Кылаас: 6
Учуутал: Васильева Екатерина Дмитриевна
Уруок тиэмэтэ: Сомоҕо домох.
Сыал-сорук:
Тус санааны, сыһыаны сайыннарар үөрүйэх:
Сахалыы кэпсэтии сиэрин иҥэрии;
Төрөөбүт тылбын харыстыахтаахпын.
Бэйэни салайынар-дьаһанар үөрүйэх:
Алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһанар;
Үөрэнээччилэри кытта бииргэ үлэлиири былаанныыр, бииргэ тапсан үлэлиир.
Билэр-көрөр үөрүйэх:
Үлэ сыалын-соругун таба туруорар;
Санаатын сааһылаан саҥарар уонна суруйар.
Учуутал биэрэр ыйытыыларыгар, сорудахтарыгар, бэйэ холобуругар олоҕуран, синонимҥа, өс хоһоонноругар тэҥнээн, сомоҕо домох өйдөбүлүн, уратытын чинчийэн быһаарыы;
Сомоҕо домох тылдьытынан туһанан, араас эрчиллиилэри, сорудахтары кэбэҕэстик толорор;
Этиини толкуйдуур.
Уруок тиибэ: Куолаан үлэҕэ үөрэнэр уруок.
Уруокка туттуллар тэриллэр: Саха тылыгар үөрэнэр кинигэ, тэтэрээт, сомоҕо домох тылдьыта, сорудахтаах карточкалар, интерактивнай дуоска.
Уруок хаамыыта:
Сорук туруорунуу.
Учуутал: Үтүө күнүнэн, оҕолоор!
Биһиги төрөөбүт тылбыт олус баай, кэрэ. Ол курдук хас биирдии киһи тылын баайа сайдарыгар, саҥарар култуурата үрдүүрүгэр, бэйэтин санаатын сатаан дьоҥҥо тиэрдэригэр, уус-ураннык ойуулуур-дьүһүннүүр этиилэр, ол иһигэр тылы киэргэтэр, өйдөнүмтүө гынар тыллар араас ситимнэһиилэрин оруоллара олус улахан буоларын бары өйдүөхтээхпит.
Өйдөбүлү үөскэтэр үлэ.
Учуутал: Эһиги саха тылыгар Лексика диэн теманы икки сыл устата үөрэтэн кэллигит. Бүгүн биһиги саха тылын биир ураты кырааскалаах уларыйбат тыл ситимин дойдутугар өссө биирдэ ыалдьыттыахпыт. Эһиги онно чинийээччи оруолун толорорго дьулуһуохтааххыт.
Дуоскаҕа суруллубут тыл ситимнэрин бары бииргэ таспытыгар ааҕыаҕыҥ эрэ. (слайд )
Өс хоһооно | Сомоҕо домох |
Киһи тыла - ох Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх Тыала суохха мас хамсаабат Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар | Уйатыгар уу киирдэ Сирэйэ-хараҕа суох Илии-атах буол Тылгар тур |
Бу тыл ситимнэриттэн лексика салаатыгар ханнык теманы үөрэппиккитий? Бу тыл ситимнэрэ уратылаахтар дуо? Бэйэ бэйэлэриттэн туох уратылаахтарый?
Үөрэнээччи: Сомоҕо домох. Уратылаахтар. Өс хоһооно – олох, дьаһах, киһи үтүө-мөкү быһыытын туһунан түмүктэммит санааны аҕыйах тылынан этэр бэргэн, сытыы айымньы.
Сомоҕо домох – өйдөбүлү уус-ураннык хоһуйар икки эбэтэр хас да тыл холбуу суолталаммыт ситимэ.
Учуутал: Сомоҕо домоҕу ханна көрсүөххэ, туттуохха сөбүй?
Үөрэнээччи: Кэпсэтии тылыгар, уус-уран литератураҕа.
Учуутал: Оччоҕо бүгүҥҥү уруокпут сыалын быһаарыаххайыҥ эрэ.
Үөрэнээччи: Сомоҕо домохтору хатылааһын.
Учуутал: Сомоҕо домох туһунан тугу билэҕитий? Күннээҕи олоххо төһө туттаҕытый? Ким билэрий, сомоҕо домох нууччалыыта туох диэн буоларый?
Үөрэнээччи: Икки эбэтэр хас да тыл холбуу суолталаммыт ситимэ. Биир ыйытыыга хоруйдуур. Этиигэ биир чилиэн буолар. Тылын араардахха эбэтэр солбуйдахха, суолтата уларыйар эбэтэр сүтэр. (слайд) Холобура: Танялаах Маша икки ардыларынан уу тохтубат дьүөгэлиилэр. Нууччалыыта Фразиологизмы.
Өйдөбүлү чопчулааһын.
Бу түһүмэххэ үөрэнээччилэр бөлөҕүнэн арахсан үлэлииллэр.
Учуутал: Олус үчүгэй, билигин хас биирдии бөлөххө тус туһунан сорудах бэриллэр. Сорудаҕы толорбуккут кэннэ уопсай бэрэбиэркэлиэхпит.
I.Бөлөх.
Сомоҕо домох суолталарын быһааран суруйуҥ. (оҕолор карточкаҕа толороллор, суолталарын быһаараллар)
Дьүөрэлэһэр тылы булан, сомоҕо домохто оҥоруҥ. Икки этиитэ толкуйдааҥ.
Бас – батарынан, быстарынан, хаппыт, ыттыбыт, атаҕар диэри. Суолаталарын быһаарыҥ.
II.Бөлөх.
Бэриллибит сомоҕо домохторго синонимнары булуҥ. Суолталарын быһаарыҥ. (оҕолор карточкаҕа толороллор, суолталарын быһаараллар)
Дьүөрэлэһэр тылы булан, сомоҕо домохто оҥоруҥ. Икки этиитэ толкуйдааҥ.
Айах – адаҕа, аһаҕас, атыппат, ас киирбэт, хам буолбат.
III.Бөлөх.
Сомоҕо домохтору ситэрэн суруйуҥ. Суолталарын быһаарыҥ. (оҕолор карточкаҕа толороллор, суолталарын быһаараллар).
Дьүөрэлэһэр тылы булан, сомоҕо домохто оҥоруҥ. Икки этиитэ толкуйдааҥ.
Тыл – минньит, атыппат, айаҕар баппат, маппыт, ыл, тобуллар.
Учуутал: Хас биирдии бөлөх үлэтин уопсай бэрэбиэркэлээһин, сыыһаны көннөрүнүү. Бөлөхтөр толорбут үлэлэрин ырыталлар, түмүк оҥороллор, көмүскүүллэр.
(слайд) Бу уруһуйдары өйдөөн көрдүбүт эрэ. Ол кэннэ ханнык сомоҕо домохтор бэриллибиттэрин быһаарабыт. (Холобур уруһуйга: муоһа тостубут-муоһа-туйаҕа сарбыллыбыт).
(слайд) Бэриллибит этиилэри испитигэр ааҕыаххайыҥ эрэ .
Аны өссө кини айаҕын баһын кыанара баҕалаах.
Хаһыытыырбар күөмэйим бүттэ.
Сорудах:
Этиилэртэн сомоҕо домохтору булан суолталарын быһаарыҥ.
Булбут сомоҕо домоххутун бары сирэйгэ, ахсааҥҥа, бириэмэҕэ уларытан суруйуҥ.
Үөрэнээччи: ала кулуну төрөтөн, айаҕын баһын кыанара, күөмэйим бүттэ.
Учуутал: Билигин бары куолаан тургуту толорон билиибитин бэрэбиэркэлэниэххэ. (Уопсай билиини тургутуу, бэрэбиэркэлэнии)
Түмүк.
Учуутал: Сомоҕо домохтору үөрэтэн баран туох санааҕа кэлэбитий? Тугу биллибит, туохха үөрэннибит? Тоҕо сомоҕо домоҕу күннээҕи олоххо туттуохтаах эбиппитий?
Үөрэнээччи: Уобарастаан этэр уонна дорҕоон дьүөрэлэһиитин тутуһар буолан, ордук сытыы, киһиэхэ тиийимтиэ. Онон кэпсэтии тылыгар, норуот айымньытыгар, уус-уран литератураҕа үгүстүк көстөр. Сомоҕо домох бэйэтэ тупсаҕайа, ураты кэрэтэ, сытыыта, саҥарарга, кэпсэтэргэ күннээҕи олоххо туһанарга наадалаах. (Үөрэнээччилэр ситимнээн кэпсииллэр)
Бэйэни ырытыныы, сыаналаныы, саҥа соругу туруорунуу.
Бу түһүмэххэ бөлөхтөр хайдах үлэлээбиттэрин, туохха ыарырҕаппыттарын кэпсииллэр. Учуутал: Оччоҕо дьиэбитигэр өссө төгүл чинчийиэххэйиҥ. Онон дьиэҕэ үлэ сорудаҕын суруйуҥ.
Дьиэҕэ үлэ
Төрөөбүт литературатын учебнигыттан үөрэппит айымньыгыттат сомоҕо домохтору булан, суолталарын быһаар.
Учуутал: Уруок бүттэ, баһыыбаларыҥ.