№ | Бириэмэтэ | Уруок хаамыыта | Учуутал үлэтэ | Үөрэнээчи үлэтэ |
1 | 2 мүнүүтэ | Турукка киллэрии | Уруокка бэлэммит? Үтүө күнүнэн Сөп, билигин экраҥҥа тугу көрөбүтүй? | Доооболоһолор, эргиллэн учууталлары кытары эмиэ дорооболоһоллор Оҕолор экраҥҥа Майаҕаттаны таайаллар |
2 | 2 мүнүүтэ | Уруок киириитэ | Маладьыастар, ааспыт уруокка биһиги Майаҕатта Бэрт Хара туһунан Порядин Афанасий Семенович диэн суруналыыс 1977 сыллаахха суруйбут былыргы сэһэнин аахпыппыт. | |
3 | 10 мүнүүтэ | Хатылааһын | Билигин ааспыт уруокка аахпыт айымньыбыт санатыһа таарыйа хатылыыр оонньууну оонньуохпут. Эһиги эрдэттэн хамандаҕа арахсан олороҕут. Командирдардааххыт. Билигин сүбэлэһэн хамаандаҕытыгар аат толкуйдуугут. Сөп (учуутал дуоскаҕа икки хамаандаҕа арааран, хамаандалар ааттарын суруйар) Оонньуубут быраабылата, билигин командирдар ким бастакы эппиэттиирин быһаарсыахтара (иорской бой, тарбаҕынан быһаарсыы). Бастакы хамаанда боппуруоһун талар уонна сүбэлэһэн баран эппиэттиир. Өскөтүн сатаан эппиэттээбэтэҕинэ боппуруоһу атын хамаанда эппиэттиир | Оҕолор хамаандаларыгар аат толкуйдууллар. Оонньууга оонньууллар |
4 | 10 мүнүүтэ | Уруок сүрүн чааһа | Майаҕатта Бэрт Хара хаһыс үйэҕэ олоро сылдьыбыт диэн кэпсэппиппитий? Маладьыастар, билигин ким миэхэ Майаҕатта хас үйэ анараа өттүгэр олоро сылдьыбытын суоттаан этиэҕэй? Майаҕатта ханнык улуустан төрүттээх диэтибит этэй? Маладьыастар, билигин биһиэхэ Майаҕатта туһунан кылгастык кэпсииригэр Уус-Алдан улууһун, Лөгөй орто оскуолатын директорыгар Михаил Петровичка тылы биэриэхпит. Болҕойон истиҥ (Миша кэпсиир) Чэ, эрэ оҕолор Михаил Петровичка махтаныаххайыҥ. Көрсүөххэ диэри, Михаил Петрович Туох саҥаны биллигит? Сөп, маладьыастар. Кэпсээни болҕойон истибит эбиккит. | 16-с. 5 үйэ анараа өттүгэр Бороҕон Оҕолор болҕойон истэллэр Оҕолор махтаналлар, покалаһаллар Майаҕатта Бэрт Хара Уус-Алдан улууһун геройа Кини аатынан зал баар |
5 | 3 мүнүүтэ | Ийэ Геройу иитэн таһаарбыт ийэ | Бу Майаҕатта Бэрт Хара курдук аата билиҥҥэ дылы ааттана сылдьар герой киһини собус-соҕотоҕун, бултаан-алтаан, атаҕыгар туруоран, бүөбэйдээн иитэн таһаарбыт киһинэн кини ийэтэ – Эбэрикээн эмээхсин буолар. Сөп. Ийэ хаһан баҕарар оҕотугар кыһаллар, таптыыр, харыстыыр. Биһиги бары ийэлээхпит. Ийэ диэн тылы ханнык тылы кытары ассоцияциялыыбытый? Биир-биир ыйытабын. Маладьыастар, ол аата ийэ диэн тылы кытары таптал, күндү ... диэн тыллар барсаллар эбит дии? Чэ эрэ биһиги улууспутугар, Сунтаар улууһугар эмиэ геройдар бааллар. Бу геройдар кимнээхтэрин уонна кинилэр ийэлэрин туһунан кылгастык көрөн аһарыахха. Ол курдук, олохторун норуот туһугар анаабыт Сунтаар улууһун Үлэ Геройдарын туһунан презентацияны кэпсиибин | Оҕолор ийэлэрин кытары ассоцияциялыыр тылы этэллэр Презентацияны болҕойон олорон истэллэр |
6 | 2 мүнүүтэ | Физминутка | Геройу иитэн таһаарбыт ийэ баар буоллаҕына ГЕРОЙ ИЙЭ диэн эмиэ баар. Герой ийэ диэн кимин билээри билигин биһиги кыракый тохтобулга тохтоон ааһыахпыт. Бииргэ төрөөбүттэр диэн кимнээхтэрий? Бииргэ төрөөбүт хаскытый? (Бииргэ төрөөбүттэриҥ туһунан кэпсээ/ааттарын ааттаталаа) Бииргэ төрөөбүттээх буолар үчүгэйин өйдөтүү | Оҕолор бииргэ төрөөбүттэринэн туран иһэллэр, олороллор Элбэх бииргэ төрөөбүттэр кэпсииллэр |
7 | 11 мүнүүтэ | Герой ийэ | Герой ийэ диэн элбэх оҕолоох ийэни ааттыылларын биһиги билэбит. Онтон хас оҕону төрөттөҕүнэ герой ийэ буоларын билэҕит дуо? Сөп, маладьыастар. Ийэ 10 оҕону төрөттөҕүнэ герой ийэ буолар эбит. Биһиги Аллыҥабытыгар эмиэ герой ийэлэр бааллар эбит. Ону биһиги музей стендетитэн көрөн билэбит. Биһиги нэһилиэкпитигэр 9 герой ийэ баар ол курдук, аан бастакынан герой ийэ аатын сүкпүт киһинэн Матрена ...... Биһиги республикабытыгар бу сыл – ийэ сыла буолар. Ол чэрчитинэн Нюргуяна Станиславовна проегынан Аллыҥа нэһилиэгин олохтоохторо герой ийэлэр ааттарын үйэтитээри маннык панно тикпитэрэ. Бу панно билигин биһиги музейбыт фондатыгар хараллар. Билигин эһиэхэ сорудах биэриэм. Тэтэрээппитин арыйан бүгүҥҥү чыыһылабытын суруйабыт. Сорудах бу икки герой ийэ туһунан Т.С. Иванова “Кэнчээригэр кэриэс буоллун” диэн кинигэттэн көрдөөн иһитиннэрии оҥороҕут хаманданан. | Оҕолор учуутал боппуруоһугар эппиэттииллэр Оҕолор сорудаҕы толороллор, кэпсииллэр. |
8 | 5 мүнүүтэ | Рефлексия | Сөп, маладьыастар оҕолор, наһаа үчүгэйдик кэпсээтигит. Бу уруоктан туох саҥаны биллигит? Тугу сөбүлээтигит? Туохха ыарырҕаттыгыт? Оҕолорого сыана туруортуубун уонна “Мин ийэм киэн туттуута буолуом” диэн кылгас өйтөн суруйуу биэрэбин. Көрсүөххэ диэри | Оҕолор эппиэттииллэр, сыаналарын туруортараллар, дьиэҕэ үлэлэрин суруналлар |