kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Конспект урока якутского языка на тему Да5ааhын аат

Нажмите, чтобы узнать подробности

Открытый урок по предмету якутский язык.

Тема "Да5ааhын аат"

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Конспект урока якутского языка на тему Да5ааhын аат»

Саха тылыгар уруок былаана

Кылаас: 6

Уруок тиэмэтэ: Даҕааһын аат

Уруок тиибэ:билиини, үѳрүйэҕи уонна сатабылы чиҥэтэр, сайыннарар уруок.

Уруок кѳрүҥэ: чиҥэтии

Учуутал сыала:

- да5ааьын ааты хатылааhын, барбыты чиӊэтии,салгыы барыы;

- о5о бэйэтэ толкуйдаан үлэлиирин ситиhии;

- саӊаны сайыннарыы, араас да5ааьыннары этиигэ сөпкө тутта үөрэнии, да5ааhын аат тылы быhаарарын өйдөтуу

Үѳрэнээччи сыала:

  • Бэйэ-бэйэҕэ кѳмѳлѳсѳһүү, эйэҕэс сыһыан үгэстэрин иҥэрии;

  • Этиигэ таба тутар үѳрүйэҕи иҥэринии;

Уруок соруктара:

  • Оҕо инники үѳрэппитигэр олоҕуран саҥаны арыйарын ситиһии;

  • Үѳрэтиллэр предмеккэ интэриэһи үѳскэтии;

Үѳрэтии технологията: тус туһаайан үѳрэтии, сайыннарыылаах үѳрэх, системно-деятельностнай.

Үѳрэтии методтара: нагляднай метод, оонньуу, частично-поисковый метод, интеграция.

Үѳрэтии формата: биирдиилээн, пааранан, бѳлѳҕүнэн.

Үѳрэтии түмүктэрэ: эрдэ ылбыт билиини чиҥэтии, араарар үѳрүйэхтэрин сайыннарыы, түмүк оҥорууну, сатаан дакаастыыры, бэйэ санаатын аһаҕастык этиллэрин ситиһии.





Уруок хаамыыта

Уруок түһүмэхтэрэ


Учуутал үлэтин кѳрүҥнэрэ

Үѳрэнээччи үлэтин кѳрүҥнэрэ

УУД

Билэр-кѳрѳр сатабыл, бэйэ сайдыыта

Бодоруһар сатабыл

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл

Тэрээһин (оҕолор үлэлииргэ бэлэм буолууларын ситиһии)

- Үтүѳ күнүнэн!

Мин аатым Евдокия Алексеевна, саха тылын уонна учуутала буолабын. (2 мүн.)


Дорооболоһоллор,

олороллор

Ситиhиилээхтик үлэлииргэ бэлэм буолаллар

Учууталга оҕоҕо истиҥ сыhыан, эҕэрдэлэhии


Үөрэнэр соругу туруоруу

- Дьэ, билигин бугуӊӊу уруокпут тематын билиэхпит. Бол5ойон истэбит. (О5ону толкуйдатыы)


Кыhыл, куөх, араҕас

Минньигэс, аhыы, туустаах

Төгурук, кытаанах, сымна5ас

Тымныы, сылаас, сөруун


- Ханнык тыллары хоhоонно иhиттигит?

Бу тыллары барыларын туох диэн ааттыахха сөбуй? (да5ааhын аат)

- Бугуӊӊу уруокпут темата да5ааhын аат диэн эбит (5 мүн.)



Оҕолор эппиэттэрэ

Бэйэ-бэйэттэн саҥаны билии, умнубуту санааhын

Билэр оҕолортон сиэттэрэн билэллэрин көрдөрөллөр.

Эппиэттээччилэри истэн тугу эбиэххэ сөбүн толкуйдууллар

Бөлөҕүнэн үлэ

Бөлөххө арахсан үлэлиэхпит

- Билигин сибэкки эминньэхтэрин туӊэтиэм. Лиискит ортотугар биирдии аат тыл сурулла сылдьар , бу тыллары быhаарар да5ааhын ааттары суруйаӊӊыт, сыhыаран иhэ5ит. Ким сибэккитэ ордук элбэх эминньэхтээх буолар эбитий?

- Маладьыастар! Бары булбуккут.

(5 мүн.)


Бөлөҕүнэн үлэлииллэр

Бэриллибит үлэни толороллор

Эрдэ ылбыт билиини өйдөөhүн, чиҥэтии

Бөлөҕүнэн үлэҕэ эйэ-дэмнээхтик сорудах түмүгүн иhитиннэрэллэр

Үлэлэрин үллэстэллэр, үлэлииллэр.


Кинигэ, киhи, күн, тыл, ардах, таҥас

Сорудах

Бу аат тыллары ситимнэ киллэрэн үөскээбит да5ааьыннары эбэн биэрин. Ким элбэх да5ааьыны эбэр эбит.

( 5 мүн)





Тиэкиhинэн үлэ

Тиэкис: Туйаара? былааччыйа кэппит. Ньургун ? ыты имэрийэр. Айта5а ийэтэ ? кинигэ а5албыт. Остуолга ? ваза турар. Сарсыарда ? хаар туспут. (5 мүн)


Сорудаҕы толороллор





Этиилэри сааhылаан:
1.Хара эмискэ халлааӊӊа та5ыстылар былыттар.
2.Лүhүгүрээн этиӊ күүстээх ааста.
3.Сири-дойдуну ардах сылаас илиттэ.

4. Кустук сотору та5ыста дьэрэкээн. (5 мүн.)






Карточканан үлэ

«Бай5ал эhэтэ »диэн текскэ бэриллибит тыллары туруоран, ситэрэн суруйун.

Хоту бай5алга урун эhэ баар. Кини туустаах ууну таптыыр. Тымныыттан хойуу түүтэ, халын сыата харыстыыр. Эhэ быыкаайык о5отун олус таптыыр.

Кини араас балыгы бултуур.Кыра о5олоругар кыра балыгы, улахан о5олоругар бөдөн балыгы биэрэр.

Туттуллар тыллар: туустаах, үрүӊ, быыкаайык, хойуу, халыӊ, кыра, бөдөӊ. (8 мүн.)







Бэйэ үлэлиир миэстэтин тэрийии, үлэни былааннааhын, сорудаҕы өйдөнүмтүө гына оҥорон таhаарыы

Рефлексия

Сыаналаныы

- Бүгүҥҥү уруокка туох саҥаны биллигит?

- Тугу ордук сөбүлээтигит?

- Уруокка хайдах үлэлээтибит дии саныыгытый?

- Туох сатанна?

Бэйэҕитин сыаналанан көрүҥ (5 мүн)


Бэйэ билиитин сыаналаныы


Бэйэ билиитин сыаналаныы:

+ барытын билэбин – 5

- билиим ситэтэ суох – 4

! теманы хатылыахха наада – 3


Толоруллубут улэ

Сыана

Бөлөҕүнэн үлэ


Бөлөҕүнэн үлэ


Тиэкиhинэн үлэ


Карточканан үлэ


Тумук сыана






Санаа атастаhыы

Тоҕо бу тиэмэни билэр наадалаҕын быhаараллар, бэйэ-бэйэлэрин эппиэттэрин ситэрэн-хоторон биэрэллэр.

Дьиэҕэ үлэ

Даҕааhын ааты хатылааhын
































Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Прочее

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 6 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Конспект урока якутского языка на тему Да5ааhын аат

Автор: Тобонова Евдокия Алексеевна

Дата: 14.04.2017

Номер свидетельства: 409248


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Ваш личный кабинет
Проверка свидетельства