Оскуола : Сатаҕай орто оскуолата
Учуутал : Адамова Н.Т.
Кылаас : 1
Предмет : саха тыла
Тиэмэ: Тыл сүһүөхтэрэ
Уруок хаамыыта
Уруок сыала
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ ( предметные результаты ):
сүһүөҕү аһаҕас дорҕоон үөскэтэрин билии;
тыл хас сүһүөхтээҕин аһаҕас дорҕоонун ахсаанынан быһаарыы;
тылы сөпкө сүһүөххэ араарыы;
аһаҕас дорҕоон соҕотоҕун даҕаны сүһүөх буоларын билии.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (метапредметные результаты):
сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир;
аһаҕас дорҕоон сүһүөҕү үөскэтэрин билэригэр тирэҕирэн саҥа билиини ылыы;
бэйэ саҥатын кэтэнии, алҕаһа суох саҥарарга кыһаллыы;
өс хоһоон суолтатын быһаарарга саҥарар саҥаны сайыннарыы;
предметтэр бөлөхтөрүн ханыылаан сааһылааһын;
дорҕоон, тыл анал бэлиэлэрин туһаныы.
Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты)
иллээх-эйэлээх буолуу, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү, болҕомтолоох буолуу;
сэдэх көтөрдөргө, дьиэ кыылларыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы.
Уруок тэрилэ
Учууталга: дорҕоон фишкалара, карточкалар, кыталык ойуута, тылдьыт, ПК
Оҕолорго: дорҕоон фишкалара, карточкалар, үөрэнэр кинигэ, тэтэрээт
I. Проблема туруоруу, уруок тиэмэтин таһаартарыы.
Дуоскаҕа лаа, а, оо, үө, мн, эл, тым, стр суруллан тураллар.
Учуутал ыйытар: - Бу туохтарый? Оҕолор эппиэттэрин истии, быһаартарыы.
Бэлэмнэниллибит карточкаҕа о5о хас биирдиилэрин фишканан суруйар.
Тугу бэлиэтии көрдүгүт? (мн, стр диэннэргэ аһа5ас дор5оон суох)
Лаа, а, оо, үө, эл, тым аһа5ас дор5ооннохтор ол аата сүһүөхтэр буолаллар диэн түмүккэ кэлии.
Сүһүө5ү туох үөскэтэрий? (О5олор эппиэттэрэ)
Ол аата бу уруокка тугу үөрэтэр эбиппитий? (О5олор эппиэттэрэ)
II. Саҥаны арыйыы уонна туһаныы.
1. Кинигэнэн үлэ с.35 эрч.1
- ойууларынан үлэ: предметтэри ааттаталаа, туох уопсайдаахтарый, туох туһалаахтарый, эһиги сөбүлүүгүт дуо?
- пааранан үлэ тыллары фишканан суруйуу, аһа5ас дор5оону бэлиэтээһин, сүһүөххэ араарыы.
- хастыы сүһүөхтээх тыллар та5ыстылар? То5о?
- эрч.2
- Тыллары ааҕаллар, суолталарын ырыталлар (биир тылынан туох диэххэ сөбүй? Оҥоойу диэн тыл суолтатын быһаарыы).
- Тыллары сүһүөххэ арааран тэтэрээккэ суруйтарыы.
- Тыллар бастакы сүһүөхтэригэр бол5омто уурдаран, аһа5ас дор5оон со5ото5ун да5аны сүһүөх буоларын биллэрии.
2. Дуоска5а үлэ
- көппүт дор5оон буукубатын а5алан туруоруу
-тар -тар _-тар
-тэр -тэр _- йар
Сынньалаҥ
Аһаҕас дорҕооннтон саҕаланар тылларга таһыналлар, бүтэй дорҕоонтон саҕаланар тылларга атахтарынан битийэллэр.
Ынах, саһыл, оҕо, түннүк, былыт, ийэ, доҕор, үөрүү, улар, дьиэ.
III. Чиҥэтии.
с.36 эрч.6
- хоһоону сүһүөххэ арааран аахтарыы
с.36 эрч.5
- Ребуһу таайан, өс хоһоонун таһаараллар. Ис хоһоонун быһаараллар. Олохторуттан манна сыһыаннаах холобур этэллэр.
- Бэлэмнэммит оҕо с.36 эрч.4 сүһүөххэ арааран ааҕар. Кыталык ойуута тыктарыллар.
IV. Буочарга үлэ.
собо, Мичил, күөрчэх, остуол, эһэ суруйаллар, аһа5ас дор5оонун бэлиэтээн сүһүөххэ араараллар.
V. Түмүк.
- Туох саҥаны биллиҥ? (Оҕо эппиэтэ)
- Туохха үөрэнниҥ, тугу сатыыр буоллуҥ?
- Туохха ыарырҕаттыҥ?
Сүһүөҕү аһаҕас дорҕоон үөскэтэр. Тыл хас аһаҕас дорҕоонноох да, соччо сүһүөхтээх