Внеклассное мероприятие для детей начальных классов.
Просмотр содержимого документа
«"Көмүлүөк тула"»
Алын кылаас оҕолоругар аналлаах кылаас таһынааҕы дьарык сценарийа
«Көмүлүөк тула»
Учуутал: Үтүө күнүнэн күндү оҕолор!
Өбүгэбит үгэһин тутуһан «Көмүлүөк тула» диэн ааттаах мероприятиябытын саҕалыыбыт.
Күлүбүрүү умайар көмүлүөкпүт иннигэр, кытыаста умайар аал уоппут күлүмүгэр өбүгэбит үгэһин сэгэтэн көрүөххэйиҥ.
Былыыр-былыр телевизор, радио, сотовай телефон суох эрдэҕинэ, биһиги өбүгэлэрбит кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ, көмүлүөк иннигэр олорон олоҥхолоон, үһүйээннэһэн, таабырыннаһан бириэмэлэрин билбэккэ аһараллара.
Бүгүн биһиэхэ ураты күн тосхойдо. Ол курдук үгүс үйэлээх өбүгэ дьоммут өлбөт-сүппэт өлбөөдүйбэт норуот тылынан уус-уран айымньытын көрүҥнэриттэн истэ сэргэҕэлээҥ, көрө махтайыҥ!
1.Чабыр5ах
Норуот тылынан уус-уран айымньы биир чаҕылхай көрүҥүнэн чабырҕах буолар.
Чахчыны-кырдьыгы чаҕыйбакка саҥарар,
Чабырҕах диэн чахчы бааччы
Чаҕыхай тыллаах дьарыктаахтарын
Истиэххэйиҥ эрэ.
(1 кылаас үөрэнээччилэрэ чабырҕахтыыллар)
2. Олоҥхо
Саха оһоҕун иннигэр олордо да олоҥхоһут. Олоҥхо фольклор чыпчаала буолар. Норуот барҕа баайа. ЮНЕСКО ону 2005 сыллаахха бигэргэппитэ.
(2 кылаас үөрэнээччилэрин толоруутугар олоҥхо.
С.Васильев-Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхоттон быһа тардыы)
3. Норуот ырыалара
Саха оҕуһун мииннэ да ылбаҕай ырыаһыт. Норуот ырыалара үксүн тута хоһуйуу (импровизация) көмөтүнэн буолаллар. Үксүн айылҕаны хоһуйан ыллыыллар. Биллиилээх норуот ырыаһыта Сунтаартан төрүттээх С.А.Зверев- Кыыл Уола буолар.
(3 кылаас үөрэнээччилэрэ толорууларыгар норуот ырыаларыттан быҺа тардыылар, хомуска доҕуһуоллуур А.Ангелина 9 кылаас)
4. Үһүйээннэр, номохтор, сэһэннэр
Үһүйээн-олоххо дьиҥ баар буола сылдьыбыт бэлиэ көстүүлэргэ, быһылааҥҥа, быһыыга-майгыга олоҕурбут сэһэннэри ааттыыбыт.
Номох-фантастическай, мифическэй хайысхалаах ис хоһоонноох буолар. Легенда диэн. Латыынныы тыл. Норуокка сир-халлаан үөскээһинин, айыылар, абааһылар, үөр буолуу уо.д.а. тустарынан номохтор биллэллэр.
Сэһэн-дьиҥ олоххо баар буола сылдьыбыт дьоннору кытта ситимнээх буолар. Холообур, Эллэй, Дыгын тойон, Бэрт Хара, Додор кулуба, Манчаары Баһылай уо.д.а.
(4 кылаас үөрэнээччилэрэ толорууларыгар үһүйээн истиэххэйиҥ «Болугур Айыыта»)
5. Оһуокай
Бүгүҥҥү тэрээһиммитин илии илииттэн ылсыһан оһуокайынан түмүктүөххэйиҥ!
Төгүрүччү сиэттиһэн
Төрүт саха үҥкүүтүн
Оһуокайы дуоратан
Түмсэн оонньоон барыахха.
(Оһуокайга туруоруу)
Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт оҕолорго барыгытыгар махтал.
Аныгыс көрсүөххэ диэри!