Тиэмэтэ: “Үтүө киһи үтүөтэ үс үйэ умнуллубат”
Сыала: О5о олонхо туһунан өйдөбүлүн, билиитин хаҥатыы,
Соруктар:
- олоҥхо геройдарын билиһиннэрии
- төрөөбүт дойду кэрэтин хоһуйуу, дойдуга тапталы иҥэрии
- оҕолор уустаан –ураннаан, ситимнээн саҥарар дьоҕурдарын сайыннарыы, оҕо тылын байытыы, төрөөбүт тыл дириҥин, ийэ тыл имэҥин иҥэрии
- үтүө санааны, баҕаны үөскэтии
Туттуллар мал:
оҕолор оҥоһуктара олоҥхо геройдара аҕа, ийэ, уол, кыыс, ат
Д.А.Томская портрета.,
ойуулар “Үчүгэй Үөдьүйээн уонна Куһаҕан Ходьугур” олоҥхоттон
килиэй, кыптыый, кумааҕы
Хаамыыта:
1 этаба. Тэрээһин чааһа. Киирии бэсиэдэ:
У: Үтүө күнүнэн, күндү оҕолор!
О: Үтүө күнүнэн, уһуйааччы учуутал.
У: Бүгүн эһиэхэ мин, Остуолба оскуолатын учуутала Рожина Ульяна Петровна диэн ааттаах учуутал ыалдьыттыы кэлэн турабын. Олоҥхоҕо эһигини кытта дьарыктаныахпын баҕарабын. Олоҥхо диэн тылы истибиккит дуо? Олоҥхо диэн тугуй? Олоҥхоһут, олоҥхолуур диэн тыллар тугу быһааралларый? Олоҥхо диэн бухатыырдар охсуһууларын, кырдьык сымыйаны кыайарын, уол оҕо хорсунун, кыыс оҕо килбигин, саха киһитэ үлэһитин уонна толкуйун, үчүгэйгэ эрэ дьулуһарын туһунан уһун да уһун олоҥхоһут кэпсээнэ эбит.
Биһиги өбүгэлэрбит, эһээлэрбит, эбээлэрбит былыыр-былыр кыра эрдэхтэринэ көмүлүөк тула олорон остуоруйалаһаллар, олоҥхолоһоллор эбит. Уус –уран хомоҕой тыллаах-өстөөх олоҥхоһут дьон баар буолаллара эбитэ үһү. Кыһыҥҥы уһун түүннэргэ күүстээх үлэ кэнниттэн чугастааҕы ыаллар мустан олоҥхо истэллэр эбит. Олоҥхоһут сороҕор үс түүннээх күн , сороҕор үс чаас эрэ олоҥхолуура эбитэ үһү. Бу биһиги дойдубутугар Дьааҥыга ордук олоҥхо сайдыбыт. Биһиги Дьааҥыбытыттан төрүттээх ийэ олоҥхоһуту ким билэрий?
Биһиги бүгүҥҥү дьарыкпыт аата “Үтүө киһи үтүөтэ үс үйэ умнуллубат” диэн. Мин санаабар хас биир киһи туох эрэ үчүгэйи, ол аата үтүөнү оҥоруохтаах эбит. Аны туран төһөнөн элбэх үчүгэйи оҥороҕун да онтуҥ барыта мунньуллан биир улахан үтүө дьыала буолар эбит. Ол үтүөҕүн киһи өйдөөн хаалар эбит, ол умнуллубат.
Биһиги бииргэ тугунан дьарыктаныахпытый диэтэххэ, олоҥхо геройдарын кытта билсиһиэхпит, остуоруйа истиэхпит, оҕолор оҥоһуктарын көрүөхпүт, төрөөбүт дойдубут кэрэ айылҕатын көрөн сөҕүөхпүт, кырдьык даҕаны кини аата үс үйэ умнуллуо суоҕа диэн эрэнэр ийэ олоҥхоһуппут Д.А.Томская олоҥхотун, олоҕун туһунан билсиһиэхпит уонна бэйэбит эмиэ умнуллубат оҥоһугу оҥоруохпут.
2 этаба: Бэсиэдэ:
а) Д.А.Томская олоҕо уонна олоҥхолоро. Ураты талааннаах олоҥхоһутунан Д.А.Томская буолар. Кини 1913 сыллаахха Верхоянскай улууһун Эҥэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Харахтарынан көрбөт эһэлээх эбэтигэр иитиллэн кыра эрдэҕиттэн олоҥхону истэн улаатар. Даарыйа оҕо эрдэҕиттэн дьукаах олоро сылдьыбыт Өлөксөөндүрэлиин, хоноһонон кэлэн барар төрөппүт ийэтэ Огдооччуйа уонна таайа Мартыын олоҥхолорун истэн, олоҥхо эйгэтигэр биһиктэнэн кэриэтэ улааппыта.Колхоз ис –тас үлэтигэр эриллэн үлэлии сылдьан бастаан чугастааҕы оҕолорго, онтон ыҥырыыга сылдьар олоҥхоһут буолар. Истибит олоҥхолорун чочуйан, эбэн-сабан биэрэр эбит. Уһуйуллубут учууталынан киэҥ киҥкинэс куолаһынан тугу хоһуйара субу илэ кэлэн турарын курдук этэр-тыынар М.Н.Гороховы-Сытыкыйы ааҕар. Кэлин ыраас куолаһынан араастаан уларытан ыллыырынан, эгэлгэлээх уус тылынан идэтийбит олоҥхоһуттартан хаалсыбат буола үүммүт. Даарыйаны, 23 саастааҕар, А.А.Саввин олоҥхоһут быһыытынан сыаналаан, Дьааҥы оччотооҕу биллэр-көстөр олоҥхоһуттарын бэлиэтээбит испииһэгэр киллэрбитэ.
Д.А.Томская олоҥхолорун “Эрбэҕэр Эрчимнээх Элитэр Бэргэн”, “Көмүс Мөкүлүкээн оҕонньор, Элгээн Иэйэхсит эмээхсин”, “Хаан Илбистээн бухатыыр”, “Үчүгэй Үөдьүгүйээн уонна Куһаҕан Ходьугур”, “Айаанай Бэргэн”, “Кулун Куллустуур” “Күн Күөһэҥсэ”, “Куоха эмээхсин”, “Саһыл улаан аттаах Сандалы Бэргэн”, “Омуннаайы бухатыыр”, “Эллэй Баатыр” үөрэтии салҕанар. (портретын көрүү)
б) Д.А.Томская олоҥхотун истии (видеонан көрүү).
в) Биһиги кылааспытыгар Инникигэ хардыы диэн научно-практическай конференция буолан ааспыта. Слепцова Маша диэн үөрэтэр оҕом бу маннык үлэни көмүскээбитэ “Дария Андреевна Томская – норуот олоҥхоһута”.
3 этаба: Олонхону истии, остуоруйалаһыы.
У: Оҕолор, олоҥхо истиэххитин баҕараҕыт дуо? (оҕолору ыҥыран ылан тула олордон остуоруйа кэпсээһинэ).“Үчүгэй Үөдьүйээн уонна Куһаҕан Ходьугур” олоҥхо. Даарыйа Томская бу олоҥхону бэрткэ сөбүлээн кэпсиирэ эбитэ үһү (оҕолор олоҥхоһут кэпсээн истэҕин аайы ноо диэн саҥа аллайыахтаахтарын сэрэтэр). «Былыргы дьыл мындаатыгар, урукку дьыл уорҕатыгар олорбуттара эбитэ үһү икки ини-биилэр Үчүгэй Үөдьүйээн уонна Куһаҕан Ходьугур. Үчүгэй Үөдьүйээн күн тура –тура бултуур идэлээх эбит, онтон кыра уол Куһаҕан Ходьугур дьиэ уот көрөөчү эбит. Биирдэ убайа бултуу барбытын кэннэ сэттэ
кыталык көтөн кэлбиттэр. Дьиэһит уол кинилэри кытта оонньоон тугу да гыммат буолбут. Үчүгэй Үөдьүйээн быраатын үлтү таһыйбыт да уол бултаан, тоҥон-хатан кэллэҕинэ уол оһоҕун саҥа оттон, аһын саҥа астаан эрэр буолар эбит. Ол иһин убайа, бу бултуу баран хааллахпына ким эрэ кэлэн бырааппын уйгуурдар эбит диэн сэрэйбит. Сарсыныгар бултуу бардым диэн баран дьиэҕэ хатырык буолан сыстан хаалбыт. Арай истибитэ кынат тыаһа кууһугураабыт,көрбүтэ сэттэ кыталык түһэннэр кынаттарын устаннар үҥкүүлээбитинэн, быраатын кытта оонньообутунан барбыттар. Үчүгэй Үөдьүйээн биир кынаты ылан кистээн кэбиспит. Киэһэ буолуута кыталыктар бараары кынаттарын көрдөөбүттэр да, биир кыталык кынатын аҥарын булбатах. Бу хаалбыт кыталыгы Үчүгэй Үөдьүйээн кэргэн ылбыт. Ол курдук дьоллоохтук олорбуттар да, Кыталык кыыс дойдутун наһаа ахтар эбит. Биирдэ кини Куһаҕан Ходьугуртан үөн манньаҕа кынатын булан биэрэригэр көрдөспүт.Уол булан биэрбит, онуоха Кыталык кыыс көтөн хаалбыт. Убайа бултаан кэлбитэ, кэргэнэ суох. Хайыай, кэргэнин көрдүү ыраах айаҥҥа туруммут. Өр айаннаабыт хаары хаамыынан, сииги сиксигинэн, өһүөнү өксүөтүнэн айаннаабыт. Кэмниэ кэнэҕэс сэттэ күөл силбэһэн сытар үтүө дойдутугар тиийэн кэлбит. Көрбүтэ, дьиэ турар эбит. Уол ньаалаҕай буолан кубулунар уонна дьиэҕэ киирэн көрбүтэ оҕо утуйа сытарын чыычаах биһиктии олорор эбит. Уол аны тойон ыҥырыа буолан оҕону иннэтинэн тык да тык буолбут. Оҕо олус ытаабытыгар чыычаах ийэтин ыҥырбыт. ОнуохаҮчүгэй Үөдьүйээн Кыталыгы уонна оҕотун ылан туус маҥан атыгар мэҥэстэн дойдутугар айаннаабыт. Куһаҕан Ходьугур убайа суоҕуна олус үчүгэйдик олорбут, бэйэтэ бултаан-астаан тоһуйбут. Кыра уолу Куһаҕан Ходьугур сымсатын иһин Кытыгырас Байааччай диэн ааттаабыт, батыһыннара сылдьан үчүгэй сиэргэ-туомҥа үөрэппит. Бу оҕо улаатан биир хоноот биирдэнэн, икки хоноот иккилэнэн, үс хоноот үстэнэн кэлин айыы дьонун абааһыттан арчылаан, куһаҕан тыынтан куоттаран, көмүскээн, хара тыатын харыстаан, дьонун иитэн, байан –тайан олорбута эбитэ үһү”. (оҕолор олоҥхону истэ олорон ноо, дьээ, дьэ-дьэ диэн тэптэрэн биэрэллэр ).
Хардары ыйытыы биэрэн истибиттэрин чиҥэтэллэр:
тоҕо улахан уол Үчүгэй Үөдүйээн , кыра уол Куһаҕан Ходьугур диэн ааттаммыттара буолуой?
олоҥхо омуннаах өттүлэрэ?
Куһаҕан Ходьугур бэрээдэгин көннөрүммүт дуо?
У: Д.А.Томская хомойуох иһин биһиги кэккэбититтэн суох буолбута, онон туран кэриэстээн ааһыаҕыҥ (тураллар).
4 этаба: Олоҥхо туһунан өйдөбүлү хаҥатыы. Тус үлэҕэ бэлэмнээһин:
а) Олоҥхо тыла-өһө:
У: -Оҕолоор, олоҥхо дойдута, олоҥхо маһа, олоҥхо дьиэтэ, олоҥхо бухатыыра диэн өйдөбүллэр баар буолаллар эбит. Өссө олоҥхо туга диэн буолуон сөбүй (оҕолор
бэйэлэрин санааларын этэллэр олоҥхо кыыһа, сибэккитэ, хатыҥа, кыталыга....)
Билигин мин тыллары аахтахпына таайаҥҥыт бэйэҕит кэлэн көрдөрөҕүт (оҕолор учуутал уустаан- ураннаан этэр тылынан сирдэтэн ойуулары кэлэн көрдөрөн иһэллэр).
олоҥхо дойдута халлааҥҥа харбыаласпыт туруук таас (хайалардаах) эбит,
олоҥхо дойдута сырдык уоттаах күндээрэр( күннээх) эбит,
олоҥхо дойдута томточчу туолбут тойон ыйдаах эбит,
олоҥхо дойдута көп суорҕан курдук былыттардаах эбит,
олоҥхо дойдута сыһыы аайы сыспай сиэллээх (сылгылардаах) эбит,
олоҥхо дойдута хонуу аайы хороҕор муостаах (ынах сүөһүлэрдээх) эбит,
олоҥхо дойдута биэс салаалаах бэрдьигэс, аҕыс салаалаах ача оттордоох,
олоҥхо дойдута толоонугар туруйа, кырдалыгар кыталык ыллыыр эбит,
олоҥхо дойдута оһоҕун буруота унаарыйар балаҕан дьиэлэрдээх эбит,
олоҥхо дойдута ахсым аты баайар аарыма алтан сэргэлээх эбит,
олоҥхо дойдута үрүйэлии сүүрэр үрүҥ илгэ үүт-суорат астаах эбит,
олоҥхо дойдута көнө майгылаах, үтүө санаалаах дьоннордоох эбит
У: Оҕолор, олоҥхо дойдута хайдах дойду эбитий (оҕолор эппиэттииллэр).
б) “Олоҥхо дойдута, геройдара” хартыынаны көрүү.
У: Билигин олоҥхо геройдарын кытта билсиһиэхпит (оҕолор оҕуруонан аппликациялаан оҥорбут оҥоһуктарын таһааран көрдөрүү). Тойон а5а (Сээркээн Сэһэн, Сабыйа баай тойон....)
Хотун ийэ (Симэхсин эмээхсин, Сабыйа баай хотун....)
Кыыс оҕо (Туйаарыма Куо, Нуоралдьын Куо..)
Уол оҕо (Ньургун Боотур, Эрчимэн Бэргэн...)
Ат (Күн Дьөһөгөй оҕото, Үрүмэччи маҥан ат,) ,
Кыталык (Үөһэ халлаан домньута, Кылбаа маҥан дьүһүннээх, кырыымпалыыр куоластаах, кынтаҕаркаан бэйэлээх).
О5олор олонхоттон быьа тардан аа5аллар.
«Утуе дойду» Света аа5ар
«Орто дойду дьонун кердеьуулэрэ» Аркадий аа5ар.
«Ньургун Боотур Орто дойдуга киириитэ» Тускул аа5ар
«О5олор улаатыылара» Сахая аа5ар
«Кун Эрбийэ этиитэ» Анжелина аа5ар
«Ньургун Боотур айана» Марина аа5ар
«Дьураа Хара ат саната» Алёша аа5ар.
5 этаба: Тус үлэ: үлэ хаамыыта
Оҕолор икки хамаандаҕа арахсан үлэлэрин наардаан бэлэмнэнэн бараллар, саҕалыыллар. Учуутал кыптыыйынан, килиэйинэн туттуу кэмигэр сэрэхтээх буолалларын
өйдөтөр, шаблонунан туттууну, араас ньыманан кумааҕынан кырыйыыны быһаарар. Түмүгэр, ватман илииһигэр балаҕаны, күрүөнү, сэргэни, киһини, аты, сибэккини, ынаҕы, күнү, ыйы, сулуһу, хайаны, кыталыгы, аал-луук маһы, күөлү кырыйан сыһыараллар.
6 этаба. Түмүк: Оҕолор үлэлэрин тэҥнээн көрүү.
У: Оҕолор олус бэркэ үлэлээтилэр. Олоҥхо дойдутун хайдах курдук оҥорон таһаарбыттарын көрүҥ эрэ (учуутал ыйытыытын көмөтүнэн олоҥхо дойдутун ойуулаан-дьүһүннээн кэпсииллэр, оҥорбут оҥоһуктарын туһунан санааларын үллэстэллэр). Туох интэриэһи биллигит оҕолор?.
Манан дьарыкпыт түмүктэнэр. Болҕомтоҕут иһин махтал буоллун!
Иэримэ дьиэни иччилээн,
Алаһа дьиэни арчылаан
Олорор
Айыы дьонугар анааммын
Алгыс баһын сыалыыбын, санаа үтүөтүн айхаллыыбын!
Дом!