Саха тылыгар уруок барыла. 7кылаас (Якутский как государственный)
Темата: Сахалыы падежтар (Падежи якутского языка).
Сыала-соруктар: 1. Саха тылын падежтарын ʏɵрэтии.
2. Падеж сыһыарыыларын сɵпкɵ туттуу
3. Тыл баайын хаңатыы
Туттуллар тэрил: Компьютер, проектор, интерактивнай дуоска, презентация матырыйаала
1 Тэрээһин
Үтүө күнүнэн, кунду оҕолоор!
Кыраны, кырдьа5аьы ытыктыыр,
Ийэни-а5аны убаастыыр,
Ыарахантан толлубат,
Улэттэн ча5ыйбат,
Кун киһитин курдук аһыныгас буола улаатын
диэн алгыс тылынан уруокпутун са5алыа5ын.
Бу уруокка бары сүбэлэьэн, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөр туһугар бөлөҕүнэн олорон үлэлиэхпит.
Тэтэрээппитин арыйабыт. Бугуңңу чыыһылабытын суруйабыт. Олунньу 12 кʏнэ. Кылааска улэ.
2. Сʏрʏн чаас. Бʏгʏңңʏ урокпут тематыгар киириэхпит иннинэ эһиэхэ маннык сорудах бэриллэр. Мин билигин эһиэхэ биир интириэһинэй иһитиннэрии этиэм. Ону истэн бараңңыт эһиги бугуңңу уруокпут тематын таайан таһаарыахтааххыт.
Бу тыл латыын тылыттан киирбит.
-Эстония уорэнээччилэрэ 14 .... уорэтэллэр.
-Финляндия уорэнээччилэрэ -15
- Венгриия5а 22…. уорэтэллэр.
-Дагестан сорох тылыгар -50.
Кытайдарга оннук суох.
Оттон нуучча тылыгар 6… баар.
Оттон саха тылыгар кинилэр 8. Туохтарый бу. Туох туьунан этиллибитий?
-Падежтар.
-Саамай соп, бугунну темабыт : Падежтар. (Тэтэрээппитигэр суруйабыт)
Нуучча тылыгар хас падеж баарый, о5олор? Саша сколько падежей в русском языке?( 6)
Дуосканы коробут эрэ, о5олор.( Суруйабын)
(При изменении имен существительных по падежам изменяется их окончание)
Нуучча тылыгар падеьынан аат тыллары уларытар буоллаххытына тыл туга уларыйарый?
-Окончание
-Сɵп. Холобур: конь- и.п. Какой падеж?. Нулевое окончание.
Родит п. коня (я-окончания)
Оттон саха тылыгар, холобур Ат+ы. (Ы- сыһыарыы эбиллэн биэрэр.)
Онон, бугуңңу урокпутугар туох сыалын-соругун туруорабытый? (Цель урока)
Соп, 1) Саха тылын падежтарын ʏɵрэтиэхпит.
2) Падежтар сыһыарыыларын сɵпкɵ тутта ʏɵрэниэхпит.
Уруок сыала: Саха тылын падежтарын билии.
Уруок соруга: . 1. Падежтар сыьыарыыларын сопко тутта уорэниэхпит.
2) Саңа теманы быһаарыы. Билигин бары дуосканы кɵрɵбʏт. Таблица. Падежтары аа5абын.
Инники эппитим курдук саха тылыгар уопсайа 8 падеж баар эбит. Падеж диэн сахалыы Тʏһʏк диэн ааттанар. Хас биирдии падеһы быьаарабын сахалыы аатынан.
3. Чиңэтии.
Дьэ билигин чинэтиигэ киирэбит.
Бастакы сорудахха интерактивнай дуоска5а улэлиэхпит.
Эһиги иннигитигэр падежтар. Уонна тыллар бэриллибиттэр. Бу тыллары соһоңңут сɵптɵɵх падежка туруоран бириэхтээххит. (О5олор группаларыттан биирдии тахсан толороллор интерактивнай доска5а).
Бэриллибит тыллар сыһыарыыларын тахсан бэлиэтээн. (Доска5а о5олор тахсан харандааһынан тɵгʏрʏтэллэр.
Стр 68 Эрчилии 159. (тылынан-устно)
Интернетинэн туһанабын-ол аата о5олор, инетернеты коннору оонньуугар эрэ буолбакка интернекка киирэн угус элбэх туьалаах , интириэьинэйи эмиэ билиэххэ соп.
Физкультминутка. Чэ эрэ. Билигин кыратык сынньана таарыйа толкуйдуур дьо5урбутун сайыннара ребус таайыахпыт. 1 группа 3 тылы. 2 группа -3тылы.
Тахсыбыт тылларгытынан этиилэрдэ толкуйдаан.
Физминутка. (харахха анаан гимнастика)
Билигин салгыы доскабытыгар улэлиибит. Бу карточкалар кэннилэригэр хаартыска кистэнэн турар. Барытын сопко онордоххутуна ким хаартыската турарын дьэ билиэхпит.
Мин падеж эттэхпинэ эһиги бу тыллартан хайата барсарын тахсан баттыыгыт. (О5олор дуоска5а тахсан оңороллор. )
-Дьэ эрэ. Ким хаартыската тахсан кэллэ?
-Саамай соп. Лигвист. Учуонай, тыл уорэхтээ5э С.А.Новгородов. То5о кини хаартыската кистэммитий?
-Соп то5о диэтэххинэ сарсын, ол эбэтэр олунньу 13 кунэ кини торообут кунэ. Ол эбэтэр Олунньу 13м кунэ-Саха суругун –бичигин кунэ буолар. Саха бастакы президена М.Е.Николаев 1996 с уураах таьаарбыта. Оното тугуй? Саха алфавитын торуттээбит уорэхтээх кини буолар.
Соп, маладьыастар.
Иннигитигэр тыллардаах конвертар сыталлар. Бу тыллары сопко хомуйанныт падежтаргыт бастакы буукубаларынан хоьоон айан таьаарыахтааххыт.
Таптыыбын айыл5а сааскы тʏгэнин, таптыыбын тулабар харалдьык тахсарын.
7.Рефлексия. Уруокпут тумуктэнэрэ кэллэ, онон мин эьигиттэн ыйытардаахпын.
-Бугунну урокка эьиги туох сананы, сонуну биллигит?
-Тугу ордук собулээтигит?
-Тугу ыарыр5аттыгыт? (Санаа атастаьыыта)
Эһиги иннигитигэр 3 сирэй (смайликтар) хартыыналара сыталлар. Олортон бээй5итигэр соптоох диэбиккитин оро кото5обут.
-Соп, маладьыастар. Дьиэ5э улэ стр 73 Эрч 173.
Таптааң тɵрɵɵбʏт тылгытын, таптааң тɵрɵɵбʏт литература5ытын!
Бол5омто5ут иһин махтал!