kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

«Төрөппүттэрим ииппит ньымалара оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ туһата»

Нажмите, чтобы узнать подробности

Как мне учителю помог методика воспитания в своей семье. 

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
««Төрөппүттэрим ииппит ньымалара оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ туһата»»

Саха Республикатын Үөрэҕин Министерствота

«Үөһээ Бүлүү» муниципальнай тэриллии үөрэҕириитин салаата

Н.Золатарев-Николай Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолата






«Төрөппүттэрим ииппит ньымалара оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ туһата»

(дакылаат)





Харбалаах орто оскуолатын

төрүт культураҕа, эбии дьарыкка учуутала

Васильева Валентина Даниловна

үлэтэ.




Харбалаах, 2023.

Дакылаат сыала: төрөппүттэрим үлэнэн ииппит ньымаларын туһунан киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрии.

Дакылаат соруга: - төрөппүттэрим үлэнэ ииппит ньымаларын аттарыы.

  • олох холобурдарынан бигэргэтии.

Дакылаат сонун өрүтэ: дьиэ кэргэҥҥэ ылбыт иитиини үөрэтэр оҕолорбор туттуу.


Дакылаат тоҕооһо:




Дакылаат былаана:

  1. Холобур туттар дьонум – төрөппүттэрим барахсаттар

  2. Ыал – олох төрдө

  3. Төрөппүттэрим оҕону ииппит ньымаларынан олох устун

  4. Түмүк





















Холобур туттар дьонум – төрөппүттэрим барахсаттар

Үгүс үтүмэн сыллар-хонуктар ааспыттарын да иһин оҕо саас, оонньоон ааспыт кэрэ кэмнэриҥ хаһан да симэлийэн хаалбаттар, өйдөбүнньүк буолан, сылаас-сылааһынан ньүөлүйэн, сүрэх түгэҕэр умнуллубаттык уйаланар. Мин оҕо сааһым кэрэ айылҕалаах, хара тыатыгар номоххо киирбит элбэх бултаах-алтаах, олус элбэх дьикти алаастардаах Тоҥуулаах эбэҕэ ааспыта. Итинник кэрэ айылҕаҕа, ыраас-чэбдик салгыҥҥа, кыракый дэриэбинэҕэ, элбэх оҕолоох, үлэнэн олорбут Егоровтар дьиэ кэргэҥҥэ төрөөн, иитиллэн тахсыбыппынан ордук сананабын.

Элбэх оҕолоох колхуостаах дьиэ кэргэнигэр сэттэ оҕо улааппыппыт. Ханнык баҕарар ыал оҕотун: киһи буоллун, бэйэтин ииттинэр кыахтаах буоллун диэн иитэр-такайар. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ, үлэнэн иитии хайысхата ордук тутуһуллубута. Ол курдук аҕабыт Егоров Данил Николаевич киһини билиэхпиттэн биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Оттон аҕабыт ирдэбиллээх буоларыттан – саҕалаабыты тиһэҕэр тиэрдии, үчүгэйдик оҥоруу курдук хаачыстыбалар иҥпиттэр. Окко сылдьан бугуллуурбутун көрөн, төттөрү ыһан кэбиспиттээх: «Үлэ буолан баран хаачыстыбалаах, үчүгэй буолуохтаах», - диэн матыыптаан, иккистээн, саҥаттан барытын бугуллаабыппыт, сылайбыппыт эрээри, үлэбит хаачыстыбалаахтык түмүктэммититтэн үөрүүбүт сылаабытын баһыйбыта. Аҕабыт, ити эрэ буолбатах, «киинэ киһитин курдук хаама сылдьымаҥ, дьарыктаах, үлэлээх буолуҥ», - диэн такайара. Ол үөрэҕэ миэхэ дириҥник киирбит: мин хаһан да иллэҥ бириэмэм суох, олорору билбэппин, наар хамсана сылдьабын. Ол олохпор туһалааҕы эрэ аҕаларыттан дуоһуйуу ылабын.

Үлэҕэ сүрдээх ирдэбиллээх, саҕалаабыты тиһэҕэр тиэрдэри, үчүгэй хаачыстыбаны өрө тутара. Ол да сиэринэн оҕо сааспытыгар үлэ араас көрүҥнэригэр уһуйуллан улааппыппыт.

Дьоммутуттан туспа олорон үөрэнэрбит, үөрэх бүттэ да төрөөбүт алаас барахсан, төрөппүттэриҥ ахтылҕаннара – өрүү билэр иэйиибит. Тиийдибит да нөҥүө күнүттэн үлэ саҕаланара. Билиҥҥи оҕолор курдук онтон саллан турбат этибит. Оҕус көлүнэн алаас-алаас аайы оттонор ходуһалар сыыстарын ыраастыырбыт. Ол кэннэ хатыҥ сэбирдэҕэ бөдөҥөөтө да, былах быһыыта саҕаланара. Күн аайы 100-түү түүтэҕи баайан хас да кээһиилээх талах оттору оҥорорбут. Хаһан да ахсаанын кэспэт буоларбыт. Алҕаска 100-һү толорботохпутуна, сарсыныгар ситэрэн биэрэрбит. Ол курдук аҕабыт этэр үлэтин тиһэҕэр тиийэ чиэһинэйдик толорорбут.

Ийэбит Иванова Дария Прокопьевна кыыһыра сылдьарын көрбөт этим. Куруук ырыа-тойук доҕоһуоллаах, үлэ аргыстаах сылдьара. Олох кырабыттан наар аттыгар буоларбын өйдүүбүн, хаһан да таах олорбот буолара. Оҕо төрөппүтүн көрөн үөрэнэр дииллэрэ чахчы. Кини хайдах лэппиэскэ оҥорон, биилкэнэн анньара, килиэп мэһийэрэ, күөс буһарара, ииһэ, хотоҥҥо үлэтин арааһа, окко мунньара – барыта мин харахпынан көрөн, тэҥҥэ буккуһан, ол түмүгэр элбэх үөрүйэҕи-сатабылы хаһаайка быһыытынан албастары иҥэриниим – ийэм барахсан олоххо биэрбит үктэлэ буоллаҕа.

Ийэбит тулаайах муҥун, аас-туор олоҕу билбит ахан киһи. Онон ураты аһыныгас, амарах киһи этэ. Киэҥ көҕүстээҕэ, үлэлии да сылдьан наар туойуу доҕордоох буолара. Биһиги, оҕолорун иитээри түүннэри иистэнэр буолара. Булчут аҕабыт таҥаһа, хас биирдии кыыс кэтэр ырбаахыта, утуйар таҥаһа – барыта кини иистэннэҕинэ баар буолара. Ол кэннэ быыс булан маҥан сиитэскэ куруһуба курдук быысабай түһэрэн үөрэтэлиирэ. «Кыыс оҕо таҥаһа маннык киэргэллээх, кэрэ көстүүлээх буолуохтаах», - диирэ ийэм. Ол ииппитэ билигин барыбытыгар баар, чэнчис буолуу, сатабыллаах буолуу – ийэбит барахсантан.

Ыал – олох төрдө

Үрэх баһыгар олорорбут быһыытынан буолуо, ыалдьыт сылдьар ыала этибит. Хас киһи кэллэҕин ахсын остуол хотойорунан аһылык мааныта тардыллара, кылабачыгас салабаар итиинэн бурҕачыйан остуолга элбэхтик турара. Ити барыта ыалдьытымсах, кэһиилээх буолуу, дьоҥҥо болҕомто диэн өбүгэ барахсан үтүө үгэһигэр сыстыы, иҥэринии буоллаҕа.

Дьиэҕэ этажерка толору кинигэ арааһа баара. Аны санаатахха дьиэтээҕи библиотекалаах эбиппит. Аны улахан эдьиийбит ааҕарын дьиэнэн истэн олорорбут. Кинигэни уопсай ырытыһарбыт мунньах курдук буолара. «Хотугу сулус» сурунаалы көтүппэккэ ааҕарбыт. «Киһи биирдэ олорор», «Алдьархай», «Сааскы кэм», «Быыйа» о.д.а. айымньылары аахпыппытын билиҥҥэ диэри өйдүүбүн.

Тыаҕа олорор ыалтан ырааспытын сөҕөллөрө. Сарсыарда аайы улахан эдьиийбит дьиэ сууйулларын ирдиирэ, хоһунан үллэстэн ыраастык тутуу эбээһинэс этэ. Аҕабыт тэлгэһэ буорунан сытарын сөбүлээбэккэ сотору-сотору сыарҕалаах оҕуһунан оттоох кырыһы тиэрдэрэн тэлгэттэрэрэ, ол сотору тэпсиллэн суох буолан хаалара. Уол оҕобут суох буоларынан буолуо, булт көрүҥнэригэр улахан кыргыттар кыттыһар буолаллара. Миэхэ илим куурдуу, хомуйуу курдук үлэлэр тиксэллэрэ. Ол түмүгэр илим чааһын ааттарын барытын билэрим, булт тэрилигэр туох сиэр – туом баарын истэрим.

Төрөппүттэрим оҕону ииппит ньымаларынан олох устун

Ыһык таһыыта диэн от кэмигэр эппиэттээх үлэ баара. Мин доҕор быһыытынан сылдьыһарым. Оҕуһу тутан, салайан хас эмэ килэмиэтир ыраах сирдэргэ барарбыт. Сыарҕа быата быстыыта, чөҥөчөккө иҥнии, атыыр оҕус сырсыыта, иччитэх өтөхтөр, оҕуска анал кымньыы – бу барыта сүрдээх элбэх сатабылы, албастары баһылаатахха кыаллар суоллар этэ.

Уһун сайын устата от үлэтэ буолара. Биэс от охсооччуга 7-8 кылааска үөрэнэ сылдьан эдьиийбинээн уонна сэттэ саастаах кыра балтыбыт, сэттэ тиистээх кыраабыл дуома тутуулаах мунньааччынан үлэлээбиппит. Кэм да мин ыксал киһи, күн күөрэйээтин кытта туман быыһынан, эрдэ киллэртиирим. Киэһэ 9-10 чаас саҕана ыччака быыһынан ырыа бөҕө буолан төннөрбүт. Ол 5 киһи охсубут отун барытын мунньа сатаан түргэнник үлэлиибит. Үөрэх саҕаланара 3-4 хонук хааллаҕына дьэ тохтоон, туох баар алаастарбытын кытта «быраһаайдаһа» диэн ыһыктаах кэрийэ барарбыт. Айылҕа барахсан кэрэтин бэлэхтээн, сибиэһэй салгынынан угуттаан, күүһү – күүдэҕи иҥэрэн чахчы даҕаны, «бу мин оҕолорум» - диирдии көрсөрө. Хатыҥ саһархай сэбирдэҕин түһэриитэ алааспытыттан үөрэххэ аттаныы «ыарахан» түгэнэ үүнэрэ. Ийэттэн-аҕаттан, төрөөбүт алаастан харах уута «доҕуһуоллаах» дойдубутун сайыһа кэннибитинэн акка олорон айаҥҥа турунарбыт. Ити барыта алааска, төрөппүт дьоҥҥо ахтылҕан, таптал диэн иэйиигэ иитиллии буолар эбит.

Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ аҕабыт сүрдээх «улахан» киһинэн сыаналанара. Оччоттон баччааҥҥа дылы ыал аҕата дурда-хахха бултаан-алтаан ас булааччы, хамнас өлөрөөччү аҕа баһылык, тутаах киһи буоллаҕа. Дьон-сэргэ кэпсииринэн аҕабыт үлэһит «үтүөтэ», салайааччы «бастыҥа» үһү. Өр сылларга биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Онтон да буолуо дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэс, кэпсэтинньэҥ, дуоспуруннаах киһи эрэн, биһиэхэ, оҕолоругар кытаанах аҕа этэ. Кини баарыгар оҕо дьиэҕэ мэниктээбэтэ, улаханнык күлбэтэ, солуута суох быһыыламмата. Булка, хонуктаан сиргэ бардаҕына кыахпытынан мэниктии түһэн, көҥүл көччүйэн ыларбыт.

Остуолга аҕабыт олордоҕуна эрэ биирдэ олорорбут. Эгэ утары аахсыаҥ, кыҥкыйдыаҥ дуо. Аҕа ирдэбилэ булгуччулаах буолара. Ыалымсах, мээнэ буолуохтара диэн ыалга сырытыннарбата, онон ыалларбыт дьиэлэрин иһин улаатыахпытыгар дылы көрө илик буоларбыт. Сайын да буоллун, киэһэ уон чаас кэннэ таһырдьа оонньонуллубат, айдаарыллыбат этэ. Эр дьон баарына кыыс оҕо элэҥниэ, мээнэ көстүө суохтааҕа. Ыалдьыт кэллэҕинэ, бары сүтэн-иҥэн ньимийэн хааларбыт.

Биһиги дьиэҕэ аҕаҕа ураты болҕомто ууруллар эбит: кини туспа аһыыр иһитэ, олорор олоппоһо. Сиртэн кэллэҕинэ арыыга-сүөгэйгэ сылытыллыбыт алаадьытыттан хайаан да биирдиини бэрсэр үгэстээҕэ, бу минньигэһин, сыта дыргыйан үчүгэйин. Кини таҥаһа туспа куурдуллан дьаһайыллара. Итини барытын кыыс оҕо көрө улаатар-иҥэринэр эбит. Онтун инники олоҕор туттар, холобур оҥостор. Ийэбит барахсан ол холобура үгэскэ кубулуйан кыргыттар бары кэргэннэригэр, олохторун аргыһыгар бары итинник сыһыаннаһаллара, олох оҥостууга чэпчэтии, ыарахаттары ааһарга, өйдөһүүгэ, сиэннэргэ, утуму салҕааччыларга үгэс буола турар.

Итинник дьоһун төрөппүттэргэ иитиллибит буоламмын бэриллибит олохпор ыарахаттары көрсүбэтим. Сүөһү ииттэн, от оттоон, тэлгэһэ тэринэн, дьиэ-уот туттан, талан ылбыт идэбэр үтүө суобастаахтык үлэлээн-хамнаан, билигин да үлэ үөһүгэр сылдьабын. Олоххо бэриллибит, киһиэхэ анаммыт сатабыл, билии, дьоҕур баар эбит буоллаҕына – барытын үөрэтэр оҕолорбор кыаҕым баарынан биэрэ, уһуйа сатыыбын. Ол курдук оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарар наадаттан, куукуланан театр 2 көрүҥүн тэринэн – оҥостон үлэлэттим. Илии-тарбах дьоҕурун сайыннарар сыаллаах папье-маше, тестопластика курдук кружоктары дириҥэтэн дьарыктаатым. Өбүгэбит үгэстэригэр чугаһатар соруктаах: оһуохай, олоҥхо, өс хоһооннорун, остуол оонньуутуттан: сонор, хабылык-хаамыска куруһуогун ситиһиилээхтик дьарыктаатым. Оҕону кыра сааһыттан үлэҕэ сыһыарар баҕалаах оҕуруот аһын, сибэкки олордуутун кистэлэҥэр (ас хаһааныытын ньымаларыгар) элбэхтик үөрэттим. Туостан оҥоһук арааһыгар, түүттэн сап хатыытыгар тиийэ оҕолор дьоҕурдарын сайыннарар үлэлэри ыыттым. Оҕо болҕомтотун тардар наадаттан сылтан-сылын аайы саҥаттан-саҥа хайысхалары толкуйдаан үлэлиирбин сөбүлүүбүн. Быйылгы саҥа хайысхам «Сыахай» диэн ис хоһоонноох. Саха омук бэйэтин анал куукулаларын оҕолор бэйэлэрэ илиилэринэн баар оҥороллор. Онно таҥас тигиитин ааттарын-суолларын кинилэр сатабылы кытта холбуу иҥэринэллэр.

Оҕо этэргинээҕэр көрөн иитиллэрэ дөбөҥ буолара чахчы суол. Биһигини ийэлээх – аҕабыт «нотация» ааҕан иитэ-үөрэтэ сатаабыттарын өйдөөбөппүн, Ол оннугар аттыларыгар куруук баарбын, киһини билэр буолуохпуттан өйдүүбүн. Тэбис-тэҥҥэ үлэлэһэн, көмөлөһөн иитиллиини аастахпыт. Иитии - диэн элбэх өйдөбүллээх тыл. Бу тыл өйдөбүлүн мин төрөппүттэрим оҕону уһуйан, үлэҕэ сыһыаран таһаарыыларыгар олус дьүөрэлиибин. Ол курдук иитиэххэ сөп: айаны, сааны, уоту, ыты, ынаҕы, куосканы, атын ыалтан оҕону ылан. Онтон оҕону бэйэ холобуругар көрдөрөн, көмөлөһүннэрэн, киһи быһыытынан салайан биэрэн үөрэтии-уһуйуу – ол иитии буолуон сөп.

Түмүк

Хас биирдии дьиэ кэргэн оҕотун иитэр ньымаларынан саамай дьоһуннаахтара – үлэнэн иитии. Бэл ырыаҕа – тойукка үлэлээтэххинэ – дьоҕуруҥ сайдыа, уһанар – чочуйар талааныҥ сэттэ көлөһүнүҥ тоҕуннаҕына тобуллуо, суруйар – айар талааныҥ таас хайаны суорардыы, тылы сонордоотоххуна тахсыылаах буолуо, туох барыта үлэттэн тахсар. Ким оҕотун үлэҕэ – хамнаска эрдэттэн сыһыарбыт – такайбыт ол олоххо бигэтик үктэнэр. Үлэнэн иитиллэн олорбут төрүттэрбит барахсаттар, үлэ киһи олоҕор сүҥкэн улахан суолталааҕын дириҥник билэр буоланнар, оҕолорун, кэлэр көлүөнэлэрин үлэҕэ уһуйан иитэрэ.

Биһиги дьоммут үлэнэн иитиилэрэ үгүс элбэх өрүттэрдээҕин кэлин сааһыран баран өйдүүгүн: кыыс оҕо хаһаайыстыба, дьиэ-уот үлэтигэр оҕо саастан ылыстаҕына дириҥник иҥэринэр, ылынар. Ыалдьытымсах буолуу, кэһиилэнии, бэйэ-бэйэҕэ болҕомто, төрөппүккэ амарах сыһыан, айылҕаҕа таптал, сиэри-туому тутуһуу, үлэҕэ бүгүрү буолуу, сатабыл бу барыта өбүгэ саҕаттан иитийэхтэнэн кэлбит сиэр-силик киһи буолуу наадалаах хаачыстыбалара буолаллар.

Итинник үөрэтиини-иитиини ааспыт буоламмыт, биһиги аймахха үлэ ыарахаттарыттан ким да чаҕыйбат, толлубат, олоҕун оҥосторго ыарахаттары көрсүбэт. Ылбыт идэбитигэр үтүө суобастаахтык үлэлиибит, саҕалаабыты хайаан да тиһэҕэр тиэрдэбит. Киһи буолан баран кэнниттэн ахтыллардаах, суоллаах буолуохтааҕа буоуло. Биһиги аймахха үлэнэн «отличник» буолбут үспүт. Төрөппүттэрбит бааллара буоллар бу кинилэр иитэн-такайан таһаарбыт үлэлэрин түмүгэ буоларын билиэх эбиттэр. Мин биир бэйэм төрөппүттэрбэр, төрөөбүт түөлбэбэр махталым муҥура суох.


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: ОРКиСЭ

Категория: Прочее

Целевая аудитория: 11 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
«Төрөппүттэрим ииппит ньымалара оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ туһата»

Автор: Валентина Даниловна Васильева

Дата: 18.12.2023

Номер свидетельства: 642615


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства