kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Н.А.Лугинов "Кустук" сэЬэнин атын айымньылары кытта тэннии тутан ырытыы

Нажмите, чтобы узнать подробности

Уруок  (эбии дьарык) тиэмэтэ: Н.А.Лугинов «Кустук» сэЬэнигэр Кустук уонна атын литературнай ыттар дьыл5аларын алты?ыылара

КылааЬа: 5-9 кылаастар

Уруок к?р??э: интегрированнай уруок, диспут

Уруок (дьарык) сыала-соруга:

  • Н.А.Лугинов «Кустук» сэЬэнин дири?этэн ырытыы
  • Ыт  туЬунан эбии айымньылары билиЬиннэрии
  • ??рэнээччилэр литературнай билиилэрин(кругозордарын) ха?атыы

Туттуллар матырыйаал: презентация, уус-уран кинигэлэр

Уруок хаамыыта

  • Уруок сыалын-соругун билиЬиннэрии

Дорооболору?, о5олоор. ЭЬиги киэн туттар биир дойдулаахпыт Николай Алексеевичв Лугинов айымньыларын аахтыгыт-к?рд?г?т. «Кустук» сэЬэнин бары аа5ан кэлэн олоро5ут. Б?г?н биЬиги «Кустук» сэЬэ??э к?ст?р ыт туЬунан сиЬилии кэпсэтиэхпит. Бу ыт атын литературнай ыттар дьыл5аларыгар  араас ?р?т?нэн маарынныыр ?р?ттээ5ин эмиэ билиэхпит. Миэхэ бу тиэмэ5э дакылаат суруйбут Аммосова Сардаана к?м?л?Ь??5э.

(Уруокка бэлэм матырыйаалынан кэпсииргэ о5олор к?м?л???лл?р. )

Учуутал: О5олоор, А.П.Чехов «Каштанкатын» аахпыттар бааргыт да? Эбэтэр мультигын, киинэтин к?рб?т буолуоххутун с?п. Дьэ эрэ, Кустук уонна Каштанка дьыл5алара тугунан маарынныыр эбитин истиэххэйи?.

Кустук уонна Чехов Каштанката.

            Кустук булчут ыт буолар аналлаах Иччи-Охоноо??о сулууспалыыра. Аналыттан олус ??рэр, тапталлаах иччитин ту?угар ?л?р?н да кэрэйбэт олус бэриниилээх ыт этэ. Ол эрээри то?о эрэ а?ыйах кэм?э (бэйэтэ саныырынан) атын ки?иэхэ Байбалга сулууспалыы сылдьара кэпсэнэр. Байбал Кустугу атын ыттары кытта к?л??р о?осто сылдьар. Уруккута тай?а?а к???л босхо сылдьыбыт ыт сыапка хам баайыллан, биир да м?н??тэ босхо ыытыллыбакка, тыына-быара хаайтаран сылдьарын харааста аа?абыт. Эбиитин аччыктыыр кы?ал?атын, туох да буруйа суох тимир сыабынан кырбанар эрэйин билээхтиир.

            Каштанка бу Кустукка утары турар курдук. Т?тт?р?т?н бэрдэ суох сы?ыанна?ар, соро?ор аччыктатар, охсуллан да ылар ха?аайыннарыттан, мунан, сымна?ас майгылаах ха?аайы??а т?бэ?эр. Ол да буоллар т??? да инникитинээ?эр ?ч?гэй услулуобуйа?а сырыттар, то?о эрэ бастакы ха?аайыннарын ахтар-саныыр, т??ээн онноо?ор к?р?р.

            Кустук уонна Каштанка майгынна?ар ?р?ттэрэ итиннэ сытар – иккиэн бастакы ха?аайыннарын ахталлар, суохтууллар, тарды?аллар.

            Бу икки ыттартан Каштанка ыт дьолун билэр – урукку ха?аайыннарын булан т?нн?р. Кустук барахсан босхо да бардар, киэ? туундараны туораатар да?аны, суолугар к?рс?б?т мо?оллортон эмсэ?элээн, иччитигэр сатаан тиийбэккэ аара ?л??хт??р.

            Бу икки ыты холбуу тутан к?р?н баран биир бигэ санаа?а кэллим – ыт хайдахтаах да иччилээх буоллун, син-биир аналын быЬыытынан киниэхэ бэриниилээх буолар. Бу ыт барахсан айылгыта эбит.

Бу санаатахха, арай Кустук иччитэ Байбал эбитэ буоллар, кини барыа суо?а этэ. Ону Ма?ан диэн к?л??р ыт чопчулаан биэрэр: кини эмиэ Кустугу кытта сыабын бы?ан босхоломмутун и?ин ку?а?ан санаалаах иччитигэр син-биир т?нн??хт??р, ол кини ыар анала буолар. Каштанка эмиэ олус ?ч?гэй ки?иэхэ т?бэ?эн баран, аналын утары барбат.

Учуутал: Англия биллэр суруйааччыта Джек Лондон “Белый Клык” диэн романнаах. Бу айымньы сюжетынан “Уолт Дисней” кинокомпания олус ?ч?гэй киинэ уЬулбута. Кимнээх эмэ к?рт?р? дуо? Ба5ар, бу кэпсэтии кэнниттэн интэриэЬиргээн аа5ыаххыт эбэтэр к?р??хх?т дии саныыбын.

Кустук уонна Ма?ан А?ыы (Дж. Лондон)

            Ма?ан А?ыы б?р? а?ардаах ыт. Ийэтэ Кичи б?р? уонна ыт т?р?ттээх. Ма?ан А?ыыны Кустукка тугун ханыылыы к?рд?м диир буоллахха, бастатан туран, иккиэннэрин иччилэрэ арыгылыы сылдьан, хаартылаан, атын дьо??о с??йтэрэн кэби?эллэр. Ма?ан А?ыыны иччитэ индеец Сиэрэй Буобур ыттары охсу?уннаран байар-тайар Красавчик Смиткэ с??йтэрэн, биэрэргэ к??эллэр. Итинтэн ыла оло?о ыар-курус суолунан барар: аччыктыыр, кырбанар, ыттары кытта охсу?ан баа?ырар, ?л? да сы?ар. Кустугу эмиэ Иччи-Охоноон итирэ сылдьан хаартыга с??йтэрэн Байбалга биэрэр. Эмиэ Ма?ан А?ыы курдук аччыктыыр, кырбанар, наар баайыыга сытаахтыыр.

            Икки?инэн, бу икки ыт к?л??р ыттар. Ол эрээри Ма?ан А?ыы бастакылыыр ыт буолар, ?лэтин олус кыайа тутар буолан, ха?аайыныттан хай?анартан атын буолбат. Уонна бу дойду климата сымна?ас буолан, биллэн турар, Кустуктаа?ар кы?ал?алара кыра. Кустук барахсан к?л??р ыт бары кы?ал?атын барытын билээхтиир. Ма?ан А?ыы та?а?ас эрэ тиэйиигэ с?р?ннээн сылдьар, Кустук бытар?ан тымныы, тыйыс туундара устун кыы?ыра-тымта сылдьар иччилээх буолан эбиитин кырбанар, кырса и?нибэтэ?эр эмиэ кинилэр буруйданаллар.

            Бу икки хаарыан ыттар то?о иччилэрэ ку?а?ан дьо??о биэрбиттэрин билээхтээбэттэр. Кустук к?л??р ыт ыар дьыл?атын тулуйар биричиинэтэ биир – сотору кэминэн Иччи-Охоноон хайаан да т?тт?р? ылыа диэн ыра санаанан салайтаран, санаатын т??эрбэт. Ону биир кы?ал?алаах ыттарыттан биирдэстэрэ Кырбыйынан суруйааччы ордук чорботон к?рд?р?р. Кырбый барахсан, эмиэ хааныгар к???л олохтоох б?р? сыдьааннаах ыт, синигэр т??эн, тулалыыр эйгэ?э туох буоларыгар наадыйбат, кинини туох да ??рд?бэт, б?тэр эрэ у?угун кэтэ?эр сырдык эрэлэ суох хаалбыт сордоох ыт.

Кустук уонна ?р?? Бим-Хара Кулгаах (Троепольскай)

Бу икки ыт, мин санаабар, саамай чугастыы дьыл5алаахтар. Кустук куруутун Иччи-Охоноонун санаан-ахтан тахсар, ха?ан кэлэн ыларын кэтэ?эр. Урут да булчут ыттары уларсы?ар идэлээхтэрэ, кинини эмиэ ха?аайына билэр дьонугар уларса сылдьыбыт буолуон с?п. Ол и?ин бу сырыыга эмиэ миигин уларыста?а диэн наар кэтэ?ээхтиир. Байбал ыттара Ба?ыр?астан уратылара бары кырбанар, аччыктыыр, сору-му?у к?р?р дьыл?алаахтар, ону ким хайдах сатыырынан (албынна?ан, эккэлээн, ?ч???н.) тулуйа сатыыр, онтон т?л?р?йэр кыахтара суох. Онтон Кустук санаата б???х: кини бу ыттар курдук ?йэтин тухары эрэйгэ-му??а тэбиллибэтэх, сотору кэминэн ха?аайыныгар, тапталлаах тай?атыгар, аналлаах идэтиэр т?нн???э. Бу эрэ санааттан кини барыны бары тулуйар.

            ?р?? Бим эмиэ олус таптыыр ха?аайыннаах, кининэн эрэ дьоллонон олорор. Ол эрээри иччитэ Иван Иванович А?а дойду сэриитигэр баа?ыран, с?рэ?эр оскуолактаах эбит. Онто бэргээн у?ун кэм?э балыы?а?а киирэр. Ону да со?уччу. Онон ?р?? Бим эмискэ тулаайах хаалан хаалар.

            Кустук уонна ?р?? Бим иккиэн ха?аайыннарын к?рд?? бараллар. Иккиэн суолларыгар араас уустук мо?оллору к?рс?лл?р. Кустук у?ун сыап со?уулаах, онтуката киэ? туундараны туорууругар, эбиитин халы? хаарынан айанныырыгар ыарахан та?а?ас буолар. Аны туран аччык б?р?н? к?рс?н ?л?р-тиллэр охсу?ууга киирэр. Манна хата бу сыаба к?м? буолан, б?р?н? ?л?р?р, ол эрээри бэйэтэ улаханнык баа?ырар, илистэр. ?р?? Бим ха?аайынын к?рд?? барар, куорат устун. Эмиэ суолугар араас мо?оллору к?рс?р: тимир суол стрелкатын соруйан уларытан атын суолунан бараахтыыр, ол т?м?гэр ата?ын ?л?р?р; ку?а?ан санаалаах эр ки?и кырбыыр, эбиитин иирбит ыт диэн биллэрии та?аарар; булта?ан да ылар, ол сылдьан махтаныахтарын оннугар кырбыыллар; ти?э?эр, биир дьахтар ыттары тутан харайар дьо??о эрийэн туттарар. Ол эрээри суолугар ?ч?гэй, а?ыныгас дьону эмиэ к?рс?р.

            Кустук уонна ?р?? Бим. иккиэн иччилэрин кытта к?рс?спэттэр. Иккиэн иччилэрин к?рс?р ту?уттан ?л??хт??ллэр. Кустук баа?ыран, аччыктаан, сылайан, то?он. ?р?? Бим хаайыллан, онтон санаата тууйуллан, санаар?аан. Хайдахтаах да алба?ынан бу хаайыыттан тахсыбатын, куоппатын билинэн.

            Кустугу ордук а?ынным, то?о диэтэр кинини иччитэ к?рд??б?т, бэйэтин акаарытыгар былдьатан кэбиспит, хата ону билээхтээбэккэ бу олохтон бараахтыыр. Онтон ?р?? Бими иччитэ Иван Иванович балыы?аттан тахсаат к?рд??р, ол эрээри хойутаан булар.

            “Кустугу” аа?ан баран толкуйдаан к?рд?м. Арай Кустук аара суолга б?р?н? к?рс?бэтэх буоллун. дьиэтигэр балачча чуга?аан баран сытынан кэби?эр дии. Арай иччитигэр тиийдин диэн. Биир-икки к?н таптаан, атаахтатан баран Байбалга т?нн?р?? этэ.То?о инньэ дии саныыбын диир буоллахха, ытын олус диэн таптыыра, хары?ыйара буоллар туох и?ин атын ки?иэхэ биэриэ суох этэ, ба?ар табатын, ба?ар атын малы биэрдин. Онтон Кустук иччитин ту?угар сыр?ан э?элиин охсу?ар, ?л?р?н кэрэйбэт этэ. иччитэ эрэ туох да буолбатын.

Кустук уонна  Кэрэмэс (А.В.Кривошапкин “Дьыл?ам кытыла”)

            Манна мин ыттары буолбакка, иччилэри тэ?нээн к?р??м. Кустук иччитэ хайдах бы?ыыламмытын бары билэбит. Онтон  эбээн ки?итэ, ааттаах булчут Нэгэ дьэ, кырдьык, ытын туохтаа?ар да к?нд?т?к саныыр, ытын ту?уттан хата бэйэтэ ?л?р?н кэрэйбэт ки?и буолан биэрэр. Ыта хайалаах сиргэ быстан с?тэн хаалбытын ?с к?н? бы?а к?рд??р. Хата ыта ту?ахха и?нэн баран, ки?илии ?йд??х буолан, босхолонон  бэйэтэ  тиийэн кэлэр. Аны туран аны ха?аайына ытын к?рд?? сылдьан хайаттан сууллан турбат буолан ?л?р чаа?ын кэтэ?э сытта?ына, ыта эрэ баар буолан тыыннаах хаалар. Нэгэ  ытын сыалай ??р таба?а да атастаспат, хаа?ах да т??лээххэ атыылаабат. Бу эбээн ыалыгар Кэрэмэс син-биир дьиэ кэргэн сор?ото буолар. Кини булду булларар, табаларын б?р?л?рт?н ара?аччылыыр. Оттон эбээн ыала булда уонна табата суох ыал аатыттан тахсар.

Уруокка истибиттэрин ч?мч?т??, санаа атастаЬыыта.

Учуутал: Бу уруокка ыт туЬунан элбэх интэриэЬинэй айымньылары биллигит, сорохторун аахпыккыт-к?рб?кк?т. Дьиэ кыылларыттан ордук ыт туЬунан суруйаллар уонна аттар тустарынан эмиэ а5ыйа5а суох айымньылар бааллар. То5о куоска эбэтэр атын дьиэ кыылынаа5ар элбэхтик  ыт, ат ту?унан суруйбуттара буолуой?

О5олор эппиэттэрэ:.. Ыт уонна ат ки?и эрэллээх до5отторо буолаллар диэн санаа5а кэлиэхтээхтэр.

Учуутал: О5олоор, кимнээх эЬигиттэн ыты иитэллэрий? То5о, туох сыалтан дьо??ут ыты иитэллэрэ буолуой? (харабыл, булчут,..)

  • Н.Лугинов Кустук дьыл5атынан тугу этиэн ба5арбытый? (маннык айымньылары аа5ан дьон сыыЬаларын ?йд??ллэригэр к?м?л???р. Аьыныгас,, эппиэтинэстээх буоларга ы?ырар..)
  • Ыты ииттиэх иннинэ тугу ?йд??хтээхпитий? (КиЬи улахан эппиэтинэс ылыныахтаах. Ыт саныыр санаалаах, кыраттан ??рэр, хомойор..)
  • Ыт иччитигэр олус бэриниилээ5ин биллибит. Ол туЬунан кэпсэтиэ5и? эрэ. (О5олор бары билэр Хатико ыт ту?унан эмиэ ахтан ааЬаллар.
  • Куоракка, онноо5ор би?иэхэ к?р??тэ-харайыыта суох ыттар олус элбэхтэр. Ити туЬунан туох санаа ??скээтэ? (о5олор санаалара) Кэли??и кэмнэргэ онноо5ор ыттар содулларыттан дьон б?5? эмсэ5элиир. Ити туЬунан тугу этиэххитий?

Уруогу т?м?ктээ?ин.

Бу б?г?н уруокка ахтыллыбыт ыт туЬунан айымньылар таЬынан ?сс? элбэх айымньы баар. Б?г?н ахтыллыбыт айымньылары уонна атыттары бэйэ5ит к?р??г?т?нэн аа5аргытыгар с?бэлиибин. Ыт эмиэ саныыр санаалаа5ын, дири? толкуйдаа5ын ?йд??р буолу?. ?ч?гэйдик сы?ыанна?ыаххыт – бэриниилээх до5ордонуоххут. Ону б?г???? айымньылар да туо?улаатылар.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Н.А.Лугинов "Кустук" сэЬэнин атын айымньылары кытта тэннии тутан ырытыы»

Номинация «Внеклассная работа по литературе»

Учуутал: Корнилова Екатерина Ивановна, МБОУ «Мукучу гимназията». Саха тылын, литературатын учуутала. 1 категориялаах учуутал.

Уруок (эбии дьарык) тиэмэтэ: Н.А.Лугинов «Кустук» сэЬэнигэр Кустук уонна атын литературнай ыттар дьыл5аларын алтыһыылара

КылааЬа: 5-9 кылаастар

Уруок көрүҥэ: интегрированнай уруок, диспут

Уруок (дьарык) сыала-соруга:

  • Н.А.Лугинов «Кустук» сэЬэнин дириҥэтэн ырытыы

  • Ыт туЬунан эбии айымньылары билиЬиннэрии

  • Үөрэнээччилэр литературнай билиилэрин(кругозордарын) хаҥатыы

Туттуллар матырыйаал: презентация, уус-уран кинигэлэр

Уруок хаамыыта

  • Уруок сыалын-соругун билиЬиннэрии

Дорооболоруҥ, о5олоор. ЭЬиги киэн туттар биир дойдулаахпыт Николай Алексеевичв Лугинов айымньыларын аахтыгыт-көрдүгүт. «Кустук» сэЬэнин бары аа5ан кэлэн олоро5ут. Бүгүн биЬиги «Кустук» сэЬэҥҥэ көстөр ыт туЬунан сиЬилии кэпсэтиэхпит. Бу ыт атын литературнай ыттар дьыл5аларыгар араас өрүтүнэн маарынныыр өрүттээ5ин эмиэ билиэхпит. Миэхэ бу тиэмэ5э дакылаат суруйбут Аммосова Сардаана көмөлөЬүө5э.

(Уруокка бэлэм матырыйаалынан кэпсииргэ о5олор көмөлөһөллөр. )

Учуутал: О5олоор, А.П.Чехов «Каштанкатын» аахпыттар бааргыт да? Эбэтэр мультигын, киинэтин көрбүт буолуоххутун сөп. Дьэ эрэ, Кустук уонна Каштанка дьыл5алара тугунан маарынныыр эбитин истиэххэйиҥ.

Кустук уонна Чехов Каштанката.

Кустук булчут ыт буолар аналлаах Иччи-Охонооҥҥо сулууспалыыра. Аналыттан олус үөрэр, тапталлаах иччитин туһугар өлөрүн да кэрэйбэт олус бэриниилээх ыт этэ. Ол эрээри тоҕо эрэ аҕыйах кэмҥэ (бэйэтэ саныырынан) атын киһиэхэ Байбалга сулууспалыы сылдьара кэпсэнэр. Байбал Кустугу атын ыттары кытта көлүүр оҥосто сылдьар. Уруккута тайҕаҕа көҥүл босхо сылдьыбыт ыт сыапка хам баайыллан, биир да мүнүүтэ босхо ыытыллыбакка, тыына-быара хаайтаран сылдьарын харааста ааҕабыт. Эбиитин аччыктыыр кыһалҕатын, туох да буруйа суох тимир сыабынан кырбанар эрэйин билээхтиир.

Каштанка бу Кустукка утары турар курдук. Төттөрүтүн бэрдэ суох сыһыаннаһар, сороҕор аччыктатар, охсуллан да ылар хаһаайыннарыттан, мунан, сымнаҕас майгылаах хаһаайыҥҥа түбэһэр. Ол да буоллар төһө да инникитинээҕэр үчүгэй услулуобуйаҕа сырыттар, тоҕо эрэ бастакы хаһаайыннарын ахтар-саныыр, түһээн оннооҕор көрөр.

Кустук уонна Каштанка майгыннаһар өрүттэрэ итиннэ сытар – иккиэн бастакы хаһаайыннарын ахталлар, суохтууллар, тардыһаллар.

Бу икки ыттартан Каштанка ыт дьолун билэр – урукку хаһаайыннарын булан төннөр. Кустук барахсан босхо да бардар, киэҥ туундараны туораатар даҕаны, суолугар көрсүбүт моһоллортон эмсэҕэлээн, иччитигэр сатаан тиийбэккэ аара өлөөхтүүр.

Бу икки ыты холбуу тутан көрөн баран биир бигэ санааҕа кэллим – ыт хайдахтаах да иччилээх буоллун, син-биир аналын быЬыытынан киниэхэ бэриниилээх буолар. Бу ыт барахсан айылгыта эбит.

Бу санаатахха, арай Кустук иччитэ Байбал эбитэ буоллар, кини барыа суоҕа этэ. Ону Маҥан диэн көлүүр ыт чопчулаан биэрэр: кини эмиэ Кустугу кытта сыабын быһан босхоломмутун иһин куһаҕан санаалаах иччитигэр син-биир төннөөхтүүр, ол кини ыар анала буолар. Каштанка эмиэ олус үчүгэй киһиэхэ түбэһэн баран, аналын утары барбат.

Учуутал: Англия биллэр суруйааччыта Джек Лондон “Белый Клык” диэн романнаах. Бу айымньы сюжетынан “Уолт Дисней” кинокомпания олус үчүгэй киинэ уЬулбута. Кимнээх эмэ көртөрө дуо? Ба5ар, бу кэпсэтии кэнниттэн интэриэЬиргээн аа5ыаххыт эбэтэр көрүөххүт дии саныыбын.

Кустук уонна Маҥан Аһыы (Дж. Лондон)

Маҥан Аһыы бөрө аҥардаах ыт. Ийэтэ Кичи бөрө уонна ыт төрүттээх. Маҥан Аһыыны Кустукка тугун ханыылыы көрдүм диир буоллахха, бастатан туран, иккиэннэрин иччилэрэ арыгылыы сылдьан, хаартылаан, атын дьоҥҥо сүүйтэрэн кэбиһэллэр. Маҥан Аһыыны иччитэ индеец Сиэрэй Буобур ыттары охсуһуннаран байар-тайар Красавчик Смиткэ сүүйтэрэн, биэрэргэ күһэллэр. Итинтэн ыла олоҕо ыар-курус суолунан барар: аччыктыыр, кырбанар, ыттары кытта охсуһан бааһырар, өлө да сыһар. Кустугу эмиэ Иччи-Охоноон итирэ сылдьан хаартыга сүүйтэрэн Байбалга биэрэр. Эмиэ Маҥан Аһыы курдук аччыктыыр, кырбанар, наар баайыыга сытаахтыыр.

Иккиһинэн, бу икки ыт көлүүр ыттар. Ол эрээри Маҥан Аһыы бастакылыыр ыт буолар, үлэтин олус кыайа тутар буолан, хаһаайыныттан хайҕанартан атын буолбат. Уонна бу дойду климата сымнаҕас буолан, биллэн турар, Кустуктааҕар кыһалҕалара кыра. Кустук барахсан көлүүр ыт бары кыһалҕатын барытын билээхтиир. Маҥан Аһыы таһаҕас эрэ тиэйиигэ сүрүннээн сылдьар, Кустук бытарҕан тымныы, тыйыс туундара устун кыыһыра-тымта сылдьар иччилээх буолан эбиитин кырбанар, кырса иҥнибэтэҕэр эмиэ кинилэр буруйданаллар.

Бу икки хаарыан ыттар тоҕо иччилэрэ куһаҕан дьоҥҥо биэрбиттэрин билээхтээбэттэр. Кустук көлүүр ыт ыар дьылҕатын тулуйар биричиинэтэ биир – сотору кэминэн Иччи-Охоноон хайаан да төттөрү ылыа диэн ыра санаанан салайтаран, санаатын түһэрбэт. Ону биир кыһалҕалаах ыттарыттан биирдэстэрэ Кырбыйынан суруйааччы ордук чорботон көрдөрөр. Кырбый барахсан, эмиэ хааныгар көҥүл олохтоох бөрө сыдьааннаах ыт, синигэр түһэн, тулалыыр эйгэҕэ туох буоларыгар наадыйбат, кинини туох да үөрдүбэт, бүтэр эрэ уһугун кэтэһэр сырдык эрэлэ суох хаалбыт сордоох ыт.



Кустук уонна Үрүҥ Бим-Хара Кулгаах (Троепольскай)

Бу икки ыт , мин санаабар, саамай чугастыы дьыл5алаахтар. Кустук куруутун Иччи-Охоноонун санаан-ахтан тахсар, хаһан кэлэн ыларын кэтэһэр. Урут да булчут ыттары уларсыһар идэлээхтэрэ, кинини эмиэ хаһаайына билэр дьонугар уларса сылдьыбыт буолуон сөп. Ол иһин бу сырыыга эмиэ миигин уларыстаҕа диэн наар кэтэһээхтиир. Байбал ыттара Баһырҕастан уратылара бары кырбанар, аччыктыыр, сору-муҥу көрөр дьылҕалаахтар, ону ким хайдах сатыырынан (албыннаһан, эккэлээн, өчөһөн...) тулуйа сатыыр, онтон төлөрүйэр кыахтара суох. Онтон Кустук санаата бөҕөх: кини бу ыттар курдук үйэтин тухары эрэйгэ-муҥҥа тэбиллибэтэх, сотору кэминэн хаһаайыныгар, тапталлаах тайҕатыгар, аналлаах идэтиэр төннүөҕэ.... Бу эрэ санааттан кини барыны бары тулуйар.

Үрүҥ Бим эмиэ олус таптыыр хаһаайыннаах, кининэн эрэ дьоллонон олорор. Ол эрээри иччитэ Иван Иванович Аҕа дойду сэриитигэр бааһыран, сүрэҕэр оскуолактаах эбит. Онто бэргээн уһун кэмҥэ балыыһаҕа киирэр. Ону да соһуччу. Онон Үрүҥ Бим эмискэ тулаайах хаалан хаалар.

Кустук уонна Үрүҥ Бим иккиэн хаһаайыннарын көрдүү бараллар. Иккиэн суолларыгар араас уустук моһоллору көрсөллөр. Кустук уһун сыап соһуулаах, онтуката киэҥ туундараны туорууругар, эбиитин халыҥ хаарынан айанныырыгар ыарахан таһаҕас буолар. Аны туран аччык бөрөнү көрсөн өлөр-тиллэр охсуһууга киирэр. Манна хата бу сыаба көмө буолан, бөрөнү өлөрөр, ол эрээри бэйэтэ улаханнык бааһырар, илистэр. Үрүҥ Бим хаһаайынын көрдүү барар, куорат устун... Эмиэ суолугар араас моһоллору көрсөр: тимир суол стрелкатын соруйан уларытан атын суолунан бараахтыыр, ол түмүгэр атаҕын өлөрөр; куһаҕан санаалаах эр киһи кырбыыр, эбиитин иирбит ыт диэн биллэрии таһаарар; бултаһан да ылар, ол сылдьан махтаныахтарын оннугар кырбыыллар; тиһэҕэр, биир дьахтар ыттары тутан харайар дьоҥҥо эрийэн туттарар. Ол эрээри суолугар үчүгэй, аһыныгас дьону эмиэ көрсөр...

Кустук уонна Үрүҥ Бим... иккиэн иччилэрин кытта көрсүспэттэр. Иккиэн иччилэрин көрсөр туһуттан өлөөхтүүллэр. Кустук бааһыран, аччыктаан, сылайан, тоҥон... Үрүҥ Бим хаайыллан, онтон санаата тууйуллан, санаарҕаан... Хайдахтаах да албаһынан бу хаайыыттан тахсыбатын, куоппатын билинэн...

Кустугу ордук аһынным, тоҕо диэтэр кинини иччитэ көрдөөбөт, бэйэтин акаарытыгар былдьатан кэбиспит, хата ону билээхтээбэккэ бу олохтон бараахтыыр... Онтон Үрүҥ Бими иччитэ Иван Иванович балыыһаттан тахсаат көрдүүр, ол эрээри хойутаан булар...

“Кустугу” ааҕан баран толкуйдаан көрдүм. Арай Кустук аара суолга бөрөнү көрсүбэтэх буоллун... дьиэтигэр балачча чугаһаан баран сытынан кэбиһэр дии. Арай иччитигэр тиийдин диэн... Биир-икки күн таптаан, атаахтатан баран Байбалга төннөрүө этэ...Тоҕо инньэ дии саныыбын диир буоллахха, ытын олус диэн таптыыра, харыһыйара буоллар туох иһин атын киһиэхэ биэриэ суох этэ, баҕар табатын, баҕар атын малы биэрдин... Онтон Кустук иччитин туһугар сырҕан эһэлиин охсуһар, өлөрүн кэрэйбэт этэ... иччитэ эрэ туох да буолбатын...



Кустук уонна Кэрэмэс (А.В.Кривошапкин “Дьылҕам кытыла”)

Манна мин ыттары буолбакка, иччилэри тэҥнээн көрүүм. Кустук иччитэ хайдах быһыыламмытын бары билэбит. Онтон эбээн киһитэ, ааттаах булчут Нэгэ дьэ, кырдьык, ытын туохтааҕар да күндүтүк саныыр, ытын туһуттан хата бэйэтэ өлөрүн кэрэйбэт киһи буолан биэрэр. Ыта хайалаах сиргэ быстан сүтэн хаалбытын үс күнү быһа көрдүүр. Хата ыта туһахха иҥнэн баран, киһилии өйдөөх буолан, босхолонон бэйэтэ тиийэн кэлэр. Аны туран аны хаһаайына ытын көрдүү сылдьан хайаттан сууллан турбат буолан өлөр чааһын кэтэһэ сыттаҕына, ыта эрэ баар буолан тыыннаах хаалар. Нэгэ ытын сыалай үөр табаҕа да атастаспат, хааһах да түүлээххэ атыылаабат. Бу эбээн ыалыгар Кэрэмэс син-биир дьиэ кэргэн сорҕото буолар. Кини булду булларар, табаларын бөрөлөртөн араҥаччылыыр. Оттон эбээн ыала булда уонна табата суох ыал аатыттан тахсар.

Уруокка истибиттэрин чөмчөтүү, санаа атастаЬыыта.

Учуутал: Бу уруокка ыт туЬунан элбэх интэриэЬинэй айымньылары биллигит, сорохторун аахпыккыт-көрбүккүт. Дьиэ кыылларыттан ордук ыт туЬунан суруйаллар уонна аттар тустарынан эмиэ а5ыйа5а суох айымньылар бааллар. То5о куоска эбэтэр атын дьиэ кыылынаа5ар элбэхтик ыт, ат туһунан суруйбуттара буолуой?

О5олор эппиэттэрэ:........ Ыт уонна ат киһи эрэллээх до5отторо буолаллар диэн санаа5а кэлиэхтээхтэр.

Учуутал: О5олоор, кимнээх эЬигиттэн ыты иитэллэрий? То5о, туох сыалтан дьоҥҥут ыты иитэллэрэ буолуой? (харабыл, булчут, .....)

  • Н.Лугинов Кустук дьыл5атынан тугу этиэн ба5арбытый? (маннык айымньылары аа5ан дьон сыыЬаларын өйдүүллэригэр көмөлөһөр. Аьыныгас,, эппиэтинэстээх буоларга ыҥырар.....)

  • Ыты ииттиэх иннинэ тугу өйдүөхтээхпитий? (КиЬи улахан эппиэтинэс ылыныахтаах. Ыт саныыр санаалаах, кыраттан үөрэр, хомойор.....)

  • Ыт иччитигэр олус бэриниилээ5ин биллибит. Ол туЬунан кэпсэтиэ5иҥ эрэ. (О5олор бары билэр Хатико ыт туһунан эмиэ ахтан ааЬаллар.

  • Куоракка, онноо5ор биһиэхэ көрүүтэ-харайыыта суох ыттар олус элбэхтэр. Ити туЬунан туох санаа үөскээтэ? (о5олор санаалара) Кэлиҥҥи кэмнэргэ онноо5ор ыттар содулларыттан дьон бө5ө эмсэ5элиир. Ити туЬунан тугу этиэххитий?

Уруогу түмүктээһин.

Бу бүгүн уруокка ахтыллыбыт ыт туЬунан айымньылар таЬынан өссө элбэх айымньы баар. Бүгүн ахтыллыбыт айымньылары уонна атыттары бэйэ5ит көрүүгүтүнэн аа5аргытыгар сүбэлиибин. Ыт эмиэ саныыр санаалаа5ын, дириҥ толкуйдаа5ын өйдүүр буолуҥ. Үчүгэйдик сыһыаннаһыаххыт – бэриниилээх до5ордонуоххут. Ону бүгүҥҥү айымньылар да туоһулаатылар.




Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Прочее

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 8 класс

Скачать
Н.А.Лугинов "Кустук" сэЬэнин атын айымньылары кытта тэннии тутан ырытыы

Автор: Корнилова Екатерина Ивановна

Дата: 08.02.2016

Номер свидетельства: 290235


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства