонна гараж тутан улэ5э киллэрдэ.

Сатаҕайга ходуһа сирин бас билии (га).

1- бас билиигэ, 2- арендаҕа.

1.СХПК им. Т.С.Лукина 433,3/273,9

2.КФХ “Араҥас” 64/29,2

3.КФХ “Чараҥнаах” 100,4/14

4.КФХ “Лампа” 65/14

5.КФХ “Сэппэрээк” 0/60

6.КФХ “Ыарҕа күөлэ” 0/25

7.ЛПХ 1521/47,2

Барыта: 2183,9/463,3 га





3. Дьонум тыа хаьаайыстыбатыгар киллэрбит кылааттара

А5ам Никитин Николай Андреевич бииргэ тереебут 10нар (7 уол, 3 кыыс о5олоохтор). Улахан убайым Андрей идэтинэн механик, кэргэннээх, 2 о5олоох. Билигин Мэнэ-Ханаласка олорор. Иккис уол Федот манна Сата5айга олорор, 4 о5олоох. Федот уьанар, сваркалыыр, тугу барытын сатыыр, сайын аайы араас тутуу бе5етун тутар. А5ам бааьынай хаьаайыстыбатыгар улэлиирин таьынан сваркалыыр, тимиринэн оьох онорор, дьиэ5э ититэр система тардар. Тердус уол Василий, манна олорор 6 о5олоох, нэьилиэкпит биир улахан бааьынай хаьаайыстыбатын салайар. Бэьис уол Петр манна улэлиир, чааьынай тракторист, 2 о5олоох.Эдьиийим Елена 3 уоллаах, манна олорор, идэтинэн ветеринар. Саргылана Уус-Алданна кийиит буолан олорор, 3 о5олоох. Юрий Анаабыр улууьугар ГИБДД начальнигынан улэлиир, кэргэннээх, уоллаах. Анатолий Амма5а олорор, «Энергосбытка» солбуйааччынан улэлиир, кэргэннээх, 2 уоллаах. Кыра кыыстара Александра Аба5а5а учууталлыыр.

Билигин Сата5айга 4 уоллара уонна кыыстара тыа хаьаайыстыбатыгар утумнаахтык улэлии-хамсыы сылдьаллар. Ол курдук а5ам 2006 сылтан сибиинньэ иитиитинэн дьарыктанар (билинни туругунан уопсайа 60ча тебелеех), убайым Василий Андреевич ынах суеьуну керер «Чараннаах» диэн бааьынай хаьаайыстыбалаах. Хаьаайыстыба5а барыта 100чэкэ тебе ынах суеьуну иитэр, убайым Никитин Федот Андреевич сылгы керуутунэн дьарыктанар (уопсайа 22 биэлээх). Убайым Петр бэйэтин тракторынан кыьыннары, сайыннары от-мас таьыытыгар, от улэтигэр улэлиир. Эдьиийим Елена Андреевна ветеринарнай пункт сэбиэдиссэйинэн улэлиир. Бу Сата5айга олохсуйан тыа хаьаайыстыбатыгар улэлээбит стажтара барыта эьэбиттэн ыла быьа холоон 172 сыл буолар. Бачча элбэх сыл тухары теьелеех улэ-хамнас оноьуллубута буолуой, теьелеех сыра-сылба барбыта буолуой? Тыа хаьаайыстыбатын улэтэ теье да ыараханын иьин тыа сирин олохтоо5о тыа сиригэр эти-ууту онорууга толлубакка улэлээн бэйэтин кылаатын киллэриэхтээх. Тыа сирин улэтигэр эьэм Андрей Гаврильевич о5олорун иитэн-уерэтэн, такайан сыьыарбыт. Уол о5о сурэхтээх, улэьит буолла5ына тугу да тулуппат, барытын кыайар-хотор. Мин дьонум теье да атын идэлээхтэрин иьин тереебут Сата5айдарыгар олохсуйан тыа хаьаайыстыбатыгар куустээхтик уонна таьаарыылаахтык улэлии-хамсыы сылдьалларынан киэн туттабын.

Дьонум тыа хаьаайыстыбатыгар улэлээбит стажтара

А.А.А.А.

Аймах

Т/Х улэлээбит стаьа


Никитин Андрей Гаврильевич

Эьээм

29


Никитина Февронья Федотовна

Эбэм

3


Никитин Андрей Андреевич

Аба5ам

6


Никитин Федот Андреевич

Аба5ам

28


Никитин Николай Андреевич

А5ам

27


Никитин Василий Андреевич

Аба5ам

27


Никитин Петр Андреевич

Аба5ам

26


Никитина Елена Андреевна

Эдьиийим

23


Никитина Саргылана Андреевна

Эдьиийим

3



Уопсайа

172 сыл

Бу таблица5а мин эьэбин, эбэбин уонна а5абын кытта бииргэ тереебуттэр Сата5айга тыа хаьаайыстыбатыгар улэлээбит сылларын киллэрдим.

Билинни туругунан тыа хаьаайыстыбатыгар киллэрэр кылааттара

А.А.А.А.

Тугунан дьарыктанара

Сылга теье бородууксуйаны онорон таьаарара

Никитин Федот Андреевич

Сылгыны иитии

2,5 тонна эт

Никитин Николай Андреевич

Сибиинньэни иитии

2 тонна эт, 200 сибиинньэ о5отун атыылыыр

Никитин Василий Андреевич

Ынах суеьуну иитии

60 тонна уут, 4 тонна эт

Никитин Петр Андреевич

Тракторист

200 тонна от тиэйэр,



Уопсайа 7 тонна эт, 60 тонна уут, 200 сибиинньэ о5ото

«Чараннаах» бааьынай хаьаайыстыбаны а5алара Андрей Гаврильевич субэтин ылынан, тыа сиригэр суеьуну иитэр туьалаа5ын уонна наадалаа5ын ейдеен 1993 сыллаахха тэриммиттэрэ. 2006 сылтан а5ам туспа баран хаьаайыстыбаны кэнэтэн сибиинньэ керуутунэн дьарыктанар.

Убайым Василий тыа хаьаайыстыбатын министерствотын Гранын ыланбылырыын50 ыанар ынахха аналлаах сана хотон туттубута. Хаьаайыстыбатыгар 4 улэьиттээх.

А5ам 2015 сыл тумугунэн Амма улууьугар «Лучший предприниматель в сфере сельского хозяйства» диэн ааттаммыта.





































Тумук:

  1. Сата5айга тыа хаьаайыстыбата суеьуну, сылгыны, сибиинньэни иитии керуннэрэ бааллар;

  2. Хаьаайыстыба 2 керунэ баар: чааьынай (натуральнай ол эбэтэр ЛПХ) уонна тэрээьиннээх хаьаайыстыбалар (ТХПК, ЛПХ);

  3. Тыа хаьаайыстыбатын министерствотын финансовай ейебулун улахан тэрээьиннээх хаьаайыстыбаларга туьаайан убулуур, чуолаан улахан кемену ТХПК ылар;

  4. Сата5айга эт, уут бородууксуйата туьааннаах хаьаайыстыбалар барыс ылар салаалара;

  5. Дьонум сэргэм ыарахан улэттэн толлубат, сурэхтээх, тыа хаьаайыстыбатыгар сылын аайы киллэрэ турар кылааттаах улэьит удьуордар эбиттэр.





Туттуллубут литература:

  1. Г.В. Попов. Алтан, Моорук, Тара5ай. Дьокуускай: Кудук, 1998.

  2. Таптыыр, ахтар Алтаммыт. / Саха Респ. Амма улууһун Алтан нэһилиэгин дьаһалтата; Хомуйан онордулар Окороков В.Д. уо.д.а. Дьокуускай: Бичик, 2002.

  3. А.В. Быстрова и др. Земля моя Амгинская, Якутск, 2007.

  4. Никитин Андрей Гаврилович /Г.И.Орлов, А.П.Федорова. Н62 – Якутск, Сайдам: 2012. – 144 (Умнуллубат ааттар)

  5. 2016 сыллаах тыа хаьаайыстыбатын перепиьын тумугэ;

  6. Тыа хаьаайыстыбатын сыллаа5ы статистическай отчуота;

  7. Яковлев А.М. ахтыыта





































Тезис



Саха киьитэ былыр-былыргыттан дьиэ кэргэнин иитээри ынах суеьуну, сылгыны иитэн кэлбитэ. Ол эрээри общественнай, историческай уларыйыыларга маны бас билиигэ ирдэбил тус-туспа, араас. Онон мин дакылааппар Сата5ай нэьилиэгэ тэриллиэ5иттэн ханнык этаптары ааьан, билинни кэмнэ дылы хайдах сайдан, дьаьанан кэлбитин уерэтэн билинни кэмнэ тыа хаьаайыстыбата хайдах туруктаа5ын уонна туох кэскиллээ5ин ырытан кердум.

Тыа хаьаайыстыбата сайдыыта угус элбэх проблеманы таарыйар:

1. Тыа сиригэр дьон олохсуйуута (демография боппуруоьа);

2. Дойду экономикатын сайыннарыы;

3. Дьон дьарыктаах буолуута;

4. Норуот (нация) доруобуйата;

Дакылаат сыала:

- 1977 сылтан билинни кэмнэ дылы Сата5айга тыа хаьаайыстыбата тугунан дьарыктанан, улэлээн-хамнаан теье сайдан кэлбитин чинчийии.

Соруктара:

- Сата5ай тыатын хаьаайыстыбатын историятын уерэтии;

- Сата5айга билинни туругунан хаьаайыстыба ханнык керуннэрэ баарын уерэтии, чинчийии;

- Дьонум Никитиннэр тыа хаьаайыстыбатыгар киллэрэр сыраларын уерэтии;





















Научно-практическая конференция «Шаг в будущее»












Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Русский язык

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: 10 класс

Скачать
"Тыа сирин экономиката Сата5ай холобуругар"

Автор: Никитина Ньургустана Бато-Цыреновна

Дата: 07.12.2016

Номер свидетельства: 366869


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Ваш личный кабинет
Проверка свидетельства