kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Учуутал учууталга. Уруок сценарийа. Уруок 4 кылааска ананар.

Нажмите, чтобы узнать подробности

Учуутал учууталга.

Уруок сценарийа.

Уруок 4 кылааска ананар. Толордулар:  Кэбээйи улууьун,  Кальвица  сурун  оскуолатын  учуутала:

Никифорова Антонина Андреевна – алын кылаас учуутала.

Темата:  Т.Е. Сметанин  «Егор Чээрин»  сэьэнигэр саха саллаатын уобараьа.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Учуутал учууталга. Уруок сценарийа. Уруок 4 кылааска ананар.»

Учуутал учууталга.

Уруок сценарийа.

Уруок 4 кылааска ананар.

Толордулар: Кэбээйи улууьун, Кальвица сурун оскуолатын учуутала:

Никифорова Антонина Андреевна – алын кылаас учуутала.

Темата: Т.Е. Сметанин «Егор Чээрин» сэьэнигэр саха саллаатын уобараьа.

Уруок сыала: Т.Е. Сметанин » Егор Чээрин» сэьэнигэр оло5уран саха саллаатын уобараьын арыйыы, нуучча улуу суруйааччыта А.Твардовскай « Василий Теркин» айымньытын кытары тэннээн керуу.

Соруктара:

  • суруйааччы оло5ун кыттары билиьиннэрии;

  • айымньыларын аа5ыы, ырытыы, саха саллаатын уобараьын арыйыы;

  • «Василий Теркин» Твардовскай айымньытын аа5ан тэннээн керуу.

Туттуллар тэрил: учебник, суруйааччылар айымньылара, портрет, презентация слайда.

Уруок хаамыыта 1. Тэрээьин чаас

-Утуе кунунэн о5олоор! Бугун биьиги Т.Е. Сметанин «Егор Чээрин» сэьэнигэр саха саллаатын уобараьа» диэн уруокпутугар саха саллаатын туьунан кэпсэтиэхпит,нуучча «Василий Теркинын» кытары тэннии тутан ырытыахпыт. Слайданан улэлээн тумук онорорго санаа5ытын суруйуоххут.

- Тэтэрээкээ чыыьыланы теманы суруйтарабын.

Уруокпут сурун чааьыгар киирэбит. Саха литературатыгар елбет- суппэт айымньылары хаалларбыт талааннаах суруйааччыбыт Т.Е. Сметанин быйыл 100 сааьын бэлиэтиир.

Кини туьунан кылгастык билиьиннэрдэххэ ..- учуутал кылгас билиьиннэриитэ. ( слайда5а кердерер) о5олор истэн олорон бэлиэтэнэллэр.

Саха литературатыгар елбет-суппэт айымньылары биэрбит талааннаах суруйааччы Тимофей Егорович Сметанин- поэт, прозаик, драматург. Биир дойдулаахтара ( биьиги) кини ча5ылхай талаанын « халлааны суруйар сулус уотун кэриэтэ, куускэ кулум гыммыта» диэн уос номо5о оностобут.


2. А5а дойду Улуу сэриитин дьыллара- саха литературатыгар.

А5а дойду Улуу сэриитигэр 25 саха суруйааччыта кыттыбыта. Бу куурээннээх куннэргэ буойун суруйааччылар бойобуой сурэхтэниини эрдээхтик ааhан, бэйэлэрин хорсун патриот быhыытынан кордорбуттэрэ. Кинилэр тоhо да олор-тиллэр тынааhыннаах быhыыга-майгыга сырытталлар, торообут Ийэ дойдуларын кытта сибээстэрин быспатахтара. Сэрии тыйыс тугэннэрин, хабыр охсуhууларын республика хаhыаттарыгар таhаартараллара, сэрии туhунан дьин кырдьыгы кэпсииллэрэ, дьоннорун-сэргэлэрин санаатын оро кото5оллоро.

Тыhыынча то5ус суус туорт уон биир туорт уон биэс

Тыыннаахтар умнубат сыллара,

Адьыр5а остоо5у кыдыйар ытык иэс

Анда5ар этиллэр сыллара…

Ол этэ уот сэрии ынырык сыллара

Тыыннаахтар умнубат сыллара!

( уерэнээччилэр биир – биир бэлэмнэнэн кэлбит хоьооннорун аа5аллар)

3.Уруок тематыгар киирии.

Саха литературатын сайдыытын биир куурээннээх сурун кэминэн А5а дойду Улуу сэриитин дьыллара этилэр.Кэм- кэрдиис ааьан истэ5ин аайы советскай норуот сэриигэ кыайыытын суолтата улаатан иьэр. Бу сэриигэ 20 саха суруйааччылара тереебут дойдуларын саа-саадах тутан кемускээбиттэрэ, кыргыьыыга Н.Седалищев –Дьуегэ Ааныстыырап охтубута, атыттар бары тыыннаах теннубуттэрэ. Тимофей Сметанин бу сэриигэ кыттан бэйэтин хара5ынан кербутун, инчэ5эй этинэн билбитин суруйара, ол курдук сэрии сылларын араас тугэннэрэ- армия5а ынырыллыы, аймах дьоннуун бырастыылаьыы, фронт оло5ун тугэннэрэ, бааьыран госпитальга эмтэнии, таптал, ахтыл5ан, кыайыы уеруутэ, тереебут алааска эргиллии бу барыта суруйааччы айымньыларын сурун темата этэ.

- кинигэни арыйан кэпсээннэрин биирдии о5о5о тунэтэн искэ аахтарыы

- саллаат уобараьыгар бол5омто ууран ыйытыылары о5олор бэйэлэрэ толкуйдаан беле5унэн олорон улэлииллэр

- суругунан улэ «Саллаат хара5ынан» ( бэйэлэрэ толкуйдаан проект онорон кемускууллэр)

- Саллааттар суруктарыгар санаа уллэстиитэ

4. Ол кэми ахтан аастахха.. ( Беле5унэн улэни тэрийии)

Ол ыарахан кэмнэ туохтан да кунду буорах сыттаах саллаат суруга этэ. Сэрии ыарын билбит буойун – суруйааччылар фронна да сылдьан то5оостоох тугэн тубэстэр эрэ окуопа5а да сытан, землянка5а да олорон дьиэ кэргэттэригэр ус муннуктаах суруктары суруйаллара.

«Мотя! Киэhэ. Иллэн бириэмэм, керосиным баранара чугаhаан уот имик-самык умайар. Бу сурукпун суруйа-суруйа дойдубун, эйигин, билсэр дьоммун сытыы ба5айытык тэhэ ахта саныыбын. Дойдуну, кэргэни ахтартан ордук киhи сурэ5ин тыытар туох баарый! Остуйэр, абарар санаа баар. Ийэттэн о5отун, кэргэниттэн эрин арааран тыhыынчанан костоох сиргэ – сэриигэ ким ыыпытай? Чуумпу, дьоллоох олохпуттан арааран, кыhынны тымныыга тонорго, сайынны бадараанна булкулларга ким миигин кыhайбытай? Тапталлаах кэргэммин, торообут Сахам сирин ахтартан сурэ5им ыалдьарыгар ким миигин тиэрпитэй? Советскай норуот дьоллоох оло5ун ким аймаата? Советскай норуот кыа хаанын ким тохто! Мотя! Ойдоо, барытыгар буруйдаах Гитлер, германскай фашизм. Дьэ, ситиhэр чаас улам чугаhаан иhэр. Олботохпунэ – мин эимэ ситиhиэм. Оллохпунэ- мин табаарыстарым ситиhиэхтэрэ. Ахтыл5ыны кытта Микииппэр.»

1942 сыл, ахсынньы 27 кунэ.

Бу 25 суруйааччыттан сэрии толоонугар хаалбыт Никифор Кирикович Седалищев – Дьуогэ Ааныстыырап кэргэнигэр Мотя5а суруга.

- Билигин эьиги улэ5ит ахтыл5аннаах сурук суруйуу темата «Ахтыл5ан»

- А.Твардовскай «Василий Теркин» кинигэтин таьааран аьан дор5оонноохтук группаларынан биирдии о5о5о аахтаран истии, атыттар бол5ойон истэллэр.

- Учуутал ол кэннэ тэннээн керен ырытарга группаларынан тирэх бэлиэлэри слайда5а арыйан кердерер.

- Тэннэбилгэ бэйэ дакаастабылын онорон мин туох санаа5а кэллим?

- Мин санаабар…

- Мин толкуйбунан…

- Мин ейдебулбунэн.. ( уерэнээччилэр улэлэрин сыанабыла).


5. Учуутал санаатын этиитэ. «Мин эьиэхэ..»


А5а дойду Улуу сэриитин кэмигэр нуучча, саха, атын омуктар –бары тумсуулээх, кыайыыга эрэллээх буолан бу улахан Кыайыы кэлбитэ.

Тумуктээн эттэххэ, Тимофей Сметанин саха литературатын историятыгар саха национальнай характерын биир бастакынан диринник арыйбыт суруйааччы.Кини олус кылгас, ол гынан баран баай ис хоьоонноох, сырдык оло5ун устатыгар тереебут норуотун духовнай культуратыгар улахан кылааты киллэрбитэ. Тэннээн керуу- таблица-источнигы туьанан учуутал кердерен быьаарар.

6. Уруок тумугэ.

7. Дьиэ5э улэ. Салгыы схеманы туьанан тэннээн ырытан кэлии

8. Сыана туруоруу.

Лозуннар: «Бары кууhу – фронна!»

«Бука бары – кыайыы туhугар!» - диэн тураммыт бу лозунг туох санаа5а а5алла?

9. До5ор кыыс умнубатах тапталын мүѳтэ

Туоххаhыйбыт сүрэхпин ититтэ,

Сир ийэм, бар дьонум үѳрэ кѳрсүhүүтэ

Сэрии үѳрбүт бааhын эмтээтэ – диэн тураммыт бугунну уруокпутун Т.Сметанин хоьоонунан тумуктуубут.

Учуутал санаата:

1944 сыллаахха ыараханнык бааhыран, Т.Е.Сметанин дойдутугар икки бойобуой мэтээллээх кэлбитэ. Буойун суруйааччы сэриигэ иэhин маннык сыана биэрэн этэр:

Эрдэ кырдьыбыт иhин кырдьыбат

Эрдээх саллаат сүрэ5э тэбэр буолла5ына,

Сааспын сэрии сарбыйбытын да иhин,

Сардаңалаах күн кѳрѳн турда5ына,

Син биир этиэ5им:

Сирдээ5и дьолу билэбин  диэн.


10 Манан уруокпутун тумуктуубут.

Керсуеххэ, диэри!



























Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 4 класс

Скачать
Учуутал учууталга. Уруок сценарийа. Уруок 4 кылааска ананар.

Автор: Никифорова Антонина Андреевна

Дата: 21.11.2024

Номер свидетельства: 659976


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства