kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

С.С. Васильев "Эрчимэн Бэргэн"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Урок посвящен великому якутскому эпосу - олонхо "Эрчимэн Бэргэн" для 6 класса по якутской литературе. Урок ведется на якутском языке. В ходе урока ученики знакомятся с олонхо С.С. Васильева "Эрчимэн Бэргэн". Урок сопровождается презентацией "Эрчимэн Бэргэн" которое следет скачивать с этого сайта. 

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«С.С. Васильев "Эрчимэн Бэргэн" »

Уруок тиэмэтэ: С.С.Васильев-Бороҕоонускай ”Эрчимэн Бэргэн“ олоҥхото

Уруок бэлиэ тыла: ”Миигин, - ону ааһан, мин санаабар, хас биирдии ааҕааччыны саха фантазиятын бу дьиктилээх эйгэтэ, кини ураты туспа далааһына олус сөхтөрөр уонна сөхтөрүө даҕаны“ С.Е. Малов

Учуутал сыала:

- үөрэнээччилэр инники уруоктарга ылбыт билиилэрин чиҥэтии

- кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарыы

- олоҥхо тылын -өһүн билбиттэрин бэрэбиэркэлээн чопчулааһын

Үөрэнээччи сыала-соруга:

- олоҥхо тылын -өһүн өссө хатылаан умнубаттык өйдүүргэ кыһаллыы

- ылбыт билиини чопчулаан, тиэкискэ чугаһатан олоҥхо ис хоһоонун кэпсээһин, бэйэ санаатын атыттарга дакаастаан тиэрдии

Уруок тиибэ: ылбыт билиини чопчулуур уруок



Уруок хаамыыта

  1. Үөрэҕи ылыыга бэлэмнэнии. үөрэнээччилэр үлэлииргэ бэлэмнэнэллэр. Барыларыгар кинигэлэрэ, уруһуйдаабыт үлэлэрэ, сорудахтаах лиистэрэ баар.

  2. Сыал-сорук туруорунуу.

Учуутал: Оҕолоор, биһиги ханнык айымньыны үөрэтэн, ааҕан бүтэрдибит?

Сөп. Ким суруйбутай? (медианан олоҥхо кинигэтэ, суруйааччы хаартыската көстөр)

Кини ханна төрөөбүтэй?

Сөп. Суоттуга. Ол аата Сергей Васильев биһиги биир дойдулаах суруйааччыбыт эбит.

(Медиаҕа уруок тиэмэтэ көстөр)

Учуутал: Мин бүгүн сыалым-соругум - эһиги инники уруоктарга ылбыт билиигитин бэрэбиэркэлиэм, олоҥхобутун кэпсэтиэхпит, олоҥхо тылын-өһүн төһө өйдөөбүккүтүн билиэхпит. (Медиаҕа көстөр)

Эһиги сыалгыт-соруккут тыллары быһаарыыны тэтэрээккэ устубуккутун төһө өйдөөбүккүтүн, олоҥхо ис хоһоонун төһө билбиккитин миэхэ дакаастыахтааххыт (медиаҕа көстөр). Өйдөнөр дуо?



Уруокпут тиибэ: үөрэппит олоҥхобутун түмүктүүр уруок буолар



  1. Соругу быһаарыыга үөрэнээччи үлэтэ:

Билигин 1-кы сорудахпытыгар киирэбит. Ыйыттахпына тыл быһаарыытын этэн иһэҕит

- анаҕас

- сүлбэ далай

- күһэҥэ

- тусаһа

- көмүскэ

- сиксик

- туймуу

- ас (илин аһа)

- малааһын

- Үрүҥ Аар тойон

- эмньик кулун

- араҥаччылыыр

- Куо

- ордоотоһор

- тунайдыыр

- хампа күөх

- үгүрэлиир

- хол дойду

- уолах тиит

- холоонноохтор

(оҕолор эппиэттээтэхтэрин аайы тыл быһаарыыта медиаҕа көстөн иһэр)



Түмүк оҥоруу. Олоҥхо тыла-өһө хайдах эбитий?

Ыарахан, уустук, киһи тута өйдөөбөт. Ол да буоллар биһиги ону билэргэ кыһаныахтаахпыт. Үөрэхтээхтэр этэллэринэн, саха тыла сүмэтэ-сүөгэйэ, а.э. баайа барыта олоҥхоҕо сөҥөн сытар дииллэрэ сөп эбит.



Билигин 2-с сорудахпытыгар киирэбит, сорудахтаах лииспитин ылабыт. (сорудах медианан эмиэ көстөр)

  1. Олоҥхо тылынан ситэрэн биэриҥ:

Биир хоноот биирдэнэн,

Икки……………………….

Үс…………………………

Үөскүлэҥник үүммүт,

Омуннаахтык…………. .

  1. Төхтүрүйэн этиини ситэриҥ:

Биһиги киһибит

Үөһээ биистэр үктэтиилэрин

Өйдүүр киһи эбит,

Аллараа ……………….

………………………….. .



Тылга үлэбит бүттэ. Билигин ”Аах, бил, хоруйдаа“ күрэхпитин

ыытабыт. Бу лиискитигэр салгыы үлэлиигит. Хайдах үлэлиири билэҕит. Мин ыйытабын, эһиги лиискитигэр эппиэти эрэ суруйаҕыт. Өйдөнөр?

-Эрчимэн Бэргэн ийэтэ.

-Аҕата.

-Ороно төһө улаханый?

-Чуура бухатыыр кими утары киксиһиннэрдэ?

-Айыы бухатыырын билбэккэ өлөрөөрү гыммытын ким тохтоторуй?

-Уот Урбалдьынныын төһө өр охсустулар?

-Эрчимэн Бэргэҥҥэ ким хайдах көмөлөһөн Уот Урбалдьыны хоторуй?

-Кыайан-хотон төннөн истэҕинэ, Үрүҥ Аар тойон илдьитин ким этэрий?

-Кыыһы Чуура бухатыыр туохха кубулутан баран ыйыстыбытый?

-Эрчимэн Бэргэн кими кэргэн ыларый?

-Олоҥхо бүтүүтүгэр кини туох диэн бигэ мэктиэ тыл биэрэрий?

Ыйытыылар медиаҕа көстөллөр

  1. Атын үлэни ырытыы, сыана туруоруу.

Үлэлээбит лиистэрбитин атастаһабыт. Бастаан тиэкси ситэрэн биэриини бэрэбиэркэлиибит. Көрдүбүт. Бастакыта, икки хоноот иккилэнэн, үс хоноот үстэнэн, омуннаахтык улааппыт. Эппиэт сөп буоллаҕына тылын аайы 0,5 баллы биэрэн иһэҕит. Салгыы бардыбыт Аллараа биистэр албынныылларын таайар киһи эбит Эппиэт барыта сөп буолаҕына бу ситэрэн биэрэр сорудахха 5 баллы ылар, сыаната биэс буолар. Түөрт сөп эппиэккэ - 4 сыана, үһэ сөп буоллаҕына – 3.

Аны күрэхпит эппиэттэрин ыйыттахпына этэн иһэҕит, оҕо үлэтин бэрэбиэркэлээн балл туруоран иһиҥ. (эппиэттэр бары медиаҕа көстөллөр)



Сыана критерийэ медиаҕа көстөр, оҕолор бэрэбиэркэлээбит үлэлэригэр сыана туруораллар

12-11 балл – 5

8-10 балл – 4

6-7 балл – 3

6-тан аҕыйах балга куһаҕан сыана



  1. Бэйэ билбитин атыттарга тиэрдии, бэйэ санаатын дакаастааһын

Уруһуйдарын тахсан тугу уруһуйдаабыттарын быһааран кэпсииллэр.

(уруһуй медиаҕа көстөр)

Оҕолор, бу ”Чуораанчык“ сурунаалга тахсыбыт уруһуй, көрүҥ эрэ.

  1. Рефлексия: Эрчимэн Бэргэн ханнык абааһы бухатыырдарын кытта охсуһан кыайталыырый?

- Уот Урбалдьын

- Чуҥкунуур Чуура бухатыыр

Онон олоҥхо тугунан хайдах түмүктэнэрий?

Түмүк: Олоҥхо үчүгэйинэн, Эрчимэн Бэргэн кыайыытынан түмүктэнэр. Кини Күн улууһун көмүскүүр, айыы аймаҕын араҥаччылыыр аналын толорор.



  1. Дьиэҕэ үлэлииргэ саҥа сыал-сорук туруорунуу: учебник 26 - 27 сирэйигэр баар ”Олоҥхо ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалара“ диэн ыстатыйаны ааҕан баран наадалааҕын кылгатан сурунан кэлэҕит. Кэлэр уруокка бу тиэмэ тула кэпсэтии буолуо.

К

Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала

Аммосова В.И. уруога

өрсүөххэ диэри


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Прочее

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 6 класс

Скачать
С.С. Васильев "Эрчимэн Бэргэн"

Автор: Аммосова Валентина Ивановна

Дата: 21.11.2014

Номер свидетельства: 133545

Похожие файлы

object(ArrayObject)#852 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(77) "С.С. Васильев "Эрчимэн Бэргэн" презентация "
    ["seo_title"] => string(46) "s-s-vasil-iev-erchimen-berghen-priezientatsiia"
    ["file_id"] => string(6) "133551"
    ["category_seo"] => string(7) "prochee"
    ["subcategory_seo"] => string(5) "uroki"
    ["date"] => string(10) "1416541989"
  }
}


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства