kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

"Тиэкис" саха тылыгар уруок

Нажмите, чтобы узнать подробности

"Тиэкис" - 2 кылааска саха тылын уруогун хаамыыта.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«"Тиэкис" саха тылыгар уруок»

Х/м

Дьарык хаамыыта.


Учуутал дьарыга.

Оҕо дьарыга.

1.

1'

Үөрэх дьарыгар бэлэмнэнии


- Төрөөбүт тылбыт ханныгый оҕолор?

- Төрөөбут тылбытын салгыы үөрэтэргэ бэлэмҥит дуо?

- Дьэ, төрөөбүт тылбытын төһө билэрбитин тургутунан көрүөҕүҥ, кроссворда таайыаҕыҥ.


Ыйытыыларга хоруйдуур, уруокка төһө бэлэмин хонтуруолланар.

2.

3'

Үөрэнэр соругу туруоруу: 1)Ситиһии түгэнин тэрийии.



1)Дорҕооннортон турар.

2)Аһаҕас дорҕоон көрүҥэ.

3)Ханнык дорҕооҥҥо салгын мэһэйи көрсөрүй?

4)Дорҕоон бэлиэтэ.

5)Кини тыллартан турар.

6)Игирэ бүтэй дорҕооннор.

Ортотугар туох диэн тыл таҕыста?


Тыл

Дифтонг

Бутэй

Буукуба

Этии

Хоһуласпыт

Тиэкис.

3.

5'

2)Оҕолору билбэттэригэр таһаарар түгэни тэрийии.





Үөрэнэр соругу толоруу.




- Тиэкис диэн тугу этэллэрэ буолуой?

- Кеша, тиэкистэ оҥор эрэ.

- Туох ыараханы көрүстүҥ?

- Ол аата биһиги тугу билиэхтээх эбиппитий? Уруокпут темата? Сыала?



- Тиэкис диэн тугун билэммит, бэйэбит тиэкис оҥорон таһаарыахпыт.

-Бу суруктары ааҕыах эрэ.

1) ТаҺырдьа тымныы. Ытым олус мэник. Тииҥ өҥө бороҥ буолбут. Кинигэм ойуута элбэх.

2) Тииҥ тыаҕа олорор. Кини маска уйалаах. Кыһын уйата сылаас, түүтэ хойуу, ол иһин тоҥмот. Аһылыгын эрдэ хаһаанар буолан кыһын аччыктаабат.

- Бу туохтарый?

- Туох атыннаахтарый?

-Ким туох санаалааҕый?

- Бастакы этиилэр хайдахтарый? (сибээһэ суохтар)

-Иккис этиилэр? (сибээстээхтэр)

-Туох туһунан кэпсэммитий?

- Ону хантан биллибит?

- Тииҥ туһунан кэпсэммит. Ол аата туох түмүккэ кэлэбит?

- Этиилэр бэйэ-бэйэлэрин кытта ис хоһооннорунан ситимнээх буоллахтарына – тиэкис диэн ааттанар эбит.


1) ТаҺырдьа тымныы. Ытым олус мэник. Тииҥ өҥө бороҥ буолбут. Кинигэм ойуута элбэх.

2) Тииҥ тыаҕа олорор. Кини маска уйалаах. Кыһын уйата сылаас, түүтэ хойуу, ол иһин тоҥмот. Аһылыгын эрдэ хаһаанар буолан кыһын аччыктаабат.


Оҕолор хоруйдара.


4.

6'

Саҥа өйдөбүлү боруобалаан туттуу. Хартыынанан үлэ.


- Тиэкис айабыт дуо? Тиэкис туохтартан турар диэбиппитий?

- Хартыынаны көрөбүт. Этиилэри толкуйдаан тиэкистэрдэ оҥоруоҕуҥ. Хартыынаҕа туох көстөрүй?

- Кинилэр бары ханна олороллоруй?

- Тугу аһыылларый?

- Туох туһалаахтарый?

- Кыыллары харыстыыр наада дуо?

- Хайдах харыстыыбытый?

– Эһигиттэн ким тыыннаах тыа кыылын көрбүтэй?

– Ханна көрбүккүнүй?

-Туох туһунан кэпсээн айдыбыт?

- Ким кэпсиэн баҕарда?

-Этиилэртэн.

Оҕолор ыйытыыларга хоруйдууллар. Хартыынанан көрөн этиилэри толкуйдууллар.

5.

2'

Сынньалаҥ.


Ойуур тыаҕа олорор,

Үрдүк маска уйалаах

Кып-кыракый тииҥчээммит

Ойуоккалыыр, ыстанар.

Хаһаас аһын көрдөөрү

Онно-манна ойуолуур.

Ыраас хаарга кыракый

Суолчааннарын хаалларар.

Тотон-ханан астынан

Тииттэн тииккэ ыстанар.

Кулгаахтарын чөрөтөн

Тыаһы-ууһу иһиллиир.

-Оҕолор, бу хоһоон тиэкис дуо?

-Тоҕо?

-Ол аата туох түмүк оҥоробут?

-Саамай сөп, хоһоон эмиэ тиэкис буолар эбит.

- Хоһооммутун туох диэн ааттыахха сөбүй?

- Тииҥчээммит наһаа үөрдэ, эһиэхэ махтанар, уонна хоһоонун бэлэхтиир. Манна хоһооммут аатын суруйуоҕуҥ. - Өссө биирдэ ааҕыаҕыҥ эрэ. Бастаан туох туһунан кэпсэннэ?

- Онтон?


Тиэкискэ сөп түбэһиннэрэн хамсаныылары оҥороллор.

6.

4'

Тыллары быһаарыыга үлэ.



-Дьэ эрэ, тииҥчээммит таайтарар: Эриэхэ аһылыктаах тиҥсирики сүүрүк баар үһү.

- Саамай сөп, тииҥ. Тииҥ туһунан кинигэҕэ суруйбуттарын ааҕыахпыт иннинэ бу тыллары, тыллар ситимнэрин ааҕыаҕыҥ:

МУОХ

ЭРИЭХЭ ХАҔЫН

УОНЧА МИЭТЭРЭ

УМСУБУТ

ХААР, МУУС ХАЛЫҤ АРАҤАТЫН КУРДАТ

КҮҺҮҤҤҮТТЭН ӨЙДӨӨН КЭБИСПИТ

- Биир эмэ билбэт тылгыт баар дуо? Билбэт тылларбытын быһаарсыаҕыҥ эрэ.



7.

9'

Тиэкиһи ааҕыы.



- Карточкаҕа эһиэхэ тиэкис бэлэмнээн аҕаллым, бары ботугураан ааҕыаҕыҥ.

- Биирдии этиинэн уочаратынан ааҕыаҕыҥ.

- Бу тиэкис дуо?

- Кэпсээҥҥэ туох туһунан суруллубутуй?

- Тиэкис аата тиэмэтигэр сөп түбэһэр дуо?

- Суруйааччы тииҥи тоҕо өйдөөх диэбитий?

- Онтон “тииҥ мэйии” диэн хайдах киһини этэллэрэ буолуой?


Ботугураан, уочаратынан ааҕаллар.

8.

8'

Сурук үлэтэ.


- Чэ эрэ, билигин оонньуоҕуҥ, тииҥ биһиэхэ тыллары аҕалла. Кини сатаан аахпат, ол иһин көрдөһөр – миэхэ тиэкискэ баар тыллары булан төгүрүтэн биэриҥ, мин ону көрөн ааҕарга үөрэниэм этэ диир. Көмөлөһөбүт дуо?

1. ТИИҤ

2. ЭРИЭХЭ

3. ХААР

4. УОНЧА МИЭТЭРЭ

5. УМСУБУТ

6. КҮҺҮҤҤҮТТЭН

7. МУОХ

- Хас тылы буллугут? (7)

- Оҕолор, илиибитин сурукка бэлэмниэҕиҥ, күүскэ имитэн биэриэҕиҥ. Тииҥ эриэхэтин хайдах ыраастыырын көрдөрүҥ.

- Билигин көрөн диктант суруйуохпут, ону хайдах былаанныыбыт?

- Саамай сөп, тылы көрөбүт, өйдөөн хаалабыт уонна тииҥмитигэр суруйабыт.

- Ыксаабакка суруйабыт. Суруйарга хайдах олоробут?

- Үлэҕитин тииҥчээҥҥэ сыаналаныҥ.




Булбут тылын төгүрүтэр.










Тарбахтарын хамсатан, имитэн сурукка бэлэмнэнэллэр.


Үлэтин былааннанар.




Үлэтин сыаналанар.

9.

5'

Оонньуу «Ыһыллыбыт тиэкис»



- Оҕолоор, тииҥчээммит ыстаҥалыы сылдьан хоһоонун ыһан кэбиспит. Хомуйа охсон уйатыгар тахсыах этэ. Хайыыбытый оҕолор тииҥҥэ?

- Ол аата биһиги тугу гынабыт?

- Хайдах сааһылыыбыт?

- Саамай сөп, бэрээдэгинэн. 2-лии, 3-түү буолан арахсан көмөлөһүөҕүҥ. Сөптөөх бэрээдэгинэн уурталаан, лиискэ килиэйдиибит.

- Кимнээх түргэнник бүттүлэр?

- Сөпкө сааһылаатыгыт дуо?


Тус-туспа сылдьар этиилэри сааһылаан килиэйдээн тиэкис оҥороллор.

10.

2'

Бэйэ өйдөбүлүн сыаналаныы.


- Оҕолор, эһиги тугу оҥорон таһаардыгыт?

- Тиэкискит табылынна дуо?

-Тиэкис диэн туох эбитий?

- Ханнык сорудахтарга ыараханы көрүстүгүт?

- Ханнык сорудах чэпчэки эбитий?

- Хайдах үлэлээтим дии сананныҥ?

- Галя хайдах үлэлээтэ?

- Уруокка ордук тугу сөбулээтигит?

- Маладьыастар, аны даҕаны сыал-сорук туруорунан ону ситиһэргэ кыһаныҥ. Аны даҕаны ситиһиилээх үөрэҕи баҕарабын.

Оҕолор хоруйдара.

Оҕолорго тиэкис туһунан өйдөбүлү быһаарыы.

1. Бэлэм этиилэри сибээстээн тиэкис оҥоро үөрэнии.

2.Сибээстээх саҥаны, суруйар үөрүйэҕи сайыннарыы, тыл саппааһын байытыы.

3.Толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.

4.Саха сирин айылҕатыгар, кыылларыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыыны иитии .


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Начальные классы

Категория: Уроки

Целевая аудитория: 2 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
"Тиэкис" саха тылыгар уруок

Автор: Поскачина Алена Антоновна

Дата: 14.05.2020

Номер свидетельства: 549661


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства