kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

"Хачыгыр"хатылыыр уруок

Нажмите, чтобы узнать подробности

Урок закрепление.Ребята прочитали рассказ "Хачыгыр".

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«"Хачыгыр"хатылыыр уруок»

Тема: Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин “Хачыгыр ”кэпсээнин түүмүктүүр уруок

Сыала: “Хачыгыр” кэпсээн нөҥүө правовой кодекстары үөрэтии

Соруктара:

1. «Хачыгыр» кэпсээни ырытыһыы, санатыһыы

2. Правовой кодекстары айымньыннан сирдэтэн көрүү

3. Айымньы олоҕу кытта ситимин кэпсэтиһии



Үтүө күнүнэн!

“Кырдьык кимиэхэ да балыйтарбат, сырдык туохха да хаххалаппат, ньургун сүрэх туохтан да дьулайбат” диэн Амма Аччыгыйын Тылларынан “Кутаа тула” диэн сэһэргэһии түһүлгэтин саҕалыырбын көҥүллээн.

Биэриибит саҕалана илигинэ биһиги биэриибитигэр ыалдьыттыы кэлэн олорор дьоммутун билиһиннэрэбин.(оҕолор төбөлөрүгэр геройдарын аатын кэтэн олороллор)

  • “Кыым” хаһыат гылаабынай эрэдээктэр

  • Ил түмэн депутаата

  • “Саҥа саҕахтар” сурунаал салайааччыта

  • Общественнэй хамсааһын исписэлииһэ

  • Элбэх оҕолоох ыал аҕата, “Уолан” түмсүү салайааччыта

  • Оҕо быраабын көмүскээччи тэрилтэ гылаабынай юриһа

  • “Дойдум дьоно” бэрэдээчэни ыытааччы

  • Оҕо иитиитин үтүөлээх үлэһитэ

  1. Бары күөх экрааны көрөбүт. Бу кимий? (дуоскаҕа Хачыгыр хаартыската көстөр)

  2. Хачыгыр айымньыны ким өйдүүрүй?

  3. Туох туһунан кэпсэнэрий?

  4. Ким айымньыта этэй?

  • Билигин улахан дьон төһө өйдөөн хаалбытын күөх экраҥҥа керүөҕүн.( күөх экраҥҥа видио көстөр)

Айымньы устун айанныаҕын

  1. Айымньыга аан бастаан туох кэпсэнэрий, ким өйдүүрүй?

  2. Хачыгыр күнү быһа үлэлээн баран үлэтэ бүттэ дуо?

  3. Хачыгыр айымньыга саамай өйдөөн хаалбыт түгэҥҥит?

-Эбээ! Хачыгыр эн саҥарбыккар ымаҥнаан күлэ турар,-диэн хачыгырдааҕар уҥуоҕунан улахан, оттомо суох чолбоодуйбут харахтаах, сэнэх таҥастаах уол, дьиэ ортотугар олоппоско олорон, быһаҕынан кыччайан ооньуу-оонньуу, Хачыгыры хобулаан биэрдэ.

Статья 128.1. Клевета

 1. Клевета, то есть распространение заведомо ложных сведений, порочащих честь и достоинство другого лица или подрывающих его репутацию, -

наказывается штрафом в размере до пятисот тысяч рублей или в размере заработной платы или иного дохода осужденного за период до шести месяцев либо обязательными работами на срок до ста шестидесяти часов.

 2. Клевета, содержащаяся в публичном выступлении, публично демонстрирующемся произведении или средствах массовой информации, -

наказывается штрафом в размере до одного миллиона рублей или в размере заработной платы или иного дохода осужденного за период до одного года либо обязательными работами на срок до двухсот сорока часов.



-Хотунуом! Ааттаһабын-көрдөһөбүн...

-Өссө халлыгырыы тураҕын дуо?!

Хачыгыр, “уруккуттан охсор сирин бу баар” диэххэ айылаах, икки чэчэгэйин хам туттан, охсулларга бэлэм гына түбүтөн төҥкөппүтүнэн, эрдэттэн үлэтин бүтэриэх курдук, сыҥсыйан ытыы истэ. Онтон Хачыгыртан хараҕыттан кыымнар бырдаҥалыы түстүлэр... Хачыгыр оҕунна:

-Абытай...Айыкка, айыккыы!

. Статья 3 “Всеобщая деклорация прав человека”

Каждый человек имеет право на жизнь, на свободу и на личную неприкосновенность

Статья 7 “Права и обязанности ребенка” Ребенок имеет неотъемлемое право на жизнь и возмещение физического и морального ущерба от виновных умышленном, неосторожном причинении вреда его здоровью, достоинству и чести.

Төһө өр бу курдук сыппытын билбэтэ. Арай биирдэ уһуктан кэлбитэ-уҥа остуолга сыа чүмэчи бүдүк-бадык умайбыт, хайыы-үйэ аһаан туран эрэллэр эбит. Кини, уот кытыытыгар көстүөҕүн төһө да куттаммытын иннигэр, аччыга кыһарыйан, тыаһа суох туран, оһох чанчыгар тиийэн, уот сырдыгар көстө-көстүбэт илиитин уокка сарбаҥнатта.

Естественное право(лат. Jus naturale )понятие философии права и юриспруденции, означающее совокупность неотъемлемых принципов и прав, вытекающих из природы человека и независимых от субъективной точки зрения.

Естественное право противопоставляется позитивному праву, во-первых, как совершенная идеальная норма –несовершенной существующей, и во-вторых, как норма, вытекающая из самой природы и потому неизменная – изменчивой и зависящей от человеческого установления.

Баччыгыратар итинэн бүппэтэ, оһох чанчыгар кыстана сытар хардаҕастартан биир хардаҕаһы сулбу тардан ылан, суол ааныгар тиийэн, буруйун билинэн эккэлии турар ыты сиһин ортотунан курбуулаата. Ыт буоллаҕына киһи мэйиитигэр хатаныах курдук сып-сытыытык часкыйа түһээт, баҕалыы түөһүнэн сыылан хаалла.

Права животных (англ. Animal rights), также «освобождение животных» (англ. Animal liberation) – идея о равноценности главных потребностей людей и животных: например, потребности избегать боли, сохранить свою жизнь. Жестокое обращение с животными.

Тоттук уол аҕата Бачыгыратар Баһылай, кыламмытынан ыстанан кэлэн, өрө көтө түһэн баран, хара быарга тиҥилэхтээн кэбистэ. Хачыгыр, иҥиир ситиитэ тардан, өрө тэйэ түһээт, нусхас гынна.

Статья 105. Убийство наказывается лишением свободы на срок от шести до пятнацати лет с ограничением свободы на срок до двух лет либо без такового.

  • Билигин улахан дьон оҕо быраабын туһунан санааларын истиэҕин.(күөх экраҥҥа видио көстөр)

Хачыгыр олоҕор дьоллоох кэм диэн баар дуо?

Ол өтөх арҕаа тыатын саҕатыгар, уот сиэбит хоруолаах төҥүргэстэрин ортотугар, хоспох саҕа сыһыары хотонноох, хотон, дьиэ икки ардыларынан соҕотох ааннаах, аҥар муннугунан сыбах оһохтоох, эркинигэр чуолҕан саҕа иккилии түннүктээх, ыт уйатын курдук ыыспаларыгаратаҕа суох имииһит аҕатыныын, хараҕа суох ийэтиниин, Чоруос диэн кыракый быраатыныын икки ынахтаах ыал буолан олорбуттара.

“Хачыгыр кимтэн да сынньылыбакка мөҕүллүбэккэ, “көҥүл” олоҕу олорбута манна этэ.

  1. Туох түмүккэ кэллигитий?

  2. Бүгүҥҥү “Кутаа тула” биэриигэ туох саҥаны биллигитий?

  3. Туох санаа үөскээтэй?

Манан биһиги “Кутаа тула” диэн биэриибит түмүктэнэр. Болҕомтоҕут иһин махтал.


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Прочее

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 5 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
"Хачыгыр"хатылыыр уруок

Автор: Васильева Екатерина Дмитриевна

Дата: 12.08.2020

Номер свидетельства: 555667


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Ваш личный кабинет
Проверка свидетельства