Презентация урока культуры народов Якутии. Хомус это национальный музыкальный инструмент якутского народа.
Просмотр содержимого документа
«Саха хомо5ой хомуьа»
Куоластаах хоһууна,
этэр тыллаах эҥинэ
баар үһү
Лыҥкынас тыаскынан
Ырыаларын ыллыктаар,
Хоҥкунас ырыаҕынан
Хоһооннорун холлотоор,
Кэҕэ чуораан тойуккунан
Кэпсээннэрин кэҕэһирдээр …
А.Е.Кулаковскай
Хомусчаан, хомусчаан дьиэрэтиий,
Эһиэкэй тылынан этитиий!
Хомусчаан, хомусчаан дьүрүһүй,
Күөрэгэй ырыатын ыллатыый!
В. Егоров
Хоҥкунас тыастаах, Хомуһум барахсан
Санаарҕаан да ылаттыыра,
Сайаҕастык да ыллыыра,
Санааны мэлдьи салҕыыра
Хатан тыастаах хомуһум.
И.Н.Готовцев
1914 сыллаахха Дьокуускай куоракка бирикээсчиттэр дьиэлэригэр 30 дьахтар сыана5а тахсан хомус тардыбыт.
1930 сыллаахха Саха Национальнай театрыгар композитор Адам Скрябин аан бастакыннан хомус ансамбллын тэрийии бутун музыкальнай коллектив буоларын дакаастаабыта.
1948 сыллаахха Лука Николаевич Турнин саха хомусчуттарыттан бастакыннан Москва5а хомус тардан дьон биhирэбилин ылбыта.
1962 сыллаахха Саха Государственнай университетын иhинэн хомусчуттар ансамблларын Степан Черешкин төрүттүүр.
1976 сыллаахтан бу ансамбль «Алгыс» диэн ааттанар.
1972 сыллаахха хомуска маннайгы симфоническай айымньыны Н. С. Берестов суруйбута.
Хомус оҥоһуута
сыҥааҕа
буута
эминньэҕэ
тыла
Сахаҕа хомус 3 араастаах:
Мас хомус Хомус (тимир, биһилэхтээх) Икки тыллаах хомус
Хомуска тардыы араастара:
Наар охсуу Хардары таары охсуу Тарбах араас охсуулара Табыгыр Сүрүн дорҕоон Уос дорҕоон Хаастатыы Күөрэгэйдэтии
Володя Дормидонтов хомуска оонньооһуна
Аан дойду үрдунэн анал Хомус (варган) музейа 1990 сыллаахха Дьокуускай куоратыгар арыллыбыт. Тэрийээччинэн биллэр хомусчут Иван Егорович Алексеев буолар.
Бу хомус музея арыллыаҕыттан 1464 хомуллубут 47 араас дойдуттан.
Саамай улухан хомус 106 см.
Хомуһу оҥоруу
М.Н. Жирков 1948 сылтан этигэн хомус оҥоһуллар ньыматын көрдөөһүнү саҕалаабыта. Билигин хомус оҥоруу историятыгар киирбит хомус уустарынан А.И. Чахов, Н.П. Бурцев, Д.И. Чучайцев, П.Е. Слепцов буолаллар.
70 сылларга Бүлүү ууһа И.Ф. Захаров хомуһу оҥорууга алтаны, көмүһү, ыстаалы, туттубута. Билигин республикаҕа биллэр хомус уустарынан С.И. Гоголев (Майа), Н.П. Бурцев (Суотту), И.Ф. Захаров- Кылыады уус, Е.П. Гоголев, Р.П. Чемчоев (Булуу), П.М. Борисов (Үөһээ Бүлүү).
Хомуска Гиннес рекорда
2011 сыллаахха олохтоммута
Хомуска Гиннес рекорда
Бэс ыйын 24 кунугэр сарсыарда а5ыска Саха циркэ дьиэтигэр бары сахалыы тацастаах мустубуттара. Гиннес рекордун бэрэстэбиитэлэ Клэр Бергисс 1344 киhи бары киирбиттэрин кэннэ: «Киhи ахсаана эрэ буолуо суохтаах - бары биир тэнник хомуска оонньуургут ирдэнэр», - диэбит. Бары биир композицияны - оhуохай матыыбын биир киhи курдук оонньоотулар. Ол композицияны Иван Егорович, Спиридон Шишигин уонна Альбина Дегтярова оонньоотулар. Атыттар үтүгүннүлэр. Клэр Бергисс: «Рекорд олохтонно!» диэбитигэр үөрүү – көтүү буолла.
Ольга Подлужная
Билиини тургутуу
1
А
2
Б
3
В
4
5
6
7
8
1) Хомус музея Дьокуускайга хас сыллаахха тэриллибитэй
А. 1995
Б. 1990
В. 1999
2) Ким сүрүн тэрийээччи этэй?
А. Турнин Л.Н.
Б. Алексеев И.Е.
В. Чахов А.И.
3) Саха5а хас хомус арааһа баарый?
А. 5
Б. 4
В. 3
4)
А. тыла
Б. сыҥааҕа
В. буута
5) Хомуска Гиннес рекорда хас сыллаахха олохтоммутай?
А. 2009
Б. 2011
В. 2013
6) Москва5а аан бастаан хомус тыаһын иһитиннэрбит хомусчут?
А. Хомус Уйбаан
Б. Петр Оҕотоойоп
В. Лука Турнин
7) Хомуска Гиннес рекордугар хас киьи кыттыбытай?
А. 1300
Б. 1344
В. 1544
8) Саамай улахан хомус кээмэйэ төһөнүй?
А. 100 см
Б. 106 см
В. 116 см
Бэрибиэркэлэн
1
А
Б
2
3
В
4
5
6
7
8