kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Технологическая карта урока в 6 классе "Да5ааьын ааттар"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Данный урок якутского языка «Да5ааьын ааттар» разработан для 6-х классов при изучении темы «Да5ааьын аат». Тип урока – изучение нового материала. На уроке созданы проблемные ситуации, активизирующие мыслительную деятельность учащихся. Ученик сам усваивает новый материал и делает работу самостоятельно.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Технологическая карта урока в 6 классе "Да5ааьын ааттар"»

6 кылааска саха тылын уруогун технологическай картата

Уруок тиэмэтэ

Даҕааһын ааттар


Уруок тиибэ

Саҥа билиини иҥэринии


Уруок сыала

Сыала:

үөрэтэр (билэр-көрөр үөрүйэх): даҕааһын аат суолтатын, морфологическай бэлиэтин араарыы; ылбыт билиини чиҥэтии; тиэкискэ даҕааһыны сатаан булуу; сыыһаны булан көннөрүү; даҕааһыны тылга-өскө, айар үлэҕэ таба туһанарга үөрэтии.



сайыннарар (бэйэни салайынар, бодоруһар үөрүйэх): тыл кэрэтигэр умсугуйуу; саҥарар саҥаҕа бэйэ кыаҕын толору туһаныы; тылын-өһүн бэйэтэ сатаан тупсаран, санаатын сиһилии этии; дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылааһын (пааранан, биирдиилээн); тылын сайыннарарыгар туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быһа холоон билии;



иитэр (тус санааны, сыһыаны сайыннарар үөрүйэх): тыл баайын, кырааскатын сыаналааһын; саҥарар саҥатын кэтээн көрөн сөптөөх түмүк оҥостуу; бэйэ үлэлиирин ситиһии (самостоятельность), үөрэнээччилэр бодоруһар эйгэлэрин тэрийии (пааралыы үлэ нөҥүө); төрөөбүт дойдуга таптал.


Күүтүллэр түмүктэр


Тустаах үөрэх биридимиэтин үөрэтии

(предметные)

Үөрэх сатабылларын иҥэрии

(метапредметные)

Ытык өйдөбүллэри иҥэрии

(личностные)


- даҕааһын аат туһунан өйдөбүл ылыы, бэлиэтин араарыы;

- тиэкистэн даҕааһын ааты булуу; -даҕааһын ааты этиигэ таба туттуу;

- даҕааһыны тылыгар-өһүгэр, тиэкискэ таба туттуу, сыыһаны булан көннөрүү

- чопчу тиэмэҕэ матырыйаалы наардааһын;

- араас көрүҥнээх тиэкиһи сатаан истии, ааҕыы;

- тиэкис араас көрүҥүн суругунан оҥоруу;

-ылбыт билиитин, үөрүйэҕин сатаан туһаныы

-төрөөбүт тыл кэрэтигэр умсугуйуу;

-тылы-өһү сайыннарарга дьулуһуу;

-ылбыт билиитигэр, тылын баайыгар тирэҕирэн санаатын тиэрдии;

- саҥарар саҥатын кэтээн көрөн сөптөөх түмүк оҥостуу

Уруокка туттуллар ньымалар

пааранан үлэ, биирдиилээн үлэ

Туттуллар матырыйааллар

ИКТ, карточкалар, аудио матырыйаал, үлэлиир тэтэрээт (рабочая тетрадь)


Уруок хаамыыта


Уруок этээптэрэ


Үлэ көрүҥнэрэ

Учуутал үлэтэ

Үөрэнээччи үлэтэ

Күүтүллэр түмүктэр

Тэрээһин







Киирии тыл

-Үтүө күнүнэн! Билсиһэн кэбиһиэххэйиҥ. Мин аатым Матрена Васильевна диэн.

- Бүгүн эһиэхэ уруок ыыта кэллим. Бары көхтөөхтүк кыттыаххыт, үлэлиэххит диэн эрэнэбин.


олорон истии

-болҕомтону тардыы

-үлэлииргэ туһаайыы


Сонурҕатыы

(көҕүлээһин)



Тыллары таайыы

(ИКТ)


Проекторга (1 слайд) ойууларга сыһыаннаах кистэнэ сылдьар даҕааһыннары таайтарыы

Күн – сырдык, сылаас, саһархай

Хатыҥ – көнө, маҥан, нарын

Күөл – улахан, дириҥ, төгүрүк


Бу тыллар көмөлөрүнэн уруок тиэмэтин арыйыы


тыллары таайыы

тиэмэ аатын таһаарар

- интэриэһэ үөскүүр

- таайар

- ырыҥалыыр

- сабаҕалааһын оҥорор





Саҥа билиини иҥэринии


Быраабыла таһаарыы

(пааранан үлэ)


Карточкалары түҥэтии (даҕааһын ааттар, аат тыллар)


Сорудах: тыллар ис хоһооннорунан паараларын булуу уонна бу тыл ситимнэрэ туох уопсайдаахтарын быһааттарыы.

- быраабыла таһааттарыы

(дуоскаҕа үлэ)

2 слайданы көрдөрүү






паараларын көрдүүллэр (тыл ситимин сөп түбэһиннэрэн)

уопсай өрүттэрин быһаараллар, туох ураты баарын этэллэр





- сөптөөх түмүккэ кэлэр

- уруок тиэмэтин бэйэтэ арыйар

- бииргэ алтыһан үлэлиир

Чопчулааһын

тэҥнээһин

тиэкистэри тэҥнээн көрдөрүү (3 слайд)

тиэкиһи ааҕаллар, тэҥнииллэр

- тыл кэрэтигэр умсугуйуу

- тэҥнээн араарыы


Билиини ылыныы, чиҥэтии



Тиэкиһи кытта үлэ



  • Сайын туһунан ойуулааһын тиэкис биэрии (үлэлиир тэтэрээт)


Сорудах: Тиэкистэн даҕааһын ааттары булуу.

-биирдии-биирдии доргуччу аахтарыы, даҕааһын ааттарыы булларыы


  • “Таптааҥ төрөөбүт дойдугутун” тиэкиһи иһитиннэрии (аудио матырыйаал)

Сорудах: Тиэкиһи болҕойон иһит. Даҕааһын ааттары сөптөөх миэстэҕэ таба туруор. (тиэкис иккитэ ааҕыллар)

-тыллары туруоралларыгар бириэмэ биэрэн бэйэ үлэтин тэрийии;

-тиэкистэрин аахтарыы;

- бэйэ үлэтин бэрэбиэркэлэнии, көннөрүү сыаналаныы (4 слайдаҕа сөптөөх тиэкиһи көрдөрүү)






тиэкистэн көрдөөн булаллар




тиэкиһи чуумпутук олорон истии, өйдөөһүн



тугу өйдөөбүттэринэн бэлиэтэнии




биирдиилээн ааҕыы


бэйэни бэрэбиэркэлэнэллэр, сыыһаларын көннөрөллөр





- тиэкиһи кытта үлэлиир;

- тыллары була, араара үөрэнэр;

- төрөөбүт тылын барҕа баайын сыаналааһын





- атын киһини истэр үөрүйэҕи сайыннарар;

- болҕомтолоох буолууну ирдиир;

- сыыһатын көннөрүнэр;

- бэйэтин сыаналанар;



Сынньалаҥ


оонньуу

Тыллары даҕааһыннар көмөлөрүнэн таайтарыы: дьэдьэн, тиит, алаас


бэйэ-бэйэлэригэр таайтараллар, таайаллар

-интэриэс көбүтүү



Иҥэриммит билиини туһаныы



Айар үлэ

(хартыынанан үлэ)






Суругунан айар үлэ тэрийии:

(үлэ тэтэрээтин хас биирдии үөрэнээччигэ түҥэтии)


Сорудах: бэриллибит ойууларга даҕааһыннары толкуйдаан киэргэтэн суруйуу: хонуу, оҕолор, сибэкки (ньээм от-алтан от), күрүө (5 слайд)

-оҕолорго чугаһаан өйдөөбөтөхтөрүн быһаарар, сөптөөх суолга сирдиир

- биирдиилээн ыйытыы


Саха биллиилээх худуоһунньугун Андрей Чикачев “Ньээм оттор” хартыынатын 6 слайдаҕа көрдөрүү


Сорудах: бу хартыынаны ойуулаан ойуулааһын тиэкис айыы

-тиэкистэрин аахтарыы

-холобур курдук үөрэнээччи тиэкиһин ааҕыы






тэтэрээккэ үлэ

бэриллибит тылларга даҕааһын аат толкуйдууллар, суруналлар.







бэйэлэрин холобурдарын ааҕаллар















эрдэ суруйбут тылларын ситимигэр тирэҕирэн хартыынаҕа сыһыаннаах тиэкис айаллар







-саҥарар саҥаҕа даҕааһыны таба туһанар;

- тылын-өһүн тупсарар;



-бэйэ-бэйэни истиһии





-көрбүтүн туһунан санаатын сааһылаан суруйар;

-бэйэ үлэлиирин ситиһии;

- тэҥниир;

-тыл баайын, кырааскатын сыаналааһын;



Бэйэни сыаналааһын


Санааны этинии

Бэйэҕит санааҕытыгар тиэкискит төһө сатаннай? Туох сатамматай? Туох ыарахаттары көрүстүгүт?

  • Түмүк оҥоруу


ыйытыыларга хоруй

- түмүк санааҕа кэлии

-бэйэни сыаналанар уонна түмүк оҥостор











Сыһыарыылар

Тиэкистэн даҕааһын ааттары булуҥ:


Киэҥ-куоҥ үрдүк халлаан нэлэмэн күөх куйаарын урсунугар кырачаан күөрэгэй биир сиргэ битийэ, дьирибинэйэ-тырыбынайа сапсына турда. Кини алыптаах ырыата дьүрүһүйэ кутуллан, сүрэҕи-быары, дууһаны сылаанньыта өрүкүттэ. Бу дьиктилээхэй күүһүн. Киниттэн хаалсымаары, самаан сайыны уруйдаһан, кэҕэ чуор куолаһа куоталаһа чоргуйда. Тугун кэрэтэй, сиэдэрэй сыһыым үрдүнэн күндү күөрэгэйим көмүс ырыата кутуллара, чэлгийэ көҕөрөр кэрии тыабыттан кэрэ кэпсээннээх кэҕэбит күнү-түүнү быһа туойара. Уһун кыһын умуннахха дьикти да күүһү эбинэҕин, толору дьолунан туолаҕын.

Онтон, доҕоор, итии сайын ийэбит сылаас сытынан сүрэххэ тиийэ сайа илгийэн киирэр. Сир ийэм барахсан, көһүтэн-кэтээн турбут, чээлэй күөх баархатын тилэри тэлгэнэ унаарыйар. Ойуурбут, сыһыыбыт дьэрэкээн симэҕэ ситэ, тупса түһэр. Сахам сирин сайына саҕаланнаҕа. (И.Прудецкай)






























Тиэкиһи болҕойон иһит. Даҕааһын ааттары сөптөөх миэстэҕэ таба туруор:



Таптааҥ төрөөбүт дойдугутун

Билэҕит дуо, эһиги, доҕотторуом, хайдахтаах ................................ сиргэ олороргутун? Туох суоҕуй, туох дубугуй бу биһиги төрөөбүт ................. буорбутугар? Манна баар уһугун-муҥурун булларбат туналыйар ..................................... туундара, киэбэ-киэлитэ биллибэт киҥкиниир ................. тайҕа. Манна бааллар ........................... сымара таас сыҥаһалаах, халлааҥҥа харбаспыт .................. хайалар, ............ уйгунан күөгэйэ намылыйбыт ...................................... алаастар, ............................. сыһыылар, .............................................. өрүстэр, үрэхтэр, күлүмнүү мэндээрийэр күөллэр. ................ тыата ................ кылааннааҕынан суһумнуур, ........................................... уута .................. хатырыктааҕынан дьиримниир. Кыһын киэнэ ...................................., саас киэнэ ......................... биһиэхэ баар. ................................... сайын, .......................................... күһүн биһиэхэ баар. Бар дьонум, үөрүҥ, өрөгөйдөөҥ бу сиргэ төрүүр, олорор, үлэлиир ........... аналгытыттан! Таптааҥ, айхаллааҥ бу сири, бу дойдуну! (Софрон Данилов)





Туһаныллар тыллар: үрдүк; унаар-мэнээр; саргылааҕа; күндү; төрүт; күөх; уйгу быйаҥнаах; дьикти кэрэ; сыгынньах; көмүс; үлүскэннээх сүүрүктээх; киэҥ; кылыгырас ыраас; аҥаат-муҥаат; хара; уоттаах куйаас; туус маҥан; араҕас; кыыдааннааҕа;








Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Прочее

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 6 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Технологическая карта урока в 6 классе "Да5ааьын ааттар"

Автор: Мандарова Матрена Васильевна

Дата: 20.01.2020

Номер свидетельства: 536524


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Ваш личный кабинет
Проверка свидетельства