Урок по родному языку во втором классе по теме "Тугу гынар? Хайыыр?" дает первые понятия о глаголе. Учащиеся учатся выделять из речи глаголы при помощи вопросов. Учитель на уроке применяет дидактические материалы: картины, карточки, модели слов, словарь, персональный компьютер. Во время прохождения новой темы учащиеся составляют словосочетания "имя существительное + глагол". После закрепления и самостоятельной работы проводится рефлекция.
Просмотр содержимого документа
«Тугу гынар? Хайыыр? »
Оскуола : Сатаҕай орто оскуолата
Учуутал : Захарова Маргарита Тогоянична
Кылаас : 2
Предмет : саха тыла
Тиэмэ: Тугу гынар? Хайыыр?
Уруок хаамыыта
Уруок сыала
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ ( предметные результаты ):
этииттэн предмет тугу гынарын көрдөрөр тыллары ыйытыы көмөтүнэн булуу;
предмет хайааһынын көрдөрөр тыл тугу гынар? хайыыр? ыйытыыларга эппиэттиирин билии;
„аат тыл+туохтуур“ тыл ситимин оҥорорго эрчиллии.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (метапредметные результаты):
сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир;
предмет тугу гынарын көрдөрөр тыл моделыгар тирэҕирэн билиини кэҥэтии;
тылы-өһү сөпкө туттан этиилэри ситимнээн кэпсээн оҥорорго дьулуһуу;
өс хоһоон суолтатын быһаарарга саҥарар саҥаны сайыннарыы;
пааранан бииргэ алтыһан үлэлээһин;
анал бэлиэлэри таба туһаныы.
оҕо бэйэтин үлэтигэр түмүк оҥоруута, ол түмүгү бэриллибит быраабыланы кытта тэҥнээһинэ.
Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты)
иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн туһунан үтүө өйдөбүлү үөскэтии;
дьон иннигэр сиэрдээхтик туттуу-хаптыы, бодоруһуу ньымаларын тоҕоостоохтук туттуу.
Уруок тэрилэ
Учууталга: хартыыналар, карточкалар, тыл моделлара, тылдьыт, ПК
Оҕолорго: карточкалар, үөрэнэр кинигэ, тэтэрээт
I. Проблема туруоруу, уруок тиэмэтин таһаартарыы.
Экраҥҥа хартыыналар бааллар: катер, борохуот, поезд, оҥочо.
Учуутал ыйытар: - Бу туохтарый? Оҕолор эппиэттэрин истии, быһаартарыы. Ордук тылы бул? Оҕолор эппиэттэрин истии, быһаартарыы. (Поезд ордук тыл, кини айанныыр, атыттар уунан усталлар)
Айанныыр, усталлар диэн тыллар тугу көрдөрөллөрүй? (Оҕолор эппиэттэрэ: „Предмет тугу гынарын көрдөрөр тыллар.“)
Тыл моделларыттан сөп түбэһэрин талыҥ.
Ол аата бүгүҥҥү уруокка тугу үөрэтэбитий? (Оҕолор эппиэттэрэ: „Предмет тугу гынарын көрдөрөр тылларын үөрэтэбит.“)
II. . Буочарга үлэ.
Сатаабаты үөрэт, билбэти өйдөт.
Ааҕыы, ырытыы, бэйэ санаатын этии, устуу.
III. Саҥаны арыйыы уонна туһаныы.
1. Кинигэнэн үлэ с.99 эрч.1
- ойууларынан үлэ: предметтэри ааттаталаа, ойуу аайы этиитэ оҥор. Предмет тугу гынарын көрдөрөр тылга ыйытыыта туруор.
2. Карточканан үлэ
- Пааранан үлэ. Сорудаҕа: ыйытыы көмөтүнэн предмет тугу гынарын көрдөрөр тыллары булан бэлиэтээ, дакаастаа.
- Икки этиини учуутал тылыттан истэн суруйуу.
3. с.100 эрч.3.
- тыллары көрдөрөн түргэнник аахтарыы;
- тугу көрдөрөр тыллары й?
- бу тыллар ханнык предмет дьайыытын көрдөрөллөрүй? (Оҕолор эппиэттэрэ.)
Сынньалаҥ
IV. Чиҥэтии.
1. с. 101 эрч.6 хартыынанан үлэ.
- хартыынаттан хайааһыны көрдөрөр тыллары ааттаталаа;
- тыллары туһанан кэпсээннэ оҥор, кэпсээҥҥин ааттаа.
2. с.100 эрч.4 самостоятельнай үлэ
- бэриллибит тыллары туһанан предмет дьайыытын суруйуу.
V. Түмүк.
- Предмет хайааһынын көрдөрөр тылы туох көмөтүнэн булабытый? (Оҕо эппиэтэ)
- Ыйытыылара ханныктарый?
- Түмүктэ оҥоруҥ.
- Кинигэҕэ бэриллибит түмүгү кытта тэҥнээн көрүҥ. (стр.102 ааҕыы)